Исследовательская работа учащихся 7 з класса МОБУ СОШ №7 города Якутска написана на родном якутском языке. Изучены и классифицированы фразеологизмы с названиями животных. использованы словари фразеологизмов якутского языка и художественные тексты. В результате работы разработан краткий словарь фразеологизмов с названиями животных для использования на уроках якутского языка.
Вложение | Размер |
---|---|
7_z_kylaas._kyyllar_aattara_kiirbit_somo5o_domohtoro.pptx | 191.48 КБ |
Слайд 1
Кыыллар ааттара киирбит сомо5о домохторо Филиппова Валентина уонна Шумилова Нина 7 «З» Кылаас оҕолоро .Слайд 2
Сыала : Сомоҕо домоҕор ханнык кыыллар ааттара киирбитин, тоҕо киирбитин быһаары, ойуулаах тылдьыты оҥорон оҕо билиитин кэҥэтии. Сорук: 1. Кыыллар ааттарын мунньуу 2. Наардааһын 3. Тумук оҥоруу
Слайд 3
То5оо h о Оскуола оҕолоро сомоҕо домоҕун билбэттэр, тылларыгар туттубаттар, уус-уран айымньыттан арааран булбаттар. Проблема : Оҕоҕо сөптөөх матырыйаал аҕыйах, сомоҕо домоҕун теманан араарыллыбыт тылдьыт суох. Гипотеза Ойуулаах тылдьыт оҥоһулуннаҕына оҕо сомоҕо домоҕун интэриэһиргиэҕэ, билиэҕэ.
Слайд 4
Сомоҕо домох (фразеологизм) — өйдөбүлү уус-ураннык хоһуйар икки эбэтэр хас да тыл холбуу суолталаммыт ситимэ . Холобур : атахха биллэр – куот , ууну омурпут курдук – саҥарбат , бытыгын быһа үктүөр диэри – кырдьыар диэри . Сомоҕо тыл саха норуотун саҥарар саҥатын , тылын-өһүн киэргэтэр , байытар суолталаах . Тылга араас халбаҥнаабат ситимнэһиилэр бааллар , олорго сомоҕо домох киирэр . Тыллар ситимнэһиилэригэр туохтара эмэ ( тыллара биитэр формалара , биитэр иккиэннэрэ – тыллара уонна формалара ) уларыйбат буолла5ына, тыллар халбаҥнаабат ситимнэһиилэрэ диэн буолар . Сомо5о Домох диэн тугу й ?
Слайд 5
Сомоҕо домох тыллара солбуллубат . Бу – уларыйбат формалаах тыл ситимэ . Онон ситимнээһин бүтүннүү биир тыл, биир уустук өйдөбүллээх . Сомоҕо домох үксүн икки , үс , онтон да элбэх тыллар арахсыбат сиитимнэринэн бэриллэр . Харытыттан харбаппыт . Ытыһын соттон хаалла . Харыйаны таҥнары соспут курдук ( киһи ). Сомоҕо домох бэйэтэ туспа быһарыллар өйдөбүллээх , анала төрүт суолталаах . Иэдэс биэрэр – сөбүлээбэт , кэлэйэр ; буут биэр – куот , тэскилээ ; дьон санаатын тутта ( сүүйдэ ) – дьону бэйэтин диэки тарта , дьоҥҥо сөбүлэттэ , таптатта .
Слайд 6
Кыыллар ааттара киирбит сомо5о домохтор Кыыллар ааттара киирбит сомо5о домоҕор дьоннору кыылга холуйан ойуулаан эбэтэр кыылга сыһыаннаан көрдөрөллөр.
Слайд 7
Кыыллары наардаа h ын : Кыыллар ааттара киирбит сомого домохторун коруннэрэ : Дьиэ кыыллара : Сиэмэх кыыллара : Ки h и тас корунугэр сы h ыаннаах кыыллар ааттара : Уу харамайдарын кыыллара : Котордор : Кы h ыл кинигэ5э киирбит кыыллар :
Слайд 8
Дьиэ кыыллара : Акка ыныыртахха анардастаабат тэннэр - тэбис - тэннэр Ала кулуну торуппут - дэлби тонмут Арбаммыт суо h у/ ытык суо h у- былыргы итэ5элинэн, ыалдьыбытын ки h ини толуйан , ойуун абаа h ыга анаабыт суо h утэ Ат ата5ар уган - ат сууруутугэр сакалаатта h ан, уксан Ат буол - туорт атах буол Ат тарпат аньыыта , о5ус тарпат буруйа - олус улахан , ыар аньыы , буруй Ат уо h э ту h эн- бэрт ыксалынан , тиэтэлинэн барыы Атыыр о5ус алта5а, хат дьахтар хаамыыта - олус бытаан хаамыы Ыт атах - ыараабакка , тургэнник , чэпчэкитик кэлэр - барар , хаамартан - суурэртэн сылайбат Ыт урбэт , ынах маныраабат , ымыы ыллаабат - ки h итэ - суо h утэ эстибит , иччитэхсийбит сири этэллэр
Слайд 9
Ки h и тас корунугэр сы h ыаннаах кыыллар ааттара Балык айах - тии h э суох Туруйа курдук тура иниир - хатаныр буолан баран, куустээх Улар мэйии - акаары Ыт да тэппитин са5а суох - олус , кыра , молтох , олох дуона суох , ки h и кумаардаабат дьайыытын элэктээн этии
Слайд 10
Сиэмэх кыыллара Боро борону «а5ам» дииригэр дылы - албынна h ан уруур5аабыта, до5ордоспута буола сатаа h ыны этэллэр Боро эмэ h этэ - хобуоччу Бором бото h о, ба5ам бата h а- о5ону ки h иргэтэн , тэптэрэн , улэлэтээри этэллэр Тыатаа5ы тарпыт - суо h уну э h э олорбут Ыт ыыта , са h ыл дьаара буолбут - ту h ата суох сылдьан баран, оло сылайбыт , аччыктаабыт , дьудьэйбит биитэр убэ -а h а эстибит , дьадьайбыт ки h ини этэллэр Кырынаас тумсугар ас а5ата5ына арахсыбата5ар дылы - ким эбит кыраны ту h анан баран арахпатын оссо да ту h анарга дьулу h арын этэллэр
Слайд 11
Уу харамайдарын кыыллара Ба5а айах - киэн айахтаах Балык айах - тии h э суох Биир эрэ собо тыастаах-элбэх дьонтон биир эрэ ки h и ойунэн-санаатынан , санатынан - инэтинэн у h улуччу чорбойор буолла5ына этэллэр Билэр куолум балыга - кинини ба5ас учугэйдик билэбин диэн сэнээн этии
Слайд 12
Котордор Суор хара5ын сиэбит – а5ыйахтык утуйар , эрдэ h ит ки h и Ыытар кыырдым , тэбэр мохсо5олум- эрэллээх , итэ5эллээх, илии-атах буолар хо h уун , сытыы - хоту ки h ини ба h ылыга , тойоно итинник этэр Хабдьытаа5ар хара , тураахтаа5ар манан - дьахтары элэктээн дьу h уннээ h ин Уону булбут соххор туруйа5а ды лы-ымсыы тункэтэх ки h ини этэллэр Хохту хара5а харахтанна , кус унуо5а унуохтанна-улаханнык ырда , дьудьэйдэ
Слайд 13
Кы h ыл кинигэ5э киирбит кыыллар ааттара : Кыталык кынатын тоботугэр кыырпахтаа5ар дылы - букатын ыраас кирэ-хо5о айыыта буруйа итэ5э-хо h ута суох туох да суох диэн этии Кулгаа5ар куба саахтаабыт - аанньа истибэт буолбут Уону булбут соххор туруйа5а дылы-ымсыы тункэтэх ки h ини этэллэр
Слайд 14
Туттуллубут кыыллар ааттара СУОР (2) АТ(14) БАЛЫК(5) ЫНАХ(19) ТАБА(2) ТАЙАХ(1) ТАМЫЙАХ(1) КУЛУН(7) ЫТ(44) ТИИН(3) БОРООСКО(1) ТУРААХ(3) ТУРУЙА(2) СУО h У(2) ТЫАТАА5Ы(1) МОХСО5ОЛ(2) УЛАР(1) СЫЛГЫ(1) Кус(6) СА h ЫЛ(2) О5УС(8) БА5А(2) СОБО(1) БӨРӨ(4) КУТУЙАХ(5) КУБА(1) КУОБАХ(2) КЫРЫНААС(1) КЫТАЛЫК(1) КЭ5Э(4) МО5ОТОЙ(1) МЭКЧИРГЭ(1) ЭҺЭ(5)
Слайд 15
Түмүк Сомоҕо домоҕун үөрэтии нуорот уратытын дириҥник билэргэ көмөлөһөр. Кыыл-суөл араас омуктар сомоҕо домохторугар чиҥник киирбит. Кыыллар ааттара киирбит сомоҕо домоҕун уөрэтии бу омук уратытын, кинилэр бу кыылга ураты сыһыаннарын уонна хайдах уобарастаан көрөллөрун быһаарыахха сөп.
Сочини стихи, Машина
Воздух - музыкант
Рождественские подарки от Метелицы
Кактусы из сада камней
Юрий Визбор. Милая моя