Основой воспитания подрастающего поколения является народная педагогика. В данной статье автор описывает связь родной литературы с народной педагогикой.
Вложение | Размер |
---|---|
uol_o5onu_iitii.docx | 24.85 КБ |
Яковлев Алексей ,
Иван Григоьевич Спиридонов аатынан
Кириэстээх орто осуолатын
тохсус кылааһын үөрэнээччитэбин.
«Норуот үгэстэригэр тирэҕирэн уол оҕону иитии.”
Сыалым: Норуот үгэһигэр тирэҕирэн өбүгэлэрбит уол оҕону хайдах иитэллэрин билии.Тугу билбиппин, туох түмугү оностон олохпор сыал туруоруммуппун дакылаат суруйан дьоҥҥо билиһиннэрии.
Ол инниттэн маннык соругу туруоруннум: норуот үгэстэрин билистим, аахпыт айымньыларбын сыныйан хос аахтым.Дьонум норуот үгэстэриттэн тугу тутуһалларын кэтээн көрдүм.
Сонуна: норуот үгэстэрин, айымньылары сэргэ тутан уол оҕону иитии
Практическай суолтата: үөрэнээччилэргэ, учууталларга, норуот педагогикатынан дьарыктаныан баҕалаахтарга көмө матырыйаал быһыытынан туттуллуон сөп.
Дакылаатым бастакы баһыгар. Норуот иитэр күүһэ - үгэстэригэр, үтүө сиэригэр. Буоларын туһунан суруйдум.
Саха киһитэ оҕотун бэйэтин аттыгар ильдэ сылдьан олоҕун устата иитэ-такайа сылдьар. Ол иһин үйэлэр тухры мунньуллубут норуоттарын баай үгэһин иитиэхтээн илдьэ сылдьаллар. Ол үгэстэри туһанан уолаттары ииттэххэ үтүө түмүктээх буолуо дии саныыбын.
Мин аҕалаахпын, эһэлээхпин. Кинилэр миигин үгүскэ үөрэтэллэр. Дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһүннэрэллэр, техникаҕа эмиэ үөрэтэллэр. Билиилээх, үөрэхтээх, үлэһит киһи буоларбар баҕараллар.
Кинилэр үтүө сүбэлэринэн элбэҕи ааҕабын. Ордук саха литературатын, төрүт үгэһи, сиэри-туому интэриэһиргиибин. Ол ааҕа сылдьан маннык кэтээн көрөөһүнү оҥордум. Уус-уран айымньыларга норуоппут үтүө үгэстэринэн оҕолорун хайдах иитэллэрин, үөрэтэллэрин болҕомтоҕо ыллым. Уонна олоҕу кытта сэргэ тутан тэннээн көрдүм.
Иккиһинэн Уус –уран айымньыларга норуот уол оҕону иитэр үгэстэрин көстүүтун туһунан суруйдум
Билигин болҕомтону ордук уол оҕону иитиигэ ууруохха наада дии саныыбын. Олох дьалхааныгар уол оҕо,эр киһи ордук бэринимтиэ. .
Уол оҕо лоп- бааччы, дьоһуннаах, түс –бас тыллаах, сиэрдээх кэпсээннээх, тыла олохтоох, туттара -хаптара эрэллээх, санаата күүстээх, инникигэ сыаллаах- соруктаах буолуохтаах.
Уол оҕо- норуот кэскилэ. Норуот дьылҕата, сырдык ыра санаата уолаттартан тутулуктаах. Мин аахпыт айымньыларбар уол оҕо киһи хара буоларыгар норуот төрүт үгэстэрин суолтатын кэтээн көрдүм. Саха өһүн хоһоонноро “Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар” , “Тимир уһаарыллан тимир буолар, уол оҕо эриллэн эр бэрдэ буолар” о.д.а. дириҥ иитэр суолталаахтар.
Норуот остуоруйаларыгар Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин, Үчүгэй Үөдүйээн, Чурум-Чурумчуку остуоруйалары ылан көрдөххө Хаардьыт бэргэн, Чурумчуку, Үчүгэй Үөдүйээн бултаан- алтаан иитинэн олорор дьоннор. Булчут үгэһин кэспэт буоланнар элбэх булт тосхойор. Бу бэрт кыра тэттик кэрчиктэргэ уол оҕо булчут буолан Баай хара тыатыгар, иччилэргэ сыһыана көстөр.
Анна Неустроева Тиргэһиттэр, Николай Якутскай «Көмүстээх үрүйэ”, Сэмэн Тумат “Муора арыытыгар айан”, Платон Ойуунускай “Өйдөөх оҕо”.Амма Аччыгыйын “Сааскы кэм” айымньыларыттан норуот төрүт үгэстэрин иитэр суолталара улаханын биллим
Николай Лугинов “Суор” уонна “Нуоралдьыма чараҥар” диэн айымньыларыгар уол оҕо сиригэр- уотугар хаһаайын, аҕа баһылык буолуохтаах диэн өйдөбүлү ииппит диэн санаатым. “Уол оҕо төрөөтөҕүнэ куруҥҥа суор үөрэр” диэн этэллэр уос номоҕор. Уол оҕо дойдутун иччилиир, дьиэ уот туттан олохсуйар. Бу улахан эрэли уол оҕо толоруох тустаах.
Самаай биһирээбит айымным Далан –Василий Семенович Яковлев “Тулаайах оҕо” романа. Даҕанча уонна Өрөгөчөй уобарастара уолаттарга холобур буолуохтаах дии санаатым.
Даҕанча олохтоох тыллаах, күүстээх, сымса, быһый, булчут, сатабыллаах, хорсун, сири –уоту билэр, айылҕаҕа сатаан сылдьар, дьиэ ис- тас үлэтин сатыыр. Оттон кыргыс үйэтин сиэртибэтэ буолбут Өрөгөчөй хоһууну мин олус аһынным. Эрдэ өлбүтүттэн харааһынным. Аһыныгас санаалаах, эмиэ Даҕанча курдук барыга сатабыллаах. Атын кэмнэ олорон ааспыттара буоллар аҕа ууһун тэнитэн, түс- бас дьоһуннаах дьон буолуох эбиттэр. Эр киһи, уол оҕо маннык буолуохтаах дии санаатым.
Үлэм иккис баһыгар бастаан Дьиэ кэргэҥҥэ норуот үгэстэрин тутуһан оҕону иитэр ньымалары, үгэстэри тугу билбиппин суруйдум.
Былыргы өбүгэлэрбит олоххо дириҥник олохсуйбут үтүө үгэстэрдээхтэр.
- Саха киһитэ ыалдьытымсах.
-Саха киһитэ кэһиимсэх.
-Кырдьаҕаһы ытыктааһын наада.
-Үлэҕэ үөрэтэр үгэстэр
- Айылҕаҕа сүгүрүйэр, айылҕаны таптыыр үгэстэр
-Уруурҕаһыы .
Төрөөбүт тылы, омугу таптыыр үгэс..
Ити үгэстэри тутуһан дьиэ кэргэммитигэр оҕону иитии туһунан Аҕа туйаҕын хатарыы диэн ааттаан суруйдум. Дьиэ кэргэн бэйэтэ туспа үтүө сиэрдээх, оҕолорго, сиэннэргэ бэриллэн иһэр үгэстэрдээх буоллаҕына, ыччаттара ону утумнууллар.
Онно тирэҕирэн хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үтүө үгэс, дьарык олохсуйар. Хас биирдии эбэ, эһэ, ийэ, аҕа оҕолоругар үтүө холобур буолуохтаахтар.
Биһиги эбэлээх эһэбитин кытта биир тиэргэҥҥэ ыаллаһа олоробут. Эбэлээх эһэм киирэ тахса көрө -истэ, такайа сылдьаллар. Онон эбээ эһээ оскуолата диэни барбыт дьоллоох оҕобун.
Уол оҕолоро суох буолан, эһэм мин төрөөбүппэр олус үөрбүт. Бука,
« туйах хатарааччым дьэ кэлэ” диэтэгэ. Мин аҕам да, эһэм да туруу үлэһит дьоннор. Аҕам Дмитрий Иванович суоппар
Кини ыраах айаҥҥа сылдьар буолан дьиэ ис- тас үлэтин үксүн мин толоробун. Дьэ ону хонтуруоллааччынан, үлэ кэмигэр толоруллан иһэрин ирдээччинэн эһэм буолар.
Мин эһэм Павлов Алексей Егорович, 25 сыл эргиэн тэрилтэтигэр үлэлээбит эргиэн ветерана. Сыралаах үлэтин иһин “Отличник торговли” бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Эһэм төһө да сааһырдар, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр. Хаһыаттан ааҕан, телевизортан истэн күннээҕи олоҕу билсэ олорор.Олох балысханнык сайдан эрэрин, үөрэхтээх, үлэлээх эрэ киһи дьон сиэринэн олорор үйэтэ кэлэн эрэрин билэн, биһиги сайдыылаах, билиилээх дьон буоларбытыгар кыһаллар.Эһэм аах улахан кыыстара Шведцияга олорор. Врач идэлээх. Иккилии сыл буола- буола эһэбитин кытта баран күүлэйдээн, аймахтарбытыгар ыалдьыттаан, дойдуларын аһыттан кэһии илдьэн кэлэбит. Онно сылдьан эһэбит «бу дьаарбайыы эрэ буолбатах, сайдыылаах дойдулары көрөн сайдын, үөрэниҥ” диэн өйдөтөр. Төһө да ыраах олордорбут аймахтарбытын кытта сибээспитин быһымаары ыраах айаҥҥа турунар.
Балтым биһигини кыра эрдэхпититтэн дьиэ ис- тас үлэтигэр көмөлөһөн араас үлэни сатыыр буоллубут.
Кырдьаҕаһы ытыктааһын диэн өйдөбүлү дьоммут кыра эрдэхпититтэн иҥэрбиттэрэ. Дьоммут биһигиттэн хомойботторугар кыһалла сатыыбыт. «Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл” диэн уос номоҕо биһиэхэ быһаччы сыһыаннаах. Дьоммут сүбэлэрин ылынабыт. Кинилэр тылларын ытыктыыбыт.
Дьоммут үтүө ааттарын, ииппиттэрин- такайбыттарын түһэн биэрбэккэ , кинилэр туйахтарын хатаран, учүгэй дьон буоларга дьулуһабыт.
Түмүкпэр
Норуотун төрүт итэҕэлин, үгэстэрин билэр, онно иитиллибит киһи олоххо буолбут түгэннэртэн, аахпыт айымньыларбыттан да көрдөхпунэ, элбэҕи ситиһэр, кыайыылаах- хотуулаах буолар эбит диэн түмүккэ кэллим.
Мин дьонум ииппит үтүө холобурдарыгар, аахпыт айымньыларым сабыдыалларынан, норуотум төрүт итэҕэлигэр, үгэһигэр, сиэригэр тирэҕирэн саха бастын уолана, ыал аҕа баһылыга буоларга дьулуһабын.
Денис-изобретатель (отрывок)
Астрономический календарь. Февраль, 2019
Пустой колос голову кверху носит
Иван Васильевич меняет профессию
Фильм "Золушка"