Доклад ученицы о улицах своего села
Вложение | Размер |
---|---|
neiliek_istoriyata_uulussatyttan_sa5alanar-_liya_n.doc | 105 КБ |
Региональнай агроэкологическай аа5ыылар
Нэhилиэк историята уулуссатыттан са5аланар.
Секция «Кыраайы уерэтии»
Толордо: И.И.Константинов-Дэлэгээт
Уйбаан аатынан Сул5аччы орто уопсай
уерэхтээhин оскуолатын
8 кылааhын уорэнээччитэ
Неустроева Лия
Салайаачы Слепцова Ирина Семеновна,
саха тылын, литературатын учуутала
2012с.
Иhинээ5итэ.
Киириитэ……………………………………………………………………………………………………………3с
1 баhа. Сул5аччы – ытык сир…………………………………………………………………………………….4с.
2 баhа. Нэhилиэк уулуссалара
2.1. Харачаас аатынан уулусса…………………………………………………………………………………6с
2.2. Лесная уулусса……………………………………………………………………………………………………9с
2.3. Набережнай уулусса…………………………………………………………………………………………10с.
2.4. Молодежнай уулусса……………………………………………………………………………………….11с
2.5. Ефремов аатынан уулусса…………………………………………………………………………………12с
Тумук…………………………………………………………………………………………………………………………13с
Туhаныллыбыт литература………………………………………………………………………………………14
Киириитэ.
Биьиги бары Сир диэн планета5а олоробут. Сир урдунэн икки суусчэкэ дойду баар. Олортон Россия биьиги Ийэ дойдубут буолар. Россия састаабыгар Саха сирэ киирэр. Саха Республикатын улуустарыттан биирдэрэ – биьиги Аммабыт. Ол аата биьиги торообут дойдубут, кыра Ийэ сирбит – Амма улууьа буолар. Амма улууьа 14 нэьилиэктээх. Мин олорор нэьилиэгим – Сул5аччы. Киьиэхэ торообут дойдута олорор дьиэтиттэн уонна уулуссатыттан са5аланар.
Мин хас сарсыарда аайы уьуктаат, ийэлээх а5абын керен уерэбин. Онтон тэлгэьэбэр тахсан сибиэьэй салгынынан дуоьуйа тыынабын. Дьиэбэр киирэн суунан-тараанан, аьаан-сиэн баран оскуолабар ойобун. Кун аайы сылдьар ыллыкпын биэс тарба5ым курдук билэбин эрээри, сырыы аайы суолбар санаттан-сананы. сонуну керен-истэн уерэбин. Ити курдук мин тулалыыр эйгэм дьиэм иьиттэн, таптыыр ийэлээх а5абыттан, тиэргэммиттэн, олорор уулуссабыттан, тереебут туелбэбиттэн са5алаан улууспар, республикабар, бутун Аан дойдуга тэнийэ тиийэр.
Улэ то5ооьо: Быйыл 2013 сылга биьиги нэьилиэкпит Сул5аччы теруттэммитэ 235 сылын туолла. Нэьилиэк кыраайы уерэтээччитэ Петр Павлов Сул5аччы терде-ууьа суурук о5устаах Хоро ууьуттан уонна Боотулуттан теруттээ5ин чуолкайдаан турар. Туспа нэьилиэк буолан сурукка киирбит сылбыт эмиэ чуолкай биллэр: 1778 сылтан Сул5аччы нэьилиэгин аатын ылбыппыт. «Экология тиэргэнтэн са5аланар» диэн бэргэн этии баар. Онон нэьилиэк оло5ун ааспыт историята уулуссатын аатыттан кестер дии саныыбын. Тереебут нэьилиэгим уулуссалара чопчу то5о маннык диэн ааттаммыттарын интэриэьиргээн, ону билээри дакылаат суруйарга холоннум.
Улэ сыала:
Тереебут туелбэм уулуссаларын аатын чинчийии, дьонно-сэргэ5э билиьиннэрии.
Соруктара:
1 баьа. Сул5аччы – ытык сир.
Ырыа5а ылланар, хоьоонно хоьуйуллар кэрэ айыл5алаах, улэьит утуетэ дьонноох Аммабыт биир кытыы кыра нэьилиэгэ-Сул5аччы. Тереебут нэьилиэкпит теруттэммитэ 235 сылын туолла. Былыр суурук о5устаах Хоролортон теруттээх Боотуруускай улус билиннитэ Амма улууьун Сул5аччы нэьилиэгэ буолан турар. Кыйык Буетур диэн биир утуе ыччат киьи уескээн, икки уйэ анараа еттугэр 1778 сыллаахха кыргыьыыттан ыьыллан хаалбыт Сул5аччы терут дьонун хомуйан нэьилиэги теруттээбит эбит. Ол кэмтэн ыла суостаах суту-курааны, уу мотуогун, халын хаары, саханы эьэ сыспыт хара буоспаны, хаан тохтуулаах сэриилэри этэннэ туораан нэьилиэк аатын сутэрбэккэ турда5а.
Сул5аччы нэьилиэгэ Амма улууьун биир уьук нэьилиэгэ. Улуустан 100 километр тэйиччи сытар. Чурапчы улууьун кытта кыраныыссалаьар. Биьигиттэн 5км тэйиччи турар Сэргэ Бэс дэриэбинэтин кытта салайар дьаьалтабыт биир. Бу уьун кэм устата Сул5аччы элбэх сана тутууларынан киэркэйдэ. Ол курдук улахан спортзаллаах оскуола дьиэтэ, о5о саада, врачебнай пуун, почта, АТС , культура дьиэлэрэ , урдук кууруулээх уот станцията, уут тутар модульнай собуот, модельнай библиотека бааллар. «Туйгууна», «Гермес» диэн нэьилиэнньэни хааччыйар чааьынай ма5аьыыннардаахпыт. Олорор дэриэбинэм Сул5аччы улуус уьук нэьилиэгэ да буоллар, олус кэрэ айыл5алаах сир. Ып-ыраас дьэнкир сылаас уулаах, намылыйа устар сууруктээх Амма ерус биьиги дэриэбинэбит чугаьыгар сытар. Анараа энэрэ тулата хайа. Саас, куьун балыктыыбыт, сайынын дуоьуйа сетуелуубут. Сир аьын арааьа уунэн уердэр. А5ыйах сыллаа5ыта хаарыан тыабытын шелкопряд уен сиэбитэ хараара елен турара миигин хомотор.
2010 сыллаа5ы биэрэпис кердерерунэн, биһиги нэһилиэкпитигэр 418 киһи олорор, онтон о5ото- 146. Биэнсийэлээх-80, улэ бэтэрээнэ-42, тыыл бэтэрээнэ-13 баар. Барыта 147 дьиэ кэргэн, олортон кэтэх хаьаайыстыбалаах 116 ыал, эдэр ыала-40, элбэх о5олоох-87, кыра дохуоттаа5а-107 ыал. Кэм-кэрдии теье да уларыйдар, былыр уйэ5э олорон ааспыт теруттэрбитин, эьэлэрбитин, эбэлэрбитин, нэьилиэк сайдыытын туьугар бутун олохторун анаабыт кырдьа5ас келуенэни умнууга хаалларар сатаммат. Сул5аччыттан угус биллиилээх, айар талааннаах дьон тереен-уескээн тахсыбыттара. Мин киэн туттабын хорсун санаалаах разведчик Дэлэгээт Уйбаанынан, тойуксут Екатерина Иванованан, ункууьут Дмитрий Неустроевынан, кылыыьыт, ат баайааччы Бе5е Тонуьунан, мелодист Киристэпиэл Максимовынан, поэттар Кестекуун Туйаарыскайынан, Сэмэн Капитоновынан, суруйааччы Миитэрэй Наумовынан, биэс орден кавалера ыанньыксыт Михаил Кутуковынан.
Ити курдук Сул5аччы - айыл5аттан айдарыылаахтар, хорсун-хоодуот санаалаахтар, улуу талааннар, кус быьыйдар, ат бе5елер, утуе улэьит дьон уескээн-тереен ааспыт ытык сирдэрэ буолар.
2 баьа. Нэьилиэк уулуссалара
2.1. Харачаас аатынан уулусса
Биьиги дэриэбинэбит 5 уулуссалаах. Туелбэбит килбэйэр киин уулуссата Михайлов-Харачаас аатынан уулусса буолар. Атын уулуссалардаа5ар саамай уьуннара. Бу уулусса дэриэбинэ5э со5урууттан киирээти кытта са5аланар уонна дэриэбинэ бутуер диэри кенетук субуллар. Харачаас уулусса №1-дээх Флегонтова Е.Р. дьиэтиттэн са5аланар уонна №50-дээх Ефремовтар дьиэлэринэн бутэр. То5о бу уулуссаны маннык ааттаабыттарын билээри библиотека5а, музейга сырыттыбыт, кырдьа5астартан туоьуластыбыт. Маны таьынан олохтоох кыраайы уерэтээччи Петр Михайлович Павлов «Сул5аччы туелбэтигэр» диэн 1997 уонна 2000 тахсыбыт кинигэлэрин, «Саргылаах мин кыьам» диэн Сул5аччы оскуолата теруттэммитэ 100 сылыгар анаммыт кинигэни аахтым.
Гражданскай сэриигэ хорсун быьыытын иьин сахалартан бастакынан Бойобуой Кыьыл Знамя орденынан на5араадаламмыт Иннокентий Поисеевич Михайлов-Харачаан Сул5аччыттан торуттээх эбит. Кини кыайыгас-хотугас туруу улэьит, болуотунньук буолан тутууга улэлээбит, элбэх оскуоланы,балыыьаны тутуспут. Нэьилиэкпит билинни музейын кини маастардаан сана оскуола дьиэтэ диэн туттарбыт эбит. Бэйэтэ дьаданныттан торуттээх буолан, эрэйи- муну билэн, дьон оло5о тупсарын туьугар улэлэспит. Кини 1924 сыллаахха «Тэннэбил» диэн тыа хаьаайыстыбатын артыалын тэрийсибитэ, сана олох иьин туруулаьан улэлээбит. Гражданскай сэрии геройа, хорсун разведчик, норуот кэскилин иьин охсуспут, тереебут дойдута сайдарын туьугар сыратын уурбут биир дойдулаахпыт Иннокентий Поисеевич Михайлов-Харачаас аатын уйэтитэн, нэьилиэк киин уулуссатын кини аатынан ааттаабыттар эбит. Онон 1988 сыллаахха Иннокентий Поисеевич 120сааьын туолар уоруулээх убулуойун корсо Сул5аччы сэлиэнньэтин киин уулуссатыгар Харачаан-Михайлов аата инэрилибит. Кини олорбут оло5о, онорбут хорсун быьыыта уйэлэргэ уостубакка албан ааттана туруо5а
Киин уулуссабытыгар нэьилиэкпит сурун тэрилтэлэрэ тутуллан улэлии тураллар: оскуола, кулууп, балыыьа, дьаьалта хонтуората, библиотека, почта, АТС дьиэтэ, уот станцията, гараж, киин хочуолунай, «Туйгууна» ма5аьыын. Урут улэлээбит райпо ма5аьыына уонна бэкээринэ дьиэтэ эмиэ бу уулусса5а бааллар. Билигин бу уулусса5а олорор ыал ахсаана-35, оскуола о5ото -30. Нэьилиэкпитигэр бу эрэ уулусса эрдэ теруттэммит буолан манна саастаах дьон олохсуйан олорор эбит.
Михайлов-Харачаас аатынан уулусса5а туелбэ киэн тута ааттыыр дьонун сырдата туьэбин.
Ксенофонтов Анатолий Васильевич-ДЮСШ волейболга тренеринэн улэлиир.Кини эрчийэр о5олоро улууска,республика5а куруук бастыыллар. Нэьилиэккэ угус ыччат волейболу ере тутарыгар олук уурбут киьинэн кини буолар диэтэххэ сыыспатым буолуо. Анатолий Васильевич маны таьынан улууска, республика5а биллэр меценат. Сайынын бэйэтин суотугар лаа5ыр аьан улэлэтэн спортсмен о5олору дьарыктыыр, битэмииннээх аьынан аьатар. Кыьын араас курэхтэьиилэргэ бэйэтин массыынатынан илдьэр. Олохтоох дьон кыьал5атын ейдеен, «Туйгууна» чааьынай ма5аьыын аьан улэлэтэн нэьилиэнньэни хааччыйар. Сылын аайы сана сылы керсе лоторея оонньотон, дьиэ миэбэлиттэн са5алаан иьиккэ-хомуоска, туттар тэрилгэ, матасыыкылга, телевизорга тиийэ сууйуу туруорар. Бу барыта улэьит, дьон туьугар кыьаллар киьи улэтэ. Ол курдук быйыл Бутун Арассыыйатаа5ы «Аьымал » анал бэлиэнэн бэлиэтэммитэ угуьу туоьулуур.
Бу уулусса5а нэьилиэк баьылыга Ксенофонтов Афанасий Егорович олорор. Сул5аччы сайдарын туьугар кыьаллан улэлиир. 3 сыллаа5ыта нэьилиэкпит дьаьалтата бастын улэлээх буолан бириэмийэ ылан дьаьалта омук массыынатын ылыммыта. Былырыын урдук кыамталаах хочуолунай тутуллан улэ5э киирбитэ. Быйыл угус ыал ититэр ситимнэ холбонно. «Билайн» сибээс киирдэ. Бу барыта баьылык сатабыллаах салайааччы буоларын кердерер диэн бэлиэтиибин.
Ыал буолан олорбуттара 50 сылын бэлиэтээбит убаастанар ытык кыдьа5астарбыт Елена уонна Петр Павловтар бу уулусса5а олороллор. Петр Павлов кыраайы уорэтээччи, нэьилиэк музейын торуттээччи, «Сул5аччы туелбэтэ», «Христофор Максимов» , «Дмитрий Неустроев», «Бо5о Тонус» кинигэлэр автордара, ор кэм устата нэьилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, общественнай кореспондент, нэьилиэк , улуус Бочуоттаах гражданина. 40тан тахса сыл устата сууьунэн ыстатыйа хаьыакка бэчээттэтэн «Элэйбэт беруе», «Муударай беруе» лауреаттара буолбута.
СР уерэ5ириитин туйгуна, педагогическай улэ бэтэрээнэ Анна Дмитревна Тарасова ырыаьыт, тойуксут, оьуохайдьыт, хомо5ой тыллаах хоьоонньут. Уорэппит о5ото Николаева Дарина Анна Дмитревна 30 сылы быьа мунньан сыппыт, хоьооннорун, ырыаларын, алгыстарын, оьуохайдарын тумэн-наардаан оскуола иьинэн «Санаам иэйиилэрэ» диэн кинигэни бэчээттэппитэ. Кини айбыт «Чуораанчык» диэн ырыата оскуолабыт гимнэ буолан куруук ыллыыбыт.
2.2. Лесная уулусса
Бу уулусса ыаллара дьиэлэрин тыа са5атын устун кэккэлии туттубуттар. Онон да буолла5а уулусса аата уескээбит терде судургутук быьаарыллар. Улуус кииниттэн Амматтан айаннаан кэлэн ханас диэки салаллыннаххына, Лесная уулусса са5аланар. Манна барыта 20 ыал олорорун аахтым. Оскуола уерэнэр о5ото - 9. Бу уулусса5а «Чычып чаап» уьуйаан улэлии турар. Сэбиэдэссийэнэн 40-ча сыл утуо суобастаахтык СР уерэ5ириитин туйгуна Людмила Прокопьевна Иванова улэлиир.
Лесная уулусса талааннаах дьонун билиьиннэриим. Кульбертинов Андрей Валерьевич- эдэр талааннаах художник. Биьиги оскуолабыт выпускнига, Якутскайдаа5ы художественнай училищены бутэрэн билигин пед институт студена. Кини ордук себулээн тереебут Сул5аччытын айыл5атын хоьуйар. Бу эдэр сана тахсан эрэр пейзажист бэйэтин сирин-дойдутун билиннитин, айыл5атын-дойдутун сурдээх итэ5этиилээхтик, бу баардыы уруґуйдуур: Тууйэ урэх, Кыыс Амма, êµіх ойуур, хайалар, сыьыылар. Бу биьиги кун аайы керер, ардыгар аахайбат да кестуулэрбит эдэр художник улэтигэр тыыннаах курдук ис-сурэхтэн ойууланаллар. Андрей оскуоланы бутэрэр сылыгар 2001 сыллаахха Дьокуускай куоракка айар быыстапката туруоруллубута дьон-сэргэ биьирэбилин ылбыта. Билигин да5аны араас тэрээьиннэ, быыстапкаларга куруутун кыттар.
Рязанскай Афанасий Константинович – нэьилиэгэр ор сыл киномеханигынан улэлээбитэ. Ол тумугэр СР кинематографиятын туйгуна, РФ бочуоттаах кинематограба, Саха сирин киинэтин ветерана буолан сыаналаммыта. Кини чол оло5у тутуьааччылартан биирдэстэрэ. Улуус, республика чемпиона: саахымакка,теннискэ,тустууга,саанан ытыыга, дуобакка.
2.3. Набережнай уулусса
Дэриэбинэ5э киинтэн кэлээти кытта уна диэки суолу тутустахха Набережнай уулусса5а кэлэ5ин. Бу уулусса аата да этэринии урэх кытылыгар турар. Ол иьин итинник аатаммыт эбит. Барыта 18 ыал олорор. Оскуола о5ото-7 эбит. Манна Сул5аччыга улэлии кэлбит эдэр улэьиттэргэ аналлаах 6 квартиралаах уопсай дьиэ баар.
Нэьилиэккэ убаастанар дьонтон манна олорооччулары ахтан аьарабын. Окорокова Анна Романовна - урдук категориялаах математика учуутала, Саха Республикатын уерэ5ин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» пед.улэ ветерана. Кини Нам улууьуттан теруттээх, 1972с. уерэ5ин бутэрээт, Сул5аччыга ананан кэлэн, олохсуйан. манна иккис тереебут дойдутун булла. Анна Романовна Амма кэрэ айыл6атын таптаан, се5ен-махтайан хоьоон гынан хоьуйар. Кини Сул5аччыга анаабыт икки хоьоонноох « Бу мин дойдум Сул5аччы», «Тереебут туелбэм Сул5аччым» диэн. Анна Романовна хоґоонноро билигин элбэх аа±єааччыга биллэ иликтэр, ол гынан баран кини ис сµрэє±иттэн иэйэн суруйар хоґоонноро биґиэхэ чугастар.
Ефимов Егор Иннокентьевич- биэлсэр идэлээх, билигин бочуоттаах сынньаланна олорор. Нэьилиэк олохтоохторугар «биэссэр Гуоса» аатынан биллэр. Дьон доруобуйатын туьугар улэтин, оло5ун анаабыт «Бочуот знага» орден кавалера, улуус, нэьилиэк бочуоттаах киьитэ Егор Иннокентьевич убаастанар, холобур буолар. Угус сылларга теьелеех киьини эмтээбитэ, кун сирин кердербутэ буолуой?!
Попова Елена Васильевна – 27 сылын Амма улуу»ун Сул5аччы нэ»илиэгин библиотекарынан таьаарыылаахтык улэлиир. Нэьилиэк историятын уерэтэр „Сул5аччы туелбэтин сэьэннэрэ“ информация фондатын тэрийбитэ. Бу хомуллубут матырыйаалга оло5уран, Сул5аччы нэьилиэгин чулуу дьонун аатын уйэтитэр кинигэлэри: “Норуот ырыаьыта Е.Иванова“, ,,Норуот артыыьа Х.Т.Максимов“, ,,Промышленноска сахалартан биир бастакынан. Д.С.Ефремов“, ,,Керсуьуу“ бэчээттэтэн, аа5ааччы киэн биьирэбилин ылбыта. 2007 сыл Амма улууьун культура бастын улэьитэ, 2008 сыл республика бастын библиотекара, Саха Республикатын культуратын туйгуна, СР Президенин И.И.Крафт аатынан премия лауреата.
2.4. Молодежнай уулусса
Торообут Сул5аччым хоту диэки оттугэр мин олорор Молодежнай уулуссам турар. Олорор уулуссам аата бэрт судургу эбит. Манна угус эдэр ыал дьиэ туттан олохсуйбуттарын кэннэ ааттаммыт. Бу уулусса5а аан бастаан 1985 сыллаахха эдэр ыал буолбут Никитиннэр дьиэ туттан киирбиттэр. Ол кэнниттэн утуу-субуу сана холбоьон ыал буолбуттар салгыы дьиэ туттан киирбиттэр. Ол иьин сана уескээбит уулуссаны элбэх эдэр ыал олохсуйбутун иьин Молодежнай диэн ааттаабыттар. Мин дьонум дьиэлэрин мин сана тереебуппун кэннэ туттан киирбиттэр.
Манна барыта 18 ыал олорор. Оскуола о5ото-17. Индивидуальнай предприниматель Дыдаева Е А «Гермес» ма5аьыына улэлиир. Куннээ5и сиир ас бородууктатыттан дьиэ5э -уокка туттуллар хаьаайыстыбаннай табаар а5алан атыылаан дьону абырыыллар.
Биллиилээх дьону билиьиннэрэбин. Рязанскай Николай Николаевич – художник. Нэьилиэк киэн туттар киьитэ 100-тэн тахса хартыыналардаах. Кини тереебут айыл5атын, суурбут-кеппут, киьи буола улааппыт о5о сааьын ыырдарын хоьуйбута элбэх. Кини кэргэнэ Екатерина Филипповна тарба5ар талааннаах иистэнньэн. Республикатаа5ы «Далбар хотун» курэххэ бэйэтэ тиктибит сахалыы танаьынан, киэьээни былааччыйатынан ситиьиилээхтик кыттан номинация ылбыта. Маны таьынан бастын конферансье.
Никитин Ярослав Алексеевич айыл5аттан айдарыылаах уус. Сана дьиэ туттааччыларга энкилэ суох субэлээччи. Биьиги уорэнэр оскуолабыт тутулларыгар улэлээбит тутуу биригээдэтин салайааччыта.
Ити курдук бу 90-с сылларга уескээбит уулусса5а талааннаах дьон олорор эбит.
2.5. Ефремов аатынан уулусса
Ефремов аатын сугэр уулусса биир дойдулаахпыт Дмитрий Семенович Ефремов аатын сугэр.
Дмитрий Семенович 1933 сыллаахха биьиги нэьилиэккэ колхозтаах кэргэнигэр тереебут. Сул5аччы 4 кылаастаах оскуолатын туйгуннук бутэрэн амма орто оскуолатыгар уерэммит. Ордук ча5ылхайдык физика, математика курдук предметтэри билэр эбит. Уерэххэ улахан дьо5урдаах, талааннаах о5ону уерэппит учууталлара , чугас дьоно ке5улээн , кемелеьен Москва5а урдук уерэххэ ыыппыттар. Кини бу кыракый нэьилиэктэн Москва5а тиийэн В.Плеханов аатынан норуот хаььаайыстыбатын институтугар уорэнэн, сахалартан биир бастакынан «Промышленнай производство экономиьа» идэни ылбыт. Кини промышленность министринэн улэлээбит. Салгыы «Якутзолото» тэрилтэ5э генеральнай директоры солбуйааччынан сылдьыбыта. Улэ5э урдук ситиьиилэрин иьин «Бочуот Знага», «Улэ Кыьыл Знамята» уордьанынан, «Килбиэннээх улэ иьин» мэтээлинэн на5араадалламмыта.
Сул5аччыттан теруттээх биир тумус туттар ча5ылхай киьибит аатын уйэтитэр сыалтан, о5о сылдьан олорбут дьиэтин таьыгар ойдобунньук бэлиэ туруоран, 2000 сылтан ыла Ефремов аатынан уулусса баар буолбута. Ол туьунан биир дойдулаахпыт журналист Татьяна Павлова 22.07.2000с «Саха сирэ» хьыакка «Утуону тустуур аат» диэн ыстатыйа суруйбута. Уулуссаны ааттыырга Дьокуускайтан Дмитрий Семенович кэргэнэ Дора Васильевна, сиэнэ Айаана кунду киьилэрин аата уйэтитиллиитигэр сылдьыбыттара.
Бу уулусса маннайгы оохтоохторунан нэьилиэк утуо улэьит дьоно Христофоровтар, Константиновтар, Кутуковтар буолаллар. Билигин манна ыала-8, оскуола о5ото-7 баар эбит. Уулусса инникитин сайдар кэрэ кэскиллээх. Сыллата сана дьиэ туттан эдэр ыал киирэр иьэр. Ессо да ыал дьиэ туттар уьаайбаларын сирин булан улэлэрин са5алаатылар.
Нэьилиэк олохтоохторо бу дьоммутунан киэн туттабыт, биир дойдулаахтарбыт ситиьиилэриттэн уерэбит. Маннык талааннаах дьон торообут дойдум Сул5аччым, улууьум Аммам кэскилэ буоларын ейдуубун уонна биьириибин.
Тумук.
Хас биирдии киьи торообут дойдута олорор дьиэтиттэн, олбуорун иьиттэн, оло5ун суола уулуссатыттан са5аланар. Мин бу дакылааты суруйан араас элбэ5и биллим-кердум. Ол курдук нэьилиэк историятын сиьилии сырдатар «Сул5аччы туелбэтэ» кинигэлэри сыныйан аахтым, кырдьа5астартан туоьуластым, саастаах да, орто да келуенэ дьону кытта сэьэргэстим. Эрдэ улаханнык аахайбатах эбит буоллахпына, билигин уулуссаларбытыгар то5о маннык аат инэриллибитин чопчу биллим. Харачаас туьунан билиибин ессе ханаттым уонна Ефремов Д.С. туьунан сана билии ыллым. Маны таьынан нэьилиэк киэн туттар дьонун туьунан матырыйаал хомуйдум уонна сырдаттым.
Ити курдук биьиги 5 уулуссабыт кырдьык да нэьилиэкпит историятын сырдатар эбит диэн тумуккэ кэллим. Нэьилиэкпитигэр биир ураты тумсуулээхпит: туелбэнэн улэ ыытыллар. Табытал, Ытык Келуйэ, Хомус, Аргыс, Орто дойду, диэн эмиэ уулуссаларбытынан арахсан араас курэххэ кыттабыт, тумсуулээх буоларга кыьаллабыт. Угус ыал кэтэх хаьаайыстыбалаах: ынах, сылгы суоьу ииттэр. Мин аа5арбынан, барыта 43 ыал ынах суеьу керен-харайан олорор. Онон саха терут дьарыгын суеьуну иитиини тутан олоробут. Ыал барыта теплицаланан о5уруот аьын олордор. Сайын дьиэ таьыгар араас сибэккини олордоллоро дэриэбинэбитин кэрэ кестуулуур. Маны таьынан сорох ыалга сайынны дьиэлээхтэр. Сайынын улахан, кыстыыр дьиэлэрин сынньатан-салгылатан, манна тахсан сайылыыллар эбит. 80-с сылларга ке5ердуу улэтэ куускэ ыытыллан уулуссаларбыт биир кэрэ кестуулээхтэр. Ол курдук ыал ахсын палисадник баар, манна араас мас, талах уунэн силигилиир. Дэриэбинэ ыраас буоларыгар кыьаллан куьун-саас уулуссабытын ыраастыыбыт. Ол эрээри киин уулуссабытыгар киьи саамай санааргыыра – куьун уьун ардах тустэ5инэ, техника сатаан сылдьыбат гына бадараан буолар. Инникитин манна септеех улэ барарыгар ба5арабын.
Бу улэбин салгыы «Нэьилиэк ураты талааннаахтара» диэн кыракый хомуурунньук оноруохпун ба5арабын. Манна Сул5аччыга олорор ураты дьарыктаах, талааннаах дьону сырдатар ба5а санаалаахпын.
«Мин дьиэм - мин кириэппэьим» диэн нуучча5а бэргэн этии баар. Онон тереебут туелбэм ыллыгыттан са5алаан киэн олоххо тахсыыбар ытык сирим Сул5аччым араначчылыы-арчылыы сылдьыа диэн эрэллээхпин.
Туhаныллыбыт литература
Рисуем домики зимой
Рисуем "Осенний дождь"
Снежный всадник
Зимовье зверей
Снежная сказка