Пономаревтар аҕа уустара Ньукулай (Мохоот) диэн киһиттэн бэттэх саҕаланан син сурукка киирбит дьоннортон сиэттэрэн биллэр. Кинилэр үһүс Мэлдьэхси улууһугар олорон ааспыт кэмнэригэр ааттара суоллара элбэх историческай уларыйыыларга сурукка тиһиллэн хаалбыттар. Ол курдук Иван Пономарев Мэҥэ кулубата, Степной Дума аппараатыгар талыллан үлэлээбит, Манчаары сырыыларыттан сэрэхэчийэн туттарбыт ампаара Майа музейын таһыгар көһөрүлэн тахсан турар. Мэҥэ улууһугар хортуопуй, бурдук ыһан саҥаны киллэрбит. Олорбут олоҕо балай да биллэр. Алексей Пономарев диэн уһун үйэлээх киһи туһунан Сосин Иннокентий Михайлович «Суон сурахтаах Суола үрэх» диэн кинигэртигэр Иван Пономаревы сэргэ ахтыллар. Александр Пономарев Иван Пономарев уола аҕатыгар сир былдьаһан суудтаһарыгар көмөлөһөр. Ити курдук архыып докумуоннарыгар, историческай, научнай литератураларга бэлиэтээһиннэр бааллар.
Вложение | Размер |
---|---|
tezis_ponomareva_sardana.docx | 18.94 КБ |
Мэҥэ-Хаҥалас улууһа (оройуон) МТ
Томтор уопсай үөрэхтээһин оскуолата бырааттыы Г.А. и А.А. Пономаревтар аатынан
«Төрөөбүт дойдум удьуорум ситимэ»
Дакылааты оҥордо:
10 кылаас үөрээнээччитэ,
Сардана Пономарева
Салайааччы: Ноговицына А.М.
Пономарева М.А.
Пономаревтар аҕа уустара Ньукулай (Мохоот) диэн киһиттэн бэттэх саҕаланан син сурукка киирбит дьоннортон сиэттэрэн биллэр. Кинилэр үһүс Мэлдьэхси улууһугар олорон ааспыт кэмнэригэр ааттара суоллара элбэх историческай уларыйыыларга сурукка тиһиллэн хаалбыттар. Ол курдук Иван Пономарев Мэҥэ кулубата, Степной Дума аппараатыгар талыллан үлэлээбит, Манчаары сырыыларыттан сэрэхэчийэн туттарбыт ампаара Майа музейын таһыгар көһөрүлэн тахсан турар. Мэҥэ улууһугар хортуопуй, бурдук ыһан саҥаны киллэрбит. Олорбут олоҕо балай да биллэр. Алексей Пономарев диэн уһун үйэлээх киһи туһунан Сосин Иннокентий Михайлович «Суон сурахтаах Суола үрэх» диэн кинигэртигэр Иван Пономаревы сэргэ ахтыллар. Александр Пономарев Иван Пономарев уола аҕатыгар сир былдьаһан суудтаһарыгар көмөлөһөр. Ити курдук архыып докумуоннарыгар, историческай, научнай литератураларга бэлиэтээһиннэр бааллар.
Үлэм тоҕооһо: Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ ыччат дьон аан дойдуга ханна баҕарар тиийэн үөрэнэн, үлэлээн олохсуйар кыахтаахтар. Ол иһин «кимтэн кииннээхтэрин хантан хааннаахтарын» билиэхтээхтэр. Онон сиэттэрэн саха омук хайдах дьаһанан, тыйыс тымныы усулуобуйаны тулуйан, бэйэтэ аҕыйах ахсааннаах омук баччаҕа диэри ситимэ быстыбакка кэлбит төрүөтүн билэргэ, бэйэ төрдүн-ууһун үөрэтии улахан суолталаах.
Туруоруммут сыалым: Пономаревтар аҕа уустара олох эрдэтээҥҥи төрүттэрин сыныйан үөрэтии; ситимэ быстыбыт аймахтары булуу.
Сылыктааһын: Мохоот сүрэхтэммит аатын чуолкайдааһын; киниттэн хас оҕо төрөөбүтүн, ханна олохсуйбуттарын, удьуордарын билэргэ дьулуһуу.
Төрүччүбүн үөрэтэрбэр нэһилиэгим – Томторум историятын кырата суоҕу биллим. Ол курдук мин төрдүм Мохоот диэн киһиттэн үөрэтиллибитэ. Кини олорор кэмэ историяга нууччалар кэлэн уларытыы киллэрэр кэмнэригэр сөп түбэһэр. Мохоот былаас уларыйар кэмигэр тобуллаҕас өйдөөх, үлэһит буолан байан киирэн барар, нэһилиэгэр бастыҥ киһи буолар. Кини Болот Боотур Уһуктуу романыгар Мохоот улахан уолун Иван Пономарев туһунан эпизотка ахтыллар. Иван Пономарев Томтор Туруйалаахха төрөөбүт, олорбут. Үөрэхтээх буолан былаас үлэтигэр быһаччы кыттыыны ылбыт. Кини олорбут олоҕуттан сиэттэрн ыраахтааҕы былааһа туох уларытыыны киллэрбитин өйдүөххэ сөп. Туһаҕа тахса илик сирдэри дьон олохсутан туһаҕа таһаарыы, хортуоппуй бурдук ыһыытын саҕалааһын – сайдыы туоһулара.
Кини олорон ааспыт туоһутунан Пономарев ампаара, элбэх литератураҕа ахтыллар. Томтор урукку аата Туруйалаах диэн, ону кырдьаҕастар хойукка диэри ааттаабаттар этэ. Туруйалаахха Пономарев баай систээн олорбут, сүөһүнэн байбыт баай этэ, үгүс сири бас билэрэ. Кини үрдүк аатыгар, уораҕайыгар Баһылай Манчаары ыалдьыттаан ааһыах буолбута иһиллибит. Оччолорго Пономарев баай Туруйалаахха хороҕор ампаары 5 күн иһинэн туттарбыт. Ити ампаар тутуутугар 95 киһи чугастааҕы нэһилиэктэртэн мустан үлэлээбиттэр. Манчаары кэлиэ диэн 25 хонук устата 38 саалаах-саадахтаах, күүстээх-уохтаах чулуу дьон харабыллаабыттар. Билигин бу ампаар Майатааҕы музей дьиэтин таһыгар турар. Улууска биир биллэр историко-архитектурнай памятник буолар. 2016 с. ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитэргэ анаан, Иван Пономареву үйэтитэр сыаллаах биһиги нэһилиэкпитигэр ампаар – кириэппэс макета тутуллубута.
Бу ампаары Баһылай Манчаары саба түһүүтүттэн сэрэнэн туттарбыт диэн остуоруйа кэпсиир, ол эрэн, кулуба бурдук ыһыытынан дьарыктанар буолан бурдук уурар ампаара буолуон сөп диэн кырдьаҕастар этэллэр эбит.
Мин эһэм – Григорий Спиридонович ахтыытыттан, бастакы колхуостааһын, гражданскай сэрии кэмнэрин эһэтин - Григорий Мефодьевич (мин хос хос эһэм) олорон ааспыт кэмнэрин ахтарыгар, оччотооҕу балаһыанньа чуолкайдык суруллар. Спиридон Григорьевич – мин хос эһэм, олорбут олоҕо Советскай былаас бастакы сылларыгар, 30-с сыллардааҕы репрессия иэдээннэрэ, Аҕа дойду улуу сэриитин кэмнэрэ кини дьылҕатыгар сөп түбэспит сабыдыаллар - саха норуотун дьылхатын ойуулуур.
Ол курдук советскай былаас бастакы сылларыгар хос эһэм – Спиридон Григорьевич, Елена Григорьевна – бииргэ төрөөбүт балтын олоҕун кэпсииригэр буолбут түбэлтэлэртэн, оччотооҕу кэм уустугун киһи өйдүөн сөп, ол курдук Елена Григорьевна бастакы кэргэнин үрүҥнэр өлөрөллөр онтон иккис кэргэнэ Аҕа дойду сэриититтэн бааһыран кэлбитэ – икки оҕото, кэргэнэ суох буолбуттар.
Иван Григорьевич (мин хос эһэм быраата) литератураҕа сурулларынан 1935 сс. Киренскай куоракка үлэлии барбыт. Кыыһым Нина Ивановна (биирин эрэ ааспыт), кэргэним Ольга Спиридоновна балтытынаан буолан түспүт хаартыскаларын кулун тутар ый 25 күнүгэр 1937 с аҕатыгар Григорий Мефодьевичка, ийэтигэр Марфа Яковлевнаҕа билиһиннэрэн ыыппыта баар. Ол кэннэ НКВДлар тутан сураҕа суох сүтэрбиттэр.
Мин эһэм Григорий Спиридонович үс бииргэ төрөөбүтүттэн соҕотоҕун хаалар. Халыҥ, дириҥ силистээх аймах киэн Саха сиригэр тарханан, олох уустуктарыттан бэйэ-бэйэлэрин сүтэрсэн, билсибэккэ хаалбыттар. Ол эрээри Григорий Спиридонович удьуорун 6 оҕото, элбэх сиэнэ, хос сиэннэр салҕыыбыт.
Түмүк: Биһиги нэһилиэккэ ааспыт үйэлэргэ олоро сылдьыбыт ытык дьоннор ааттарын, олохторун туоһулуур историческай литературалар, архыып докумуоннара, үһүйээннэр элбэхтэр. Туруйалаах Томтор аата Пономарев аатын кытта ыкса ситимнээх. Уһун үйэлээх киһи Пономарев Алексей Тимофеевич 128 сааһыгар диэри олорбут.
Мин бу доклад суруйаары бэлэмнэнэрим үгүс билбэт чахчыларбын кинигэттэн, дьон кэпсээниттэн биллим. Эһээм Пономарев Григорий Спиридонович көмөтүнэн төрүччүбүн оҥордум. Мин Мохоот 8-с көлүөнэтэ буолабын. Үгүс хаан аймахпын билбэппин, билсибэппин. Онон инникитин өссө дириҥэтэн, тэнитэн үөрэтэр сыал сорук туруорунабын. Төрүччүбүн 9-с көлүөнэҕэ диэри оҥордум. Биллэр-көстөр төрүттэрдээҕим иннибэр элбэх эппиэтинэһи ирдиир. Биһиги Пономаревтар аҕа ууспут үйэлэр тухары ситимэ быстыбатын.
Именинный пирог
А теперь — мультфильм
Почему люди кричат, когда ссорятся?
Фильм "Золушка"
10 зимних мастер-классов для детей по рисованию