Детский проект
Вложение | Размер |
---|---|
kymys_-_ebugelerbit_bastyn_utahtara_1.pptx | 1.67 МБ |
Слайд 1
Кымыс – өбүгэлэрбит бастыҥ утахтара « Күнчээн » бөлөх иитиллээччитэ Петров а Юлиана үлэтэСлайд 2
1. Киириитэ Кымыс – саха бастыҥ утаҕа. 2. Кымыс – киһи доруобуйатыгар ту h ата . 3. Түмүк 4. Ту h аныллыбыт литература Сыала : Кымыс үүттэн оҥоһуллар биир бастыҥ утах буоларын били h иннэрии . Соруга : 1 . Кымыс ки h и доруобуйатыгар ту h алаах утах буоларын үөрэтии; 2.Кымы h ы оҥоруу технологиятын кытта билси h ии .
Слайд 3
Кымыс сахаҕа бэрт былыргыттан баара биллэр . Кымыс аата « кымыз » диэн тюрк, казах тылыттан тахсыбыт . Былыргы сахалар кымы h ы үксүн биэ үүтүттэн оҥороллоро. Билигин ынах үүтүттэн, сгущенкаттан эмиэ кымыс , быыппах диэни оҥороллор.
Слайд 4
Кымыс ки h и доруобуйатыгар олус ту h алаах . Киниэхэ ки h иэхэ наадалаах С, А, В, Д, РР, Е битэмииннэр , араас минеральнай элеменнэр : магний, фосфор, кальций, молочнай кислота - бааллар . Кымыс диетическэй уонна эмтиир уратылаах . Биэ кымы h а түбүркүлүөскэ , тыҥа тымныйыытыгар , хаан аҕыйаа h ыныгар , сыыҥкаҕа , ньиэрбэ ыарыытыгар ордук ту h алаах , иммунитеты эмиэ ү рдэтэр . Ол эрээри а h ыы буолан , куртаҕа ыалдьар , куртаҕа баастаах дьоҥҥо көҥүллэммэт .
Слайд 5
Кымыс хас да араастаах буолар эбит . Саамал кымыс диэн көөнньүбүт кымыс . Аарахтаах кымыс диэн ынах үүтүгэр, сүөгэй кутан, ньулутуллубут кымыс . Атын туох да булкаа h а суох , аҥаардас биэ эрэ үүтүттэн оҥо h уллубут кымы h ы хойуу кымыс дииллэрэ . Өбүгэлэрбит самаан сайыны көрсө ыытар быраа h ынньыктара ы h ыах буолар . Ы h ыах бастыҥ а h а – кымыс . Ы h ыахха и h эргэ анаан арыылаах кымыһы оҥороллоро. Кымыска кутуохтарын иннинэ ынах арыытын уулларан , муустаах тымныы ууга кутан баран ытыйаллар , онтон чороонноох кымыска хамыйаҕынан ба h ан куталлар уонна чороонноох кымы h ынан ы h ыах ыалдьыттарын айах туталлара .
Слайд 6
Кымы h ы маннык оҥороллор . Бастаан кымыһы көөнньөрөр и h иккэ а h ыйбыт сүөгэйи эбэтэр суораты куталлар . Онно сылаас ыаммытынан биэ үүтүн кутан баран, оргуйбут тымныы ууну эбэллэр уонна ытыгынан күүгэннириэр диэри ытыйаллар . Онтон хаппахтаан баран, сылаас сиргэ туруораллар . Кымыс үчүгэйдик көөнньүбүтүн кэннэ , улахан и h иккэ кутан, тымныы оҥкучахха угаллар .
Слайд 7
Билигин оҕо доруобуйатын тупсарар сыалтан сайыҥҥы лааҕырдарга биэни тутан ыан , кымыс оҥорон и h эрдэллэр . Ынах үүтүттэн оҥо h уллубут кымыс , быыппах эмиэ ту h алаах , дьон сөбүлээн и h эр. Кымыска би h иги эппитигэр-сииммитигэр наадалаах битэмиин барыта баар . Дьиҥнээх биэ кымы h ын и h э сылдьар ки h и доруобай , эрчимнээх , күүстээх-уохтаах , айыан - тутуон баҕалаах , олоххо дьулуурдаах , үтүө үлэ h ит буолар . Онон кымыс ки h и доруобуйатыгар олус ту h алаах утах буолар .
Слайд 8
Ту h аныллыбыт литература: 1. Саввинов Н.Е. Өбугэлэрбит олохторо – дьа h ахтара . Дьокуускай , 1992. 2. Сивцева М.Г. Оҕо ас астыыр кинигэтэ . Дьокуускай , 2007.
Мороз и заяц
Рисуем пшеничное поле гуашью
Волшебные звуки ноктюрна
Два Мороза
Как зима кончилась