Моонньоҕон киһиэхэ туһата
Вложение | Размер |
---|---|
доклад | 20.26 КБ |
moonno5on.pptx | 440.06 КБ |
Республика Саха(Якутия)
Верхневилюйский улус
МБОУ «Балаганнахская основная общеобразовательная школа»
Моонньо5он туһата.
Yлэни толордо: Бала5аннах сүрүн оскуолатын
2 кылааһын үөрэнээччитэ
Спиридонов Слава.
Салайааччы: Васильева А.П.
2013 сыл.
Витаминнар киһи этигэр-хааныгар олус туһалаахтарын киһи барыта билэр. Ол эрэн кылгас сайыннаах, уһун кыһыннаах Сахабыт сиригэр витаминнара тиийбэт буоланнар үгүс киһи ыалдьар. Ол курдук саас ордук улаханнык биллэр.
Ол иһин биһиги олус минньигэс амтаннаах, элбэх витаминнаах отоннору: дьэдьэни, моонньо5ону, хапта5аһы, сугуну, малинаны, дөлүһүөнү элбэхтик сиэхтээхпит.
Чинчийиибит то5оостоо5о:
-доруобуйаны тупсарарга араас химическэй эмп-том оннугар ыраас айыл5а бэирэр үүнээйитинэн эмтэнэр ордук туһалаах.
Чинчийиибит сонуна:
- моонньо5он туһалаах эмтиир свойстволарын дьон элбэхтик ситэ туһаммат.
Чинчийиибит сыала:
- моонньо5он киһи доруобуйатыгар туһалаах свойстволарын, атын сир астарыттан туох уратылаа5ын үөрэтии, чинчийии.
Чинчийиибит соруга:
- моонньо5он туһунан суруллубут литератураны аа5ыы, үөрэтии;
- аа5ан ылбыт моонньо5он туһунан билиибититтэн түмүктэри оӊоруу.
Саба5алааһын:
Өскөтүн биһиги айыл5а биэрэр бэлэм битэмиинин аспытыгар элбэхтик туттарбыт буоллар, доруобуйабытыгар улахан туһалаах буолуо этэ.
3
Саха сиригэр моонньо5он түөрт көрүӊэ туундараттан ураты сирдэргэ тар5анан үүнэллэр. Биһиги билэр хара моонньо5оммутуттан ураты Алдан, Яна өрүс сүнньүнэн уохта, таастаах хайаларга сыттаах моонньо5он, Алдан, Лена намтал сирдэригэр муох моонньо5оно үүнэллэр. Ордук куруӊӊа, сииктээх тыа5а, солооһуӊӊа дэбигис тар5анар, үүнэр, астанар.
Араас отоннор ортолоругар моонньо5он ордук элбэх битэмииннээ5инэн биллэр. Моонньо5он отоно эрэ буолбакка, сэбирдэ5э, сибэккитэ, силиһэ, умнаһа барыта туһалаах. Моонньо5он арай дөлүһүөӊӊэ эрэ хотторор, С витамина арыый а5ыйах. Ол эрэн виноградтаа5ар 100 төгүл, яблокаттан 20, дьэдьэнтэн 10 төгүл элбэх. Моонньо5он отонугар аскорбиновай кислота, пектиновай веществолар, эфирдээх арыылар, витамин Р, каротин, калий туустара бааллар.
Моонньо5он отонун сибиэһэйдии барыанньа, араас утах, хомпуот, джем, повидло, мармелад, кэмпиэт оӊостон сиэххэ сөп. Онтон сэбирдэ5ин о5уруот аһын, тэллэйи тууһуурга, араас битэмииннээх чэйи оӊорорго туһаналлар.
Норуодунай медицина5а моонньо5он сэбирдэ5э буспут уутун, чэй оӊостон тымныйыыттан, бүөргэ таас үөскээһиниттэн, хабах ыарыыларыттан эмтэнэллэр. Сүрэх үлэтин күүһүрдэр наадаттан, куртах бааһыгар моонньо5он кисиэлин иһиэххэ сөп. Ити таһынан оһо5ос, куртах, быар, күөмэй, харах, араас баас ыарыыларыгар туттуллар.
Моонньо5ону күһүөрү, атырдьах ыйын иккис аӊаарыттан са5алаан, аһа сиппититтэн көрөн хомуйуллар. Отону сыыһыттан ыраастаан, саамай бөдөӊүн уонна буспутун оһох үрдүгэр кылгас кэмӊэ хатарыллар. Сотору-сотору сэрэнэн эргитиллэр. Бүтүн сэбирдэхтэрин күлүккэ, салгыннаах сиргэ куурдуллар.
4
Кэнники кэмӊэ моонньо5он араас көрүӊнэрин көһөрөн киллэрэн уһаайбаларыгар олордон үрдүк үүнүүнү ылар буоллулар. Биһиги дьиэ кэргэн куоракка, даачабытыгар моонньо5ону үүннэрэбит. Хас сайын аайы аһын хомуйан барыанньа, муорус оӊостобут. Бала5аннаахха баар дьиэбитигэр эбэм эмиэ үүннэриэн ба5арар.
Моонньо5он тымныыны тулуйумтуо, түргэнник тар5анар, көрүүтүн-харайыытын кыайдахха үчүгэйдик ас биэрэр. Биирдии уктан 5-12 кг.отону хомуйуохха сөп. Онон айыл5абыт биэрбит эмтээх отонун моонньо5ону элбэхтик хомуйуӊ, дьиэ5ит таһыгар көһөрөн а5алан олордуӊ диэн сүбэлиибин.
5
Туһаныллыбыт литература.
6
Иһинээ5итэ.
Слайд 1
Моонньо5он туһата . Y лэни толордо : Бала5аннаах сүрүн оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ Спиридонов Слава Салайааччы : Васильева А.П.Слайд 2
Чинчийиибит то5оостоо5о: Доруобуйаны тупсарарга араас химическэй эмп-том оннугар ыраас айыл5а биэрэр үүнээйитинэн эмтэнэр ордук туһалаах Чинчийиибит
Слайд 3
Чинчийиибит сонуна : Моонньо5он туһалаах эмтиир свойстволарын дьон элбэхтик ситэ туһаммат
Слайд 4
Чинчийиибит сыала : Моонньо5он киһи доруобуйатыгар туһалаах свойстволарын , атын сир астарыттан туох уратылаа5ын үөрэтии , чинчийии .
Слайд 5
Чинчийиибит соруга : моонньо5он туһунан суруллубут литератураны аа5ыы, үөрэтии; аа5ан ылбыт моонньо5он туһунан билиибититтэн түмүктэри оноруу ;
Слайд 6
Саба5алааһын: Өскөтүн биһиги айыл5а биэрэр бэлэм битэмиинин аспытыгар элбэхтик туттарбыт буоллар , доруобуйабытыгар улахан туһалаах буолуо этэ .
Слайд 7
Ол эрэн виноградтаа5ар-100 төгүл яблокатаа5ар – 20 Дьэдьэнтэн – 10 Элбэх С витаминнаах
Четыре художника. Осень
Валентин Берестов. Аист и соловей
Зимняя сказка
Алые паруса
Невидимое письмо