Сметанин Григорий Антонович - «Почетный ветеран Народного просвещения Республики Саха (Якутия) знак хаьаайына»
Мин улэм аата «Сметанин Григорий Антонович - «Почетный ветеран Народного просвещения Республики Саха (Якутия) знак хаьаайына» диэн ааттаах. Дакылаатым салайааччыта – кылааьым салайааччыта Винокурова Ирина Васильевна. Улэм ис хоьооно эьэм, учуутал Сметанин Григорий Антонович оло5ун, улэтин-хамнаьын туьунан сырдаттым. Ол курдук, кини о5о сааьын кэрдиис кэмнэриттэн, оскуола саастаа5ы кэмнэрин, студеннаабыт сылларын, педагогическай улэтин туьунан ахтыы хомуйан чинчийии улэтин онордум. Эьэм, Сметанин Григорий Антонович 1936 сыллааха Кэбээйи нэьилиэгэр “О5ус тириитэ” диэн сиргэ тохсунньу 1 кунугэр со5отох ийэ5э торообутэ. Оччолорго а5ата Сметанин Антон Степанович РСФСР УК 58-8, 58-10, 58-11 ыстатыйаларынан сууттанан хаайыыга сылдьара. Ити контрреволюционнай улэ, террор иьин буруйдуур ыстатыйалара. Оттон ийэтэ Левина Мария Онорхой а5атын ууьун бас-кос киьитин Левин Михаил Николаевич дьиэ кэргэнигэр 6-с о5оннон торообут. Бастакы о5отун Сметанина Евдокия Антоновнаны о5олонон олордо5уна кэргэнин тутан, суоьутун-аьын былдьаан барбыттар уонна бу дьахтары дьиэтигэр киллэриэххит да кулаах кутуруга онорон хаайыыга ыытыахпыт диэн сааммыттар, куттаабыттар. Иннэ гынан Мария Михайловна Чачыга кэлэн аймахтарынан сылдьыбыт. Онтон сойуолааьынтан саллан 2-3-тээх кыыьын салааска5а соьон куоракка киирэн, кэргэнин корсоро. Ыалларга иистэнэн кэргэнин аьатара. Ол сылдьан ыарахан буолан дойдутугар кэлэн Сметанин Григорий Антоновиьы о5оломмут. 1938 сыллаахха Антон хаайыыттан кэлбит. Инньэ гынан а5алаах, дьиэ кэргэннэ иитиллэр буолбут. Онтон эьэм оскуола саастаа5ы кэмнэриттэн ахтар буоллахха, 1945 сыллаахха оскуола5а киирбит. Биир да кылааска хаалбакка чэпчэкитик уорэммит. Оччолорго Кэбээйи Оскуолатыгар куьун спортивнай курэхтэьиилэри тэрийэллэрэ. 1951 сыллаахха куьунну курэхтэьиилэргэ Сметанин Гриша VIIкылаас уэрэнээччитэ национальнай ыстаныыга куобахха, кылыыга орто саастаах о5олорго бастакы миэстэни ылбыт. Онон кыра да эрдэ5инэ спорка сыьыаннаах эбит. 1951 сыллаахха “Олег Кожедуб” аатынан пионерскай отряд советын председателынан улэлээбит. Ордук рапорт биэрииттэн саллар эбит. Кыра кылаастарга уорэнэр кэмигэр сыана5а баьаатайдар, учууталлара хоьоон аахтараллара. 1952 с. комсомолга киирээри бэлэмнэммит. Ону кулаах уола, эрэлэ суох диэн ылбатахтар. Онтон ыла комсомолга да, партия5а да киирэ сатаабатах. Ол да бугуннэ диэри Коммунистическай партия политикатын ойуур. Онтон 1953 с. Кэбээйи Орто оскуолатын 8-с кылааьын бутэрбит. Онтон а5ата улаханнык ыалдьан олоору гынным диэн кэриэьин эппит: “Мин тыыннаахпар суолу-ииьи бил. Уорэнэ бар. Мин оллохпунэ эйигин Кэбээйиттэн таьаарыахтара суо5а. Колхоз улэтигэр умса анньыахтара”, - диэн Дьокуускайдаа5ы педучилище5а туттарса сырытта5ына Кэбээйи орто оскуолатын завуьа Кондратьев С. И. Чурапчытаа5ы педучилище директорын Д.Ф. Филипповы кытта кэпсэтэн, интернакка олорон уорэнэр усулуобуйа5а Чурапчытаа5ы педучилище5а уорэххэ ыыппыт. Ити педучилищены 1957 с. бутэрэн маннайгы суьуох оскуола учууталын идэтин ылбыт. Училище5а спортивнай улэ куускэ барара. Григорий Антонович волейболга училище суумэрдэммит командаттыгар оонньуура. Чурапчытаа5ы училищены бутэрэн дойдутугар кэлэн учууталлаабыт. 1957-59 сс. уорэх дьылыгар Куокуй начальнай оскуолатыгар учуталлаабыт. 1959-1961 сс. Кэбээйи Орто оскуолатыгар начальнай кылаастарга учууталлаабыта. Общественнай нагрузка быьыытынан конул тустууга тренердээбитэ. Секция5а Афанасьев И.Е., Сметанин Е.Е., Григорьев М.П. сылдьыбыттара. Кинилэр оскуола о5олорун спартакиядаларыгар бириистээх миэстэ5э тиксэллэрэ, чемпионныыллара. Ити о5олор тустууларын бырахпатахтара буоллар спорт маастарын нуорматын толоруо этилэр. 1961- 1966 сс. СГУ БГФ-тын географическай отделениятыгар уорэнэ киирбитэ. Уорэнэ сылдьан конул тустуунан салгыы дьарыктанан, маннайгы разряд норматын торлорбута. Общественнай тренер аатын ылбыта. О5олору эрчийэр быраабы ылбыта. СГУ-ну бутэрэн баран Сиэгэн Куолгэ биир сыл учууталлаабыта. Конул тустуу секциятын улэлэппитэ. Ити сыл Дьяконов Алеша, Доброжанов Коля орйуонна хотугу зона5а чемпионнаабыттара. Бу о5олор араас торуоттэринэн тустууларын сал5аабатахтара, хаалларбыттара. 1967-1971 сс. улэлиир ыччат киэьээнни оскуолатыгар учууталлаабыт. Угэьинэн эмиэ тустуу секциятын улэлэппит. Ити сылларга киниэхэ эрчиллибиттэрэ Аянитов Кеша, Чурапчыга эрчиллэн норуоттар икки ардыларынаа5ы спорт маастарын норматын толорбута, ССРС-ка, норуоттар икки ардыларынаа5ы турнирдарга миэстэлэьэрэ. 1971-92 сс. Кэбээйи орто оскуолатыгар география учууталынан улэлээбит. 1975 с. Кэбээйи орто оскуолатын 22-ис выпуьын X“б” кылааьын бутэттэрбит. Бу 22-ис выпуьуттан араас идэлээх улэьиттэр уунэн тахсыбыттар. Ол курдук Михаил Ильич Эверстов юридическай наука кандидата, милиция полковнига, Ил тумэн депутата буолан таьаарыылаахтык улэлээбитэ. Билгин дойдуга куттал суох буолуутун министерствотын улэьитэ. Терехов Семен Иннокентьевич авиатор идэлээх. Билигин Кэбээйи улууьун баьылыга. Егоров Григорий Константинович история учутала, Кэбээйи орто оскуолатындиректора. Николаева Татьяна Степановна экономист уорэхтээх, Кэбээйи совхоз директора этэ. Тыа хаьаайыстыбатын акдемиятыгар улэлии сылдыбыт. Матвеева Надежда урдук уорэхтээх тыа хаьаайытыбатын специалииьа. “Ма5ан” совхоз директорынан улэлээбитэ. Кэнники сааьыран баран республика 10 бастын ориентировщигин иьигэр киирэрим диэн кулэрэ. Кырдьык 10 бастын ориентировщик иьигэр киирэр уьу. 1980-с сс “Моя Родина СССР” диэн бутун союзтаа5ы пионерскай экспедиция биллэриллибит. Ити экспедиция5а учугэйдик кыттыбытын иьин Саха АССР уорэ5ин минстерствотын “Почетнай Граматынан” на5араадаламмыт. 1992 с. Григорий Антонович экология оскуолатыгар “Юный краевед” куруьуогу салайбыт. Ити курунуок матырыйааллара П.Н. Репин “Кэбээйи-ЧАЧЫ” кинигэлэригэр киирбиттэр. Кинигэ таьаартарар харчыта суох буолан П.Н. Репиннэ биэрэн, улэлэрин кун сирин корбут. Оскуола5а улэлиирин тухары полит. уорэх салайааччытынан, агитзонаначаалынньыгынан улэлээбит. Ол иьин буолуо “Почетный ветеран Народного просвещения Республика Саха” знагынан на5араадаламмыт.
Рисуем акварельное мороженое
Как нарисовать портрет?
Снежная сказка
В.А. Сухомлинский. Самое красивое и самое уродливое
Подарок