Детей с детства надо учить любить, относится бережно к животным и окружающей среде. В тексте автор расказывает о своих домашних питомцах, а именно - собаках.
Вложение | Размер |
---|---|
ыт киьи до5оро собака друго человека | 23.13 КБ |
Россия Федерациятын үөрэҕириитин уонна наукатын Министиэристибэтэ
Саха Республикатын үөрэҕин Министиэристибэтэ
Сунтаар улууһунунааҕы үөрэҕирии салаата
МБОУ «И.Г. Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолата»
Ыт- киһи доҕоро
Толордо: 3 кылаас үөрэнээччитэ Ксенофонтова Юльяна
Салайааччы Ксенофонтова Саргылана Алексеевна
саха тылын литературатын учуутала
учуутала: Платонова Валентина Афанасьевна
Кириэстээх 2017
Сыалым: Түргэн диэн ытым уонна кини оҕолорун туһунан кэпсээһин, ыттары таптааӊ, харыстааӊ, доҕор гыныӊ диэн санаабын этээһин.
Соруктарым: 1. Саха лайката боруода туһунан билии
2.Ыттарым урукку хаартыскаларын булуу, саӊа оҕолорун хаартыскаҕа түһэрии.
2.Саҕа төрөөбүт ыт оҕолорун кэтээн көрүү, бэлиэтэнии.
3.Түмпүт матырыйаалларбынан дакылаат бэлэмнээһин.
Былаан:
Киириитэ.Тулалыыр айылӄаны харыстааһын.
1 баһа. Саха лайката боруода туһунан.
2 баһа. Түргэн уонна кини оӄолоро.
Түмүк.
Киириитэ
Бу сыл Россияҕа экология сыла. Онон сибээстээн тулалыыр айылҕаны харыстааһыҥҥа элбэх үлэ ыытыллыаҕа. Биһиги оскуола оҕолоро бу кэскиллээх дьыалаҕа бэйэбит кыра кылааппытын киллэрэн, айылҕабыт кэхтибэтин, кыыла, көтөрө элбии турарыгар көмөлөһүөхтээхпит. Олох төһөнөн сайдар да, айылҕаҕа охсуута улахан . Кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа сылдьыбатах, кини кэрэтин өйдөөн көрбөтөх киһи айылҕаны хаһан да харыстыа суоҕа . Оҕо эрдэҕинэ араас кыылы, көтөрү, ыты, куосканы ииппит оҕо харамайы таптыы, аһына үөрэнэр.
Бастакы баһа. Саха лайката боруода туһунан
Саха итэҕэлигэр ыты Үөһээ Айыылар айбыттар. Ыт иччитэ- Норолуйа. Ыт киһини куһаӄан тыынтан абааһылартан харыстыыр, дьиэтин харабыллаатын диэн Үрүӊ Аар тойон анаабыт.
Саха лайката - олус сытыы, иччитимсэх буолар эбит. Хоту дойду усулуобуйатыгар сөп түбэһэр халыӊ тириилээх, түүтэ халын, көп, ньалӄаархай.Күүстээх былчыҥнаах , орто унуохтаах.Хараӄа тэйиччи соӄус , чугас олоруулаах. Хара эбэтэр кугас буолар. Өссө аӊар -аӊар харахтаах буолуохтарын сөп эбит. Кутуруга көп түүлээх, эриллэӄэс. Өӊө маӊан- хара, күрэӊ- хара, күрэн- маӊан, кугас дьарӄаалардаах маӊан- хара буолуон сөп.
Саха лайкатын өссө атыннык Верхоянская, Алазеевсая, Полярная, Эвенская о.д.а. ааттыыр эбиттэр. Бу ыт туһунан Саха сирин үөрэппит учуонайдар Маак, Серошевскай эмиэ суруйбуттар. Хоту тыйыс усулуобуйалаах сиргэ олохтоох омуктар булдунан дьарыктаналлара. Кинилэргэ үчугэй ыт көлүүр буолара уонна бултуулларыгар ыта суох сатаммат этилэр.
Иккис баһа.Түргэн уонна кини оӄолорун туһунан
Биһиги дьиэ кэргэн эрэллээх доҕорбут- Түргэн диэн ааттаах тыһы ыт. Кинини 2 ыйдааҕар ылбыппыт. Таатта булчут ытын оҕото.Аҕам «бултка илдьэ сылдьар доҕор гыныам” диэбитэ. Боруодата саха лайката
Биһиги ыппыт хара өҥнөөх, атаҕар сырдык наскылардаах, кутуругар хоболоох, түөһэ, моонньо маҥаннар. Хааһын үрдүнэн сырдык бээтинээлээх. Онто түөрт харахтаах курдук көстөр.
Түргэн билигин алта саастаах. Биэстэ төрөөтө. Барыта холбоон 31 о5ону төрөттө. Бастаан төрүүрүгэр сэттэ оҕолоох этэ. Иккитэ тыһы, биэһэ атыыр. Икки оҕото үүт- үкчү бэйэтин курдуктар этэ. Икки маҥан, биир күөрт, икки хара. Сэтинньи ыйга таһырдьа уйатыгар төрөөбүтүн дьиэҕэ киллэртэлээбиппит.
Былырыын сайын сэттэ оҕону төрөппүтэ. Алтата атыыр, биир тыһы. Онтон биири бэйэбит ииппиппит. Ноко диэн ааттаах. Ийэтигэр майгынныыр дьуһуннээх. Саһархай иэдэстээх, түөрт харахтаах.
Быйыл кыһын оруобуна саҥа дьыл саҕана ахсынньы 31 күнүгэр аҕыс оҕону төрөөбүтэ. Саҥа дьылынан биһиэхэ бэлэх оҥорбута. Үс оҕото атыыр, биэс оҕото тыһы.
Таһырдьа уйатыгар үс оҕо төрөөбүт этэ. Онтон дьиэ иһигэр көһөрбүппүт кэннэ бииртэн биир оҕо эбиллэн испитэ. Бастаан төрүүллэригэр чап- чараас түүлээх, хараҕа суох, кыра кулгаах дуомнаах, сип -синньигэс кутуруктаах, кып -кыра атахтаах киһи ытыһын иһигэр батар этилэр. Сыылла -сыылла ийэлэрин хоонньугар киирэллэрэ уонна эмэллэрэ. Ыйааьыннара 250 -300гр курдук этэ.
Онтон 15-с күннэригэр ыйааһыннаан көрбүппүт улаханнара 1.600 кг кыралара 1400 кг буолбут этэ. Иһиккэ үүт куттахха бэйэлэрэ иһэ сатыыллара.
25 күн буолан баран, бастакы оҕотун ыалга биэрбиппит. Кини үчүгэйдик аһыыр буолбут этэ.
Биир ыйдарын туолалларыгар бары хаамар, иһиттэн аһыыр буолбуттара.
Онон Бүлүүгэ, Сунтарга, Мирнэйгэ ылбыттара. Үс тыһы оҕотун балтараа ыйдарыгар диэри көрбүппүт. Бары биир сииргэ чөмөхтөһөн баран утуйан хаалаллар этэ. Уһугуннахтарына ньаҕырҕаан үрэн бөҕө буолаллара. Бастаан сип -синньигэстик ньааҕыныыр этилэр. Улам куоластара улаатан барбыта. Өссө оонньоон ырдьыгыныыр буолбуттар.
Олус мэниктэр. Оонньоон дьиэни биир гына сүүрэкэлииллэр. Ыҥырдахха батыһа сылдьаллар. “Миэстэ, миэстэ” дии -дии ытыспын оҕустахпына сытар сирдэригэр куоталлар. Таһырдьа таһаардахпына атахтара тоҥор быһылаах, дьиэҕэ киллэр диэбит курдук атахпар хатааста –хатааста үрэ сатыыллар.
Биһиэхэ Бахсыр –Широ диэн ыттаах этибит. Кинини бары олус таптыыр этибит. Ордук эдьиийим Таня.Таня куоракка барбытыгар ахтан кини тапочкатын урдугэр утуйар этэ.
Кырса диэн мап- манан ыттаах этибит. Эдьиийим куоракка ытыы сылдьар тулаайах ыт оҕотун аһынан илдьэ кэлбитэ. Леди диэн ааттаабыппыт. Олус өйдөөх этэ. Ыалбытыгар биэрбит Саарба диэн ыппыт эмиэ биһиэхэ кэлэ турар.Дьиэбитин харабыллыыр.
Түмүк.
Мин ыттарбын олус таптыыбын.Арыт тиэргэммитигэр уонтан тахса ыттах буолааччыбыт.Оҕо курдук бүөбэйдиибит, барыларын таптыыбыт. Кинилэр мин оскуолаттан кэллэхпинэ үөрэ көрсөллөр. Кутуруктарын хамсаталлар, ойуоккалаһаллар, тула сүүрэллэр.
Улахан ыттарбыт окко, ойуурга бардахпытына батыһа сылдьааччылар. Оскуолаҕа кэлэрбэр эмиэ атаарар курдук батыһан кэлэллэр.
Ыт хаһаайыныгар олус бэриниилээх. Хаһаайынын көрдөҕүнэ наһаа үөрэр. Киһи таптыырын билэр. Бултаан кэллэҕинэ хайҕанар. Ыты таптыахха наада, оччоӄо ыт -киһи доҕоро буолар.
Туһаныллыбыт литература:
Груз обид
Золотой циркуль
Снегири и коты
Сказка про Серого Зайку
Загадка Бабы-Яги