"Рысь" доклад и презентация на якутском языке
Бэдэр (Рысь)-хищный зверь, который вошел в красную книгу по своей малочисленности. Давайте беречь их. Детей с детства нужно научить любить, относится бережно к животным и окружающей среде. В тексте автор рассказывает на якутском языке о Рыси (Бэдэр на якутском)- причину их малочисленности и о решениях этой проблемы.
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
Бэдэр-сахалыы слайд | 1.96 МБ |
Бэдэр-сахалыы доклад | 17.88 КБ |
Предварительный просмотр:
Подписи к слайдам:
Үөрэтэр-чинчийэр үлэм сыала-соруга: Кыра сааспыттан төрөөбүт айылҕабыт кыылларын ырытыы, уөрэтии уонна харыстааһын. Бэдэр туһунан билиибин киэц эйгэҕэ уллэстии. Бэдэр сиэмэх кыылга киирсэр, ол эрэн кини ууһа аҕыйаан турар, ол утары үлэни ыытыы.
Россия араас кыыллара
Саха сиригэр баар сиэмэх кыыллартан Тыатааҕы Бөрө Саһыл Бэдэр
Бэдэр тас керүҥэ, дьүһүнэ, уһуна, ыйааһына хартыынаннан, схеманнан:
Бэдэр куруц тыаҕа (ойуурга) олохсуйар
Бэдэр туох аһылыктааҕа Көтөрдөр Туртас Куобах
Бэдэр оҕолоро
Бэдэр тириититтэн тугу оцороллоро Саҕынньах Сон Бэдэр тириитэ Шуба Тэллэх Бэргэһэ Һэлиэт
Бөрө элбэҕэ Булчуттар Аһа аҕыйаан аччыктыыр Бэдэр аҕыйаабыт биричиинэтэ Айыл5аны алдьатыы
Түмүк Бу улэбин үөрэтэммин, ырытаммын, Бэдэри элбэтэр тустаах бырайыагы арыйан, маннык улэлэр ыытыллыахтаахтар эбит диэн түмуккэ кэллим: Кыһыл кинигэҕэ киллэрии Булчуттары хонтуруолааһын Аһыыр кыылын элбэтии Бөренү аҕыйатыы
Уонна кини эйгэтин кэцэтии, ол туһугар айылҕаны харыстааһын!
Бэдэр суола
БОЛҔОМТОҔУТ ИҺИН МАХТАЛ!
Туһаныллыбыт литература: https://givnost.ru/rys-zhivotnoe-opisanie-osobennosti-vidy-obraz-zhizni-i-sreda-obitaniya-rysi/#Vidy https://cyberleninka.ru/article/n/materialy-po-ekologii-rysi-lynx-lynx-l-1758-yakutii Россия кыылларын энциклопедията
Предварительный просмотр:
Муниципальное бюджетное дошкольное образовательное учреждение
“Центр развития ребенка – детский сад №1 “Туллукчаан”
с.Сунтар
Дакылаат тиэмэтэ:
“Бэдэр”
Толордо: Колодезников Вася
улахан группа иитиллээччитэ
Салайааччы: Софронова Иветта
Валентиновна
Сунтар, 2023 сыл.
Сахам сиригэр төрөөбүт уол оҕо буоларым быһыытынан, кыра сааспыттан Сахабыт сирин кыылларын интэриэһиргээн үөрэтэбин, билбиппин киэц эйгэҕэ таһаарабын, доҕотторбун кытта үллэстэбин уонна эриэккэс кыыллары харыстыахха наада диэн санааҕа кэллим.
Мин бугун эьиэхэ Сахам сирин эриэккэс кыыла – бэдэр туһунан кэпсиэм.
Үлэм сыала-соруга:
- Төрөөбүт айылҕабыт кыылларын ырытыы, уөрэтии.
- Бэдэр туһунан сиьилии уерэтии.
- Бэдэр сиэмэх кыылга киирсэр, ол эрэн кини ууһа аҕыйаан турар, ол утары үлэни ыытыы.
Үөрэппит ньымаларым: кыыллар тустарынан интернет ситимигэр биэриилэр, ыстатыыйалар, араас хартыыналар, ону кытары кинигэлэр уонна улахан дьон кэпсээннэриттэн буолар.
Сүрүн чааһа.
Биһиги тыйыс айылҕалаах Сахабыт сирин ойуурдарыгар араас кыыллар төрөөн-ууһаан үөскүүллэр. Манна бааллар кыра, улахан, сиэмэх, эйэлээх да5аны кыыллар. Хас биирдии кыыл айылҕаҕа, дьоццо туһалаахтар ону тэцэ сэрэхтээхтэр. Хас биирдии кыыл туһунан олохтоох, суоллаах-иистээх.
Сахабыт сирин уонна Россия биир саамай эриэккэс, сиэмэх уонна күндү түүлээх кыылынан Бэдэр буолар. Бэдэр Ойуур сиэмэх адьырҕата, куоска улахан убайа, баабыр чугас аймаҕа эбит.
Көрүцүнэн куоскаҕа маарынныр кыыл, сытыы тыҥырахтаах, баппаҕайдара кэтиттэр, тицилэҕин түүтэ хойуу буолар. Кулгаахтарын уһуктара киистэлээхтэр, олор тыаһы истэригэр туһалыыллар. Сымнаҕас, уһун, хойуу түүлээх. Ойоҕосторугар төгүрүк хара эбирдээхтэр. Уһуна: 75 – 105 см; кутуругун уһуна: 10 - 20 см; үрдүгэ: 50 – 70 см; ыйааһына: 15 – 25 кг.
Киэҥ хайалаах сирдэринэн олохсуйар, ойуур бары балаһатыгар олорор, ордук тиит мастаах систэри, иһирик ойуурдарынан, түүн өттугэр сэрэнэн, дьоццо-сэргэҕэ олох көстүбэт курдук сылдьар эбит.
Ураты бэлиэлэрэ: Истэрэ, көрөрө, сыты билэрэ олус үчүгэй.
Сүрүн аһылыга – куобах, мас көтөрө. Кыра кэрбээччилэри, бүүчээннэри сиир.
Кини төрүөҕэ: устэн-биэскэ диэри оҕолонор, 15-20 сыл олох олорор.
Бэдэр атын аата: баабыр, үүс.
Бэдэр ыстаайата суох, тигр курдук соҕотох сылдьан бултуур-алтыыр, оҕолорун эмиэ бэйэтэ керер, кулун тутар ыйтан муус устар ыйга диэри терееру-ууһаары бэлэмнэнэр, оҕолорун иһигэр икки ый илдьэ сылдьар, оҕолоро саца төрөөн баран харахтарын симэ сылдьар буолаллар, аа-дьуо икки нэдиэлэннэн арыйаллар, икки ый ийэлэрин үүтүнэн аһыыллар онтон бэйэлэрэ бултаан бараллар ийэлэрин көмөтүнэн.
Бэдэр тириитин, күндү түүтүн эрэ туһаналлар, этин сиэниллибэт, түүтүн уһуна 7 см диэри, хойуу түүлээх, тириититтэн сон, бэргэһэ, саҕынньах, этэрбэс тигэллэр. Олус ичигэс, бөҕө тацас тахсар. Бэдэр тириитин биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргаттан тацас гынан туһаналлара билигин даҕаны баар аныгы олоххо.
Билигин Бэдэр олус аҕыйаан турар эбит, ол иһин кестен ааһара лаппа аҕыйаабыт, ол биричиинэтэ:
- Булчуттар.
- Бөрө элбэҕэ.
- Бултаан аһыыр кыыла аҕыйаҕа.
- Айылҕа алдьаныыта
Түмүк
Мин Бэдэр туһунан үөрэтэммин билиим хацаата, эстэн эрэрин истэммин аһыйа санаатым, кини сиэмэх да буоллар, эриэккэс, күндү түүлээх кыыл буоллаҕа. Бу улэбин үөрэтэммин, ырытаммын, Бэдэри элбэтэр тустаах бырайыагы арыйан, маннык улэлэр ыытыллыахтаахтар эбит диэн түмуккэ кэллим.
Бэдэри элбэтии туһугар туох үлэ ыытыллыан нааданый:
- Айылҕаны харыстаан төрүүр-ууһуур эйгэтин, сирин кэцэтии
- Бултаан аһыыр кыылларын элбэтии
- Бөрөнү аҕыйатыы
- Булчуттары хонтуруоллааһын
- Кыһыл кинигэҕэ киллэрии.
2014 сыллаахха Сахабыт сирин учуонайдара В.Т. Седалищев уо.д.а Бэдэри кыһыл кинигэҕэ киллэрии туһунан ыстатыйа таһаарбыттар эбит.
Туһаныллыбыт литература:
- https://givnost.ru/rys-zhivotnoe-opisanie-osobennosti-vidy-obraz-zhizni-i-sreda-obitaniya-rysi/#Vidy
- https://cyberleninka.ru/article/n/materialy-po-ekologii-rysi-lynx-lynx-l-1758-yakutii
- Россия кыылларын энциклопедията