Доклад о газете "Кэскил" Сардана читала в 2007 году в улусном НПК "Шаг в будущее" и заняла 1 место .
Вложение | Размер |
---|---|
sardana.docx | 16.58 КБ |
«Кэскил» хаһыат – арахсыспат атаһым, эрэллээх доҕорум
Доклад сыала: «Кэскил» хаһыаты ааҕыы оҕо бары өттүнэн сайдарыгар туһалааҕын көрдөрүү, сырдатыы
Актуальноһа:билиҥҥи кэмҥэ оҕолор элбэхтик телевизор көрөн, компьютерга оонньоон бириэмэлэрин атаарар буолан кинигэ, хаһыат ааҕаллара аҕыйаата. Онон оҕолорго аналлаах «Кэскил» хаһыаты суруттаран ааҕыы оҕо өйө, толкуйа сайдарыгар олус туһалаах.
Чинчийэр предметим: о5о «Кэскил» хаһыаты ааҕыыта
Соруктар:
- «Кэскил» хаһыат сайдыытын үөрэтии;
- алын кылаас уонна орто сүһүөх оҕолоро «Кэскил» хаһыаты төһө ааҕалларын чинчийии;
- бэйэм кылааһым оҕолорун ааҕар дьоҕурдарын үөрэтии.
Сабаҕалааһын: оҕо кыра сааһыттан «Кэскил» хаһыаты аахтаҕына, кини ааҕар дьоҕура сайдар, билиитэ-көрүүтэ кэҥиир.
Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оҕолорго анаан араас хаһыаттар, сурунааллар, саҥа кинигэлэр бэчээттэнэн тахсаллар.
Ханнык баҕарар оҕо бэйэтэ туспа сөбүлээн, кэрэхсээн, интэриэһиргээн ааҕар хаһыаттаах. Миэхэ оннук хаһыатынан «Кэскил».
«Кэскил» - мин арахсыспат атаһым, эрэллээх доҕорум. Бу хаһыаты төрөппүттэрим 2005 сыл сайыныттан миигин аахтын, сайыннын диэн суруттарбыттара. Хаһыаттан кэрэ көстүүлээх муодалары, таайтарыылаах таайбараҥнары, ребустары, таабырыннары, оҕолор суруйбут айымньыларын, уруһуйдарын, биллиилээх дьон оҕо саастарын, минньигэс ас рецептэрин ааҕабын, сэргиибин. Араас кэпсээннэри, хоһооннору ааҕабын, интэриэһинэй ыстатыйа таҕыстаҕына оскуолаҕа баран кэпсиибин, иллэҥ кэммэр таайбараҥнары, кроссвордары, таайарбын сөбүлүүбүн.
«Кэскил» хаһыат бастаан «Бэлэм буол» диэн аатынан тахсар эбит. «Бэлэм буол» хаһыат маҥнайгы нүөмэрэ 1936с. ыам ыйын 15 күнүгэр тахсыбыта. Оҕолорго аналлаах хаһыакка элбэх биллиилээх дьоннор, саха суруйааччылара, бэйээттэрэ үлэлээн ааспыттара. Ол курдук, бастакы редактор, Архип Георгиевич Кудрин-Абаҕыыныскай, саха народнай бэйээтэ Владимир Михайлович Новиков – Күннүк Уурастыырап, Гаврил Павлович Тихонов, саха биллиилээх суруйааччыта Никифор Кирикович Седалищев – Дьүөгэ Ааныстыырап, саха народнай суруйааччыта Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа үлэлээбиттэрэ.
Хаһыат хас биирдии нүөмэрэ тахсарыгар сурук отделын үлэһиттэрэ, оператордара, дизайнердар, корректордар, анал корреспонденнар, фотокорреспондент, художник үлэлииллэр.
Бу үлэһиттэр баар буоланнар, нэдиэлэҕэ иккитэ «Кэскил» хаһыат тахсар. Хаһыат кылаабынай редакторынан Нина Иннокентьевна Протопопова буолар.
«Кэскил» хаһыат кыра, улахан оҕолорго, уолаттарга, кыргыттарга аналлаах араас балаһалардаах. Саамай сөбүлүүр балаһаларбынан «Дьиэтээҕи доҕор», «Түүл дуу, илэ дуу?», “Уоскулаҥ”, “Айыына” буолаллар.
“Түүл дуу, илэ дуу?» диэн балаһаҕа дьикти түгэннэри, айылҕа таайылла илик таабырыннарын уонна дьон кэпсэтэр кутталлаах быһылааннарын тустарынан ааҕыахха сөп.
«Уоскулаҥ» эридьиэстээх таайбараҥнар, сканвордар, өйү үлэлэтэр судоку, чайнвордар тахсаллар.
Оҕолор дьиэтээҕи доҕордорун туһунан суруйбут араас кэпсээннэрэ, хоһоонноро “Дьиэтээҕи доҕор” диэн балаһаҕа тахсар.
Улаатан эрэр кыргыттарга аналлаах балаһанан “Айыына” буолар. Маанытык таҥнарга, бэйэни көрүнэ сылдьарга уонна астыы үөрэнэргэ туһалаах сүбэлэр манна тахсаллар.
«Кэскил» хаһыаты биһиги дьиэ кэргэҥҥэ сөбүлээн ааҕабыт. Эбэм, ийэм оҕо сылдьан эмиэ суруттарар, сөбүлээн ааҕар эбиттэр.
1964 сыллаахха олунньу 5 күнүгэр «Бэлэм буол» хаһыат 19 нүөмэригэр «Кыһыл партизан бэйэтин дружинатыгар» диэн ыстатыйа тахсыбыта. Онно бастыҥ үөрэнээччи Наташа Петрова илии тутуһа турара көстөр. Ол Наташа Петрованнан мин эбэм Наталия Михайловна буолар.
2006 сыллаахха «Ырыа – оҕо саас аргыһа» диэн ырыа күрэҕэр кыттаммын 3 миэстэ буолбутум. Ырыабын «Кэскил» хаһыат 2005 сыллааҕы 96 нүөмэриттэн булбутум.
Сөбүлүүр хаһыатым бу сыллааҕы бэһис нүөмэригэр «Махтал эһиэхэ – амарах араҥаччылааччыга» диэн попечителлэргэ аналлаах балаһа тахсыбыта. Онно «Эргиччи көмөлөөх» диэн эһэм Авдей Алексеевич Федоров туһунан суруйбут өйтөн суруйуум тахсыбытыттан олус үөрбүтүм.
«Кэскил» хаһыакка бэйэм билэр оҕолорум тустарынан суруйдахтарына аһара интэриэһиргээн ааҕабын.
Ол курдук, миигин кытта саастыы Катрин Това диэн билэр кыыһым туһунан ыстатыйа тахсыбыта. Катрин Дьокуускай куорат 36№ - дээх «Надежда» оскуолатыгар үөрэнэр. Кини, мин курдук эмиэ, ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, кинигэ ааҕарын, уруһуйдуурун сөбүлүүр.
Чурапчы улууһун Хатылы нэһилиэгиттэн сылдьар Толя Захаров туһунан «Кэскил» хаһыат иккис нүөмэригэр тахсыбыта. Толя үһүс кылаастан олоҥхолуур, сайын аайы Күүкэйгэ олоҥхо лааҕырыгар кэлэн дьарыктанар. Олоҥхо күрэҕэр иккис миэстэни ылан «Океан» лааҕырга барар путевканан наҕараадаламмыта.
Ити курдук, хаһыакка тахсыбыт оҕолор миэхэ үтүө холобур буолаллар.
Онон «Кэскил» хаһыаттан мин туһанарым элбэх: элбэхтик ааҕаммын ааҕар дьоҕурум сайдар, билиим-көрүүм кэҥиир, өйүм-санаам, толкуйум сайдар.
«Кэскил» хаһыаты оҕолор төһө ааҕалларын билээри алын кылаас уонна орто сүһүөх оҕолоругар анкетирование ыыттым. Барыта 43 оҕо эппиэттээтэ. Алын кылаас 20 оҕотуттан «Кэскил» хаһыаты 6 оҕо суруттарар, 7 оҕо библиотекаттан ылан ааҕар, 13 оҕо суруттарыан баҕарар эбит.
Ордук сөбүлээн кэпсээннэри, оҕолор суруйбут ыстатыйаларын, тубэлтэлэри ааҕаллар эбит.
5, 7, 8 кылаастартан 23 оҕо эппиэт биэрдэ. Хаһыаты 3 оҕо суруттарар эбит. 6 оҕо ааҕар эбит. 10 оҕо суруттарыан баҕарар эбит.
Онон орто сүһүөх оҕолоро «Кэскил» хаһыаты соччо аахпаттар, сэҥээрбэттэр эбит, алын кылаас оҕолоро ордук сэргээн ааҕаллар эбит.
Иккис чинчийиибинэн хаһыаттары, араас кинигэлэри элбэхтик ааҕар оҕолору мүнүүтэҕэ аахтардым. Кинилэр аахпат оҕолордооҕор элбэх тылы аахтылар. Онон элбэхтик ааҕыы оҕо ааҕар дьоҕура сайдарыгар туһалаах эбит.
Доклады суруйан баран маннык түмүктэргэ кэллим:
1. «Кэскил» хаһыакка элбэх биллиилээх дьон, саха суруйааччылара үлэлээн ааспыттар.
2. Хаһыат нүөмэрэ бэчээттэнэн тахсарыгар үгүс элбэх киһи сыратын уурар эбит.
3. «Кэскил» хаһыаты суруттаран ааҕыы оҕо ааҕар дьоҕура, өйө-санаата сайдарыгар, билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр олус туһалыыр эбит.
4. Биһиги оскуолабыт алын кылааһын оҕолоро «Кэскили» сэргээн ааҕаллар, элбэҕи туһаналлар эбит.
Рождественский венок
Украшаем стену пушистыми кисточками и помпончиками
Щелкунчик
Гораздо больше риска в приобретении знаний, чем в покупке съестного
Мороз Иванович