Введение
Вложение | Размер |
---|---|
Доклад | 40.57 КБ |
Виктор Федорович Афанасьев-Алданскай аатынан Чэриктэй орто оскуолата
Дакылаат
«Үйэ кирбиитин өңөйөн»
Толордо: Попова Вероника
3кылаас үөрэнээччитэ
Салайааччы: Горохова
Сардаана Дмитрьевна
алын сүһүөх учуутала.
Чэриктэй 2015с.
Иһинээђитэ:
Киириитэ.
Сэрии!.. Сэрии диэн тыл хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар ыараханнык иһиллэр.
1941 сыллаахха Фашисткай Германия биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түһэн дьоммут олохторун алдьатан-айгыратан барбыта. Советскай Союз дьоно биир түмсүүлээх-санаалаах буолан фашистары 1941 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр кыайбыттара.
Биһиги Чэриктэйбит нэһилиэгиттэн элбэх киһи сэриигэ барбыта. Олор истэригэр мин хос эһэм Сивцев Гаврил Петрович 1941 сыллаахха фроңңа ыңырыллыбыта уонна 1942 сыллаахха сурађа суох сүппүтэ. Онтон эһэм Попов Семен Саввич 1942 сыллаахха сэриигэ ыңырыллан барбыта. 1 Балтийскай фроңңа сулууспалаабыта уонна 1945 сыллаахха төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
Ону тэңэ Улуу Кыайыыны тэңңэ уһансыбыт тыылга хаалбыт дьон - дьахталлар, ођолор, кырдьађас ыарыһах дьон, сэриигэ барбыт дьону солбуйан, туох баар үлэни барытын оңороллоро.
Мин дьиэ кэргэним сэрии кэмигэр хайдах олорбуттарын, Кыайыыга туох кылааты киллэрсибиттэрин билээри бу теманы таллым.
Темам аата: «Үйэ кирбиитин өңөйөн»
Актуальноһа: Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаан араас хайысхалаах үлэлэр ыытылла туралларынан, сэрии кэмигэр тыылга хаалбыт дьон олохторун-үлэлэрин чинчийэн ырытан оскуола библиотекатыгар матырыйаал хомуйан туттарыы.
Сыала: Кыайыы сылыгар анаан, хос эбэм Сивцева Марфа Васильевна туһунан матырыйаалы хомуйуу
Соруга:
Үйэ саас.
Сивцева Марфа Васильевна
(1901 – 2013сс)
Мин хос эбэм Сивцева (Шергина) Марфа Васильевна 1901 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Чэриктэй нэһилиэгин Арыылаах алааһыгар Анньыыска уонна Баһылай (Ачаа Бааска) Шергиннэргэ үһүс ођонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Анньыыска кыыһа олох кыратыгар өлбүт. Инньэ гынан, бииргэ төрөөбүт үс ођо бары тус-туһунан ыалга иитиллибитэр. Улахан кыыстара кэлин Түүлээх нэһилиэгэр кэргэн тахсан олохсуйбута биллэр. Уоллара Уйбаан ађатын өтөђөр олохсуйбут. Ођолоро билигин Чэриктэй төрүт олохтоохторо, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ саха сирин араас муннуктарыгар олороллор.
Хос эбэбит бастаан Махсыым диэн балыксыт ођонньордооххо иитиллибитэ, кэлин Чэриктэйгэ кинээстии сылдьыбыт Леонтий Гороховка дьиэ - уот, сүөһү - ас көрөн улааппыт. Хос эбэбит ити иитиллэ сылдьыбыт дьонун: "Үтүө, сымнађас дьон этилэр", - диэн махтана саныыра. Хос эбэбит холкуостааһыңңа кыттыһан хара үлэттэн атыны билбэтэх. 26 сааһыгар бэйэтиттэн балыс, «Бэдиэдимэ» диэн сиргэ Тэбиик (Дүпсүн) нэһилиэгин киһитигэр Сивцев Гаврил Петровичка суорумньунан кэргэн тахсыбыт. Хос эһэбит ађата Бүөтүр Сивцев-Туотаайы сылгы, ынах сүөһүнэн ииттинэн олорор, бэйэтин көрүнэр сэниэ киһи эбит. Кинилэр «Бэдиэдимэ» уонна «Хоту Эбэ» диэн алаастарынан олоро сылдьыбыттар. Кинилэр биэс ођоломмуттарыттан түөрт ођо тыынннаах хаалар. Дьэ, үчүгэй олоххо үктэнэн дьон тэңэ олорон эрдэхтэринэ, Ађа дойду Улуу сэриитэ сађаланар.
Хос эһэбит Хабырыыс 1941 сыллаахха бастакы хомуурга аармыйађа ыңырыллан барар. Хос эбэбит Мааппа холкуос отугар - маһыгар үлэлии атын алааска сылдьыбыт. Кэргэнэ аармыйађа ыңырыллыбытын истэн, илдьит кэлэн, хос эбэм ођолорунаан сүүрэр - хаамар икки ардынан кэлиэр диэри, ыңырыллыбыт дьон номнуо акка олорон баран эрэллэрин, кэннилэриттэн эрэ көрөн хаалаахтаабыттар...
Хос эбэм үлэттэн толлон турбатах, үлэтин былаанын күүһэ - уођа баарынан толорорун таһынан, туох баар дьиэ ис - тас үлэтэ эмиэ кини санныгар сүктэриллибитэ. Хос-хос эһэбит Бүөтүр ођонньор сиэннэрин көрсөн, балыктаан, бултаан аһатан дьон буолалларыгар төһүү күүс буолбут. Ол кэмнэри хос эбэбит бу курдук ахтара диэн сиэнэ Колесова Альбина Семеновна ахтар: "Хотонтон киирдим да, күнү быһа балык ыраастаан буһаран, үөлэн тахсарым. Кэлэр, ааһар дьону аһатан, кыра да буоллар балык бэрсэн атаарарбыт". Ол иһин буолуо, "Эһэбит туһунан дьон махталын кэлиңңэ диэри истэрбит",- диэн кыра уола Сивцев Иван Гаврильевич ахтар.
Хос эһэбититтэн иккитэ сурук туппут эбит да, төттөрү - таары көһөргө сүтэн хаалбыт. Хос эбэм үөрэђэ суох буолан, бу сурукка харда сурук ыытаахтаабатах. Иккис суругар: "Бу уот сэриигэ киирээри олоробут" диэн хамандыырын көрдөһөн суруйтарбыт сурахтаах. Ол кэннэ ууга тааһы бырахпыттыы сурађа суох сүппүт.
Саха дьонун сиэринэн кыһын - сайын буолла диэн тохтобокко, биир өрөбүл күнү көрбөккө, хара сарсыардаттан хара киэһэңэ диэри хотон үлэтигэр 1948 сылга диэри "Сонун Сойуус", "Ф. Энгельс", "Октябрь" холкуостарга ыанньыксытынан, онтон 50-нус, 60-нус сылларга "Дүпсүн" сопхуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Хос эбэбит түөрт ођотун тулаайах бэйэтэ атахтарыгар туруортаан, барыта 19 сиэн, 38 хос сиэн, 14 хос - хос сиэн тапталлаах эбэлэрэ буолбута. Уус Алдан улууһун уонна Чэриктэй нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, үлэ-тыыл бэтэрээнэ, сэрии толоонугар охтубут буойун огдобото, Саха сирин "Үйэ саас" нађараада хаһаайына.
Хос эбэм ођолоро.
Улахан уола Сивцев Семен Гаврильевич 1930 с. төрүөх, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, 1968 с. олођун аргыһын Аннаны көрсөн ыал буолбуттара. Анна сопхуоска ыанньыксыттаабыта, пенсияђа тахсан олорор. Үлэ бэтэрээнэ. Кинилэр түөрт ођоломмуттара : икки кыыс, икки уол. Биэс сиэн, 3 хос cиэннээхтэр. Сэмэн 2000 с. бу күн сириттэн арахсыбыта.
Иккис уола Сивцев Афанасий Гаврильевич 1933 с. күн сирин көрбүт. Олођун аргыһын Акулинаны көрсөн ыал буолан алта ођоломмуттара : үс кыыс, үс уол. Акулина Романовна иитээччи идэлээх, педагогическай үлэ бэтэрээнэ. Кэргэнэ Афанасий 1976 с. эдэр сааһыгар соһумардык олохтон туораан, ођолорун эбээ Мааппаны кытта эңэрдэһэн атахтарыгар туруортаан, билигин уон икки сиэннээх, 6 хос сиэн тапталлаах эбэлэрэ.
Сођотох кыыс, мин эбэм Сивцева Мария Гаврильевна 1934 с. төрөөбүт. Биэнсийэђэ тахсыар диэри сопхуоска биир бастың ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Оройуоңңа социалистическай күрэх хас да төгүллээх кыайыылаађа, үлэ, тыыл бэтэрээнэ. Биэнсийэђэ тахсан да баран, мөлтөх туруктаах ньирэйдэри ылан көрөн, атахтарыгар туруортаабыта. 1962 с. сэрии бэтэрээнэ эһэбинээн Попов Семен Саввичтыын холбоһон биэс ођоломмуттара: икки кыыс, үс уол. Уон үс сиэн, 2 хос сиэннээхтэр. Эһэм 1983 с. хомолтолоохтук бу күн сириттэн арахпыта. Эбэм 2003 с. ыалдьан эмиэ бу күн сириттэн суох буолбута.
Кыра уол Сивцев Иван Гаврильевич 1940 с. күн сирин көрбүт. Ађата сэриигэ барарыгар баара - суођа биир саастаах эрэ этэ. Иван суоппар идэтин баһылаан, оройуоңңа ойуур хаһаайыстыбатыгар үлэлээн Үлэ Албан аата уордьан III степеннээх кавалера, Саха Республикатын ойуурун хаһаайыстыбатын туйгуна буолбута, үлэ бэтэрээнэ. Кэлин биэнсийэђэ да тађыстар, кадровай булчутунан өр кэмңэ үлэлээбитэ. Кэргэнэ Саргылана Михайловналыын түөрт ођолоохтор: биир кыыс, үс уол, 8 сиэн, 3 хос сиэннээхтэр. Саргылана - педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СР бочуоттаах бэтэрээнэ.
Сиэннэр бары өрөспүүбүлүкэ араас оройуоннарынан, куораттарынан ньир бааччы ыал буолан, үлэ-үөрэх үөһүгэр сылдьаллар.
Түмүк.
Хос эбэм Сивцева Марфа Васильевна сэрии кыттыылаађын огдообото, Уус-Алдан уонна Чэриктэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтоођо. 2004 сыллаахха хос эбэбитигэр Саха сирин Президенэ Вячеслав Анатальевич Штыров ыйаађынан Өрөспүүбүлүкэ ытык кырдьађастарыгар анаммыт "Үйэ саас" бочуоттаах бэлиэни туттарбыттара.
Үйэ олоруу – олох бэлэђэ. Эбээ Мааппа сэмэй, холку майгыта уһун үйэлээбитэ. Кини кими да кытта хаһан этиспэккэ, куруутун үөрэ-көтө сылдьара диэн сиэннэрэ ахталлар. Хос эбэм Сивцева Марфа Васильевна 2013 сыл балађан ыйын 3 күнүгэр 112 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.
Бу биһиги эйэлээх олохпут иһин бэйэтин хара көлөһүнүн, кылаатын укпут, Кыайыыны уһансыбыт хос эбэбитинэн - Эбээ Мааппанан, биһиги кини ыччаттара, киэн туттабыт, ытыктыыбыт, холобур оңостобут, сүгүрүйэбит.
Туһаныллыбыт литература:
Тезис.
Үтүө күнүнэн убаастабыллаах жюри уонна конференция кыттыылаахтара. Мин аатым Попова Вероника, Виктор Федорович Афанасьев-Алданскай аатынан Чэриктэй орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэбин, салайааччым Горохова Сардаана Дмитриевна начальнай кылаас учуутала.
Сэрии!.. Сэрии диэн тыл хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар ыараханнык иһиллэр.
1941 сыллаахха Фашисткай Германия биһиги дойдубутугар сэриинэн саба түһэн дьоммут олохторун алдьатан-айгыратан барбыта. Советскай Союз дьоно биир түмсүүлээх-санаалаах буолан фашистары 1941 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр кыайбыттара.
Биһиги Чэриктэйбит нэһилиэгиттэн элбэх киһи сэриигэ барбыта. Олор истэригэр мин хос эһэм Сивцев Гаврил Петрович 1941 сыллаахха фроңңа ыңырыллыбыта уонна 1942 сыллаахха сурађа суох сүппүтэ. Онтон эһэм Попов Семен Саввич 1942 сыллаахха сэриигэ ыңырыллан барбыта. 1 Балтийскай фроңңа сулууспалаабыта уонна 1945 сыллаахха төрөөбүт дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
Ону тэңэ Улуу Кыайыыны тэңңэ уһансыбыт тыылга хаалбыт дьон - дьахталлар, ођолор, кырдьађас ыарыһах дьон, сэриигэ барбыт дьону солбуйан, туох баар үлэни барытын оңороллоро.
Мин дьиэ кэргэним сэрии кэмигэр хайдах олорбуттарын, Кыайыыга туох кылааты киллэрсибиттэрин билээри бу теманы таллым.
Темам аата: «Үйэ кирбиитин өңөйөн»
Актуальноһа: Улуу Кыайыы 70 сылыгар анаан араас хайысхалаах үлэлэр ыытылла туралларынан, сэрии кэмигэр тыылга хаалбыт дьон олохторун-үлэлэрин чинчийэн ырытан оскуола библиотекатыгар матырыйаал хомуйан туттарыы.
Сыала: Кыайыы сылыгар анаан, хос эбэм Сивцева Марфа Васильевна туһунан матырыйаалы хомуйуу
Соруга:
Мин хос эбэм Сивцева (Шергина) Марфа Васильевна 1901 сыллаахха бэс ыйын 5 күнүгэр Чэриктэй нэһилиэгин Арыылаах алааһыгар Анньыыска уонна Баһылай (Ачаа Бааска) Шергиннэргэ үһүс ођонон күн сирин көрбүтэ. Ийэлээх ађалара эрдэ өлбүттэр, инньэ гынан, бииргэ төрөөбүт үс ођо бары тус-туһунан ыалга иитиллибитэр.
Хос эбэбит бастаан Махсыым диэн балыксыт ођонньордооххо иитиллибитэ, кэлин Чэриктэйгэ кинээстии сылдьыбыт Леонтий Гороховка дьиэ - уот, сүөһү - ас көрөн улааппыт. 26 сааһыгар Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх Сивцев Гаврил Петровичка кэргэн тахсыбыт. Хос эһэбит ађата Бүөтүр Сивцев-Туотаайы сылгы, ынах сүөһүнэн ииттинэн олорор, бэйэтин көрүнэр сэниэ киһи эбит. Кинилэр «Бэдиэдимэ» уонна «Хоту Эбэ» диэн алаастарынан олоро сылдьыбыттар. Өр кэм ођоломмотохтор. Онтон утуу-субуу биэс ођоломмуттарыттан түөрт ођо тыынннаах хаалар. 1941 сыллаахха Ађа дойду Улуу сэриитэ сађаланар. Хос эһэбит Хабырыыс 1941 сыллаахха бастакы хомуурга аармыйађа ыңырыллан барар. 1942 сыллаахха сурађа суох сүппүт. Онон хос эбэбит огдообо хаалбыт, сођотох түөрт ођотун атахтарыгар туруортаабыта. Киниэхэ хос-хос эһэбит Бүөтүр ођонньор сиэннэрин көрсөн, балыктаан, бултаан аһатан дьон буолалларыгар төһүү күүс буолбут.
Саха дьонун сиэринэн кыһын - сайын буолла диэн тохтобокко, биир өрөбүл күнү көрбөккө, Кыайыы туһугар, хара сарсыардаттан хара киэһэңэ диэри хотон үлэтигэр 1948 сылга диэри "Сонун Сойуус", "Энгельс", "Октябрь" холкуостарга ыанньыксытынан, онтон 50-нус, 60-нус сылларга "Дүпсүн" сопхуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Хос эбэбит түөрт ођотуттан барыта 19 сиэн, 38 хос сиэн, 14 хос-хос сиэн хаалбыта.
Хос эбэм ођолоро
Хос эбэм Сивцева Марфа Васильевна сэрии огдообото, тыыл ветерана, Уус-Алдан уонна Чэриктэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтоођо. 2004 с. хос эбэбитигэр Саха сирин Президенэ Вячеслав Анатальевич Штыров ыйаађынан Өрөспүүбүлүкэ ытык кырдьађастарыгар анаммыт "Үйэ саас" бочуоттаах бэлиэни туттарбыттара.
Үйэ олоруу – олох бэлэђэ. Эбээ Мааппа сэмэй, холку майгыта уһун үйэлээбитэ. Кини кими да кытта хаһан этиспэккэ, куруутун үөрэ-көтө сылдьара диэн сиэннэрэ ахталлар. Хос эбэм Сивцева Марфа Васильевна 2013 сыл балађан ыйын 3 күнүгэр 112 сааһыгар күн сириттэн күрэммитэ.
Бу биһиги эйэлээх олохпут иһин бэйэтин хара көлөһүнүн, кылаатын укпут, Кыайыыны уһансыбыт хос эбэбитинэн - Эбээ Мааппанан, биһиги кини ыччаттара, киэн туттабыт, ытыктыыбыт, холобур оңостобут, сүгүрүйэбит.
Хос эбэм туһунан матырыйаалы хомуйан “Үйэ кирбиитин өҥөйөн” диэн ааттаах кинигэ оҥордум, элбэҕи биллим, төрүччүбүн үөрэттим, “Үйэ саас бэлиэ” тугун биллим. Болҕомтоҕут иһин махтанабын!
Лесная сказка о том, как согреться холодной осенью
Домик зимней ночью
Мороз Иванович
Рукавичка
Филимоновская игрушка