Проектная работа
Вложение | Размер |
---|---|
serge_liana_everstova.pptx | 1.47 МБ |
Слайд 1
Сэргэ – ытык итэ ҕэл маспыт Эверстова Лиана “ Күнчээн ” бөлөх иитиллээччитэСлайд 2
Актуальнаһа : Билигин саха омук араас дойдуларга саха сэргэтин туруорар буоллулар. Холобур, быйыл алтынньы ый 9 күнүгэр Стамбул куоракка саха сэргэтин туруордулар. Ол иһин хас биирдии киһи сэргэ туһунан билиэхтээх.
Слайд 3
Сыала : Сэргэ туьунан матырыйаал үөрэтэн, боростуой судургу тылынан кэпсээн тиэрдэммин өссө эбии саха омукпут уратытын туһунан сырдатыахтаахпын. Соруктар : 1. Сэргэ диэн тугун быһаарыы, үөрэтии 2. Сэргэ араастарын ырытыы 3. Сахалар сиэрдэрин-туомнарын быһаарыы, оҕолорго быраабылалары билиһиннэрии 4. Араас сөптөөх ойуулары талан көрдөрүү.
Слайд 4
Сэргэ диэн тугуй ? Сэргэ - ат баайар баҕана – коновязь, былыр туруйа диэн ааттана сылдьыбыт . Сэргэҕэ ат баайыллар, сэргэ ат баһа ойуулаах уонна кини дьиэ илин өттүгэр аан утары турар. Ол аата ат барахсан аанынан абааһы дьиэҕэ киирэн дьону бадьыыстыаҕын, куһаҕаны оҥоруоҕун түүннэри-күнүстэри манаан турар, киллэрбэт, сэргэ – дьиэ ымыыта, дьоло-соргута буолара. Сэргэ биһиги өбүгэлэрбит итэҕэллэринэн, Үрүҥ Аар Тойон тайаҕа буолар. Итинэн кини сиртэн сибээһи ылан, аан Ийэ дойдубут олоҕун-дьаһаҕын сайдыытын салайан биэрэр диэн өйдөбүллээх.
Слайд 5
Сэргэ турар сирэ – бэйэтэ ытык миэстэ. Оҕо-уруу оонньообот, мэниктээбэт. Эмэҕирэн дьаалатынан сууллубут сэргэни ойуурга илдьэн ачаахтаах тииккэ кыбыталлара, сиргэ сыттаҕына үрдүнэн атыллыыр улахан аньыынан ааҕыллара. Онтон сэргэ хойут эргэрэн оҕуттаҕына да, Күрүө Дьөһөгөй айыыттан куттанан, толлон алдьаппаттар, уокка оттубаттар. Сэргэ иччитэ – Хаан Түһүмэл Тойон, Хатан Дьаралык. Өбүгэлэрбит ыарахан күннэригэр сэргэлэрин кууһан туран киниттэн көмө көрдөһөллөрө. Дьэ ити курдук сэргэ улаханнык ытыктанар .
Слайд 6
Тэлгэһэ сэргэлэрэ Былыр саха ыала дьиэ тутуннаҕына, тэҥҥэ сэргэни оҥорон туруорара үһү. Сэргэ – дьол-соргу, дьиэ-уот кэскилэ, ымыыта, ыалдьытымсах буолуу, кэлбит киһини үөрэ көрсүү бэлиэтэ этэ. Былыр тэлгэһэ элбэх сэргэлээх буолара 1-12 тиийэ сэргэни туруораллара.
Слайд 7
Түһүлгэ сэргэлэрэ – ыһыах сэргэлэрэ Түһүлгэ сэргэлэрин илин өттүгэр баараҕай тиити сулуйан, төрүт быһан, сүүнэ улахан сэргэни туруораллара. Былыр онтуларын тоҕус томторҕолоох, тоҕус эрбэхтээх аар баҕах диэн ааттыыллара. Баҕахтарын моонньооһунун үөһээ-аллараа өттүнэн үстүү кэккэлээх ойууну быһан киэргэтэллэрэ. Итинник үс томторҕолоох ойууну өссө баҕах төбөтүн аллараа өттүнэн оҥороллоро. Ол иһин тоҕус томторҕолоох диэн буолар. Аны моонньоһун аллараа өттүнэн төгүрүччү тоҕус эрбэҕи быһаллара, ол аата тоҕус эрбэхтээх диэн буолар эбит. Бу аар баҕахха ыһыах ыһар бириэмэлэригэр кырдьаҕас аарыма атыыры баайаллара.
Слайд 8
Сэлэ сэргэлэрэ Кымыс кымыстыыр баайдар биэ ыанар титиигин таһыгар киһи үрдүгүн саҕа туох да ойуута суох сэлэ сэргэлэрэ диэни туруораллара. Ол сэргэлэрин ахсаана төһө биэни тутталларыттан тутулуктааҕа. Үксүгэр 3-9 сэргэ буолара үһү, икки ардылара 3-түү хаамыы буолар эбит. Сэргэлэр моонньооһуннарыгар сылгы сиэлиттэн хатыллыбыт модьу сэбэһэ быаны тардаллара, онтулара сэлэ диэн ааттанара. Сэлэҕэ кулуннарын ахсаанынан мас кулукулаах тирбэҕэ быаны баайаллара. Ол кулукуларга кулуннарын көнтөс тиэрбэһинэн иҥиннэрэллэр.
Слайд 9
Айан (тохтобул) сэргэлэрэ Аты уоскутарга, айанньыт сынньанарыгар анаммыт сэргэлэр. Бу сэргэлэргэ бэлэх биэрэн ааһаллара.
Слайд 10
Итэҕэл сэргэлэрэ Сэргэ көрүҥнэриттэн итэҕэл сэргэлэрэ олус элбэх араастаахтар. Холобур, ойуун, удаҕан сэргэлэрэ, Дьөһөгөй айыыһытын, Иэйэхсит айыыһытын сэргэлэрэ уо.д.а. Итэҕэл сэргэлэри ытык сиргэ туруораллара, анаан-минээн суолтатынан оһуор туһэрэллэрэ, саламанан киэргэтэллэрэ.
Слайд 11
Сэргэ туруорар сиэр-туом Саҥа ыал буолбут дьон балаҕан тутталлар. Балаҕаннарын иннигэр аан утары оҥкучах хаһаллар. Сэргэ буолар дүлүҥү эрдэ бэлэмнииллэр. Сэргэ саамай төбөтүгэр чочуллан оҥоһуллубут аттар ортолоругар чэчир анньаллар. Сэргэ туруоруутугар аймахтарын ыҥыраллар. Дьон бары мустубутун кэннэ дьиэлээх киһи уҥа илиитин тарбахтарыгар сылгы маҥан сиэлин кыбытан, хаҥаһыгар ынах кутуругун түүтүн кыбыта тутан баран, икки илиитин күн диэки өрө уунан алгыс тылы этэр. «Сыспай сиэллээххит сыһыы-сыһыы муҥунан сырыстын» диэн баран, уҥа илиитинээҕи сылгы сиэлин сэргэ оҥкучаҕар аргыый туьэрэр. «Хороҕор муостааххыт хонуу-хонуу муҥунан хойуннун» диэн баран ынах кутуругун түүтүн кириэстии туһэрэр. Дьэ ити курдук алҕаан баран, уокка хоруордуллубут сэргэ төрдүн оҥкучахха түһэрэллэр, үчүгэйдик оннун буллараллар уонна тула өттүн буорунан симэллэр, көмөллөр. Ити күн алаһа дьиэ сэргэтин төрдө түспүт малааһына буолар. Онно аһыыр астарын саамай күндүтэ аан бастаан бу сэргэ төрдүгэр ууруллар.
Слайд 12
Сэргэ – ат баайар баҕаната. Сэргэ сүрүн көрүҥэ 5 араастаах. Сэргэни алдьатыа, атыллыа суохтааххын. Сэргэ аттыгар мэниктиэ, айдаарыа, уокка оттуо суохтааххын. Сэргэни туруорарга анал сиэр-туом тутуһуллуохтаах, алгыс этиллиэхтээх, сиргин күндүлүөхтээххин. Выводы
Ломтик арбуза. Рисуем акварелью
"Не жалею, не зову, не плачу…"
Заколдованная буква
Этот древний-древний-древний мир!
Знакомимся с плотностью жидкостей