Вложение | Размер |
---|---|
doklad_anzheliny_.docx | 42.15 КБ |
«Сунтаар улууhа» муниципальнай оройуон дьаhалтатын
«Үөрэх салалтатын муниципальнай органа» муниципальнай тэрилтэтэ
«А.А.Иванов-Күндэ аатынан Кутана орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата»
Муниципальнай бюджетнай үөрэх тэрилтэтэ
«Бастакы хардыылар» научно-практическай конференция
Тойуксут, оһуокайдьыт, алгысчыт хос эһэм
доклад
Автор: Күүкэй орто оскуолатын
4 кылааҺын үөрэнээччитэ
Алексеева Анжелина
Салайааччы: Спиридонова
Варвара Авдеевна
Кутана, 2014с.
Актуальнаһа: хас биирдии оҕо кимтэн кииннээҕин, туохтан тууралааҕын кыра сааһыттан билэн-көрөн улаатара туһалаах
Үлэм сыала: хос эҺэм олоҕун үөрэтии, кини аатын үйэтитии
Соруктара:
- хос эһэм олоҕун, айар үлэтин үөрэтии
- бэйэм төрдүм-ууһум төрүччүтүн оноруу
- оскуола оҕолоро төрдүлэрин-уустарын төһө билэллэрин анкета ыытан үөрэтии
Чинчийэр предметим: хос эһэм айымньылаах үлэтэ
Ис хоһооно:
Киириитэ..................................................................................................................
Тимофеев Егор олоҕо.............................................................................................
Айар үлэтэ................................................................................................................
Оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ..........................................................................
Төрүччү ...................................................................................................................
Анкетирование түмүгэ...........................................................................................
Түмүк.......................................................................................................................
Туттуллубут литература........................................................................................
Киириитэ
Хайа да омук, ханнык баҕарар норуот бэйэтин чулуу дьоннорунан киэн туттар, инникигэ сырдыыр былаах оҥостор. Миэхэ оннук киһим хос эһэм Тимофеев Николай Егорович. Кини туһааннаах улэтин таһынан норуот тылынан уус-уран айымньыта, культуурата сайдарыгар үлэлэспит киһи буолар. Ол курдук Сунтаар улууһугар оһуокай, тойук ситимин быспакка сайдарыгар, ыһыах сиэрэ-туома тутуһулларыгар элбэх сыратын биэрбитэ. Кини эдэр сааһыттан норуот талааннаахтарын оһуокайдьыттары, тойуксуттары, олоҥхоһуттары кытта алтыспыт, кинилэртэн элбэххэ үөрэммит. Ол курдук, киниэхэ уос номоҕор олорбут тойуксут, ырыаһыт, оһуокайдьыт, аатырбыт алгысчыт, улууканнаах олоҥхоһут, үтүөкэннээх үҥкүүһүт, поэт, суруйааччы, норуот ырыаһыта, искусство бары жанрдарыгар, көрүҥнэригэр талааннаах айааччы, саха омук төрүт культуратын былыргытын тилиннэрээччи искусство үтүөлээх диэйэтэлэ, культура үтүөлээх үлэһитэ Сэргэй Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола норуот тылынан уус-уран айымньытыгар уһуйааччы буолбут эбит.
Тимофеев Егор Николаевич олоҕо
Тимофеев Николай Егорович Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр 1930 сыллаахха колхозтаах бааһынай кэргэнигэр бэһис оҕонон төрөөбүтэ. Аҕата Тимофеев Егор Федотович тулаайах уол Хара Баттах диэн биир соҕотох эмээхсиҥҥэ иитиллэн кыайыгас, үлэһит киһи буолбута. Ийэтэ Тимофеева Анна Николаевна диэн Сиэйэ Мастааҕыттан төрүттээх эмиэ тулаайах буолан, абаҕалара Көҕөннүүрэптэр үлэһит гынан сылдьыбыт кыыстара үһү. Ону суорумньуһут дьонунан булсан Күүкэй күөлүн илин баһыгар Тураҥнаах диэн быраҕыллыбыт сиргэ балаҕан туттан, сүөһү иитэн олорбуттар. Бултаан аһыыллара, сүөһүлэрин таһынан ойууру солоон, силиһин түөрэн буола оҥостон бурдук ыстар буолбуттара.
Тоҕус сааһыгар алта биэрэстэлээх сиргэ турар Күүкэй начальнай оскуолатыгар үөрэнэ кирбитэ. Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына сэрии буолбута. Убайа Данил, аҕата Элгээйигэ МТС тэриллибитигэр үлэлии барбыттара. Эһиилигэр ийэтинээн көһөн кэлбиттэрэ. Итинтэн ыла оҕо сааһа Элгээйигэ ааспыта. Сэрии аччык сылларыгар Элгээйи оскуолатыгар үөрэммитэ. 1952 сыллаахха Сунтаар орто оскуолатын бүтэрбитэ.
1953 сыл муус устар 15 күнүттэн Элгээйи сельскэй кулуубун сэбиэдиссэйин ананан үлэтин саҕалаабыта. Онтон 1954 сыллаахха биир сыллаах библиотечнай курска баран үөрэммитэ. Орто специальнай үөрэхтэммитэ. Итинтэн 1957 сыл ыам ыйын 15 күнүттэн, үөрэхтээх киһи буолан, Элгээйи сельскэй библиотекатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Манна үлэлии сырыттаҕына 1961 сыллаахха Элгээйи нэһилиэгин исполкомун председателинэн талбыттара. 1964 сыллаахха Дьокуускайдаа5ы партийнай оскуола5а ыыппыттара. Манна табаарыстара Анатолий Филиппович Кириллинниин, Афанасий Егорович Самойловтыын, Иван Егорович Ксенофонтовтыын, Михаил Семенович Афанасьевтыын, Егор Никифорович Афанасьевтыын бииргэ тубэсиһэн үөрэммиттэрэ.
1966 сыл ахсынньы маҥнайгы күнүттэн оройуон культуратын отделын сэбиэдиссэйинэн ананан, бастакы түһүмэҕин, 1973 сылга дылы, сэттэ сыл үлэлээбитэ. Владимир Ильич Ленин 100 сылынан «Үлэҕэ килбиэнин иһин» медалынан наҕараадаламмыта. Онтон Сунтаар сельскэй советын исполкомун председателинэн быыбардаммыта. Онно икки сыл Догойдонов Валентин Николаевичтыын тапсан үлэлээбиттэрэ.
1975 сыллаахха Сунтаар райпотребсоюһугар ыыппыттара. Манна правление председателин кадрга солбуйааччынан уонна партийнай тэрилтэ секретарынан талбыттара.
Онтон өссө төхтүрүйэн 1980 сыл тохсунньу 28 күнүттэн культура отделыгар төттөрү аҕалбыттара. Манна үс сылтан ордук үлэлээбитэ. Специальнай орто уонна үрдүк үөрэхтээхтэр, музыканнар элбээн испиттэрэ, сельскэй кулууптар Дом культураҕа уларыйан, народнай коллективтар тэриллэн кадр ахсаан өттүнэн элбээбитэ. Нэһилиэктэринэн уус-уран самодеятельность көрүүтэ сылын аайы ыытыллар этэ. Манна кырдьаҕас кыттааччыларга кыбыллан эдэр толорооччулар элбээн иһэллэрэ киэҥ сэҥээриини ылбыта. Саҥа ырыалар, үҥкүүлэр айыллыбыттара. Кулууптар, библиотекалар, музыкальнай оскуолалар материальнай базалара бөҕөргөөн испиттэрэ. Сельскэй культура Дьиэлэрэ күүстээх коллективы тэринэн, гастроллаан бэйэлэрин наадаларыгар үп-харчы киллэрэр буолбуттара.Суолларыгар-иистэригэр совхозтар, олохтоох советтар туһааннаах көмөнү оҥороллоро.
Үстэн ордук сыл сэбиэдиссэйдээбитин кэннэ райсовет тэрийэр инструкторскай отделыгар сэбиэдиссэйинэн көһөрбүттэрэ.
Бүтэһигэр 1984 сыллаахха Госстрах инспекциятын начальнигынан анаабыттара. Онно уон биир сыл үтүө суобастаахтык үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Манна да үлэлии сылдьан ыытыллар көрүүлэргэ, фестивалларга, норуот ырыаһытын быһыытынан ыытыллар ыһыахтарга, кэлиҥҥи өттүгэр үксүгэр алгысчыт быһыытынан активнайдык кыттыбыта.
Сыралаах үлэтин түмүгүнэн «Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ» аат иҥэрбиттэрэ, С.А.Зверев – Кыыл Уола 100 сааһын туолуутунан үбүлүөйнэй мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Кэргэнэ Роза Герасимовна ыарахан ыарыыттан 2004 сыллаахха күн сириттэн туораабыта.
Айымньылаах үлэтэ
Николай Егорович 1954 сылтан библиотекарынан үлэлээбитэ. Эһиилигэр Дьокуускай куоракка библиотекардар курстарыгар үөрэнэ сырыттаҕына, 1954 сыл алтынньытыгар таҥара дьиэтигэр баһаар баран, сельскэй библиотека дьиэтэ, кинигэтин фондата уокка былдьаммыта. Эмиэ кинигэ хомуура, эмиэ ол-бу тэрилтэлэр муннуктарыгар библиотека тэрийии түбүгэ саҕаламмыта.
Кини үлэлиир кэмигэр, Элгээйи кулууба оройуон, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ үлэлээх культура киинэ этэ. Манна саха суруйааччыларын айымньыларын, олоҥхону туруораллара. Ньургун Боотур олоҥхону туруорарга салайааччы буолбута. Ол кэмҥэ Сергей Афанасьевич Зверев «Суоһалдьыйа Толбонноох» диэн вокально-хореографическай постановканы туруорбута. Онно Николай Егорович биир сүрүн оруолу толорбута.
1956 сыллаахха Элгээйи уонна Хоро нэһилиэгин ыччата күүстэрин холбоон, оройуоҥҥа аан бастаан «Ньургун Боотур» олоҥхону сценаҕа таһааран, дьон махталын ылан тураллар. Ньургун Боотуру – Прокопий Кириллин, Үрүҥ Уоланы – Трофим Павлов, Туйаарыма Куону – Екатерина Захарова, Түөнэ Моҕол оҕонньору – Николай Тимофеев олус талааннаахтык, ис-истэриттэн өрө көтөҕуллэн толорбуттара. Оройуоҥҥа драмколлективтар конкурстарыгар элгээйилэр бастакы миэстэни ылбыттара. Ити 50 киһилээх драмколлектив бүттүүнүн ситиһиитэ этэ.
1958 сыллаахха Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола норуот номо5ор оло5уран «Суоһалдьыйа Толбонноох» балет-опера ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн-битиитин түс бэйэтинэн айбыта, сахатын норуотугар үйэлээх бэлэҕи оҥорбута. Суоһалдьыйа Толбонноох уобараһын Фатина Гаврильева, Улуну – Антон Еремеев, Ойууну – Николай Тимофеев, аҕабыыты- Николай Антонов –барыта 30 киһи араас оруолларга оонньообуттара. Үчүгэйдик бэлэмнэнэн баран, балет коллектива Дьокуускайга тиийбитэ. Нуучча театрын үрдүк сценатыттан куорат көрөөччүлэрэ Саха сирин саамай уһук оройуонун самодеятельнай артыыстара туохха дьоҕурдаахтарын көрөр кыахтаммыттара. Фатина Гаврильева, Антон Еремеев, Николай Тимофеев, Екатерина Александрова толорууларын сүрдээҕин сөбүлээбиттэрэ. Балет идеята таба бэриллибитин астыммыттара.
1959 сыллаахха П.Ф.Платонов туруоруутунан «Кыһыл ойуун» музыкальнай драма сүрүн геройдара Николай Тимофеев, Анатолий Кириллин, Николай Львов, Афанасий Макаров, Розалия Гурьева, Софья Федорова уо.д.а. толорууларыгар сценаҕа тахсбыта. Драма Сунтаар оройуонун иһигэр көрүүгэ бастакы миэстэҕэ тиксибитэ. Гастролларынан Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар тахсан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.
Николай Тимофеев оскуола сааһыттан туойбут-ыллаабыт киһи. Кини бастакы тойуга 1950 сыллаахха тахсыбыт «Сунтаар» диэн кинигэҕэ бэчээттэммитэ. Онтон бэттэх олоҕун устата импровизациянан дьарыктанар. Республика, кылыгырас кылыһахтаах, хомоҕой хоһоонноох тойуксута, үҥкүү тылын этээччитэ, бөдөҥ олоҥхолорго, драмаларга оонньообут драмартист, сельскэй библиотекарынан, кулууб сэбиэдиссэйинэн, культура отделын салайааччытынан үлэлээн кэлбит сылайбат-элэйбэт норуот талааннааҕа, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитин бочуоттаах аатын ылыан ылбыта. 2001 сылга Дьокуускайга көһөн, Сунтаардар үҥкүүлэрин, тойуктарын, олоҥхолорун пропагандалыы сылдьар. Николай Егорович биир дьоһуннаах үтүөтэ - дьиэ кэргэттэрин уус-уран самодеятельность араас жанрдарыгар үөрэтэлээн кырдьар сааһыгар тиийэн кэллэ. Кэргэнэ Розалия Герасимовна уус-уран ааҕааччы, ыллаһар, туойсар, оҕолоро бука бары толорооччулар буолан дьиэ кэргэн ансамблынан концерт биэрэллэрин дьон-сэргэ улахан биһирэбилинэн көрсөөччү. Улахан уола Егор Николаевич Тимофеев Германия, Франция, Швейцария, Италия дойдуларынан саха омук тойугун, ырыатын иһитиннэрбит дьонтон биирдэстэрэ.
1972 сыллаахха ССРС тэриллибитэ 60 сылын туолар юбилейын чиэһигэр ыытыллыбыт Бүтүн Россиятааҕы көрүү Иркутскайдааҕы зонатыгар тойугунан кыттан, лауреат үрдүк аатын ылбыта.
1974 сыллаахха, үүнэр дьыл түүнүгэр Николай Егорович Москваҕа, Останкиноҕа баара. Ити түүн Саҥа дьыл елкатын фонугар «Мин аадырыһым – Советскай Союз» диэн биэриигэ тылы бастакынан ылбыта. Бүтүн Советскай Союз норуотун сахалар ааттарыттан Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн , сахалыы тойугу улуу дойду үрдүнэн дуораһыппыта. Ити курдук Киин телевидениенэн сыл аайы, тохсунньу 1 күнүгэр «Биһиги аадырыспыт - Советскай Союз» диэн ааттаах, дойду араас республикаларыттан, кыраайдарыттан, уобаластарыттан сүүмэрдэммит уус-уран самодеятельность бастыҥ толорооччуларын уонна коллективтарын кыттыытынан бэриллэр концертка Николай Егорович ситиһиилээхтик кыттыбыта. Николай Егорович репертуарыгар үгүс сахалыы тойуктар бааллар: «Ньургун Боотур» олоҥхоттон Үрүҥ Уолан, Түөнэ Моҕол оҕонньор тойуктара, «Манчаары Бэрт Маарыйаҕа ыллаабыт ырыата», аныгы сахалыы тойуктар. Дьэ ол иһин бу улахан эппиэттээх концертка кыттарга киһи ыытар тирээн кэлбитигэр культура министерствота, норуот айымньытын дьиэтэ, саха театра бэрт үгүс кандидатураттан Николай Егоровиһы таланнар улуу Москва куоракка ыыталлар. Онно тиийэн, Николай Егорович хаһан баҕарар, концертарга, спектакльга кыттарыгар буоларын курдук, кыһанан-мүһэнэн туран, күнүстэри-түүннэри ыытыллар тыҥааһыннаах репетицияларга күүһүн харыстаабакка үлэлээн, көстүүмүн бэйэтэ оҥостон, тупсаран, туруоруммут сыалын үрдүк ситиһиилээхтик толорбута.
Кэнники сылларга оройуон уус-уран самодеятельноһыгар сахалыы тойугу үөрэтиигэ, тойуксуттар ансамблларын курдук сонун нүөмэри бэлэмнээһиҥҥэ элбэх сыратын биэрэр, народнай театр үлэтигэр кыттар.
Алгыс – дьоҥҥо үтүөнү баҕаран, олох араас түбэлтэлэригэр, көстүүлэригэр үтүө түмүгү көрдөрөн анал тыл этии. Былыргы итэҕэл быһыытынан, киһиэхэ кутталлаах хараҥа күүстэри үтэйэр, ыарыыны эмтиир-домнуур кыахтаах алгыс тыл. Алгысчыт – тоҕоостоох түгэннэргэ этиллэр алгыс тылларын билэр, алгыһы алгыырга идэтийбит киһи; алгыһа тиийимтиэтинэн аатырар, үтүө санаалаах, биһирэнэр уус тыллаах киһи.
Аар-саарга аатырбыт Сунтаар ыһыаҕа Николай Егорович Тимофеевынан аһыллара үгэскэ кубулуйбута. Кини кэрэ куолаһа бырааһынньык быыһын, имэрийэн эрэр курдук, алгыс тылынан аһаатын кытта, сүүһүнэн киһи сүргэтэ көтөҕүллэн, окко киириэх иннинээҕи дьоро күн саҕаланара.
Өр сылларга Сунтаар улууһугар культура отделын салайааччытынан, Сунтаар нэһилиэгин исполкомун салайааччытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран 2003 сыллаахха П.А.Ойуунускай 110 сааһыгар аналлаах Дьокуускай куорат ыһыаҕар оһуокай этиитин күрэҕэр бастакы миэстэ буолан УАЗ массыынанан бириэмийэлэммитэ.
Николай Егорович Саха Республикатын үтүөлээх үлэһитэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Элбэх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
О5олоро, сиэннэрэ
Ыал улахан оҕото Анисимова Ирина Николаевна 1953 сыллаахха Элгээйи нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1986 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицинскэй училище фельдшер акушер үөрэҕин бүтэрэн Сунтаарга үлэтин акушерканан саҕалаабыта. Пенсияҕа тахсыар диэри 15 сыл медколледжка лаборанынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Анисимов Василий Степановичтыын түөрт оҕолоохтор, биэс сиэннээхтэр. Ирина Николаевна – үлэ ветерана, Саха Республикатын доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, ЦК «Молодая гвардия» диэн знактаах. Билигин Дьокуускайга бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Егор Тимофеев 1986 сыллаахха Саха тойугун Арҕаа Берлиҥҥэ, Германия Федеративнай республикатыгар, Швейцарияҕа, Францияҕа, Италияҕа иһитиннэрбитэ. 1989 сыллаахха Амурскай уобаласка Саха сирин күннэригэр баран кыттыбыта. Свободнай, Шиманскай, Благовещенскай куорат олохтоохторугар туойан доллоһуппута.
Мин эhэм Тимофеев Сергей Николаевич Элгээйи нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 1982 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, кэлин Хабаровскай куоракка государственнай педагогическай университет художественнай - графическай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Быйыл 31 сылын Сунтаар нэhилиэгэр оҕо музыкальнай оскуолатыгар художественнай кылаас учууталынан үлэлии сылдьар, оҕолору үтүөнү – кэрэни өйдүүллэригэр, ону кырааска кустук өҥунэн сатаан хоhуйалларыгар үөрэтэр.
Кини үөрэппит оҕолоро художник, уруhуй, черчение учуутала, дизайнер, модельер идэлэрин талан үөрэнэ, сорохторо үөрэхтэрин бүтэрэн үлэлии – хамсыы сылдьаллар.
Эhэм хартыыналарыгар төрөөбүт дойдутун айылҕатын кэрэ көстүүтүн уруhуйдуурун ордук сөбүлүүр. Улууска ыытыллар үгүс быыстапкаларга кыттан бэйэтин талаанын дьоҥҥо - сэргэҕэ көрдөрөн, элбэх биhирэбили ылар. Улуус уран тарбахтаахтарын, художниктарын быыстапкаларыгар, конкурстарыгар мэлдьи жюри председателинэн, чилиэнинэн улэлиир. Мин эhэм - күндү кэргэн, ус оҕо амарах аҕата, биэс сиэн тапталлаах эhээтэ.
Тимофеев Анатолий Николаевич Владивостоктааҕы высшай военнай училищены бүтэрбитэ. Капитан званиелаах. МВД охранатыгар подразделение начальнигынан үлэлиир
Николай Егорович кыра кыыһа Монастырева Мария Николаевна 1967 сыллаахха төрөөбүтэ. Бухгалтер идэтигэр Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэммит. Доруобуйа харыстабылын туйгуна, 23 сыл араас үлэҕэ главнай бухгалтердаабыт. Билигин булт харамайын харыстыыр, учуоттуур,тарҕатар тэрилтэҕэ главнай бухгалтерынан үлэлиир. Дьокуускай куоракка дьиэ кэргэнинээн уонна аҕата Николай Егоровичтыын чааһынай дьиэҕэ олороллор.
Мин төрдүс кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэбин, ырыа-үҥкүү, олоҥхо куруһуоктарыгар сылдьабын. Сайын аайы олоҥхо лааҕырыгар тойукка, оһуохайга уһуйуллабын. 2014 сыллаахха Сунтаарга олоҥхо күрэҕэр миэстэ буолбуппут.
Оскуола о5олоро, улахан дьон төрдүлэрин-уустарын төһө билэллэрин чинчийии
Оскуола о5олоро, улахан дьон төрдүлэрин-уустарын төһө билэллэрин билээри анкетирование ыыттым. Барыта 30 киһи эппиэттээтэ: 10 начальнай кылаас, 10 улахан кылаас оҕолоро, 10 улахан киһи.
Эһэлэрин, эбэлэрин аатын улахан дьон бары билэллэр, начальнай кылаас оҕолоруттан 5 оҕо толору ааттарын, 5 оҕо ааттарын эрэ суруйбуттар. Улахан кылаастартан 5 оҕо толору ааттарын, 3 оҕо ааттарын эрэ билэллэр, 2 оҕо эбэлэрин, эһэлэрин аатын билбэттэр.
Хос эбэлэрин, хос эһэлэрин аатын 4 улахан киһи билэр, 6 киһи билбэт. Улахан кылаас оҕолоро билбэттэр, алын кылаас оҕолоро 2 оҕо толору ааттарын, 5 оҕо ааттарын билэллэр, 3 оҕо билбэт эбит.
Төрүччүгүн оҥорбутуҥ дуо диэн ыйытыыга 2 улахан киһи оҥорбут, 6 киһи оҥорботох, 2 киһи эрдэ оҥоһуллубут диэбиттэр. Улахан кылаас оҕолоруттан 5 оҕо оҥорбут, 5 оҕо оҥорботох. Начальнай кылаастартан 9 оҕо оҥорбут, 1 оҕо оҥорботох.
Төрүччүлэрин учууталлара оҥотторбуттар.
Киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх дуо диэн ыйытыыга 28 киһи билиэхтээх диэбит, 1 оҕо билбэппин, 1 оҕо суох диэн эппиэттээбиттэр.
Ханнык эбэҕинэн, эһэҕинэн киэн туттаҕын диэн ыйытыыга 4 улахан киһи барыларынан диэбиттэр, 6 киһи сэрии бэтэрээнэ эһэлэрин, тыыл бэтэрээнэ эбэлэрин, уус эһэлэрин суруйбуттар. Улахан кылаас оҕолоруттан 2 оҕо барыларынан, 3 оҕо бэтэрээн эһэлэринэн, тойуксут эбэлэринэн киэн тутталлар эбит. 5 оҕо билбэппит диэбиттэр. Начальнай кылаас оҕолоро үксүлэрэ эбэлэринэн, эһэлэринэн киэн тутталлар эбит.
Анкетирование кэнниттэн маннык түмүккэ кэллим. Начальнай кылаас оҕолоро төрдүлэрин-уустарын билэ-көрө сатыыллар, учууталлар кинилэргэ көмө буолаллар эбит. Улахан кылаас оҕолоро төрүттэрин соччо билэ-көрө сатаабаттар. Улахан дьон төрүттэрин ытыктыыллар, кинилэринэн киэн тутталлар эбит.
Туттуллубут литература:
Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта. Новосибирск «Наука»:2004с.
Сунтаар көмүс кылыһахтара/М.Т.Мойтохонова. – Мирный:2000с.
Сунтаар оһуокайа/В.В.Илларионов, М.Николаева – Дьокуускай:1994с.
«Ильич уоттара» 1975с. Олунньу 4 күнэ, №16
«Ильич уоттара» 1989с. Ахсынньы 12 күнэ, №148
Элгээйи нэһилиэгэ/ Е.К.Аввакумов. – Дьокуускай: 200?
Анкета
Ааттарын суруй___________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
Анкета
Ааттарын суруй___________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
_________________________________________________________________
Тезис
Хас биирдии оҕо төрдүн-ууһун кыра сааһыттан билэн-көрөн улаатара наада дии саныыбын. Ол иһин мин хос эһэм олоҕун туһунан, төрүччүбүн үөрэтэргэ соруннум
Докладым аата: Тойуксут, оһуокайдьыт, алгысчыт хос эһэм
Актуальнаһа: хас биирдии оҕо кимтэн кииннээҕин, туохтан тууралааҕын кыра сааһыттан билэн-көрөн улаатара туһалаах.
Үлэм сыала: хос эҺэм олоҕун үөрэтии, кини аатын үйэтитии
Соруктара:
- хос эһэм олоҕун, айар үлэтин үөрэтии
- бэйэм төрдүм-ууһум төрүччүтүн оноруу
- оскуола оҕолоро төрдүлэрин-уустарын төһө билэллэрин анкета ыытан үөрэтии
Чинчийэр предметим: хос эһэм айымньылаах үлэтэ
Мин хос эһэм Тимофеев Николай Егорович Сунтаар улууһун Күүкэй нэһилиэгэр 1930 сыллаахха колхозтаах бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Тимофеев Егор Федотович, ийэтэ Тимофеева Анна Николаевна диэн Күүкэй күөлүн илин баһыгар Тураҥнаах диэн сиргэ балаҕан туттан, сүөһү иитэн олорбуттар. Тоҕус сааһыгар Күүкэй начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Кэлин Элгээйи, Сунтаар оскуолаларыгар үөрэммитэ.
1953 сыллаахха Элгээйи сельскэй кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэлээн саҕалаабыта. Онтон орто үөрэхтэнэн Элгээйи библиотекатын сэбиэдиссэйинэн буолбута. Кини үлэлиир кэмигэр, Элгээйи кулууба оройуон, өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ үлэлээх культура киинэ этэ. Манна саха суруйааччыларын айымньыларын, олоҥхону туруораллара.
1956 сыллаахха Элгээйи ыччата оройуоҥҥа аан бастаан «Ньургун Боотур» олоҥхону сценаҕа таһаарбыта. Ньургун Боотуру – Прокопий Кириллин, Үрүҥ Уоланы – Трофим Павлов, Туйаарыма Куону – Екатерина Захарова, Түөнэ Моҕол оҕонньору – мин хос эһэм олус талааннаахтык толорбуттара. Оройуоҥҥа драмколлективтар конкурстарыгар бастакы миэстэни ылбыттара.
1958 сыллаахха Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола «Суоһалдьыйа Толбонноох» балет-опера туруорбута. Суоһалдьыйа Толбонноох уобараһын Фатина Гаврильева, Улуну – Антон Еремеев, Ойууну – хос эһэм оонньообуттара. Бу балеты Дьокуускайга Нуучча театрын үрдүк сценатыгар көрдөрбүттэрэ.
1959 сыллаахха П.Ф.Платонов туруоруутунан «Кыһыл ойуун» музыкальнай драма сценаҕа тахсыбыта. Манна Николай Егорович биир сүрүн оруолу толорбута.
1966 сыллаахха оройуон культуратын отделын сэбиэдиссэйинэн ананан сэттэ сыл үлэлээбитэ.
1972 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы көрүү Иркутскайдааҕы зонатыгар тойугунан кыттан, лауреат үрдүк аатын ылбыта.
1974 сыллаахха Москваҕа, Останкиноҕа «Мин аадырыһым – Советскай Союз» диэн биэриигэ кыттыыны ылбыта. Бүтүн Советскай Союз норуотун сахалар ааттарыттан Саҥа Дьылынан эҕэрдэлээн сахалыы тойугун туойбута.
Онтон өссө төхтүрүйэн 1980 сыллаахха культура отделыгар төттөрү аҕалбыттара. Кэнники сылларга оройуон уус-уран самодеятельноһыгар сахалыы тойугу үөрэтиигэ, тойуксуттар ансамблларын бэлэмнээһиҥҥэ элбэх сыратын биэрбитэ, народнай театр үлэтигэр кыттыбыта.
1984 сыллаахха Госстрах инспекциятын начальнигынан анаабыттара. Онно уон биир сыл үтүө суобастаахтык үлэлээн баран бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Манна да үлэлии сылдьан ыытыллар көрүүлэргэ, фестивалларга, норуот ырыаһытын быһыытынан ыытыллар ыһыахтарга активнайдык кыттыбыта.
Аар-саарга аатырбыт Сунтаар ыһыаҕа Николай Егорович Тимофеевынан аһыллара үгэскэ кубулуйбута.
Ити курдук, үлэһит буолуоҕуттан оройуон культуратын сайыннарыыга туох баар өйүн-санаатын ууран үлэлээбитэ. С.А.Зверев – Кыыл Уолун ансаамбылын тэрийсибит тойуксут, оһуокайдьыт, алгысчыт.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран 2003 сыллаахха П.А.Ойуунускай 110 сааһыгар аналлаах Дьокуускай куорат ыһыаҕар оһуокай этиитин күрэҕэр бастакы миэстэ буолан УАЗ массыынанан наҕараадаламмыта.
Николай Егорович Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо. Элбэх мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Тимофеевтар дьиэ кэргэттэрэ бары аҕаларыттан, ийэлэриттэн утумнаан тойукка-ырыаҕа улахан дьоҕурдаахтар. Эһэм улахан уола Егор Николаевич 1986 сыллаахха Саха тойугун Германияҕа, Швейцарияҕа, Францияҕа, Италияҕа иһитиннэрбитэ.
Ыал улахан оҕото Анисимова Ирина Николаевна акушер үөрэхтээх, үлэ ветерана, Саха Республикатын доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна.
Мин эhэм Тимофеев Сергей Николаевич Хабаровскай университет художественнай - графическай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Быйыл 31 сылын Сунтаарга оҕо музыкальнай оскуолатыгар художественнай кылаас учууталынан үлэлии сылдьар. Кини үөрэппит оҕолоро художник, уруhуй, черчение учуутала, дизайнер, модельер идэлэрин талан үөрэнэ, сорохторо үөрэхтэрин бүтэрэн үлэлии – хамсыы сылдьаллар.
Николай Егорович кыра кыыһа Монастырева Мария Николаевна бухгалтер идэлээх, доруобуйа харыстабылын туйгуна. Дьокуускай куоракка дьиэ кэргэнинээн уонна аҕата Николай Егоровичтыын чааһынай дьиэҕэ олороллор.
Ийэм Надежда Сергеевна Күүкэй оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлиир. Аҕам Мичил Егорович оскуола техүлэһитэ.
Мин төрдүс кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэбин, ырыа-үҥкүү, олоҥхо куруһуоктарыгар сылдьабын. Сайын аайы олоҥхо лааҕырыгар тойукка, оһуохайга уһуйуллабын. 2014 сыллаахха Сунтаарга олоҥхо күрэҕэр 2 миэстэ буолбуппут.
Төрдүбүн-ууспун билээри төрүччүбүн оҥордум. Күүкэйгэ олорбут хос хос эһэбиттэн саҕалаатым. Манна түөрт көлүөнэ аймахтар киирдилэр. Барыта 46 киһи буолла. Хос эһэм 5 оҕолоох, 14 сиэннээх, 5 хос сиэннээх эбит.
Оскуола о5олоро, улахан дьон төрдүлэрин-уустарын төһө билэллэрин билээри анкетирование ыыттым. Барыта 30 киһи эппиэттээтэ.
Эһэлэриҥ, эбэлэриҥ аатын билэҕин дуо диэн ыйытыыга 28 киһи билэр, 2 киһи билбэт эбит. Ордук улахан дьон, начальнай кылаас оҕолоро билэллэр эбит.
Хос эбэлэриҥ, хос эһэлэриҥ аатын билэҥин дуо диэн ыйытыыга 19 киһи билбэт, 11 киһи билэр эбит. Ордук начальнай кылаас о5ото билэллэр эбит.
Төрүччүгүн оҥорбутуҥ дуо диэн ыйытыыга 2 улахан киһи, улахан кылаастартан 5 оҕо, начальнай кылаастартан 9 оҕоҥорбут.
Киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх дуо диэн ыйытыыга үксүлэрэ билиэхтээх диэбиттэр.
Анкетирование кэнниттэн маннык түмүккэ кэллим. Начальнай кылаас оҕолоро төрдүлэрин-уустарын билэ-көрө сатыыллар, учууталлар кинилэргэ көмө буолаллар эбит. Улахан кылаас оҕолоро төрүттэрин соччо билэ-көрө сатаабаттар. Улахан дьон төрүттэрин ытыктыыллар, кинилэринэн киэн тутталлар эбит.
Хос эһэм олоҕун, үлэтин үөрэтэн баран кининэн өссө киэн туттар буоллум. Миэхэ хос эһэм Николай Егорович үтүө холобур буолар.
Болҕомтоҕут иһин махтанабын.
«Яндекс» открыл доступ к нейросети "Балабоба" для всех пользователей
Стрижонок Скрип. В.П. Астафьев
Весёлая кукушка
Как нарисовать черёмуху
Как нарисовать зайчика