Джульетта читала доклад на НПК "Первые шаги" в 4 классе.
Вложение | Размер |
---|---|
dzhuletta.docx | 23.44 КБ |
Доклад темата: Сүрэх үлэтэ уонна кинини харыстааһын
Сыала: сүрэх үлэтигэр тас эйгэ хайдах дьайарын чинчийии
Актуальнаһа: билиҥҥи XXI үйэ саҕаланыытыгар сүрэх ыарыыларыттан үгүс киһи ыалдьан өлөр буолла. Европаҕа сыл аайы 3 млн., Америкаҕа – 1 млн. киһи өлөр эбит. Онтон Россияҕа эмиэ олус тарҕаммыт ыарыы буолар. Кэлиҥҥи кэмҥэ сүрэх ыарыытынан эдэр дьоннор эмиэ ыалдьар буоллулар. Онно техника, промышленность сайдыыта, олох тэтимэ түргэтээһинэ сабыдыаллыыр.
Чинчийэр предметим: киһи сүрэҕин үлэтэ
Сабаҕалааһын: сүрэх үлэтэ киһи олоҕун майгытыттан тутулуктаах
Сүрэх – киһи саамай сүрүн органа буолар. Кини сүрүн суолтата – хааны тохтообокко сосуттарынан хачайдааһын.
Былыр дьоннор сүрэх суолтатын араастык быһаараллар эбит. Былыргы Китай медицинэтэ сүрэх сүрүн үлэтинэн киһи өйө-санаата буолар дии саныыллар эбит. Оттон былыргы египтяннар сүрэҕи киһи саамай сүрүн органа диэн мумиялар ис органнарыттан сүрэҕи эрэ хааллараллар эбит. Былыргы гректэр киһи санаата, үөрэрэ, хомойоро сүрэҕи кытта ыкса сибээстээх дииллэр эбит.
Сүрэх – 4 камералаах былчыҥ органа. Кини конус курдук быһыылаах, кытаанах суумка курдук бүрүөһүннээх. Икки ытарҕалаах уонна икки куутуйалаах. Халыҥ мембрана сүрэҕи үҥа уонна хаҥас чаастарга араарар.
Ытарҕа уонна куутуйалар икки ардыларыгар хайаҕастар бааллар. Ол хайаҕастар кытыыларыгар клапаннар бааллар. Кинилэр хаан төттөрү барбакка биир хайысханнан барарын хааччыйаллар.
1 мүн. иһигэр сүрэх 5 - 5,5л хааны, 1 сууккаҕа – 10000л, 70 сыл иһигэр 200000000 л хааны хачайдыыр. Ити курдук улахан үлэни 300 г сүрэхпит оҥорор эбит.
Сүрэх ыарыыларынан буолаллар: атеросклероз, стенокардия, артериальнай гипертония, ишемическэй ыарыы, инфаркт миокарда, врожденный порок сердца.
Билиҥҥи сүрэх ыарыытын төрүөттэринэн буолаллар:
Промышленность сайдан, билигин маҕаһыынтан, ырыынактан араас аһылыгы атыылаһыахха сөп.
Саамай калорийдаах астарынан мас арыыта, сиир арыы, сибиинньэ сыата, рафинад саахар, шоколад, какао буолаллар. Киһи элбэх калорийдаах аһылыгы аһаатаҕына хааныгар холестерин таһыма үрдүүр. Устунан сүрэх ишемическэй ыарыытынан ыалдьар.
Куһаҕан дьаллыктар сүрэх үлэтигэр улахан охсуулаахтар. Киһи табах тартаҕына сүрэҕин тэбиитэ улаатар (8 – 10 уд/мин). Табахха никотин уонна угарнай гаас бааллар. Никотин хаан сосуттарын кыаратар, хаан баттааһынын улаатыннарар. Табах буруотугар баар угарнай гаастан сүрэх былчыҥа кислородка тиийиммэт буолар. Ол иһин сүрэх өссө күүскэ үлэлээн барар.
Арыгыны иһии эмиэ сүрэххэ улахан охсуулаах. Киһи арыгыны испитин кэннэ алкоголь хааҥҥа аҕыйах мүнүүтэ буолан баран киирэр. 5 – 7 чааһы быһа хаан сосуттарынан эргийэ сылдьар.
Билиҥҥи кэмҥэ киһи үлэтин техника солбуйда. Куоракка олорор дьон электричествонан, гааһынан, бэлэм уунан туһанан күүстээх үлэни үлэлээбэттэр. Массыына, автобус, лифт уһун хаамыттан босхолууллар. Ол түмүгэр гиподинамия үөскүүр.
Сүрэх ишемическэй ыарыытын төрүөтүнэн генетическэй фактор буолар. Ол аата ыарыы ийэттэн оҕотугар бэриллиэн сөп. Биир дьиэ кэргэҥҥэ олорор дьоннор күннээҕи олохторо биир буолан сүрэх ыарыыта көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллиэн сөп.
Докладым иккис чааһыгар сүрэх үлэтин чинчийдим.
Темата: сүрэх тэбиитэ
Сыала: улахан киһи уонна кыра оҕо сүрэхтэрин тэбиитин тэннээн көрүү
Туттар тэрил: фонендоскоп, секундомердаах чаһы
Бэйэм дьиэ кэргэним дьонун сүрэхтэрэ хаста тэбэрин аахтым уонна таблица оҥордум.
Аата, сааһа | Сүрэҕин тэбиитэ |
Ийэм сааһа 42 | 60 |
Эдьийим сааһа 45 | 72 |
Эдьийим Аэлита сааһа 14 | 84 |
Джульетта сааһа 11 | 84 |
Түмүк: оҕо сүрэҕин тэбиитэ улахан киһи сүрэҕин тэбиитинээҕэр элбэх эбит.
Иккис чинчийии
Темата: сүүрүү сүрэх үлэтигэр дьайыыта
Сыала:спордунан дьарыктаныы сүрэх үлэтигэр хайдах дьайарын кэтээн көрүү
Туттар тэрил: фонендоскоп, секундомердаах чаһы, тэтэрээт, ручка.
4 кылаас оҕолорун физкультура уруога саҕаланыан иннинэ сүрэхтэрин тэбиитин фонендоскобунан иһиллиибин. Уруок саҕаланыытыгар оҕолор 10 мүнүүтэ сүүрбүттэрин кэннэ эмиэ сүрэхтэрин иһиллээтим.
Оҕо аата, араспаанньата | бастакы көрдөрүү | иккис көрдөрүү | Төһөнөн улаатта |
Александров Проня | 80 | 116 | 36 |
Антонов Ньургустаан | 86 | 120 | 34 |
Михайлов Снежана | 82 | 112 | 30 |
Львова Сардаана | 84 | 112 | 30 |
Попов ихорд | 100 | 124 | 24 |
Тимофеев герман | 100 | 126 | 26 |
Харитонов кирилл | 88 | 115 | 27 |
Түмүк: таблицаҕа көстөрүнэн, оҕо спордунан дьарыктаннаҕына, сүүрдэҕинэ сүрэҕин тэбиитэ элбиир эбит.
Үһүс чинчийии
Темата: мөлтөх уонна доруобай сүрэх үлэтэ
Сыала: доруобай эрчиллиилээх сүрэх уонна мөлтөх эрчиллиитэ суох сүрэх үлэлэрин моделларын көрдөрүү
Туттар тэрил: 2 шприц (20мл. уонна 10мл.) курдары көстөр трубочкалар, марганцовкалаах уу (хаан оруолун толорор)
Оҕолорго щприцтэр оруолларын этэбин (5мл.- эрчиллибэтэх уойбут мөлтөх киһи сүрэҕэ, 20мл. – эрчиллиилээх уойбатах киһи сүрэҕэ), трубочкалар – тымырдар, марганцовкалаах уу – хаан диибин. Щприцтэргэ тэҥ «хааны» оботторобун уонна тэҥҥэ уколлуубут. Ол аата сүрэхпит хааны хачайдыыр.
Түмүк: эрчиллиитэ суох сүрэх кылгас уһуҥҥа тэбэр, доруобай сүрэх уһуҥҥа тэбэр диэн түмүккэ кэлэбит.
Төрдүс чинчийии
Темата: табахтааһын сүрэх үлэтигэр дьайыыта
Сыала: киһи табах тартаҕына сүрэҕин тэбиитэ улаатарын кэтээн көрүү
Туттуллар тэрил: фонендоскоп, секундомердаах чаһы
кыттааччылар | Табах тардыан иннинэ | Табах тардан баран | Төһөннөн улаатта |
1 | 67 | 76 | 9 |
2 | 64 | 71 | 7 |
3 | 69 | 80 | 11 |
Түмүк: киһи табах тартаҕына, сүрэҕин тэбиитэ улаатар эбит.
Чинчийэр үлэм көрдөрбүтүнэн, сүрэх үлэтэ киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Киһи спордунан дьарыктаннаҕына, эрчилиннэҕинэ сүрэҕин үлэтэ күүһүрэр эбит, табахтаатаҕына мөлтүүр эбит.
Бэйэм доклаппын атын кылаас оҕолоругар ааҕан иһитиннэрдим. Сүрэх туһунан кэпсиирбэр бэйэм оҥорбут уруһуйдарбын туһанным. Викторина боппуруостарын толкуйдаан оҕолорго күрэхтэһии ыыттым.
Киһи эдэр сааһыттан сүрэҕин харыстыырга кыһаллыахтаах, ол туһугар аһыыр аһылыгын көрүнүөхтээх, бэйэ ыйааһынын хонтуруоллуохтаах, табах тардыа суохтаах, элбэхтик хамсаныахтаах, спордунан дьарыктаныахтаах.
Зимняя ночь. Как нарисовать зимний пейзаж гуашью
Барсучья кладовая. Александр Барков
Рисуем ананас акварелью
Сказка об осеннем ветре
3 загадки Солнечной системы