Проект «Яковлев Семен Павлович – уоттаах сэрии кыттыылааҕа».
Вложение | Размер |
---|---|
doklad_g_michil.docx | 18.08 КБ |
ДАКЫЛААТ
«Яковлев Семен Павлович – уоттаах сэрии кыттыылааҕа».
Толордо: Хаптаҕай орто оскуолатын
3 кылаас үөрэнээччитэ Гермогенов Мичил
Салайааччы: Хаптаҕай орто оскуолатын
алын кылаас учуутала
Давыдова Ньургуйана Николаевна
Киириитэ.
Сэрии!.. Сэрии диэн тыл хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар ыараханнык иһиллэр.
Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт, харах уутун кыа хаанныы үрүйэлии сүүрүгүрпүт алдьархайдаах сэрии түмүктэммитэ быйыл 75 сылын туолар.1941 сыллаахха Фашисткай Германия биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түһэн дьоммут олохторун алдьатан-айгыратан барбыта. Аҕыйах ахсааннаах саха норуотугар Аҕа дойду Улуу сэриитэ өтөрүнэн өрүттүбэт охсууну оҥорбута. Омукпут чэгиэн өттүлэрэ сэриигэ барбыттара. Онтон атыттара Улуу кыайыы туһугар күүскэ үлэлээбиттэрэ. Элбэх киһи ыалдьан, аччыктаан, тоҥон өлбүт. Советскай Союз дьоно биир түмсүүлээх-санаалаах буолан фашистары 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр кыайбыттара.
Биһиги Хаптаҕайбыт нэһилиэгиттэн элбэх киһи сэриигэ барбыта. Олор истэригэр мин хос эһэм Яковлев Семен Павлович 1941 сыллаахха фроңңа ыңырыллыбыта. Дойдутугар 1945 сыллаахха балаҕан ыйыгар эргиллэн кэлбитэ.
Ону тэңэ Улуу Кыайыыны тэңңэ уһансыбыт тыылга хаалбыт дьон - дьахталлар, оҕолор, кырдьаҕас ыарыһах дьон, сэриигэ барбыт дьону солбуйан, туох баар үлэни барытын оңороллоро.
Мин хос эһэм Кыайыыга туох кылааты киллэрбитин, кини туһунан элбэҕи билээри бу теманы таллым.
Темам аата: «Яковлев Семён Павлович - уоттаах сэрии кыттыылааҕа».
Актуальноһа: Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан араас хайысхалаах үлэлэр ыытылла туралларынан, хос эһэм туһунан чинчийэн үөрэтии. Биһиги, бу инники көлүөнэ Алдьархайдаах Уоттаах Сэрии туһунан тугу да билбэппит. Кинилэр дойдуларын көмүскээн, тыыннаах ордон кэлэн, биһиги эйэлээх олоххо дьоллоохтук олоруубут буолар.
Сыала: Кыайыы сылыгар анаан, хос эһэм Яковлев Семен Павлович туһунан билии, чинчийии.
Соруга:
Яковлев Семен Павлович – уоттаах сэрии кыттыылааҕа.
Мин хос эһэбин билбэппин, ол эрэн хос эбэм Романова Анна Павловна, ийэбэр кэпсээбитинэн суруйдум.
Хос эһэм Семён Павлович Яковлев 1922 с. Хаптаҕай нэһилиэгэр дьаданы бааһынай кэргэҥҥэ төрөөбүт.1938 с. Хаптаҕай 7 кылаастаах оскуолатын уорэнэн бутэрбит.1939-1940сс. Хаптаҕай сельсоветынан секретарынан үлэлээбит. 1939 сыллаахтан комсомол чилиэнэ буолбут. 1940 с. ыам ыйыттан бэбиэскэ тутуоҕар диэри Крупская аатынан холкуоска солбуйааччы бэрэсэдээтэлинэн улэлээбит.
1941 с. бэс ыйын 22 күнүгэр фашистскай Германия халабырдаах сэриитин са5алаабыт. Сэрии буолаатын кытта 1941 с. от ыйын 3 күнүгэр кинини бэбиэскэлээн илдьэ барбыттар. 1941с. дьонуттан арааран, Заболоцкай диэн киһини кытта, икки саха буолан атын подразделение5а тубэһэн, Томскай куоракка биир ыйдаах үөрэххэ үөрэтэн баран фронна атаарбыттар . 1942 с. кулун тутар 10 күнүгэр, сарсыарда 8 чаас саҕана биир улахан күөл үрдүгэр кэлэн тохтоон сынньана олордохторуна, 8 бомбардировщик, 10-ча истребитель кэлэн 2 чаас буомбалаан, ытыалаан барбыттар. Кинилэр роталарыгар 7 эрэ киһи ордон хаалбыт.
Кулун тутар 23 күнүгэр немецтар штабтанан олорор 40 дьиэлээх дэриэбинэни сэриилээн ылбыттар. Дэриэбинэни ылалларыгар атаҕар уонна көхсүгэр араанньан буолбут. Свердловскай куоракка балыаһаҕа 5 ый устата эмтэнэн баран, 1942 с. балаҕан ыйыгар дойдутугар кэлбит.
Мин хос эһэм дойдутугар төннөн кэлэн, доруобуйата арыый буолбутугар таах олорботох, маҕаһыыҥҥа атыыһыттаабыт. Ол үлэлии сырыттаҕына, аны фроҥҥа дьону ыҥырыы бэбиэскэтэ иккистээн кэлбит. Ити 1943 с. ыам ыйыгар сэриигэ иккистээн ыҥырыллан, Усть – Кяхта5а 20-с ат депотугар 1945 с. ыам ыйыгар диэри.
Ол сылдьан, ыалдьан Кяхта балыаһатыгар 4 ый устата эмтэнэн баран, дойдутугар 1945 с. балаҕан ыйыгар кэлбит. Кэлэн баран 1947 сыллаахха диэри Хаптаҕай детдомугар бухгалтерынан үлэлээбит.
1948-1949 сс. Дьокуускайга профтех-оскуола5а бухгалтер үөрэҕин бутэрэн баран, 1949-1957 сс. Ленин аатынан холкуоска кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбит. Ол кэнниттэн Хаптаҕай учаастагар старшай биригэдьиирдээбит, Хаптаҕайга бухгалтердаабыт, Павловскай дэриэбинэтигэр маҕаһыыҥҥа атыыһыттаабыт, Самсоновка отделениятыгар старшай бухгалтерынан улэлээбит.
1953 с. ССКП чилиэнигэр киирбит, 6-7 сыл партийнай тэрилтэ секретарынан үлэлээбит.
Мин хос эһэм Семён Павлович 1949 с. кэргэн ылан, 7 оҕоломмуттар. Биэс уол, икки кыыс. Уолаттарын бэйэтин холобуругар ииппит. О5олоро бары улэһиттэр, сиэннээхтэр, мин эһэм 6-тыс оҕонон күн сирин көрбүт - Яковлев Михаил Семёнович. Кини билигин 57 сааһа.
Партия, правительство маннык мэтээллэринэн наҕараадалаабыт: «За победу над Германией», «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.», «За доблестный труд».
Түмүк
Бу биһиги эйэлээх олохпут иһин бэйэтин хара көлөһүнүн, кылаатын укпут, Кыайыыны уһансыбыт хос эһэбитинэн - Эһээ Сэмэнинэн, биһиги кини ыччаттара, киэн туттабыт, ытыктыыбыт, холобур оңостобут, сүгүрүйэбит.
Нечаянная победа. Айзек Азимов
Новогодняя задача на смекалку. Что подарил Дед Мороз?
Всему свой срок
Астрономический календарь. Январь, 2019 год
Рисуем ананас акварелью