Рихорд с докладом "Кыра массыыналар араастара" участоввал на НПК "Первые шаги" в с.Кутана.
Вложение | Размер |
---|---|
rihord_mashiny.docx | 16.15 КБ |
Доклад аата: Кыра массыыналар араастара
Сыала: кыра массыына араас көрүҥнэрин уонна суолтатын үөрэтии, билии
Соруктар:
Актуальнаһа: билиҥҥи кэмҥэ техника сайдан, массыына араас көрүҥэ баар буолбут. Аныгы олох киһитэ ону билиэхтээх, массыына көрүҥнэрин араарыахтаах.
Чинчийэр предметим: кыра массыыналар
Сабаҕалааһын: мин кыра сааспыттан техниканы үчүгэйдик биллэхпинэ, кэлин өттүгэр туһалаах буолуо.
Мин бу доклаппын детсакка сылдьан саҕалаабытым. Онно улахан, кыра массыыналар араастарын билбитим, киһи олоҕор туох суолталаахтарын быһаарбытым уонна суол бэлиэлэрин үөрэппитим.
Доклаппын салҕаан быйыл кыра (легковой) массыыналары үөрэттим.
Бастакы массыыналары айбыт дьонунан немец конструктордара Карл Бенц уонна Готлиб Даймлер буолаллар. Онтон ыла массыыналары оҥорон барбыттара. Массыыналар тас көрүҥнэрэ уларыйан испит, көрүҥнэрэ элбээбит. 1990 сылтан массыыналары оҥорор фирмалар тыһыынчаҕа тыһыынчаҕа диэри тиийбиттэр. Массыына оҥорооччулар сүрүн хайысхаларынан буолар: сэрэхтээхтик айаннааһын, тулалыыр эйгэҕэ киртийиини аҕыйатыы, бензини ороскуоттуурга кэмчилээһин.
Массыына сүрүн суолтатынан буолар: ыйааһына, тас көрүҥэ, мотуорун күүһэ, олорор сирин ахсаана, оскуораһа, бензини ороскуоттуура, соһор күүһэ, таһаҕаһы уйуута.
1990 сыллаахха диэри Россияҕа 4 улахан массыына оҥорор завод баар эбит. Ол курдук: Горьковскай, Московскай, Волжскай, Ульяновскай. Горьковскай завокка «Победа», «Чайка», «Волга» диэн массыыналары оҥороллоро. Московскайга «Мосвиһы», Тольяттига «Жигулины», атын аатынан «Ладаны», «Ниваны», «Оканы», Ульяновскайга «УАЗ-гы». Советскай Союз ыһыллыбытын кэннэ сорох завоттар үлэлэрэ мөлтөөбүтэ. Рынок условиятыгар массыыналара атыыга барбат буолбута. Дьон ордук омук массыыналарын атыылаһаллара.
Омук дойдуларыгар элбэх массыына оҥорор компаниялар бааллар. Америкаҕа үс улахан концерн баар: «Дженерал Моторс», «Крайслер» уонна «Форд Мотор». Олус сыаналаах «Кадиллак», «Линкольн», «Форд» массыыналары оҥороллор.
Японияҕа 5 улахан автомобильнай компания баар: «Тойота», «Мицубиси», «Мазда», «Субару», «Хонда». Кинилэр оҥорор массыыналара аан дойдуга барытыгар тарҕаммыттар. Россияҕа японскай массыыналар Владивостоктан кэлэллэр.
Германияҕа 4 улахан компания баар: «Фольксваген», «БМВ», «Майбах» уонна «Мерседес Бенц». «Фольксваген» концерн саамай сыаналаах «Бугатти», «Ламборгини» массыыналары оҥорор. Францияҕа «Рено», «Ситроен», «Пежо», Англияҕа - «Бентли», «Ягуар», Чехияҕа - «Шкода», Италияҕа – «Фиат», Швецияҕа «Сааб» диэн массыыналары оҥороллор.
Кыра массыына 3 сүрүн чаастан турар: кузова, мотуора уонна шассита. Массыына кузова 11 араастаах буолар. Онно киирэллэр: универсал, кабриолет, родстер, купе, седан, минивэн, пикап, хэтчбэк, лимузин, фаэтон, ландо. Кузов хайдах быһыылааҕа улахан оруолу оонньуур.
Массыына саамай сүрүн чааһынан мотуора буолар. Билиҥҥи кэмҥэ бензининэн, солярканан, электрическэй уотунан барар массыыналар бааллар.
Массыына шассита элбэх чаастан турар. Ол чаастара массыынаны салайарга, ыытарга аналлаахтар.
Массыына көрүҥэ олус элбэх буолан, кинилэри 6 кылааска араараллар: А, B, C, E, F. Класс А – кыра габариттаах массыыналар, В – 3 эбэтэр 5 ааннаах кыра массыына.
Маннык түмүктэргэ кэллим :
- омук дойдуларыгар элбэх массыына оҥорор собуоттар бааллар эбит.
- массыына 3 сүрүн чаастан турар;
- тыа дьоно ордук УАЗ уонна омук массыынатын атыылаһаллар эбит.
- омук массыыната ордук кыахтаах, эрээри саппааһа ыарахан, кутуу суолунан сылдьарга табыгастаах.
Свадьба в Малиновке
Огонь фламенко
Рисуем осенние листья
Стрижонок Скрип. В.П. Астафьев
Рисуем "Ночь в лесу"