Түүр-монгуол тыллаах омуктар эпостарыгар дьиэни-уоту ойуулуур сорох уратылар
Вложение | Размер |
---|---|
li_sasha.docx | 29 КБ |
li_sasha.pptx | 81.15 КБ |
Михаил Андреевич Алексеев аатынан Υɵhээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат
Түүр-монгуол тыллаах омуктар эпостарыгар дьиэни-уоту ойуулуур сорох уратылар
(доклад)
Толордо: 5 кылаас үɵрэнээччитэ
Ли Саша
Салайааччы: история учуутала
Павлова С.П.
Υɵhээ Бүлүү, 2016с.
Иhинээҕитэ
Киириитэ.
Υлэм олоххо суолтата: билиңңи балысхан сайдыы бара турар бириэмэтигэр аҕыйах ахсааннаах омуктар культуралара симэлийэр, сүтэр кутталланна. Онтон сиэттэрэн, биhиги саха кэлэр кɵлүɵнэтэ омукпут тылын сүдү баайын, олоҕу анаааран кɵрɵр муудараhын иңэринэ сылдьар айымньыбытыгар – олоңхоҕо болҕомтобутун ууруох тустаахпыт. Омук бэйэтин тылын, муудараhын билбэт, умнубут буоллаҕына инники кэскилэ быстар, туспа омук быhыытынан симэлийэр.
Υлэ проблемата: саха киhитэ буоларым быhыытынан, омугум тɵрдүн-ууhун, аймахтыы омуктарын билиэхпин баҕарабын.
Υлэм сыала: учуонайдар саха түүр- монгуол омуктартан силистээх-мутуктаах омук диэн этиилэрэ тɵhɵ кырдьыгын билээри икки омук (саха уонна калмык) эпостарыгар дьиэни-уоту, ойуулуур сорох уратыларын чинчийэн кɵрүү буолар.
Υлэм соруктара:
Саха олонхото монгол эпоhын кытта биир майгыннаhар ɵрүтүнэн сири-дойдуну, дьиэни-уоту, дьиэ ис бараанын, бухатыырдар киирсиилэрин ойуулааhын буоларын И.В. Пухов ыйбыта.
Мин «Джангарга» уонна «Тоң Саар бухатыыр» олоңхоҕо дьиэни-уоту, дьиэ ис бараанын хоhуйан ойуулааhыны тэңнээн, ырытан кɵрɵргɵ сананным.
Калмык уонна саха норуота бэйэ-бэйэлэриттэн тɵhɵ даҕаны ыраах тайаан сытар буоллаллар, дьиэ-уот тутуутун айылҕа, итэҕэл, үгэс дьүɵрэлэhиитигэр сɵп түбэhиннэрэн ыыталлар эбит дии санаатым. Ол курдук, калмык эпоhыгар бухатыыр дьиэтэ-уота маннык хоhуллар:
Пол дворца сделали из коралла,
Стены из жемчуга,
Стены северной стороны
Клыками сизого оленя укрепили,
По самой середине (дворца) выдолбили,
И пять больших ярусов сделали,
Сторону восхода (солнца) -
Мозаичным стеклом,
Сторону захода –
Хрусталем украсили,
Северную сторону шкурою оленя обили,
Чтобы люди зиму провели,
Кумыс и кимир имел
Южною сторону шкурою сизого оленя обили,
Во внешние четыре угла
Круглые стекла огненного цвета вставили,
Внутренние четыре угла
Прочной сталью скрепили.
Калмыктар дьиэлэрэ-уоттара ордук тупсаҕай буоларыгар болҕомтолорун уураллар эбит. Ол эрээри, саха олоңхотугар тэңнээтэххэ, ымпыктаан-чымпыктаан хоhуйуу соччо суох диэххэ сɵп.
Онтон саха олоңхотугар бухатыыр дьиэтэ-уота үɵhээттэн үргүɵр үргүйбэтин, аларааттан аргыар аргыйбатын курдук тутуллар эбит. Хоhуйуута даҕаны олус уhун, ордук чопчуланан, чуолкайданан, ойууланан хоhуллар. Бастаан дьиэ тутуута, онтон ис бараана, дьиэ тэриллэрэ, оннооҕор иhитэ-хомуоhа ойууланар. «Тоң Саар бухатыыр» олоңхоҕо дьиэтэ-уота маннык хоhуллар:
Тоҕус уон тиит тулааhыннаах,
Аҕыс уон атамаан тиит баҕаналаах,
Сэттэ уон чиргэл мас тирээбиллээх,
Сэттэ хос иэҕэйбэт истиэнэлээх,
Аҕыс атамаан муоста айыллыбыт
Υтүɵ мас үрүттээх,
Күннүк усталаах,
Кɵс туоралаах,
Кыаҕа суох кырабаат оронноох,
Уhуор-дьаҕыл оhохтоох,
Модун хаан модьоохтоох,
Хатан хабараан уоттаах,
Чохтоох, тɵлɵннɵɵх, кыымнаах буруолаах,
Υрүң кɵмүс курдук бүрүстүɵллээх,
Ыллыы олорор ыскаамыйалаах,
Тойуктатар чороонноох,
Кэпсэллээх кэриэн айахтаах,
Күлэ-сала турар күɵстээх,
Хаhыытыы-ыhыытыы турар хамыйахтаах,
Мэнэриктэй мэчикээннээх,
Чабырҕахсыт чабычахтаах,
Кылана турар кытыйалаах.
Олоңхоҕо дьиэ тутуутун ойуулуур тыллартан сорох тылын ылан ырыттым. Бастакы бɵлɵххɵ дьиэ тутуутун ойуулуур тыллары киллэрдим. Υс хос үтүɵ мас үрүттээх диэн холбуу тылтан үрүт эрэ диэн тылы ырытар
буоллахха: үрүт (үрдүм, үрдэ, үрдүлэрэ эбэтэр үрүтүм, үрүтэ, үрүттэрэ) үр – выше лежащая часть, постепенное возвышение диэн түүр тылыттан тɵрүттээҕин Э. К. Пекарскай бэлиэтиир. Кини бу тылы ɵссɵ үрүт, ɵрүт диэн тыллары кытта биир быhаарыылаах диэн бэлиэтиир.
Иккис бɵлɵххɵ оhоҕу, уоту ойуулуур тыллары киллэрэн ырытарга холоннум. Оhоҕу, уоту ойуулуур тыллартан тɵлɵннɵɵх диэн тылы Пекарскай тылдьытын кɵмɵтүнэн кɵрдүм. Пекарскай тɵлɵн диэн тылы маннык быhаарар: түүр тылыттан киирбит түүлэ пылать, шуметь (об огне), бурят дɵлɵн (дɵлɵң) жар – пламя, синие огоньки у пламени, монголлуу «дɵлү».
Υhүс бɵлɵххɵ дьиэ-уот тэрилин ойуулуур тыллары киллэрэн ырытабыт. Дьиэ–уот тэрилигэр сыhыаннаах тылтан мин кырабаат оронноох диэн тылы чинчийдим. Ол курдук кырабаат диэн тылы Пекарскай тылдьытыгар кɵрдүм. Кырабаат диэни кырамаат диэн ааттыыллар эбит. Иккиэн биир быhаарыылаахтар эбит.
Тɵрдүс бɵлɵххɵ дьиэ-уот иhитин-хомуоhун ойуулуур тыллары киллэрдим. Онно кэпсэллээх кэриэн айахтаах диэн тыл ситимиттэн айахтаах диэн тылы олус интэриэhиргээтим уонна бу тылы Г. В. Попов тылдьытыгар кɵрдүм. Айах диэн (й носовой) самый большой кубок для питья кумыса. Сопоставляется с общетюркским айак и с монгольским айга. Э. В. Севортян считал, что якутский айах древнейшей тюркской формой, монгольский айага ˂ тюркизм.
Ол курдук, саха олоңхотун тылыгар түүр, монгол, нуучча, бурят, шор уонна да атын омук тылыттан элбэх киирии тыллар баалларын тылдьыттарынан үлэлээн биллим.
Инникитин калмык эпоhын «Джангары» «Тоң Саар бухатыыр» олоңхо тылын-ɵhүн чинчийбитим курдук дьиэтин-уотун ойуулуур тыллары тылдьыттар кɵмɵлɵрүнэн чинчийэр, ырытар уонна ону тэңнээн кɵрɵр былааннаахпын.
Туhаныллыбыт литература:
Слайд 1
Михаил Андреевич Алексеев аатынан Υɵhээ Бүлүүтээҕи лицей-интернат Түүр-монгуол тыллаах омуктар эпостарыгар дьиэни-уоту ойуулуур сорох уратылар Толордо : 5 кылаас үɵрэнээччитэ Ли Саша Салайааччы : история учуутала Павлова С.П .Слайд 2
Υлэм олоххо суолтата : Билиңңи балысхан сайдыы бара турар бириэмэтигэр аҕыйах ахсааннаах омуктар культуралара симэлийэр , сүтэр кутталланна . Онтон сиэттэрэн , биhиги саха кэлэр кɵлүɵнэтэ омукпут тылын сүдү баайын , олоҕу анаааран кɵрɵр муудараhын иңэринэ сылдьар айымньыбытыгар – олоңхоҕо болҕомтобутун ууруох тустаахпыт . Омук бэйэтин тылын , муудараhын билбэт , умнубут буоллаҕына инники кэскилэ быстар , туспа омук быhыытынан симэлийэр .
Слайд 3
Υлэ проблемата : Саха киhитэ буоларым быhыытынан , омугум тɵрдүн-ууhун , аймахтыы омуктарын билиэхпин баҕарабын .
Слайд 4
Υлэм сыала : У чуонайдар саха түүр - монгуол омуктартан силистээх-мутуктаах омук диэн этиилэрэ тɵhɵ кырдьыгын билээри икки омук ( саха уонна калмык) эпостарыгар дьиэни-уоту , ойуулуур сорох уратыларын чинчийэн кɵрүү буолар .
Слайд 5
Υлэм соруктара : Калмык эпоhын « Джангарганы » уонна саха олоңхотун « Тоң Саарын бухатыыры » кытары билсиhии ; Икки омук эпоhыгар дьиэни-уоту ойуулуур этиилэри булуу ; Икки эпоска дьиэни-уоту ойуулуур тыллар быhаарыыларын тылдьыттарга кɵрдɵɵн булуу , чинчийии , үɵрэтии .
Слайд 6
« Джангарга » « Тоң Саар бухатыыр » Пол дворца сделали из коралла, Стены из жемчуга, Стены северной стороны Клыками сизого оленя укрепили, По самой середине (дворца) выдолбили, И пять больших ярусов сделали, Сторону восхода (солнца) - Мозаичным стеклом, Сторону захода – Хрусталем украсили, Северную сторону шкурою оленя обили, Чтобы люди зиму провели, Кумыс и кимир имел Южною сторону шкурою сизого оленя обили, Во внешние четыре угла Круглые стекла огненного цвета вставили, Внутренние четыре угла Прочной сталью скрепили. Тоҕус уон тиит тулааhыннаах , Аҕыс уон атамаан тиит баҕаналаах , Сэттэ уон чиргэл мас тирээбиллээх , Сэттэ хос иэҕэйбэт истиэнэлээх , Аҕыс атамаан муоста айыллыбыт Υтүɵ мас үрүттээх , Күннүк усталаах , Кɵс туоралаах , Кыаҕа суох оронноох , Уhуор-дьаҕыл оhохтоох , Модун хаан модьоохтоох , Хатан хабараан уоттаах , Чохтоох , тɵлɵннɵɵх , кыымнаах буруолаах , Υрүң кɵмүс курдук бүрүстүɵллээх , Ыллыы олорор ыскаамыйалаах , Тойуктатар чороонноох , Кэпсэллээх кэриэн айахтаах , Күлэ -сала турар күɵстээх , Хаhыытыы-ыhыытыы турар хамыйахтаах , Мэнэриктэй мэчикээннээх , Чабырҕахсыт чабычахтаах , Кылана турар кытыйалаах .
Слайд 7
Бастакы бɵлɵх Иккис бɵлɵх Ү h үс бɵлɵх Т ɵ рдүс бɵлɵх дьиэ тутуутун ойуулуур тыллар оhоҕу , уоту ойуулуур тыллар дьиэ-уот тэрилин ойуулуур тыллар дьиэ-уот иhитин-хомуоhун ойуулуур тыллар Υс хос үтүɵ мас үрүттээх Чохтоох , тɵлɵннɵɵх , кыымнаах буруолаах Кыаҕа суох кырабаат оронноох Кэпсэллээх кэриэн айахтаах үрүт тɵлɵннɵɵх кырабаат айахтаах Үр – выше лежащая часть, постепенное возвышение түүр Түүлэ пылать, шуметь (об огне), бурят Дɵлɵн ( дɵлɵң ) жар – пламя, синие огоньки у пламени, монголлуу « дɵлү ». Кырамаат Айах (й носовой) самый большой кубок для питья кумыса. Сопоставляется с общетюркским айак и с монгольским айга . түүр тылыттан тɵрүттээх Түүр , бурят, монгол тылыттан киирбит түүр тылыттан тɵрүттээх Түүр , монгол тылыттан киирбит Э. К. Пекарскай тылдьыта Э. К. Пекарскай тылдьыта Э. К. Пекарскай тылдьыта Г. В. Попов тылдьыта
Слайд 8
Түмүктүүр Ол курдук , саха олоңхотун тылыгар түүр , монгол, нуучча , бурят, шор уонна да атын омук тылыттан элбэх киирии тыллар баалларын тылдьыттарынан үлэлээн биллим . Инникитин калмык эпоhын « Джангарганы » « Тоң Саар бухатыыр » олоңхо тылын-ɵhүн чинчийбитим курдук дьиэтин-уотун ойуулуур тыллары тылдьыттар кɵмɵлɵрүнэн чинчийэр , ырытар уонна ону тэңнээн кɵрɵр былааннаахпын .
Старинная английская баллада “Greensleeves” («Зеленые рукава»)
Рисуют дети водопад
Без сердца что поймём?
Нас с братом в деревню отправили к деду...
Анатолий Кузнецов. Как мы с Сашкой закалялись