Доклад о пользе летнего лагеря "Растишка" для здоровья детей Сайаана прочитала на НПК "Первые шаги".
Вложение | Размер |
---|---|
sayaana_rastishka.docx | 14.67 КБ |
sayaana_rastishka.docx | 14.67 КБ |
Актуальнаһа: билинни кэмнэ кыра сааһыттан чэгиэн-чэбдик салгынынан тыына, этин-хаанын эрчийэ үөрэммит оҕо доруобуйата учугэй буолар. Сахабыт сирин кыhына уhун буолан былыргы өбугэлэрбит сайын кэллэҕинэ эттэрин хааннарын хатарынар буолаллара. Билиҥҥи үйэбит информация үйэтэ буолан угус оҕо компьютер иннигэр олорор, аҕыйахтык хамсанар. Эти-хааны эрчийии биһиги кэммитигэр саамай сурун боппуруоһунан буолла.
Докладым аата: «Растишка» лааҕыр оҕо доруобуйатыгар туҺата
АктуальнаҺа:
Билиҥҥи үйэбит информация үйэтэ буолан үгүс оҕо компьютер иннигэр олорор, аҕыйахтык хамсанар. Эти-хааны эрчийии биҺиги кэммитигэр саамай сүрүн боппуруоҺунан буолла.
Доклад сыала: «Растишка» лааҕыр оҕо доруобуйатыгар туҺалаахтык дьайарын чинчийии
Соруктар:
- лааҕыр үлэтин үөрэтии
- чэбдигирдэр процедуралар туҺаларын билии
- лааҕырга сылдьыбыт оҕолор доруобуйаларын чинчийэн көрүү
Гипотеза: оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын лааҕырга сылдьан иҥэмтэлээх аҺылыгы аҺаан, доруобуйатын чэбдигирдэн атаардаҕына доруобай буолар, ыалдьыбат.
Би4иги нэҺилиэккэ сайын аайы «Растишка» диэн лааҕыр улэлээбитэ 10 ча сыл буолла. Онно сэттэлэриттэн уон иккилэригэр диэри саастаах оҕолор сылдьаллар.
Мин «Растишка» лааҕырга сайын аайы сылдьабын. Быйыл барыта 20 оҕо сырытта. Лааҕырбыт салайааччыта Тимофеева Наталия Дмитриевна, иитээччибит биология учуутала Степанова Нарыйа Егоровна, поварбыт Тимофеева Раиса Петровна. Эмчитинэн Кутана балыыһатын фельдшерэ Гоголева Акулина Андреевна улэлээбитэ.
Лааҕырбыт оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр уонна улэҕэ сыҺыарар аналлаах этэ. Оскуолабыт таҺыгар сибэкки, хортуоска, помидор, мас ууннэрбиппит уонна кун аайы уу кутан көрбуппут, харайбыппыт.
Лааҕырга сырыттахпытына эмчит Акулина Андреевна биҺиэхэ араас чэбдигирдэр процедуралары тэрийэн ыыппыта.
Кун аайы 9 чаастан сарсыардааҥы хамсаныы оноробут. Сарсыардааҥы хамсаныы эти-хааны уҺугуннарар, чэбдигирдэр аналлаах. Ол иҺин кун аайы оҥоруохха наада.
Күн аайы күөмэйбитин ромашка настойкатынан сайҕаммыппыт.
Ромашка - биир саамай биллэр эмтээх от буолар. Элбэх эмтээх свойствалардаах. Тыынар органнар ыарыыларыгар күөмэйи сайҕаныахха сеп. Ромашка бактериялары кытта охсуҺар, ыарыыны уҕарытар, тохтотор.
Күнүскү аҺылыкка аскорбиновай кислота бороҺуогун ууга суурайан иҺээччибит.
Аскорбиновай кислота киҺи куннээҕи аҺылыгар сүрүн оруолу оонньуур. Уҥуох, былчыҥ сайдарыгар уонна үлэлииригэр туҺалаах.
Элбэх аскорбиновай кислота цитрусовайдарга, дөлүҺүөҥҥэ, моонньоҕоҥҥо, луукка баар.
θссө ааспыт сылга Луиза Семеновна биҺиэхэ дыхательнай гимнастика оҥотторооччу. Дыхательнай гимнастика тыынар органнар, сурэх ыарыыларыттан харыстыыр, тохтотор аналлаах.
Тус гигиена, табах буортутун туҺунан бэсиэдэ истибиппит.
Поварбыт Тимофеева Раиса Петровна кун аайы биҺигини минньигэс тотоойу аҺылыгынан күҥҥэ үстэ аҺатааччы. Фрукта, оҕуруот аҺын эмиэ сиэччибит.
Араас спортивнай курэхтэҺиилэр буолбуттара: «көрдөөх стартар» эстафета,сүүрүү, пионербол, футбол, өбүгэлэр оонньуулара.
Бастаан лааҕырга кэлэрбитигэр Акулина Андреевна биҺиги уҥуохпутун, ыйааҺыммытын, илиибит күүҺүн кэмнээбитэ. Илиибит күүҺүн динамометрынан кэмнээбитэ. Уонна «Оценка оздоровления детей» диэн таблица онорбута.
Лааҕырга сылдьыбыт оҕолор төҺө чэбдигирбиттэрин билээри мин ол таблицаны тэҥнээн көрдум.
Оҕолор ыйааhыннарын тэҥнээн көрөр буоллахха, ыйааҺыннара барыларын гиэнэ эбиллибит. 12 оҕо уҥуохтара уҺаабыт, 8 оҕо уҥуохтара кыратык эбиллибит. Илиилэрин күүҺэ 16 оҕо гиэнэ улааппыт, 4 оҕо кыратык улааппыт. Жизненная емкость легких 18 оҕоҕо эбиллибит, 2 кыратык эбиллибит.9 оҕо доруобуйата биллэ тупсубут, 11 оҕо гиэнэ орто.
Үөрэх кэмигэр оҕолор төҺө ыалдьыбыттарын үөрэттим.Лааҕырга сылдьыбыт оҕолортон 6 оҕо ыалдьыбатах, 11 оҕо аҕыйахтык ыалдьыбыт, 3 оҕо элбэхтик ыалдьыбыт. Лааҕырга сылдьыбатах оҕолортон 2 оҕо ыалдьыбатах , 12 оҕо аҕыйахтык ыалдьыбыт , 6 оҕо элбэхтик ыалдьыбыт.
Манна көстөрүнэн лааҕырга сылдьыбыт оҕолортон ыалдьыбатах оҕо ахсаана элбэх эбит. Оттон лааҕырга сылдьыбатах оҕолор элбэхтик ыалдьаллар эбит.
Чинчийиим түмүгэ: оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын лааҕырга сылдьан туҺалаахтык, доруобуйатын чэбдигирдэн, иҥэмтэлээх аҺылыгы аҺаан атаарда5ына, үөрэх кэмигэр кини ыалдьыбат, доруобуйата чөл туруктаах буолар.

Лист Мёбиуса
Свинья под дубом
Любили тебя без особых причин...
Три способа изобразить акварелью отражения в воде
10 зимних мастер-классов для детей по рисованию