студентки 1 курса ФАРМ-21 Харабыновой Саши на тему : "Василий Николаевич Титов айымньытыгар уус-уран тыл көстүүтэ"
статья

Василий Николаевич Титов айымньытыгар уус-уран тыл көстүүтэ

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл Статья на якутском языке91.12 КБ

Предварительный просмотр:

Василий Николаевич Титов айымньытыгар уус-уран тыл көстүүтэ.

2.1. Суруйааччы тылын ырытыы, чинчийии суоллара.

Сайдыылаах литэрэтиирэҕэ «Суруйааччы тылдьыта» диэн мээнэҕэ оҥоһуллубат. Суруйааччы тыла – норуоппут олорон кэлбит олоҕун дьиҥнээх туоһута, билиҥҥи кэми уонна инникигэ ыра санаабытын сырдатар уус-уран ойуулааччы. Айымньы тылыгар олоҕуран, суруйааччы тылын үөрэтии айымньы кэрэтин дьиҥ кистэлэҥин билии, суруйааччы истиилин быһаарыыга холонуу буолар. Маны таһынан айымньыны ырытыы бэйэ айар дьоҕура сайдарыгар туһалыыр.

Нуучча литэрэтиирэтигэр тыл үөрэхтээхтэрэ, литературоведтар, кириитиктэр суруй        ааччы тылын туспа тутан эбэтэр суруйааччы истиилин быһаарыыга сыһыаран ырыталлара, тыл айымньыга сүдү суолтатын быһаараллара. Олор истэригэр биллиилээх кириитик В.Г. Белинскэй, тыл үөрэхтээхтэрэ, литературоведтар В.В. Виноградов, А.И. Ефимов, Н.О. Карет, Г.Л. Абрамович, П.Г. Пустовайт, М.Б. Храпченко о.д.а. бааллар.

«Уус-уран айымньы тылын үөрэтии соругунан литературнай айымньы идейнэй уонна эмоциональнай ис хоһоонун арыйар лингвистическэй ньымалары көрдөрүү буолар», - диэн В.В. Виноградов бэлиэтээбитэ (6.170).

Суруйааччы тылын суолтатын туһунан маннык баар: «Литературнай айымньыга тыл оруола киһи олоҕун, психологиятын хайа эрэ түгэнин көннөрү бэлиэтээһиҥҥэ буолбакка, кини уус-уран түмүктээһиннэри айарыгар сытар. Уус-уран айымньыга тыл ураты кырааскаланар уонна хатыламмат уобараһы ылынар» (22, 363). Бу араас кэмҥэ этиллибит икки санаа суруйааччы иннигэр тылы таба туттууга кытаанах ирдэбил турарын ыйар.

30-с сылларга суруйааччы, тыл үөрэхтээҕэ А.А. Иванов-Күндэ: «Тылы сайыннарар, тылга саҥа тыллары киллэрэр улахан кэскиллээх оҥоһуу буолар. Онон итини бэккэ диэн ырытан, ыраҥалаан, быһааран, үчүгэйдик үөрэтэн, үлэлээтэххэ сөп буолуох тустаах» (11, 254); онтон биллиилээх суруйааччы С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин: «Ырыаһыт дуу, суруйааччы дуу бэйэтин айар суругун суруйар күлүгэр ол омук тылын эҥин-эгэлгэ ууһун дьоҕурдаан чочуйан суруйар куолута» диэн этиилэрэ кинилэр айымньы кытаанах ирдэбиллэрин кэрэһэлиир.

Кэлиҥҥи кэмҥэ норуот тылынан уус-уран айымньытын, А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, Н.Д. Неустроев, П.А. Ойуунускай, А.А. Иванов-Күндэ, С.С. Яковлев-Эрилик Эристиин айымньыларын тылын, академик П.А. Слепцов киэҥник уонна дириҥник ырыппыта. Литературоведтар Г.К. Боескоров, Н.З. Копырин монографическай үлэлэригэр айымньы тылыгар улахан болҕомто уураллар. Филологическай наука доктора, профессор Г.Г. Филиппов, ф.н.к., профессор И.П. Винокуров, ф.н.к. М.П. Алексеев-Дапсы, Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр үнстүтүүт учуонайдара М.А. Черосов, Н.Н. Неустров о.д.а. суруйааччылар тылларын ырытан, үгүс боччумнаах үлэни бэчээккэ таһаардылар. Литературоведтар В.Г. Семенова Алампа поэзиятын, П.В. Максимова Петр Тобуруокап, Е.А. Архипова Иван Арбита айымньыларын тылын ырыппыттара кэрэхсэнэр. Суруйааччылар бэйэлэрэ – Күннүк Уурастыырап, Семен, Софрон Даниловтар о.д.а. айымньыга тыл суолтатын, тылга болҕомто туһунан ыстатыйалары суруйан хааллардылар. Олоҥхо курдук сүдү айымньы ааптара, толорооччута, норуотунай поэт Күннүк Уурастыырап эдэр ааптардар литэрэтиирэҕэ тыл суолтатын тиэрдэ сыаналаабаттарын, тыл «ис күүһүн», чувствотын кытта аахсыбаттарын туһунан элбэхтик суруйбута (11, 191-193).

М.П. Алексеев-Дапсы: «Суруйааччы – норуот духовнай культуратын иҥэриммит буолан, үйэҕэ мунньуллубут үтүө үгэстэрин байытааччы, үйэтитээччи», - диир (1, 3).

Оттон литературовед Г.Л. Абрамович: «Создание живых картин или живое выражение человеческих переживаний, чувств, эмоционально окрашенных мыслей возможно только при владении писателем всем богатством его национального языка» диэн этэр (2, 134-172). Кырдьык даҕаны, төрөөбүт тылын сүөгэйин, сүмэтин иҥэриммит суруйааччы ааҕааччыны долгутар айымньыны айан эрдэҕэ. Онтон ол айымньы тылын ырытыы – кэрэни кытта алтыһыы, онтон дуоһуйуу.

Уус-уран литэрэтиирэ тыла диэн суругунан литэрэтииринэй тыл. Саха литэрэтииринэй тылын истииллэриттэн саамай чочуллубуттара, олохсуйбуттара буолар. Академик П.А. Слепцов: «Литературнай тыл сайдыытыгар аҕа суруйааччылар тыллара уонна истииллэрэ бүгүҥҥү күҥҥэ принципиальнай суолталаахтар», (17, 56) – диир уонна 1950-60 сылларга П.А. Ойуунускай, литэрэтиирэни төрүттээбит суруйааччылар А.Е. Кулаковскай-Өксөкүүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, Н.Д. Неустроев ааттара тиллиитэ саха литэрэтииринэй тылын нуорматын сайдыытыгар уһулуччу сабыдыаллааҕын бэлиэтээбитэ. Манна профессор Г.Г. Филиппов этиитин, санаатын киллэрэр тоҕоостоох: «Саха литературнай тылын нуормата А.Е. Кулаковскай айымньыларын тыл төрүт үгэстэрин тутуһуннаран олохсутуллубута көстөр» (19, 72-83). Онон «Литературнай тыл чочуллуута – үгүс көлүөнэ сырата. Ол эрээри сүрүн тэрийэр, чочуйар оруолу суруйааччылар ылаллар» (17, 56).

Литэрэтииринэй тыл нуорматын үөрэтии уус-уран литэрэтиирэ тылын үөрэтииттэн атын. Литэрэтииринэй тыл истииллэргэ арахсар. Айымньы тылыгар атын истиил көстүүтэ элбэх. «Хас киһи ураты куоластаах буолар. Бэйэтин көрбөккө да эрэ, куолаһын истэн, ким саҥарбытын эндэппэккэ билэҕин. Уус-уран литератураҕа эмиэ оннук. Этэр курдук, хас суруйааччы бэйэтэ анал куоластаах буолуохтаах. Литератураҕа ити – булгуччулаах көрдөбүл», - диэн Саха норуотунай суруйааччыта Софрон Данилов бэлиэтээн турар (7, 196).

Айар тыл айылгыта атын, эккэ-хааҥҥа, сүрэххэ-быарга, өйгө-санааҕа иитийэхтэнэн көймөстөн-көөнньөн, төлө көтөн тахсар ытык түгэнэ илистиилээх да, өрөгөйдөөх да… (3, 51).

Сурук тыла – норуот бүттүүн тыла. Оттон ону чочуйааччынан, олохсутааччынан дьиҥ-чахчы тыл маастара – суруйааччы буолар.

Литэрэтиирэни чинчийээччилэр бүтүн эпоха дьоно биир ураты айар ньыманы тутуһалларын уонна биир дойдуга олорор суруйааччылары түмэр биир баһылыыр истиил баар буоларын ыйаллар. Ол гынан баран хас биирдии суруйааччы кимиэхэ да майгыннаабат бэлиэ сиһилиир үөрүйэхтээх буоларын билинэллэр. Саха литэрэтиирэтигэр суруйааччыны атын суруйааччыттан туох туспатыттан, биир суруйааччы сиһилиир үөрүйэҕэ атынтан уратыта туохтан буоларын да, анаан чинчийэ, үөрэтэ иликтэр (19, 38).

Айымньы тылын араас өттүнэн киирэн ырытыахха сөп. Н.М. Заболоцкай-Чысхаан дьүһүннээн эппитинии, ойуурун көрдөрбөккө маһын ыйан иһиигэ холонуу эрэ буолар (1, 7).

Василий Титов айымньылара «уларыта тутуу» кэмэ дьоҥҥо-сэргэҕэ саҥа өйү-санааны, саҥалыы тылы-өһү киллэриитин үгэнигэр айыллыбыттара. Айымньылара баһыттан атаҕар диэри мэҥэһик-мэҥэһик паараласпыт тыллара, хоһулаһыылара элбэҕэ; дьүһүннүүр тыллар, бэргэн этиилэрэ, өһүн хоһоонноро, тэҥнээһиннэрэ, нуучча тыла түбэһиэх киирбитэ үгүһү этэллэр.

В.Н. Титов суруйбут айымньылара, өбүгэ үгэһин ытыктыыр, кини духовнай-эстетическэй культуратын, төрүт тылын-өһүн иҥэриммит, сүппэт, сууйуллубат истииллээх буоларыгар итэҕэтэллэр дии саныыбын.

Бу санаанан салайтаран, Василий Титов айар тылын үөрэтэргэ, кини айымньыларын биир күдьүс ситимниир сорох сүрүн бэлиэлэригэр тохтуоҕун.

Паараласпыт тылы, хоһулаһыыны туттуу. Тылы холбоон (пааралаан) туттуу – саха тылыгар тэнийбит, түҥ былыргы тылы үөскэтэр ньыма. Саха тылыгар араас саҥа чааһа, маарыннаһар да, утарыта да суолталаах тыл барыта ханыылаһыан сөп. Маннык тыл халыыба хатыланан дорҕоон дьүөрэлэһэр буолан истэргэ кэрэ, тыл суолтата кэҥиир, этии ис хоһооно байар, тупсар (4, 62). Василий Титов паараласпыт тыл ураты суолтатын, санааны сатаан сааһылыыр күүһүн таба көрөн айымньытыгар туһанар.

Айымньы туллар тутааҕа, тыҥааһыннаах быһыы-майгы сайдар сүрүн мэктиэтэ интэриэһинэй ситимнээх этии буолар. Онон этии ис хоһооно хомоҕой, ааҕааччыга чугас буоларыгар биир ордук улахан суолталаах ньыма – тылы ханыылаан (пааралаан) туттуу (4, 62). Икки тус-туһунан тыл хоһулаһан биир өйдөбүлү бэлиэтииллэрин паараласпыт тыллар дэнэр. Оннук хоһулаһыыга саҥа лексическэй биирим (лексема) үөскүүр. Паараласпыт тыллар суолталара аҥардыыларын суолталарыттан үксүгэр киэҥ буолар. Ол, паара аҥаара туспа суолтата да суох буоллаҕына, уларыйбат.

Пааралаһыыттан тыллары хоһулаһыыны араарыллыахтаах. Тыл хоһуластаҕына, лексическэй суолтата күүһүрэн, эбии грамматическай суолта үөскүүр. Хоһуласпыт тыл дэгэт суолтата олус киэҥ: барамай (предмет) бэлиэтэ улаханын-кыратын, толорутун-быһаҕаһын көрдөрөр, бэлиэни күүһүрдэр-сымнатар, хайааһын араас тэтимин биэрэр, иэйии эгэлгэ дэгэтин арыйар кыахтаах. Саха тылын үөрэҕэр саҥа чаастарыттан ордук аат тыл, даҕааһын аат, солбуйар аат, тыаһы үтүктэр, дьүһүннүүр туохтуур хоһулаһан туттуллаллар (3, 69-70). Хоһулаһыыга биир тыл олоҕо хатыланар. Хоһулааһын үксүгэр ситилистическэй эбэтэр грамматическай эрэ суолталары биэрэр аналлаах. Ол эрээри хоһулааһыынан саҥа лексическэй биирим үөскээһинэ дэҥ эмиэ баар буолар. Ол курдук сыһыаттарга көстөр. Холобур: биир-биир, өтөр-өтөр, сотору-сотору, дөрүн-дөрүн о.д.а. Туспа лексическэй биирим буолар маннык хоһулаһыылары паараласпыт тылларга киллэриэххэ сөп.

Василий Титов айымньыларыгар тыл хоһулаһан:

- лексическэй суолтата күүһүрэн, эбии грамматическай суолта үөскүүр. Хоһуласпыт туохтуур лексическэй суолтата күүһүрдэҕинэ, араас көрүҥү бэлиэтиир (хайааһын хат-хат, элбэхтик оҥоһулларын), аат тыл – барамай ахсаанын, хомуур суолтаны, тыаһы үтүктэр тыл тыас хатыланарын көрдөрөллөр;

- тыл хоһулаһан дэгэт суолтаны ылынар. Иэйии араас толбонун – уордайыыны, уйадыйыыны, эмоциональнай кыраасканы, о.д.а. – көрдөрөр. Онон Василий Титов хомоҕой, дириҥ ис хоһоонноох прозатыгар хоһуласпыт тыллары таба туһанар. Айымньытын тылыгар хоһуласпыт тыллар өйдөбүллэрин, көстүүнү дириҥник, бары өттүнэн толору, киэҥник, чаҕылхайдык көрдөрөр. Уобарастарын арыйар, тыл кэрэтик иһиллэрин ситиһэр, хоһоону тупсарар саха тылын уус-уран этигэн ньыматын быһыытынан табыгастаахтык туттар.

Лексикологияҕа паараласпыт тыллары куруук биир тыл курдук көрүллүөхтээх, тус-туһунан компоненнарга араартаан көрөр табыллыбат. Тылдьыттарга даҕаны туспа лексическэй биирим курдук бэриллэллэр (4, 24-26).

Паараласпыт тыл уонна хоһулаһыы тыл ситимин арааһа буолаллар, лиэксикэни байыталлар. Ол эрээри паараласпыт тылы, хоһулаһыыны уус-уран айымньыга хойуутук туттуу үксүн суруйааччы айар истиилиттэн быһаччы тутулуктаах диэммит, ону Василий Титов туһааннаах бэлиэтээһинигэр, суруйар тылын быстыспат истиилигэр кытыарабыт.

Түһүмэх-түһүмэх айымньы тылыгар ыйааһыннаах, бары өттүнэн чочуллубут үөрэ-дьүөрэ тыл, уобарас ситэри аһыллыытыгар тиийбэт эбит. Дьэ, ол иһин Василий Титов айылҕа көстүүтүттэн саҕалаан киһи тас көрүҥүн ойуулааһыныгар тиийэ паараласпыт тылы тоҕоостоох түгэнигэр оруобуна сөп түбэһиннэрэр. Ойууланар хартыынаны ордук дьэҥкэрдэн, киһи хараҕар чахчы субу көстөн кэлэр гына көрдөрөр.

Саха тылыгар тылы ханыылыы (паараласпыт тылы) туттуу өбүгэ саҕаттан баар көстүү. Бу түбэлтэҕэ тыл формата хатыланыыта, дорҕооно дьүөрэлэһиитэ тылы тупсарарын, суолтата кэҥээн саҥа өйдөбүлү биэрэрин билэбит.

Тыл сатабылын толору туһанан, сатаан имитэн-хомутан туттубут буолан, айымньылара ураты күүстээх, чаҕылхай. Ол курдук, 941 паараласпыт, 217 хоһуласпыт төрүт тылы туһанар.

Түөлбэ тыла. Олохтоох говордарга (улуустарга) эрэ туттуллар саха бүттүүн билбэт тыллара диалектнай тыллар (лексические диалектизмы) дэнэллэр. Саха тылыгар диалектнай лексика тарҕаныыта биир тэҥэ суох.

Диалектнай тыллартан (лексемалартан) ураты диалектнай суолталаах тыллар бааллар. Ол курдук олохтоох говордарга бүттүүн тыл тыла атын саҥа суолтаҕа туттуллуон сөп (4, 92-93).

Билиҥҥи кэмҥэ литэрэтииринэй тыл сабыдыалынан диалектнай лиэксикэ сыыйа симэлийэн, кыараан иһиэхтээх. Ол гынан баран, иккис өттүнэн, саха литэрэтииринэй тыла диалектнай лиэксикэтиттэн наадалаах тыллары сыыйан ылыныыта ситэ илик. Инникитин литэрэтииринэй лиэксикэ хаҥыырыгар ордук эквивалена суох диалектнай тыллар суолталаахтар. Итинник тыллар бүттүүн тылга чопчу араарыллан этиллибит саҥа өйдөбүллэри бэлиэтииллэр, онон саха бүттүүн национальнай олоҕор наадалаах өйдөбүллэри этэр өттүлэрэ литэрэтииринэй тылга киирэн иһиэхтэрэ (20, 211-216).

Литэрэтииринэй тылга түөлбэ тылын туттуу нуорманы кэһиигэ тириэрдэр эбит буоллаҕына, суруйааччы тылын нөҥүө кини анала уларыйар. Айымньы ааптара түөлбэ тылы уобарастарын олохторун-дьаһахтарын, үөскээбит сирдэрин-уоттарын уратытын көрдөрөөрү туттар. Филологическай наука кандидата Р.Р. Жиркова, Н.М. Заболоцкай-Чысхаан «Күн да уһун» сэһэнигэр киирбит түөлбэ тыллары ырытан баран, маннык түмүгү оҥорор: «Элбэх диалектнай тыллар туттуллуулара айымньы тылын-өһүн сымсаппаттар, хата, төттөрүтүн, баай ис хоһоонноон киэргэппиттэр. Бу диалектнай тыллар түөлбэ историятын, олоҕун, үлэтин ааҕааччыга кэпсииллэр, биллэрэллэр» (9, 42).

Василий Титов суруйбут айымньыларыгар үс Бүлүү түгэҕэр олохтоох киһи билбэккэ моһуогурар тыла көстүбэт. Ол эрээри 66 ахсаана ылылынна.

Нуучча омугуттан киирии тыл диэнинэн кэпсэтиигэ куруук кэриэтэ туттуллар, лиэксикэбитин дьиҥ-чахчы байыппыт араҥа ааҕыллар кыахтаах (4, 47). Оччотооҕуга – айымньыга ойууланар олоххо, кэмҥэ-үөрэҕэ да суох саха өйдүүр тылын ааптар бэйэтин тылыгар, уобарастарын саҥаларыгар өрүү киллэрэр. Хайа да омук тылын баайа бэйэтиттэн эрэ тахсыбат, тыл атын тыллартан бэлэми эмиэ ылынар. Оннук ылыныы -  тыл словарнай састааба хаҥыыр биир сүрүн суола (3, 92). Норуот быһаччы сыһыаннаһар, ыксалаһар норуотун тылыттан ылынар. Онуоха саҥа тыллар туох эмэ саҥаны (саҥа барымтаны, өйдөбүлү) кытта киирэллэр. Онон атын тылтан элбэх ахсааннаах тылы ылыныы үгүс өттүгэр туһааннаах норуот хайа эмэ өттүнэн сабыдыалын көстүүтүнэн буолар (10, 12-64).

Нууччаттан киирии тылларга, төрүт нуучча эрэ тыллара буолбакка, нуучча тылынан эргийэн киирэр атын омуктартан төрүттээх тыллар, тиэрминнэр кытары киирсэллэр. Олохпут тутула уларыйбытынан, сурук үөдүйүүтүнэн, үөрэх тэнийиитинэн, култуура, наука сайдыытынан, тиэхиньикэ тарҕаныытынан сиэттэрэн, нуучча тылыттан саха тылыгар, дьиэ эргиннээҕи өйдөбүллэри бэлиэтиир тыллар эрэ буолбакка, элбэх общественнай-политическай, научнай-техническэй тиэрминнэр, абстрактнай өйдөбүллэри бэлиэтиир тыллар киирдилэр уонна киирэ тураллар (14, 58-67). Нууччаттан ылыныы билигин тыл тылга быстах сабыдыалын эрэ курдук өйдөммөт, саха литэрэтииринэй тылын салгыы үүнүүтүн көрдөбүлүнэн буолла. Ол нуучча тыла билиҥҥи кэмҥэ саха тылыттан үрдүкү сайдыылааҕынан төрүөттэнэр. Нууччаттан киирии тыллар араҥалара билиҥҥи кэмҥэ олус киэҥ, ол литэрэтииринэй тыл ылыныытыгар ордук сыһыаннаах. Кэпсэтии тылыгар ылыныы оннооҕор кыараҕас (20, 167-172).

Василий Титов айымньыларын суруллубут кэминэн ылар буоллахха, кэлин киирии тыл ордук хойуутук көстөр. Ол курдук уопсастыбаннай-бэлэтиичэскэй, эргиэҥҥэ, тиэхиньикэҕэ, сир оҥоһуутугар, дьиэ-уот барааныгар, таҥаска-сапка сыһыаннаах тыллары суруйааччы бэйэтин суруйар истиилигэр буолбакка уобарастар саҥарар тылларыгар, кинилэри тулалыыр кэм-кэрдии ойууланар быстах кэрчиктэригэр туһанар. Онуоха ырытыллыбыт айымньыларга 743 араас нууччаттан киирии тылы көрөбүт.

Ити 1970-80-с сыллар кирбиилэригэр нуучча тыла саха тылыгар күүскэ, биллэ дьайан киирбитин туоһута буолар. Онтон Василий Николаевич айылҕаны, киһини, харамайы ойуулааһына, дьүһүннээһинэ кини төрөөбүт норуота үөскэппит тылын баайын, ис кыаҕын бэргэнник, толору туһанарын көрөбүт.

Дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр тыллар. Василий Титов айымньыларыгар хайааһыны бэлиэтиир (образные глаголы движения); дьүһүнү ойуулуур (глаголы зрительного образа); быһыыны-туттууну көрдөрөр (глаголы чувственного состояния) дьүһүннүүр туохтуурдар хото туттуллубуттар. Айымньыга киирбит сорох туохтуурдары бөлөҕүнэн арааран көрдөххө, араас суолтаны бэлиэтииллэр. Дьүһүннүүр тыл саха тылын кэрэ, бэлиэ уратыта буоларын өссө А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй көрдөрөн турар.

Дьүһүннүүр тылы, табан тутуннахха, уус-уран айымньыны хайдахтаах курдук киэргэтэрин, тупсарарын, олоххо чугаһатарын этэ да барыллыбат (10, 71-72).

Василий Николаевич айымньыларыгар 329 дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр тыллары холбоон туһаммыт ахсааннарын, инникитин үөрэтээччи, ааҕааччы бэйэтэ тэнитэн өйдүүрүгэр эрэнэн, ыйан эрэ аһарабын.

Бу иһиттэн биир маннык суолу арааран бэлиэтиир тоҕоостоох. Урукку бириэмэҕэ уус-уран айымньыга уобарас тас мөссүөнэ, хамсаныыта кини ис дууһатын күлүгэ буоланнар тыыннаах киһи, харамай уобараһа кыайан бэриллибэт эбит буоллаҕына, Василий Титов кэминээҕи бары айымньыларга төттөрүтүн, тардар тымырдаах, тэбэр сүрэхтээх, эгэлгэ быһыылаах-тутуулаах, майгылаах, өйдөөх буоланнар, кини айымньыларыгар киһи эрэ буолбакка кыыл-сүөл эмиэ биллэр-көстөр миэстэни ылаллар.

Тэҥнээһин. «Саха тылыгар саамай сайдыбыт, киэҥник тарҕаммыт ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманан тэҥнэбил буолар», - диэн Ю.И. Васильев-Дьаргыстай этэр. Бэйэм суоттааһыммынан, Василий Титов айымньыларыгар 297 тэҥнэбил баара быһаарылынна. Аҥаардас бу даҕаны көрдөрүү суруйааччы тылын-өһүн баайа сайдан испитэ, кини тэҥнэбиллэри сатабыллаахтык, сөбүлээн туттарыттан көстөр. Ааптар туттар тэҥнэбиллэрэ чаҕылхайдар, бэргэннэр, сытыылар. Кинилэр суруйааччы улахан талаанын туоһутунан буолаллар. Бу ньымаҕа көстүүнү бэйэтин хоһуйуу оҥоһуллубат, киниэхэ уруккуттан баар, биллэр көстүүлэртэн сөп түбэһэр тэҥнэбил булуллар, онон ойуулааһын оҥоһуллар.

Тэҥнээһини хоһуйуу ньыматынан араарар уустук. Ол уус-уран ойуулааһын бу икки ньымаҕа хайаларыгар да көспүт суолта көмөтүнэн оҥоһулларыттан тахсар. Хайа баҕарар көспүт суолта ис хоһоонугар тугу эмэ туохха эмэ тэҥнээн этии өйдөбүлэ, тэҥнээһин логиката хайаан да баар буолар. Оттон тэҥнээһин ньыматыгар көстүү күннээҕи олоххо уруккуттан баарга, биллэргэ холуйуллар, ол иһин тылга саҥа ситим үөскээбэт, көнө суолтаҕа хаһан баҕарар туттуллар көҥүл ситим кэлимнии көспүт суолталанан уус-уран ойуулааһыны биэрэр. Тэҥнээһиҥҥэ көстүүнү бэйэтин бэлиэтинэн ойуулааһын оҥоһуллубат, атын көстүүнү булан онно тэҥнэниллэр (20, 317-321).

Василий Титов туттар тэҥнэбиллэрэ уобарастар быһыыларын, санааларын, туруктарын, кинилэр майгыларын, характердарын өссө дириҥэтэн, өссө күүһүрдэн көрдөрүүгэ туһаныллаллар.

Кыраҕы тэҥнээһин олох уопутуттан, мындыр өйтөн тахсар, уус-уран айымньы уобараһын байытар, киһи тулалыыр эйгэтин сонун хараҕынан көрө үөрэнэригэр иитэр, эстетитческэй ылыныы иитин кэҥэтэр.

Түмүктээн эттэххэ, айымньыларга туттуллубут тэҥнэбиллэр Василий Николаевич Титов аһыллан испит талаанын, кини тылын-өһүн күүһүн, бараммат барҕа баайын биир көстүүтүнэн буолаллар.

Үөхсүү, ыыс-бурут тыла олоххо, хомойуох быатыгар, баар, ону букатын тумнар айымньыга, арааһа, кыаллыбат. Василий Титов, тыл култууратын балачча баһылаабыт айааччы, олоҕу хайдах баарынан көрдөрөн, дьон кэпсэтэригэр 50-ча үөхсэр тылы кыбытарга күһэллэр. Онуоха сахалыы үөхсүүнү нуучча омук «байытыспыт» эбит.

 Бэргэн этии, ох тыла. Былыр-былыргыттан бөлүһүөктэр, учуонайдар, суруйааччылар бэргэн этиилэрэ, ох тыллара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, уос номоҕор кубулуйан туттулла сылдьаллар, туспа тылдьыт буолан тахсаллар. Аан бастаан ох тыллар диэн тиэрмини билиҥҥи суолтатыгар 1864 сыллаахха «Defiugelte Worte» диэн тылдьыты таһаарбыт тыл үөрэхтээҕэ, немец Георг Бюхман (1822-1884) туттубут. Ох тыл уонна бэргэн этии уратылара туохханый? Ох тыл икки эбэтэр хас да тыл ситиминэн бэриллэр метафоралыы этиигэ хабааннаах. Онтон литератураведческай тиэрмин тылдьытыгар афоризм өйдөбүлэ маннык бэриллэр: «Афоризм – обобщенная глубокая мысль определенного автора, вырожающаяся в локоничной, отточенной форме, отличающаяся выразительностью суждения» (18, 13). Саха литэрэтиирэтигэр литературовед Г. Васильев: «Афоризм – номох буолбут этии, ох тыл, кылгастык, сытыытык этиллибит түмүк санаа» (5, 28); Филологическай наука доктора В.Б. Окорокова: «Афоризм – ох тыл, айымньыга кылгастык, сытыытык, сонуннук этиллибит түмүк сана. «Суруйааччы ох тыллара» диэн анаан чинчийээччилэр хомуйаллар. Ону кытта афоризм норуокка биллэн, кэпсэтэр тылга киэҥник тарҕанар» (13, 33). Бэргэн этии, ох тыл айымньы сүрүн санаатын этэр. Тыл үөрэҕин хандьыдаата, тылбаасчыт Г.М. Васильев: «Афоризм чаҕылхай холобура – өс хоһоонноро», - диир. Оттон айымньыга уобарас характерын арыйар уус-уран ньымаҕа өс хоһооно туттуллуута өрүү баар буолар. Василий Титов айымньыларыгар, мунньан, 16 өс хоһооно булулунна.

Суруйааччылар, поэттар бэргэн этиилэрэ, ох тыллара уус-уран айымньыга суолталара улахан, кинилэр эстетическэй идеалларын биһиэхэ тириэрдэллэр. Бэйэ туһунан, дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ сыһыан туһунан араас толкуйу үөскэтэллэр, олоххо үөрэтэллэр. Суруйааччы тыла норуоппут баайа-дуола диир буоллахпытына, кинилэр бэргэн этиилэрэ, ох тыллара, М.А. Черосов этэринии, «аан дойду уонна национальнай культура кыһыл көмүс фондата» буолаллар.

Синонимнар. Омонимнары буларга тыллары тас оҥоһууларынан көрүллэр. Итиниэхэ төттөрү өттүнэн, а.э. тыллар этиллиилэринэн буолбакка, суолталарынан сөп түбэсиһиилэринэн, көрөн синонимнары булуллар (4, 38-40). Нуучча тылын синонимнарын академическай тылдьытыгар: «Синонимы – слова, обозначающие одно и то же понятие, следовательно, тождественные или предельно близкие по назначению»,- диэн этиллэр (8, 3). Бу да быһаарыы синонимнары буларга чуолкай ыйыы кыайан буолбат. Чугастыы суолталаах синонимнар биир буолбатах, ол эрээри уруулуу өйдөбүллэри бэлиэтииллэр (15, 96-101).

Синонимнар диэн үгэс курдук суолталарынан биир эбэтэр маарыннаһар тыллары ааттыыллар. Синонимнары булар уустук. Василий Титов 327 синоним арааһын таба туһанан, айымньыларын байытар. Ол тыллар суолталарынан маарыннаһыыларын көрүҥэ атын-атыныттан, онон маарыннаһыы уонна уратылаһыы быыһын булар уустугуттан тутулуктаах (4, 51-62).

Суруйааччы тыла – кини айымньытын тыла. Суруйааччы айымньытын тылын ырытыы – кини истиилин быһаарыы сүрүн хайысхата.

Суруйааччы тылын болҕойон үөрэтии – бардар баран иһэр, дириҥээтэр дириҥээн иһэр умсулҕаннаах айан. Онуоха араас суолу-ииһи, хайысханы тутуһуохха сөп. Ону чинчийээччи бэйэтэ быһаарар.

2.2 Синонимныы тыллар туттуллуулара.

Суруйааччы айымньыларын тылыгар-өһүгэр туһаммыт суруйуу ньымаларыттан, тылы хайдах сааһылаан, дьаарыстаан туһанарын көрөн быһаарыахха сөп. Ол айымньы кыратыттан-улаханыттан тутулуга суох. Василий Титов айымньыларыгар суруйуу ис хоһоонугар дьүөрэлии уус-уран тылынан суруйуу дьоҕура көстөр. Кини айар дьоҕурун таһыма айымньыларын тыла баайын туоһулуур лексическэй өйдөбүллэргэ толору арыллар.

В.Н. Титов айымньыларыгар синонимныы тыллар туттуллууларын наардаталаан көрөн баран, айымньыга биирдиилээн киллэрии бэрээдэгинэн ахсаанын ыйабын:

- «Хомурах туруйата» роман 1,2 чааһа – 206;

- «Таптал сэргэтэ» кэпсээннэрин хомуурунньугар – 29;

- «Этиллибэтэх кырдьык» сэһэнигэр – 60-ча;

- «Бэҕэһээ уонна бүгүн» сэһэнигэр – 20-чэ;

- «Тиһэх дабаан» сэһэнигэр – 41.

Айымньы тылын-өһүн саамылаатахха, синонимныы тыллары ааптар хас даҕаны бөлөҕүнэн киллэрэрин бэлиэтиибит. Ол курдук синонимнаһар тыллар ханыылаһаллара суруйууларга биир дэгиттэр ньыма быһыытынан көстөр: (кыһыы-аба, тумуу-сөтөл, астынан-дуоһуйан, ууһуур-тэнийэр, киэҥник-холкутук, о.д.а.).

Маны таһынан синонимныы суолталаах тыллар дьүөрэлэһэн (эйэлээх, иллээх; мунаара-саарбахтыы, о.д.а.)  туттуллуулара эмиэ балачча көстөр. Онон ырытыыга синонимныы тыллар бөлөхтөрүн биир-биир көрдөрүүгэ таһаарабын.

2.2.1. Ханыылыы синонимнар.

Василий Титов айымньыларыгар синонимнары ордук чаастатык ханыылаан туттара көстөр. Уус-уран суруйууларыгар маннык тыллар бары кэриэтэ саҥа чаастарыгар бэриллибиттэр.

Аат тылга:

- үбүҥ-харчыҥ, ыарҕаны-талаҕы, эрэйи-муҥу, ыалдьыт-хоноһо, о.д.а. («Таптал сэргэтэ»);

- көрүү-харайыы, сир-дойду, сыры-айан, өрөбүл-сынньалаҥ, үҥсүү-донуос, о.д.а. («Этиллибэтэх кырдьык»);

- атыы-эргиэн, ыһыы-хаһыы, быһыы-майгы, о.д.а. («Бэҕэһээ уонна бүгүн»);

- соро-кыһалҕата, о.д.а. («Тиһэх дабаан»);

- бэлиэтэ-охсуута, өлүү-сүтүү, сөҕүү-махтайыы, сырыы-айан, дэҥ-оһол, саа-сэп, доҕоро-атаһа, кырдал-сыһыы, о.д.а. («Хомурах туруйата» 1 чааһа);

- сэниэ-күүс, дурда-хахха, эргиэн-атыы, күрүөнү-хаһааны, анала-ирээтэ, о.д.а. («Хомурах туруйата» 2 чааһа);

Аат тылынан бэриллибит ханыылыы синонимнары ааптар киллэриитэ сорох уратылардааҕын ыйыахха сөп.

 - аат тыл төрүт да, үөскээбит да олоҕунан пааралаһыыта көстөр (сир-дойду, өрөбүл-сынньалаҥ, о.д.а);

- нууччаттан киирии тылы тумнар, биир эмэ бэлиэтэнэр (үҥсүү-донуос, суот-учуот, о.д.а);

- тылга туттуллуута тарҕаммыт синонимнары киллэрэр (эрэй-муҥ, ыалдьыт-хоноһо, атыы-эргиэн, о.д.а).

Этиигэ туттуллуута араас өрүттээх. Холобур, туһаан буолар түбэлтэлэрэ: Атыыр тайах сэниэлээх, тохтоон биир сиргэ туруута, туһата кыра, өссө дэҥ-оһол тахсыан сөбө (ХТ 1. 78).

- Сырыы-айан да барыларын илиһиннэрдэҕэ (ХТ 1. 90).

- Сир-дойду күөҕүнэн көрбүтэ (ЭК 86).

Толоруу быһыытынан туттуллуута:

- «Үбү-харчыны биэриини тохтотобут!» диэн үөһээҥи салалта хаста да сэрэппитэ (ЭК 101).

- Кини туһугар уонна эн биһикки тапталбыт туһугар хайдахтаах да эрэйи-муҥу, атаҕастабылы тулуйуом диэн кытаанахтык андаҕайабын (ТС 108).

- Дьиэтигэр-уотугар табыллыбат, эрэйи көрөр хайдахтаах да эр киһи тастыҥ дьайыыны, утарсыыны, арахсыбат эрэйи-кыһалҕаны тулуйуон сатаммат (ЭК 45).

Сиһилиигэ туттуллуута:

- Чэри кыыһы Дарба баай хаҥыл акка состорон, ыарҕаны-талаҕы үрдүнэн хаамтаран Чагдаайыга суккуруур тыыннаах эрэ аҕалбыта үһү (ТС 117).

- Оччону өрөбүл-сынньалаҥ диэбэккэ сүүрдүм-көттүм ини (ЭК 111).

Даҕааһын аакка. Ханыылыы синонимнар даҕааһыҥҥа көстүүлэрэ, уопсайынан да, тарҕамматах суол. Ааптар суруйууларыгар маннык түбэлтэлэри булуохха сөп:

- дьиҥин-чахчытын, үгүс-элбэх, киэҥ-холку, уоттаах-төлөннөөх, симик-килбик, аһыныгаһын-амараҕын, үтүөлээх-өҥөлөөх о.д.а;

Көстөрүн курдук, даҕааһын аатынан бэриллибит синонимныы тыллары пааралаан туттуу тэнийбэтэх. Бу тылларга көрдөххө, төрүт олохтоох (симик-килбик), үөскээбит олохтоох (уоттаах-төлөннөөх), ааттыйбыт форма (дьиҥин-чахчытын) киирбиттэр. Этиигэ быһаарыы, толоруу, кэпсиирэ сорҕотун быһыытынан быһаарыахха сөп.

Холобур:

- Урукку-хойукку буруйа да хойуу ини (ХТ 2, 123) – быһаарыы оруоллаах.

- Киһи уруккутун-хойуккутун ытыктаан ону-маны ыыттаҕына-хайаатаҕына – киһим баһылыы-көһүлүү үөрэммит куолаһа биллэн барда (ТС 15) – толоруу.

Сыһыатынан бэриллибит ханыылыы синоним биир эмэ көстөр:

- Көҥүл-босхо Кремль поликлиникатыгар сынньанан, дуоһуйан тахсыбыт тэҥэ, эдэригэр түспүккэ дылы буолара (ХТ 2. 21).

- Халыҥ үөрдээх айан куһа хонуу ууларыгар көҥүллүк-босхотук көччүйэ көрүлүүр (ТС 99).

Туохтуур формаларыгар бэриллибит синонимныы тыллар ханыылаһыылара айымньы тылыгар-өһүгэр хото туттуллар, ааптар маннык суруйуулары бары айымньыларыгар сэргээн киллэрэр. Холобур: аһаабат-сиэбэт, ойуулаабыт-дьүһүннээбит, аалара-кэрбиирэ, ааспатах-арахпатах, ууруу-сыллыы, мөҕөр-үөҕэр, быыппастыннахха-ыгылыйыннахха, уостан-сүтэн, хоргутар-хомотор, саппаҕырбыт-илистибит, өйдөтөр-сүбэлиир, хараҥаран-лүҥкүрэн, ааспат-арахпат уо.д.а.

Сыһыат туохтуур, аат туохтуур, туохтуур тэҥинэн киирбиттэр, ордук ураты ханыылаһыы диэн манныктары бэлиэтиэххэ сөп: сээбэҥнэһэн-сэрэхэдийэн, сүппүт-быралыйбыт, элэктии-хаадьылыы, төрүттээн-уустаан, ытыыр-энэлийэр, о.д.а.

Туохтуур туттуллуута киэҥ, араас уларыйыылара бааллар. Холобур:

Билиҥҥи кэмҥэ: Селектор, күөх, кыһыл уоттарынан тырымныы, хачыгырыыр-тыҥкыныыр (ЭК 7);

- Туоххун да ордорбокко ууруубун-сыллыыбын (ЭК 39);

Урут ааспыт кэмҥэ: Үһүйээн этэринэн, кыыс эмиэ талыы-талба тыһы туруйаҕа кубулуйан, хас эмэ үйэҕэ хотун туруйанан аатырбыт-сураҕырбыт (ХТ 2. 16).

- Былыр-былыргыттан көтөр-сүүрэр олохсуйбут, ууһаабыт-тэнийбит эбит (ХТ 2. 67);

Кэлэр кэм формалаах: Оччоҕо олоҕуҥ байыаҕа-тупсуоҕа (ХТ 2.19).

- Кыыс үүрэр саҥатыттан сааскы үрүҥ түүл тыа иһигэр саһыа-кирийиэ, саҕаланна чэбдик, күөрэгэй ырыатынан толору үтүөкэн сарсыарда (ТС 102).

Тыаһы үтүктэр, дьүһүннүүр туохтуурдарга синонимныы тыллар ханыылаһыылара эмиэ көстөр: (ытыыр-энэлийэр, күүрбүт-тыҥаабыт, сүт-дьирэлий, саппаҕырбыт-илистибит, өлбөөдүйбүт-саппаҕырбыт, туоххаһыйбыта-тулаайахсыйбыта, быыппастымыахха-ыгылыйымыахха, хачыгырыыр-тыҥкыныыр, нэһирбит-дьиппинийбит, о.д.а).

Сүнньүнэн, уус-уран хоһуйар тиэкистэргэ дэгиттэр суолталаах ситимнэри булуохха сөп. Уустук өйдөбүллээх, ураты ис хоһоонноох туохтуур аҕыйах диэххэ сөп.

Сыһыат туохтуурунан бэриллибит синонимныы тыл ханыылаһыытыгар сорох түгэни бэлиэтиир табыгастаах. Ол курдук сыһыат туохтуур араастарыттан:

- ан формалаах туохтуур баһыйар: эрэннэрэн-итэҕэтэн, иҥэн-сүтэн, өлүүлээн-чаастаан, сүтэн-оһон, сэнээн-атаҕастаан, о.д.а;

- а, - ыы сыһыарыылаах сыһыат туохтуур: умайа-сырдыы, сынньана-таалалыы, мөккүһэ-этиһэ, мөҕө-этэ, о.д.а.

Атын форма туттуллубатах. Этиигэ көрөбүт:

- Сылдьар сырыыта харса суоҕа, толлон-чугуйан турбатынан бу эргин тэҥнээҕэ суоҕа (ТС 83);

- Холомолор турда-турбутунан иҥэн-сүтэн барбыттара (ХТ 2. 12);

- Ол ахсын сүүһүнэн чаҕылхай күнчээннэр күөх хомурах үрдүгэр сырдыы-тырымныы сыппыттара (ХТ 2. 135).

Сыһыат туохтуур атын формалара биирдиилээн этиигэ эрэ туттуллубуттар, буолбат формалаах сыһыат туохтууртан:

- ымына, - бакка сыһыарыылар киирбиттэр: өйдөөбөккө-санаабакка, соһуйумуна-абарымына, о.д.а.

Аат туохтуур араастара синонимныы суолталаах тылларга хото туттуллубут. Ааптар билиҥҥи, ааспыт, кэлэр, үлүбүөй кэмнээх, атын да формалаах аат туохтуурунан бэриллибит синонимныы тыллары чаастатык туттарын бэлиэтиибин. Холобур:

- Онно да син ыксыыр-тиэтэйэр курдуктара (ТС 121);

- Кинилэри сууттуур, дьүүллүүр-дьүһүннүүр хайдах да кыаллыбат (ХТ 2. 45);

- Маннык буоллаҕына, туох барыта, сүппүт-быралыйбыт көстүөн, эргиллиэн сөп эбит дии, оҕолоор! (ХТ 2. 49);

- Оннук эбит буоллаҕына, киниэхэ эмиэ биһигини өрүһүйэр-харыһыйар күүһэ баар буолуохтаах (ХТ 1. 103);

Онон туохтуур формаларынан синонимныы тыллары ааптар Василий Титов сатаан аттаран туттарын ырыттыбыт. Үгүс түбэлтэҕэ тылга тарҕаммыт ситимнэри киллэрэр, ол эрээри сэдэх соҕустук көстөр ханыылыы тыллар эмиэ бааллар эбит. Маны таһынан биирдиилээн тылга солбуйар аат, ахсаан аат ханыылаһыыта туттуллубут.

2.2.2. Дьүөрэлии синонимнар.

Василий Титов айымньыларыгар ханыылыы синонимнартан ураты этиигэ синонимныы тыллары тэҥинэн дьүөрэлээн туттарын бэлиэтиэххэ сөп буолуо. Ол курдук биир этиигэ суолталарынан чугасаһар, сороҕор биир суолталаах тыллары тэҥҥэ киллэрэн суруйар. Маннык түгэннэри чаастатык туттар эбит:

- сатамматын, кыаллыбатын; тордуос, киэбириик, дэбдэҥ; ньымсаҕай, имигэс; суостаах, дьиксиниилээх; хадаар, харсаах, куолуһут; эҕэрдэлэһэн, дорооболоһон; күүһүлүүр, муомахтыыр; таалбыт, куурайбыт; иирдэ, илэйчийдэ; суохтуу, туоххаһыйа; сэнээбиккэ, сиилээбиккэ о.д.а. Этиигэ туттуллуута интэриэһинэй ситим этии ис хоһоонун биллэ тупсарар, байытар. Холобур:

- Туруук мастар оройдоругар сиһик талахтар үмүөрүһэ, үтүрүйэ үүнэн өссө да күөх сэбирдэхтэрэ… өрө мөхсө тураллар (ХТ 1. 5);

- Онтон дьон мантан барытыттан салҕан иэдэйдэ, дьиэ-уот сиэгэлийдэ, тиэргэн тубарсыйда (ЭК 30);

- Ыһыллаҕас, дьалаҕай киһи хаһан да үтүөҕэ сыстыбат (ЭК 17);

- Ити соҕотохсуйуу, чуҥкуйуу бастакы сибикилэрэ (ЭК 17);

- Кинилэр сиэннэрин мунаара, саарбахтыы саныыллара (ХТ 2. 17);

- Эчи, барахсаттар холкуларын, намыыннарын (ХТ 2. 17);

- Сиибиктэни ньилбэгэр олордон ааспыты-былыргыны кэпсээччи (ХТ 2. 17);

- Кини дууһата күннэтэ убай туттубут халыҥ хаххатыгар, суон дурдатыгар Хардыыга эрэ талаһара (ХТ 2. 19);

- Оттон бэйэтэ модьураабыт, баараҕатыйбыт этэ (ТС 90);

- Кини туһугар олоҕу олоруох, батталы, атаҕастабылы даҕаны тулуйан көрүөх… (ТС 101).

Мантан көстөрүнэн, ааптар Василий Титов синонимнаһар тыллары этиигэ дьүөрэлээн туһаныыта уус-уран суруйуутун биир ньымата, уратыта буолар. Синонимнаһар тыллар этии ис хоһоонун ордук чопчулаан, санаа ситимин күүһүрдэн биэрэллэр. Саҥа чаастарынан бэлиэтээтэххэ, ордук аат тылы, туохтууру, даҕааһыны киллэрэн суруйар.

Аат тыл: дьылҕаҕа, аналга; сутугар, дьаҥар; сайды, барҕарыы; сымыйа, баһааҕырдыы; сиэр, үгэс; сыһыы, хонуу; аһыы, кутурҕан; эрэл, итэҕэл; эрэйинэн, сыранан; эрэйэ, муҥа, о.д.а;

Даҕааһын: ырыган, дьүдэх; дьээбэлээх, көрүдьүөс; сонун, сэргэх; улуу, модун; албын, сирэй көрбөх; намыын, чуумпу; өлүөр, чэгиэн; үгүс, үтүмэн; чуумпу, бүччүм о.д.а;

Туохтуур: таалбыт, нуурайбыт; суохтуу, туоххаһыйа; аһыныах, харыһыйыах, өлбөөдүйэн, саппаҕыран о.д.а;

Сыһыат: тобус-толору, ыы-быччары; баайдык, байылыаттык о.д.а.

Синонимныы тыл этиигэ биир уустаах чилиэннэргэ киирсэр, холобур:

- Сиибиктэм, Чолбонум да суохтаатахтара, аҕыннахтара (ХТ 1. 23) – биир уустаах кэпсиирэ;

- Оччоттон бытаан, сыылба этэ (ЭК 4) – биир уустаах кэпсиирэ;

- Ол тэрилтэлэриттэн тоҕо эрэ ити аатын курдук ыраас, сырдык уу тыргылла тэбэн, дьон сирэйин-хараҕын үөрдэн күлүмүрдэппэтэҕэ (ЭК 15) – биир уустаах быһаарыы;

- Эн дууһаҥ, сүрэҕиҥ туохтан долгуйарын, айманарын билэбин (ХТ 2. 89) – салаа этиигэ биир уустаах кэпсиирэ, биир уустаах туһаан;

- Үөһэ турар кыыс салгыны кытта салгын буолан, суураллан, симэлийэн хаалла (ХТ 2. 19) – биир уустаах холбуу кэпсиирэ;

- Сиибиктэни ньилбэгэр олордон, ааспыты, былыргыны кэпсээччи (ХТ 2. 19) – биир уустаах толоруу.

- Силис оҕонньор бараммат сэһэннэригэр кэрэтийэн, тупсан көстөллөрө (ХТ 1. 45) – биир уустаах сиһилии;

- Наҕыл, сытыары-сымнаҕас директор сайын буоллар эрэ собус-соруйан итинник хабараан майгылаах дьону бэйэтин оннугар хаалларар (ТС 11) – биир уустаах быһаарыы.

Синонимныы тыллары, ааптар Василий Титов табатык аттаран туттар ньымата эбит, айымньы ис хоһоонун, уобарас тас көрүҥүн арыйарга эбэтэр ойуулуур-дьүһүннүүр суруйууларыгар чаастатык киллэрэр.

Синонимныы тыллары бөлөхтөөн көрдөххө, ааптар ордук толору суолталаах синонимнарынан суруйар, ону тэҥэ биирдиилээн синоним араастарын эмиэ киллэрэр. Холобур: хараҥаран-лүҥкүрэн (хараҥар-лүҥкүр) – бу ситимҥэ иккис тыла дьүһүннүүр туохтуур; самныы-салбаҕырыы – манна салбаҕырыы – дьүһүннүүр тылтан үөскээбит аат; күлүм-аллайан, ымаҥнаан – бу кэккэҕэ күлүм аллай – холбуу туохтуур.

2.3. Тыллар халбаҥнаабат ситимнэрэ.

Ханыылыы (паараласпыт) тыллар.

Василий Титов айымньыларыгар паараласпыт тыл бөлөҕө киэҥник туттуллар, анаан бэлиэтээтэххэ, 1000 кэриҥэ ханыылаһыы баар. Кырдьыга да, хайа баҕарар суруйуу ханыылыы тыла суох буолбат. Ханыылыы тыл биирдиилээн тылтан ордук баай ис хоһоонноох, суолтата киэҥ буолар.

Василий Николаевич суруйууларын көрдөххө, ханыылыы тыл бары көрүҥэ тэҥинэн киирбит. Саҥа чаастарынан наардааһын түмүгэр маннык түгэннэри бэлиэтиир тоҕоостоох.

  1. Аат тыл ханыылаһыыта: өйүн-төйүн; ааттарын-суолларын; дьон-сэргэ; өйө-санаата; сирэйэ-хараҕа; дьыл-күн; оҕо-уруу; көр-нар; сыт-сымар; киҥэ-наара; сураҕа-садьыга; үлэ-хамнас; майгы-сигили; сиэр-майгы; сүрэхтэрин-бэлэстэрин; мунна-уоһа уо.д.а.

Аат тылынан бэриллибит ханыылыы тылларга бөлөхтөөһүнү холобур субу курдук ылыахха сөп:

- төрүт олохтоох аат тыллар (дьон-сэргэ, о.д.а);

- үөскээбит аат тыллар (оҥоһуулара-ыйаахтара, о.д.а);

- тардыылаах аат тыллар (сураҕа-садьыга, о.д.а);

- аат тыллар (өй-санаа, о.д.а).

2. Туохтуур ханыылаһыыта: наскыйан-намылыйан; төрөөбүт-үөскээбит; сууйбута-тараабыта; буойуох-хаайыах; уора-көстө; биллэр-көстөр; күлүө-оонньуо; сүбэлии-амалыы; иилиэй-саҕалыай; биллибэт-көстүбэт; тыыллан-хабыллан; ыыттаҕына-харбаатаҕына; үтүрүллээри-хабырыллаары; хомуруйбакка-кыһарыйбакка уо.д.а.

Туохтуур ханыылаһыытыгар бөлөхтөөһүн:

- туохтуур тэҥинэн туттуллаллар (буойуох-хаайыах – аат туохтуур; күлүө-оонньуо – тус туохтуур; тыыллан-хабыллан – сыһыат туохтуур);

- төрүт олохтоох туохтуурдар (уойбут-топпут, о.д.а);

- үөскээбит туохтуурдар (ньарылатан-ньорулатан, о.д.а);

- синонимныы туохтуурдар (кыһыйан-кыйыттан, о.д.а);

- туохтуур уларыйар формалара паараласпыт туохтуурдарга толору баар. Ордук кэм, туһаайыы формалаах туохтуур пааралаһар (уһат-кэҥэт, үҥэр-сүктэр, о.д.а).

3. Сыһыат ханыыланыыта: иэрэҥ-саараҥ; кистии-саба; эрэх-турах; үөл-дьүөл; кучур-хачыр; киҥир-хаҥыр; күөрэ-лаҥкы; умса-төннө; эрдэ-сымна; төттөрү-таары; күлүү-элэк; түс-бас; арбы-сарбы; ала-чуо; кулук-илик; уһаты-туора о.д.а.

Сыһыат ханыылыы тыл Василий Титов айар тылыгар балачча эмэ тарҕаммыт көрүҥ буолар:

- төрүт олохтоох сыһыат ханыылаһыыта (эрэх-турах, иэрэҥ-саараҥ о.д.а);

- үөскээбит сыһыат ханыылаһыыта (күлэ-үөрэ, эрдэ-сылла, уһаты-туора о.д.а);

- этиигэ сиһилии араастарыгар толору көстөр.

4. Солбуйар аат ханыылаһыыта: онуоха-маныаха; ол-бу; ону-маны; кимэ-туга; онон-манан; хайдах-туох; эн-мин; туох-ханнык; оччо-бачча; ким-хайа уо.д.а.

Ааптар тылга тарҕаммыт ханыылыы солбуйар ааттары толору киллэрэн туттубутун бэлиэтиибит. Ордук сирэй (эн-мин), ыйар (ол-бу), быһаарыылаах (онуоха-маныаха), ыйытар (туох-ханнык) ханыылаһыылара. Этиигэ туттуллу дэгэт:

- … Бутуурап бастаан хаһаайыстыбаннай ньыманан оччо-бачча саҥа тутуулары ыыттыбыт диэн мунньахха холобурга сылдьар салайааччы курдук көстүөн баҕарбыта быһыылааҕа (ТС 143) – этиигэ быһаарыы буолар;

- Уолаттар сэргэлэрин эрдэ состорон аҕалан, ол-бу таҥаһынан саба быраҕан сытыараллара (ТС 48) – этиигэ быһаарыы;

- Икки уолаттар мааҕыын күнүскүттэн ыттарын оҕотун кытта онно-манна эргийдилэр (ЭК 48);

- Саҥа сүктэн кимэ-туга биллибэт дьахтардыы «оронугар» уһуннук таалалыыр, айгыстар (ХТ 2. 104) – этиигэ туһаан;

- Ону-маны кэпсэтэн баран, Силигийээнэп дьиэлээн иһэн Протопопованы көрсүбүтэ (ХТ 2. 3) – этиигэ толоруу.  

5. Ахсаан аат ханыыланыыта: иккис-үһүс; икки-үс; биэстэ-алтата; үстэ-хаста; түөрдү-биэһи; биир-икки; төрдүс-бэһис; биэстии-алталыы; үһү-хаһы уо.д.а.

Ахсаан аат ханыылаһыыта сэдэхтик туттуллубут. Этии ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн киирбит, холобур:

- Кини бүгүн үстэ-хаста тыл эттэ (ЭК 13) – сиһилии, солбуйар ааты кытта паараласпыт;

- Оҕонньор ол «докумуона» булкулларыгар да сөптөөх курдуга. Кини төрдүс-бэһис кэргэнигэр олорор (ХТ 1. 16) – этиигэ быһаарыы;

- Сүрэҕэ биэстэ-алтата тэбээт, тохтоон хаалар, оттон эмиэ өрүһүспүттүү өрө мөхсөр (ЭК 198) – этиигэ сиһилии;

- Биир-икки сөкүүндэ иһинэн манна туох буолуоҕун таайар уустук этэ (ХТ 2. 108) – этиигэ быһаарыы;

- Дьэһиэй дьиэтин эргин тииҥҥэ хаамар. Күҥҥэ түөрдү-биэһи, сорох күн мэлийдэр да, син санаата батарбакка күн ахсын тыаны кэрийэр (ХТ 2. 81) – этиигэ толоруу буолар.

6. Даҕааһын аат ханыылаһыыта. Айымньы тылын-өһүн тупсарар, уустугурдар көрүҥ буолар. Ааптар Василий Титов, айымньытын тылыгар бу эмиэ биллэр. Ханыылыы даҕааһын киэҥник киирбит: улуу-дьаалы; дьоллоох-соргулаах; эдэр-эмэн; модьу-таҕа; үөл-дьүөл; сылаас-сымнаҕас; иэрэҥ-саараҥ; сытыы-хотуу; албын-көлдьүн; нарын-намчы; ньүдьү-балай уо.д.а.

Ханыылыы даҕааһын аакка:

- төрүт олохтоох даҕааһын ханыылаһыыта (модьу-таҕа о.д.а);

- үөскээбит даҕааһын ханыылаһыыта (дьоллоох-соргулаах о.д.а);

- ордук хаачыстыба, уус-уран суолталаах даҕааһын ханыыласпыт (нарын-намчы о.д.а).

Этиигэ туттуллуута быһаарар суолталаах, көһөн ааттыйар түбэлтэтэ көстөр итиэннэ сыһыаты кытта алтыһыыта балачча баар. Этиигэ туһаан, толоруу, кэпсиирэ буолар түгэннэрэ үгүс. Холобур:

- Олох биир уонна бастакы тымныы-хаҕыс хаһыҥын Сиибиктэ чараас кутугар, иэйинньэҥ дууһатыгар бүөбэйдээн тылыннарбыт намчы сибэккитэ кыайан тулуйбатаҕа… (ХТ 2. 148);

- Оо, бу сир үрдүгэр, оллур-боллур ньууругар төһөлөөх оннук кэрэчээн сибэккилэр… сиик буолан симэлийдилэр (ХТ 2. 148);

- Олор оһуоба суостаах-суодаллаах үһүлэр (ХТ 2, 88) этиигэ кэпсиирэ;

- Кыысчаан нарын-намчы бөҕө киһи (ЭК 56);

- Роман өссө да истиҥи-чугаһы этэр баҕалааҕа (ЭК 57) – этиигэ толоруу.

Айымньы тылыгар-өһүгэр ханыылыы тыл арааһа толору киирбитин көрөбүн.

Бастакы бөлөх тылларыгар толору суолталаахтар: үөрэн-көтөн; тылларын-өстөрүн; үүрэ-үтүрүйэ; дьиэ-уот; дьыл-күн; сиэр-майгы; илии-атах; күнү-түүнү; көрүөй-истиэй; куттахтаах-быардаах; кимэ-туга уо.д.а.

Маннык ситимнэр бары чаастатык бааллар, тарҕаммыт көрүҥ буолара биллэр. Бары саҥа чааһынан бэриллэллэр.

Иккис бөлөххө биир тыла тус суолтата биллибэт: хоп-сип; сурах-садьык; киҥэ-наара; чиҥ-чаҥ; тимир-тамыр; мунан-тэнэн; тыал-куус; өтөр-наар; ытаан-соҥоон; санаа-оноо; ыар-нүһэр; лоп-бааччы; кулаан-сабаан; иэйэр-куойар уо.д.а.

Ааптар бу бөлөх тыллары кыайа-хото туһанарын биллибит, бу суруйааччы айар тыла уус-уранын туоһулуур. Биирдиилээн тылынан суруйар оннугар паараласпыт тылы киллэриитэ үгүстүк көстөр.

Үһүс бөлөххө ураты ханыылыы тыллары киллэрбит, икки тыла иккиэн тус суолталарын быһаарар уустук. Василий Николаевич тылыгар маннык ситим үгүс ону таһынан соччо киэҥник тарҕамматах ханыылыы тыллары туттан суруйбутун бэлиэтиибин: ыы-дьаар; ый-бото; тырах-ирэх; бүдүк-бадык; нам-нум; абына-табына; убул-дьибил; иҥэ-дьаҥа; иирбэ-таарба; иэрэ-баара; татыр-нүтүр; иэҕэ-мааҕа; мүлү-халы уо.д.а. Холобур:

- Дьэ, итинник, хойуу ойуур иһигэр аата-ахсаана биллибэт ынах иирбэ-таарба ыллыгын кэриэтэ, санаалар утахтара Даша төбөтүгэр бэрээдэгэ суох симилиннилэр (ХТ 2. 160);

- Дьахтар татыр-түтүр үктэнэн таһырдьаны былдьаста (ХТ 2. 140);

- Барчаахап санаан кэлбит санаатын ол-бу иэҕэ-мааҕа суох, туруору этэргэ быһаарыммыта (ХТ 2. 44);

- Мүлү-халы туттар, букатын атыны, өртөн бэлэмнээн сылдьыбыт курдук, саҥаттан аралдьыта сатыыр кыһалҕатыгар түһэр (ЭК 36);

- Таня эмиэ иэрэҥ-саараҥ сырытта (ТС 90);

- Дьоннор уом-саам тарҕаһан истилэр. Арай икки дьахтар вертолет саҕахха сүтүөр диэри батыһа көрөн турдулар (ХТ 1. 162);

- Кыыс ээр-сэмээр Сибииктэ сирэйин, быһыытын-таһаатын, кэтэ сылдьар таҥаһын одуулаһара (ХТ 1. 160);

- Уолаттар бастаан киниэхэ илимэ-салыма түһэн иһэннэр, тоҕо эрэ сэмээр тэйэн биэрэллэрэ (ХТ 1. 160).

Паараласпыт (ханыылыы) тыллары Василий Титов айымньыларыгар табатык аттаран киллэрэр, уустук ситимнэри булар, этиигэ туттан, айымньы ис хоһоонун арыйарыгар ньыма быһыытынан дэлэйдик туһанарын бэлиэтиибит. Үксүгэр тылга тарҕаммыт ханыы тыллары туһанаханыиллибит, сүнньүнэн, суолтата өйдөммөт, эргэрбит тыллар ханыылаһыылара көстүбэтэ.

2.4. Холбуу тыллар уонна сомоҕо домох.

Василий Титов холбуу тылы айымньытыгар туттуута сэдэх, тыл ситимнэриттэн холбуу тылы ааптар анаан туһаммат эбит, ол курдук: өс киирбэх, эр бэрдэ, харах дала, сылгы чыычааҕа, ымыы чыычааҕа, үс саха, кыл түгэнэ, сир ийэ, ийэ дойду, хараҕын харата уо.д.а. Холобур:

- Уол төбөтө эмиэ босхо барда, хараҕын харата илибирии хамсаата (ТС 70) – тардыы сыһыарыылаах холбуу тыл;

- Өлөксөй оҕо эрдэҕинэ судургу, өс киирбэх этэ (ЭК 6) – тыл ситиминэн үөскээбит даҕааһын, синонимныы тылын кытта сэргэ туттуллубут;

- Итини этэр буоллахтара, «Аан дойду аартыктаах, орто дойду оспуостаах» диэн (ЭК 8) – халбаҥнаабат ситим, орто дойду, аан дойду суолталарынан араарыллар эрээри, өйдөбүллэрэ биир, онон арахсыспат ситимҥэ киллэриэххэ сөп;

- Манна, Ааттаммат эбэ хотун күһүөрү сайыҥҥы өҥ-тот олбохтоох кытылыгар, баччаҕа диэххэ, сэдэхтик туналыһа сырдаан ааһар күннэр турдулар (ХТ 1. 3) – сир-дойду аатын бэлиэтиир тыл ситимэ, холбуу тыл курдук көрүллэр;

- Көрүҥүнэн кыыда маҥан буолан, эр дьону таах магнит курдук бэйэтигэр тарда сылдьар дииллэр (ХТ 1. 22) – кыыда маҥан – холбуу даҕааһын, эр дьон – холбуу аат тыл;

- Ону билиэҥ дуо, эн – тимир тирии, чой мэйии (ХТ 1. 22) – сомоҕо ааттар, ис хоһоонунан ситимнэһэн биир өйдөбүлү бэлиэтииллэр, уус-уран хоһуйар тыл арааһа буолар;

- … бар дьонун сирдээҕи кыһалҕатын кыратык да буоллар, чэпчэтэр туһугар аанньа утуйбакка, киһилии аһаабакка, хара тыаны дугуйданан, от-мас тэллэхтэнэн, суорҕаннанан сырыттаҕа бу дии! (ХТ 2. 26) – бар дьон – холбуу аат тыл, хара тыа – көспүт суолталаах аат тыл;

- Хонууга, тыаҕа сылгы чыычааҕа хана барыай дии саныыра (ХТ 2. 57) – холбуу аат тыл, тардыы сыһыарыытынан үөскээбит;

- Ол бэйэтэ, били этэргэ дылы, биирдэспит таҥара маһа, оттон атына күрдьэх маһа буолан сырыттахпыт (ТС 35) – сомоҕо ааттар, тардыы сыһыарыылаахтар.

Сомоҕо домохтор Василий Титов айымньыларыгар сэдэхтик көстөллөр. Холобура: Ити тэһии чуумпу уута кэлбэккэ сытар кырдьаҕас киһиҥ дууһатын эбии аймыырга дылы (ХТ 2. 95) – дууһа айманар – долгуйар, уолутар суолтаҕа чугас, көспүт суолталаах тыл да диэххэ эмиэ сөп.

- … улахаҥҥа уурбат да буолуон сөп курдук (ХТ 2. 94) – кыһаммат, наада буолбат, ааххайбат диэн суолталаах.

Ааптар сорох түбэлтэҕэ сомоҕо домоҕу уларытан туттар: дууһа айманар, сүрэх айманар, кута долгуйар (ХТ 2. 94).

 - Син хаһан эмэ да буоллар, киһи этэ тардар, абааһы көрө саныыр түгэннэрэ баар буолааччылар (ЭК 94) – киһи этэ тардар – куттанар, саллар суолтаҕа, оттон абааһы көрөр – сөбүлээбэт, тэйитэр диэн этиилэргэ дьүөрэлээн көрүтэлиэххэ сөп.

2.5. Тэҥнэбили туттуу.

Василий Титов айымньыларыгар тэҥнэбиллэри балачча киэҥник киллэрбитин бэлиэтиибит, ол курдук чаҕылхай уус-уран уонна уустук тэҥнээһиннэри туһанан суруйар. Олору чуолкайдыыр туһуттан мардык наардааһыны оҥоруохха сөп:

- курдук дьөһүөллээх тэҥнээһиннэр: дөйбүт курдук (ТС 67), чыычаах уйатын курдук (ТС 59), тымныы уунан саба ыстарбыт курдук (ТС 68), хаар курдук (ТС 85), остуол ньуурун курдук (ТС 86), үөр сылгы сырсан эрэрин курдук (ТС 88), уһун ураҕаһынан сырбаппыт курдук (ТС 90), илэ абааһыны харахтаабыт курдук (ХТ 2. 25), дьэдьэн убаҕас сүмэтин курдук (ХТ 2. 37), ыар буруйу оҥорбут курдук (ХТ 2. 37), ыарахан сүгэһэрдээх курдук (ХТ 2. 39), эмэх ытырыылаах лэкэчэги охсубут курдук (ХТ 2. 86), күөс төлөнүн курдук (ХТ 2. 86) о.д.а;

- кэриэтэ дьөһүөллээх тэҥнээһиннэр: арыы талах кэриэтэ (ХТ 2. 108), эстээри турар айа кирсин кэриэтэ (ХТ 2. 108), халлаан былытын кэриэтэ (ХТ 2. 11), ууга тааһы бырахпыт кэриэтэ (ХТ 2. 135), умсулҕаннаах поэма кэриэтэ (ХТ 2. 16), баай балыктаах күөлгэ ойбону тэспит кэриэтэ (ХТ 2. 159), чараас муус кэриэтэ (ХТ 2. 56), үөлээннээҕин кэтэһэр кыыс кэриэтэ (ХТ 2. 28), үрүт-үрдүлэригэр ураннаан уурбут кэриэтэ (ХТ 2. 28), ытырыык ыттар кэриэтэ (ХТ 2. 21), чуумпу долгун кэриэтэ (ХТ 1. 4), кус хараҕын кэриэтэ (ХТ 1. 5), туруйа кыыл моонньун кэриэтэ (ХТ 1. 6), ураҕаһынан булкуллар кэриэтэ (ХТ 1. 108), ууллубут хорҕолдьун кэриэтэ (ХТ 1. 121), оһохтон тахсыбыт үөттүрэх кэриэтэ (ХТ 1. 159), чаҕылҕан уотун кэриэтэ (ХТ 1. 159), эргэрбит туос иһит кэриэтэ (ББ. 171), аттан бырахтарбыт айанньыт кэриэтэ (ББ. 198), уһуннук сылдьыбыт баас кэриэтэ (ТД 114), үрэххэ тааһы кыыраппыт кэриэтэ (ТД 122), кураанах мас умайан күлүбүрээн эрэрин кэриэтэ (ТД 144) о.д.а;

- дылы дьөһүөллэрдээх тэҥнээһиннэр: баастаах ат арҕаһыттан сахсырҕа арахпатыгар дылы (ТС 16), баары мин Настыйым эрэйдээххэ дылы (ТД 121) о.д.а. – дылы дьөһүөлү кытта тэҥнэбил сэдэхтик көстөрүн бэлиэтиир тоҕоостоох;

- тэҥэ дьөһүөллээх тэҥнээһиннэр: халлаан сулустара эргимтэлэрин кэһэн, иһирдьэ-таһырдьа түһүспүттэрин тэҥэ (ХТ 2. 64) о.д.а;

- лыы сыһыарыылаах тэҥнээһиннэр: көтөр кынатын тыаһыныы (ХТ 2. 12), тоҥмут сиргэ түспүт алтынньытааҕы хаардыы (ТС 39), кутуругун төбөтүгэр соруйан биспиттии (ТС 59), чыыр балык ойоҕоһун хатырыгыныы (ТС 69) о.д.а.

Айымньыга баар тэҥнээһиннэр уратылара диэн туһунан бэлиэтиир табыгастаах:

- Тэнийбэтэх тэҥнээһиннэр: дөйбүт курдук, арыы талах кэриэтэ, чуумпу долгун кэриэтэ, үөр бөрө курдук (ББ. 159), киил мас чөҥөчөгүн курдук (ББ. 163), кыым курдук (ББ. 165), сибиэн курдук (ББ. 167), кыһыҥҥы куруппааскы курдук (ББ. 168), буспут хаптаҕас кэриэтэ (ЭК 45), эдэр саас курдук (ЭК 32), кыыс оҕо курдук (ЭК 47), сымыыт курдук (ЭК 56), торҕон ыт курдук (ХТ 1. 44), бырааһынньык курдук (ХТ 1. 72), чүмэчи курдук (ХТ 1. 78), иҥиир курдук (ХТ 1. 121) уо.д.а.

Василий Титов айымньыларыгар тэҥнээһиннэри туһаныыта, ааҕааччыны бэйэтигэр тардар. «Саха тылыгар саамай сайдыбыт, киэҥник тарҕаммыт ойуулуур-дьүһүннүүр ньыманан тэҥнэбил буолар», - диэн тыл үөрэхтээҕэ Ю.И. Васильев-Дьаргыстай этэр. Ол курдук ааптар тылыгар сонун тэҥнээһиннэри көрөбүт, этии ис хоһоонун чочуйан оҥорор сатабылын бэлиэтиэххэ наада. Итинтэн сиэттэрэн суруйааччы айар-тутар дьоҕура ситэ арыллан испитигэр итэҕэйэбит. Тэнийбэтэх тэҥнээһиннэргэ эбии маннык түгэннэри бөлөхтүүбүт:

  1. Биир тылтан турар тэҥнээһин – чүмэчи курдук; кыым курдук; иҥиир курдук о.д.а. – дьөһүөл тэҥниир суолталаах;
  2. Икки эбэтэр иккиттэн ордук тыл ситимнэһиилэриттэн:

- холбуу тылтан турар тэҥнээһин – үөр бөрө курдук; эдэр саас курдук; торҕон ыт курдук; бөҕө аһыытын курдук о.д.а. – ситим буолуон эбэтэр холбуу тылга киириэн сөп;

- Тэнийбит (уустук) тэҥнээһиннэр. Уустук халбаҥнаабат ситиминэн эбэтэр бүтүн этиинэн бэриллэр: сөрүүн хагдарыйбыт сэбирдэх уксус курдук (ТС 38), бадараан иһиттэн ороммут киһи курдук (ТС 4), баастаах ат арҕаһыттан сахсырҕа арахпатаҕар дылы (ТС 16) уо.д.а. Ааптар суруйууларыгар уус-уран, хас да тыл ситимнэринэн эбэтэр этиинэн бэриллэр тэҥнээһиннэр хото көстөллөр. Василий Титов тылын-өһүн, тус бэйэтин санаатын тириэрдэр, сыалын толору быһаарар тэҥнээһиннэр суруйуу былаһын тухары баалларын бэлиэтиибит. Холобур: Онтон эмискэ тэһэ анньыллыбыт ыаҕастан уу тыккырыырын курдук, хаан өрө тыкпыта (ТС 23). Бу этии тэҥниир суолталаах холбуу этиигэ киирсэр. Хаан өрө тыкпыта тутаах этии суолтатын бүтүн этиигэ ис хоһоонунан быһааран тэҥниибит, тыкпыта кэпсиирэттэн хайдах диэн ыйытыы туруоруллар. Бу айымньыга Ньыыкаан оһоллонорун, эрбэҕин устурууска эчэтэрин, хаана бастаан кэлбэккэ гынан баран, сотору тоҕо барбытын тэһэҕэс ыаҕастан уу тыккырыырыгар холообут. Биири бэлиэтээн ааһабыт, хаан тыгара тыккырыыр диэн туохтуурга хайааһын оҥоһуллуутунан сөп түбэһиспэт курдук.

- Уҥуоҕа, кыһын ойбонтон уулаабыт ырыган убаһа курдук, халыр босхо барда (ББ. 193). Бэргэн холооһун, айымньыга Хасхаарап эмискэччи сүрэҕин ыарыыта киириитигэр, уҥуохтара халыр босхо баралларын ырыган убаһа хамсаныытыгар майгыннатар.

Тэҥнэбиллэр уус-уран хоһуйуу ньыматын быһыытынан, ааптар бары айымньыларыгар хойуутук тарҕаммыттар. Ордук табыллыбыт, сонун тэҥнээһиннэргэ маннык холобурдары аҕалабыт:

- Сүүнэ бэйэлээх күлгэни тириитинэн саба тарпыт курдук, күөх чалахайынан көбүөхтүү сытар улуу далай үрэҕи оҥойон, устуунньа кэриэтэ өрө дьигиҥниир эбит (ХТ 1. 120). Бу куталаах күөлгэ чалахайы тэҥнээн көрүүтүн ойуулаабыта буолар;

- Хантан эрэ эмискэ кэлэн, дуолан бухатыырдар бу улуу, киэҥ далайы чинчилии одуулуу туралларыныы, туруук таастар, им-ньимҥэ суодаһаллар (ХТ 1. 46). Туруук таастары бухатыырдарга холоон көрбүтэ, кырдьык да, бухатыырдар туруук таастарга кубулуйбуттарын курдук, бу тэҥнээһин уус-уран өттүнэн ордук кырааскаланан, чочуллан бэриллэр;

- Ньыыкаан төбөтө, холорук аартыгар түбэспит арбаҕар лабаалаах бэс курдук, иэҕэй-нуоҕай хамсаабытынан барда (ТС 21). Бу айымньыга кыраҕы бэлиэтээһин буолар, Ньыыкаан итирэн эрэр туругун ойуулуур;

- Үрдүк күрдьүккэ, икки анньыыны уһуктара эрэ быган көстөр гына кэккэлэһиннэри батары анньыталаабыт курдук, чорбоҕор кулгаахтардааҕа (ТС 59). Айымньыга ыт кулгаахтарын холооһун ойууланар;

- Онуоха холоотоххо, биир, соҕотох киһи үйэтэ, субу көрөн турдахха, мөлөйүөнүнэн хаар кыырпахтара күн уотугар оонньоон, дьиримнэһэ түһээт, ууллан, симэлийэн хаалалларын курдук чыпчылҕан эрэ түгэнэ салҕана түһэр быһыылаах (ХТ 2. 29). Киһи олоҕун туохха эмэ холооһун айымньыларга үгүс буолар онтон Василий Титов күннээххэ түспүт хаар кыырпаҕар тэҥнээһинэ бэйэтэ туспа көстүү буолар;

- Директор Саабатын, саахымакка аан дойду чемпионатыгар кыайан-хотон эргиллибит гроссмейстер кэриэтэ, омуннаахтык уруйдуу көрсүбүтэ (ЭК 59). Бу этиигэ Сааба Көтөөхөп-Саһыл Сааба, кыылы иитэр ферма сэбиэдиссэйэ, саһылын, кырсатын тириитин атыылаан кэлбититтэн, итиэннэ директор кини үлэтиттэн астынарын биллэрэн үөрбүтэ буолан көрсүүтүн ааптар саахымат гроссмейстера кыайыылаах эргиллиитигэр тэҥниир. Бу уус-уран тэҥнээһин буолбатах эрээри, айымньы кэрчигин ис хоһоонугар сөп түбэһэр.

Айымньыларга киирбит тэҥнэбиллэртэн ойуччу тутан уустук холооһуннары быһаарыахха сөп. Василий Титов тылга тарҕаммыт, күннээҕи олоххо туһаныллар тэҥнээһиннэргэ эбэн, биир тэҥҥэ уларытан киллэриини туһаныытын сонун көрүҥҥэ, булумньуга ылан бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Холобур:

- ынах муоһун курдук – бургунас ынах икки муоһун курдук (ХТ 20);

- дьахтарга дылы – үөннээх дьахтарга дылы (ХТ 31);

- балык курдук – атан тахсыбыт бөдөҥ балык курдук (ХТ 35);

- тииҥ кутуругун курдук – сайыҥҥы тииҥ кутуругун курдук (ХТ 25);

- тайах муоһун курдук – элбэх салаалардаах атыыр тайах муоһун курдук (ХТ 28);

- балбаах курдук – салаҥ дьахтар балбааҕын курдук (ХТ 44);

- хахыйах мас курдук – өлгөм лабаалаах, хагдарыйан эрэр хахыйах мас курдук (ХТ 61);

- үөр сылгы сырсан эрэрин курдук – эрчимнээх атахтаах үөр сылгы сырсан эрэрин курдук (ЭК 88);

- ыҥырыа уйатын кэриэтэ – сүүһүнэн тойон ыҥырыа уйатын кэриэтэ (ЭК 22);

- ытырыык ыттар кэриэтэ – өр сытан киҥнэрэ холлубут сыаптаах ытырыык ыттар (ЭК 24);

- оҕус кутуругун курдук – көлүүк оҕуһун курдук (ЭК 167) о.д.а.

Мантан көстөрүнэн, Василий Титов айымньыларыгар биир табыллыбыт ньыматынан тэҥнээһиннэрин ааттыахпытын сөп. Тэҥнээһин уус-уран уобарастары, айылҕа көстүүтүн сиһилээһинэ айымньы ис тутулун байытарын, үөһэ ыйыллыбыт холобурдар дьиҥ-чахчы бигэргэтэллэр. Аймыньыга тэҥнээһин туттуллуута киэҥ, уобараһы арыйыыта, уратыларын быһаарыыта ааҕааччыны сэҥээрдэр, кэрэхсэтэр.

  1. Хоһулаһыы.

Василий Титов айымньыларыттан 200-кэ хоһулаһыыны булан ырытан көрдүбүт. Тылга хоһулаһыы уратылаах тыл ситимэ, уус-уран ньыма быһыытынан көрүллэр. Ааптар бу көрүҥү тумнубакка, үгүстүк киллэрэн хото туттубута кэрэхсэнэр.

Саҥа чаастарынан ылан көрөр эбит буоллахха, сүнньүнэн, сыһыат туохтууру уонна сыһыаты хоһулаһыннарар:

- урут сыһыат туохтуур: истэн-истэн (ХТ 1. 35), кэтээн-кэтээн (ХТ 2. 62), туһанан-туһанан (ЭК 196), туттуллан-туттуллан (ЭК 187), биэрэн-биэрэн (ЭК 175), булан-булан (ХТ 2. 96), эргиллэн-эргиллэн (ХТ 2. 125), кэтэһэн-кэтэһэн (ТД 114), ааттаһан-ааттаһан (ТД 127), тахсыһан-тахсыһан (ТД 149), маргыһан-маргыһан (ТС 13), туттаран-туттаран (ЭК 60) о.д.а;

- а, - ыы тэҥҥэ сыһыат туохтуур: буола-буола (ТС 5), ытамньыйа-ытамньыйа (ТС 6), саныы-саныы (ТС 4), сарылыы-сарылыы (ТС 23), дьиппинийэ-дьиппинийэ (ТС 41), аҕылыы-аҕылыы (ТС 44), ньуххана-ньуххана (ТС 54), илгистэ-илгистэ (ТС 55), киҥинэйэ-киҥинэйэ (ТС 87), сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьии (ТС 80) уо.д.а. Василий Титов айымньыларыгар ордук киэҥник тарҕанан туһаныллыбыт хоһулаһыылар.

- сыһыат: ботур-ботур (ТС 122), өтөр-өтөр (ТС 9), хайдах-хайдах (ТС 15), чөмөх-чөмөх (ЭК 15), өлүү-өлүү (ЭК 55), чом-чом (ЭК 59), сорох-сорох (ЭК 29), хос-хос (ТД 151), субу-субу (ХТ 2. 56), чугас-чугас (ХТ 2. 76), хаста-хаста (ХТ 2. 106), аҥы-аҥы (ББ. 190) уо.д.а.

Маны таһынан биирдиилээн тыаһы үтүктэр уонна дьүһүннүүр тыллар, саҥа аллайыы сыһыат суолтатыгар көспүт солбуйар аат, ахсаан аат хоһулаһыыта баар: биир-биир (ББ. 190), сөп-сөп (ББ. 185), суох-суох (ББ. 187), дьэ-дьэ (ББ. 182), бэккин-бэккин (ББ. 178), ханна-ханна (ББ. 154), биирдии-биирдии (ББ. 163), атын-атын (ХТ 2. 17), чэ-чэ (ХТ 2. 69), бээ-бээ (ХТ 2. 72), туохха-туохха (ХТ 2. 88), ээх-ээх (ХТ 2. 126), кэбис-кэбис (ХТ 2. 159), оттон-оттон (ХТ 2. 191), арах-арах (ТД 136) уо.д.а.

Холобурдарынан көрдөххө, хоһулаһыы этии ис хоһоонун суолтатын чуолкайдаан биэрэр аналлаах. Холобур:

- Аны саас кэллэххинэ, эмиэ бииргэ үлэлиэхпит. Булдунан-булдунан дьарыктан (ХТ 2. 49); Манна булдунан-булдунан хоһулаһыы  - аат тыл. Тылга аат тыл хоһулаһыыта суоҕун кэриэтэ, арай кэпсэтиигэ көстөр. Бу этиигэ хоһулаһыы, айымньыга саҥарааччы уобарас, Умсары Харах баҕа санаатын күүһүрдэн биэрэр, булгуччу булдунан дьарыктан диэн этэрин биллэрэр;

- Бааһырбыт туруйа эрэйдээх, сатаан олорбокко, кынатын уһугунан ууну күдээриччи ыһан хардыргыы-хардыргыы, кытыы эргийэ сылдьаахтаата (ХТ 68). Тыаһы үтүктэр туохтуур хатыланыыта чахчы туруйа эрэйдээх сордонорун көрдөрөр, ааҕааччы хараҕар бу баардыы ойуулуур;

- Үөрдэҕинэ, бокуойа суох көхсүн этитиэ уонна мүчүк-мүчүк гыныаҕа (ХТ 63) – этиигэ холбуу туохтуур, сыһыат хатыланыыта. Сотору-сотору мүчүк-мүчүк гыныаҕа, тохтоло суох үөрүө диэн өйдөбүллээх, айымньы сүрүн дьоруойа Хардыы үөрбүт сирэйин көрдөрөр бэлиэтээһин.

- Тиийээт, харахпытын кирдээх сутурукпутунан ньуххана-ньуххана, өрүү кыайтарбат ыстааммытын өрө тардына-тардына, көрбөтөхпүтүн көрөн, чугурус гына түстүбүт (ТС 54). Ньуххана-ньуххана  - дьүһүннүүр туохтуур формата оҕолор ыстааннарын тардынар быһыыларын, оҕолор харахтарын хастар түгэннэрин толору ойуулаан көрдөрөр.

Василий Титов суруйааччы быһыытынан бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, айар ньымалаах ааптар буоларын үөһэ этиллибиттэргэ олоҕуран көрөбүт. Инники ахтыллыбыт хоһулаһыылартан атын, ааптар хос-хос киллэрэн туһаммыт ньыматын анаан бэлиэтиир тоҕоостоох. Холобура: буо-буо, ыраах-ыраах, баар-баар, чөкө-чөкө, өлүү-өлүү, ханна-ханна, тугу-тугу, туох-туох, саныы-саныы о.д.а.

6.7. Хатылааһын.

Биллэрин курдук, хатылааһын уус-уран ньыма быһыытынан сыаналанар көрүҥ буолар. Суруйуу маастарыстыбатын толору баһылаабыт эрэ айааччы хатылааһыны сөпкө сааһылаан айымньытыгар туттар. Ол курдук хатылааһын саха литэрэтиирэтигэр салгыы сайдарыгар толук уурбут суруйааччыларынан А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, П.А. Слепцов-Ойуунускай о.д.а. буолаллар.

В.Н. Титов айымньыларын тылын-өһүн ырытыыта хатылааһыны эмиэ анаан көрдүбүт. Айымньыларга уус-уран хатылааһын биллэ киллэриллибитин бэлиэтиибит. Холобур:

- Ийэ айылҕа барахсан көхтөөхтүк тылыннарбыт, ситэрбит-силигилэппит, торолуппут махталыгар, кыыл кынат күлүгүн курдук, чыпчылыйыах түгэнэ, номнуо элэс гынан, ханна эрэ айанныырдыы тэриммит күөх сайыҥҥа суугунуу, нусхайа таалан, саҥата суох, бүччүмнүк махтанарга дылы (ХТ 2. 4). Бу этиигэ хас да хатылааһын туттуллубут: тылыннарбыт, ситэрбит, силигилэппит, торолуппут; чыпчылыйыах түгэнэ, номнуо; суугунуу, нусхайа; саҥата суох, бүччүмнүк.

Ис хоһооннорунан чугасаһар уонна биир тииптээх (формалаах) тыллары сааһылаан туһаныыта, ааптар суруйуута ордук уус-уран, тупсаҕай буоларын ситиһиитин түмүгэ. Холобур, бу этиигэ киирбит түөрт хатылааһын синонимныы тылларынан бэриллэр. Ийэ айылҕа тыына ааҕааччыга илэ-бааччы биллэргэ дылы.

- Бу барыта уларсык көстүү. Бүгүн баар, сарсын суох. Арай субу Ааттаммат Эбэ хотун ньургун ньуура икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх үөскүөҕүттэн үйэлэр тухары көрбүт-анаарбыт, сөхпүт-махтайбыт тас тамана, кэрээбит кэрээнэ кэхтибитэ-төннүбүтэ биллибэт – син биир Сирдээх Халлаан айыллыаҕыттан күөҕүнэн көбүөхтүү, быйаҥынан быспахтыы сытар дии! (ХТ 2. 4).

Суруйааччыны суруйууларыттан ааҕан, билбэт да киһи сэрэйэр, Василий Титов айылҕа киһитэ буоларын. Айылҕаны ойуулууругар тыл үчүгэйин, кэрэтин сыымайдаан, талан туһанар. Онон ис иэйиитин эйгэтэ ааҕааччыга толору ойууланар. Үөһэ көрөн аһарбыт холобурбутугар Ааттаммат Эбэ хотуну дьүһүйэр, онуоха хас даҕаны хатылааһыны киллэрбит, уопсайа биэс хатылааһынтан турар этии. Ааҕааччы тута Эбэ хотун улуутун өйдүүр, ылынар.  

6.8. Антонимнар.

В.Н. Титов утарыта суолталаах тыллары балай да киллэрбит, ол эрээри киэҥник тарҕамматах. Үгүс түбэлтэҕэ утарыта суолталаах тыллар пааралаһан туттуллубуттар. Барыта 100-кэ тылга көстөр. Маныаха антонимныы тыллар ханыылаһыыларыгар маннык түбэлтэҕэ тохтуурбут ирдэнэр.

- Аат тыл көстүүтэ: абааһы-таҥара, ылсыы-бэрсии, сир-халлаан, иннэ-кэннэ, кэлии-барыы, баһа-атаҕа, үөрүүтүн-хомолтотун, ууга-уокка, иэдээнигэр-дьолугар уо.д.а;

- Даҕааһыҥҥа көстөр түбэлтэтэ: үрүҥ-хара, хараҥа-сырдык, чычаас-дириҥ, үтүө-мөкү, ыраах-чугас, киэҥнээх-кыараҕас, улаханныын-оччугуйдуун уо.д.а;

- Сыһыакка көстүүтэ: күнүстэри-түүннэри, ыраахтан-чугастан, өрө-таҥнары уо.д.а.

Утарыта суолталаах тыллар этиигэ туттуллуулара маннык эйгэҕэ дьэҥкэтик көстөр:

- Дайыыкка өйдүүрүнэн, өрүү онно-манна тииһэ-тааһа, этиһиилээҕи кытта этиһэн кумалаһа сылдьар, турбут-олорбут, этэргэ дылы «ыһыгын аара ыйаабыт киһи» буолуохтаах этэ (ТС 8) – этиигэ быһаарыы.

- Хайа бэйэлээх үс саханы сирэр-талар эбит диэн ыраахтан-чугастан тиэстиэхтэрэ турдаҕа (ТС 111) – этиигэ сиһилии.

- Сээдьэк абааһы-таҥара, сибиэн-иччи диэни төрүт да билбэт, итэҕэйбэт да киһи этэ (ХТ 2. 73) – этиигэ толоруу.

- Хардыы оччоҕо тииһэ ыалдьыбыт киһи курдук, оронугар уҥа-хаҥас эргичийэр (ХТ 2. 50) - этиигэ сиһилии.

 Маны таһынһан антонимныы суолталаах тыллар хатылааһыҥҥа туттуллубут түбэлтэлэрэ эмиэ көстөрүн бэлиэтиирбит табыгастаах. Холобур:

- Өр да өр эйигин булаары ытаабыт уонна ыллаабыт эбиппин (ЭК 39). Утары суолталаах тыллары тэҥҥэ холбоон туһаммыта тылы уларытар, ис хоһоонугар ураты суолтата кыттыһар, уус-уран ньыма буолар.

- Күппээлэп икки Ыстапаанап икки төһөтө бииргэ сырыттылар, уҥуоргунан, бэтэрээнэн көттүлэр, түстүлэр?! (ЭК 108). Бу этиигэ уҥуоргунан, бэтэрээнэн утары суолталаах тыллары хатылаан киллэрэн, ааптар дьоҕус өйдөбүлү биэрэр, айымньытыгар көстөрүнэн ити икки дьон ыкса доҕордуу буолалларын, сылдьар ыырдара киэҥин ойуулуур, өйдөтөр.

- Арай эн эрэ улаҕата көстүбэт уһун үйэлээххин, муударай, нүһэр кырдьаҕаскын, уолҕамчы, элэккэй эдэргин! (ХТ 2. 29). Кэккэ этиигэ үс утары суолталаах тыл баар.

- Итинник, кырдьаҕас уонна үйэтигэр үтүөнү да, мөкүнү да кытта эҥэрдэспит киһи быһыытынан, сирийэн ыйыталаспыта (ХТ 32). Манна утары суолталаах тыллар холбоһон туттуллубуттар.

- Бу сир үрдүгэр киһиэхэ олоҕун устатыгар элбэх да элбэх үөрүү уонна хомолто кэлэн ааһар (ХТ 35) – утарыта суолталаах тыллар да, уонна, эбэтэр, биитэр, икки ситим тыллар көмөлөрүнэн алтыһаллар.

- Ол да иһин кинилэр саастыыта дьоҥҥо «Ааттаммат Эбэ» туох эрэ тааллыбат кистэлэҥи, хараҥаны уонна сырдыгы, кэрэни кытта холбуу тутуллан, ураты дьиктитик, бэйэтэ туспа умсулҕаннаах поэма кэриэтэ иһиллэр этэ (ХТ 2ч. 16). Ааптар утарыта суолталаах тыллары табатык туһанар, холобур, антонимныы тыллар иккиэн тэҥҥэ холбоннохторуна, этии ис хоһооно ордук күүһүрэрин чуолкайдыыр. Инники синонимныы тыллар хатыланыылара туспа боппуруос быһыытынан киирбитин үлэ 2.2 төбөтүгэр көрүөххэ сөп.

Василий Титов айымньыларыгар саха тыла уратытык иһиллиитин, баайын туоһулуур суруйууларыттан утары суолталаах тыллары ырытан, маннык санааны этэбит:

- антонимныы тыллар айымньы ис хоһоонун арыйарга тирэх буолаллар, барыта сүүсчэкэ утарыта  суолталаах дьүөрэлэһии баарын быһаардыбыт;

- ордук аат тылынан, туохтуурунан, сыһыатынан бэриллибит тыллар туһаныллыбыттар;

- антонимныы тыллар ханыылаһан туттуллубуттара көһүннэ;

- антонимныы тыллар хатыланан туттуллубуттарын ыйдыбыт.

2.9. Дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр тыллар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар саха тылын биир туспа көрүҥүн быһыытынан дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр тыллары анаан ырытан чинчийэллэр, айымньыларыгар туһана суруйаллар. Дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр тыллар айымньы тылын-өһүн тупсараллар, киэргэтэллэр. Суруйааччы айымньытыгар киллэриллибит дьүһүннүүр, тыаһы үтүктэр тыллар хайдах суолтаҕа, төһө табыгастаахтык туттуллубуттарын чинчийии тыл үөрэҕэр билиҥҥэ диэри анал боппуруос быһыытынан туруоруллан ырытыллар.

В.Н. Титов айымньыларыгар дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр тыллар киэҥник туһаныллыбыттарын бэлиэтиибит. Уопсайа 500-чэкэ тыл баарын ылан көрдүбүт. Ырытыы, саамылаан наардааһын түмүгэр маннык түгэннэргэ ордук болҕомтону уурабыт:

1. Дьүһүннүүр тыллар. Айымньыга киллэриллибит дьүһүннүүр тыллары үөскээһиннэринэн араардахха, сыһыарыылаах дьүһүннүүр тылы (туохтуур) туспа бөлөҕүнэн арааран көрүөххэ сөп. Холобур: иэҕэҥнээ /иэҕэй/ -ҥнээ о.д.а;

Тыл ситиминэн үөскээбит дьүһүннүүр туохтуур: сарк гын, сарах гын о.д.а.

Дьүһүннүүр тылтан үөскээбит атын саҥа чаастара: сыһыат, дьүһүннүүр туохтуур, даҕааһын.

Суолталарынан бөлөхтөөтөххө:

- киһи майгытын-сигилитин, тас көрүҥүн, тута-хапта сылдьыытын ойуулуур тыллар;

- кыыл-сүөл тас көрүҥүн быһаарар тыллар;

- айылҕа кэрэ көстүүтүн ойуулуур тыллар;

- хайааһын, хамсаныы уратытын быһарар тыллар;

- ханнык эмэ тэрил эбэтэр көстүү суолтатынан ойуулуур тыллар.

Туттуллуутунан бөлөхтөөтөххө:

- тулалыыр эйгэҕэ киэҥник тарҕаммыт тыллар;

- сэдэхтик туһаныллар тыллар;

- сүтэн эрэр эбэтэр умнуллубут тыллар;

- ураты туттуллубут тыллар.

Үөһэ этиллибит түгэннэри биир-биир ылан ырытан көрдүбүт.

- Кыһынын бу дойду отун-маһын быыһа кырыаны бүрүммүт кырамахтаах кыылынан, күлүмүрдүү суһумнаабыт күндү түүлээҕинэн көөчүктүү үллэҥниирэ (ХТ 2. 11). Бу этиигэ ааптар түөрт дьүһүннүүр тылы туттубут. Суолтатынан айылҕа көстүүтүн ойуулуур тылларга киирэр. Биирдиилээн быһаардахха: күлүмүрдүү – дьүһүннүүр туохтуур, сыһыат туохтуур сыһыарыылаах, күлүм диэн аат тылтан – рдээ сыһыарыынан үөскээбит дьүһүннүүр туохтуур, суолтатынан балачча тарҕаммыт тыл буолар, чаҕылхай/чаҕылыҥнаа/сандаарый/кылабачый диэн тылларга ордук чугасаһар. Суһумнаабыт – дьүһүннүүр туохтуур, -лаа диэн сыһыарыы көмөтүнэн үөскээбит, кэпсэтии тылыгар балачча тарҕаммыт көрүҥ буолар, суһум/дьирим диэн тылга чугас. Көөчүктээ – дьүһүннүүр туохтуур, аат тылтан үөскээбит, ымсыырдар/баҕардар/угуй диэн тылларга дьүөрэлии синоним буолар. Үллэҥнээ – дьүһүннүүр туохтуур, - ҥнээ сыһыарыынан үөскээбит, багдаҥнаа/бүллэҥнээ/баллаҥнас диэн тылларга майгынныыр. Бу ааттаммыт дьүһүннүүр тыллар күндү түүлээх диэн тылы араас өттүнэн быһаарарга анаан туһаныллыбыттар. Күндү түүлээх диэн тылы уустаан-ураннаан, уобарастаан ойуулааһыҥҥа дьүһүннүүр тыллар дьүөрэлэһиилэрин ааптар суолтатыгар туһаммытын бэлиэтиибит.

- Өрт уота туохтан эрэ тэбиэһирбит курдук, өрө чупчуруйан эрэрдии тыаһыы-тыаһыы үрэҕи өрө тигинээбитэ (ЭК 36). Бу этиигэ чупчуруйан/чупчуруй үөскээбит туохтуур, обор/уһуур тылларга дьүөрэлии, эмиэ көспүт суолтаҕа туттуллубут; тигинээбитэ/тигинээ үөскээбит дьүһүннүүр туохтуур, киэҥник тарҕаммыт тыл.

Холобур, «Этиллибэтэх кырдьык» сэһэҥҥэ бөлөхтөөн көрдөххө, киһи тас көрүҥүн бэлиэтиир дьүһүннүүр тыл үгүс: ымаҥнаа (42), тэрбэччи көрбүт (43), үҥүөхтээ (53), ньамалатан/ньамалас (54), быччаарыччы/быччай (54), чынчарынан/чынчырый (54), ибигирэстилэр/ибигирээ (35), чөкөччү/чөкөт (157), дьигиһийбэхтээ/дьигиһий (68), тэпсэҥнээн/тэпсэҥнээ/тэбис (72), ласпаҥнаспат/ласпаҥнаа/ласпай (75), салыбырыы/салыбыраа (77), ньалаҥнастылар/ньалаҥнаа (77), хаптаҥнастылар/хаптаҥнаа/хаптай (77), лыхаччы (89), ньалҕарыйан/ньалҕарый/ньалҕай (92), мырдыччы/мырдый (94), былҕаччы/былҕай (104), дарбаччы/дарбай (111), кыччаҕар/кыччай (113), ырбас гынан/ырбай (18), алаарыччы/алаарый (12), адаарыччы/адаарый (12), хааман сиҥнээриҥнээн/сиҥнэриҥнээ (35) уо.д.а.

Көстөрүн курдук, биир сэһэҥҥэ балачча элбэх дьүһүннүүр тыл киирбит. Бэлиэтээн эттэххэ, 40-ча тыл баар. Ураты туттуллуулаах, сэдэхтик көстөр бэлиэ тыл көстүбэт.

«Таптал сэргэтэ» кэпсээннэрин хомуурунньугар көрдөххө: кылаллан/кылай (4), ыртатан/ыртай (4), сүдьүҥнээтэ/сүдьүҥнээ (4), хорҕолдьулуу/хорҕолдьуй/хорой (13), молооруҥнаан/молооруҥнаа (22), күлүкүччүйэ/күлүкүччүй (23), ньылбаҥнаан/ньылбый (57), нооторуйан/ноотой (80), дьүккүҥнүү/дьүккүй (86), мөөһөкөччүйбүт/мөөһөй (93), дыгдалыйбыт/дыгдай (93), мадьыктаста (105) уо.д.а. Ордук тылларга: сүдьүҥнээ, мөөһөкөччүй диэн тыллары киллэриэххэ сөп. Ааптар «Оһохчуттар» диэн кэпсээнигэр Байбал диэн аҥаар өттүгэ суох оҕонньор иэҕэҥнээн, дьиэҕэ тула хаамарын дьүһүннээри сүдьүҥнээн диэн тылы кыбытан суруйар. Онтон мөөһөкөччүйбүт диэн дьүһүннүүр тылы «Түүн быйды муостатыгар» кэпсээнигэр аһары уойбут  сыах тойоно Николай Микиитис ыксаан аҕай киирэн тахсар хартыынатын быстахтык бэлиэтээн ааһар.

«Хомурах туруйата» роман I, II чааһыгар көрдөххө: ньахчарыҥнаһан/ньахчай (28), кыадьалыйан/кыадьалый (29), бэригилдьийэн (123), иэҕэҥнэһэ/иэҕэҥнээ (12), сүөдэҥнээбэтэҕим/сүөдэҥнээ (3), күкээркэй/күкээрий (56), чолоччу/чолой (76), күөдэллэнэн/күөдэлий (94), чорбоҥноото/чорбоҥноо/чорбой (99), ырдьайбыт/ырдьай (112), кыаһалыйбыт/кыаһалый (114), сүөдэҥниир/сүөдэҥнээ (118), малаҕар/малай (120) уо.д.а.

Киһи тас көрүҥүн ойуулаан, кырааскалаан көрдөрбүт тылларыгар маннык түгэни быһаарыахха сөп. Үөһэ көрөрбүт курдук сүнньүнэн, Василий Титов айымньыларыгар дьүһүннүүр тыллары (туохтуурдары) уус-уран ньыма быһыытынан киллэрэн туһанар эбит. Ордук үгүстүк киһи тас дьүһүнүн бэлиэтиир туохтуурдар туһаныллыбыттар:

- ҥнаа, - лдьый, - рый (аарый), - хаччый сыһыарыылаах туохтуурдар баһыйаллар, холобур: быччаарый;

- дьүһүннүүр туохтууртан үөскээбит даҕааһын балачча баарын ыйабыт, холобур: адаарый;

- дьүһүннүүр туохтууртан үөскээбит сыһыат элбэх, холобур: лыхаччы;

- тэҥнээн көрөр эбит буоллахха, ордук киһи хамсаныыларын көрдөрөр тыллар киирбиттэр, холобур: ласпаҥнаа.

Маны таһынан кыыл-сүөл хамсаныытын ойуулуур тыллар, айылҕа араас дьикти көстүүлэрин дьүһүйэр туохтуур айымньыга киирэн туттуллубута баар. Холобура, дыыдаччы топпут истээх сүөһүлэр (ХТ 2. 50) – ынах сүөһү аһаан аһары топпутун тас көрүҥэр бэлиэтээри дыыдаччы диэн дьүһүннүүр туохтууртан үөскээбит сыһыатынан бэлиэтиир; Күөл мууһа эмискэ өрө күөрэлэнэ түспүтэ (ХТ 2. 50) – тыл ситимигэр киирбит дьүһүннүүр туохтуур муус алдьаныыта хартыынатын көрдөрөргө туһаныллыбыта көстөр; Биэс-алта анды көтөн кылыбыраһа турдулар (ХТ 2. 90) – кылыбыраа, тыаһы үтүктэр тыл кыттыспыта айымньы ис хоһоонун чопчулуур; Суордар төттөрү-таары көтөн үллэҥнэһэллэр (ТС 71)  - суор көтөрдөр элбэх буолан көттөхтөрүн аайы көп түүлэрэ сахсаҥныырын ойуулааһын; Баатыр уһун түүлээх, модьу моонньо дьүккүҥнүү түһээт, Дик диэки уордаах, саһархай хараҕынан көрдө (ТС 88) – ыт уордайбыт дьүһүнүгэр моонньун, арҕаһын түүтэ туран эт-этэ хамсыырын ойуулуур ньыма; Быйыл саас ааттаммыт кунан уу көрдөөн көлүччэ диэки хапсылдьыйан эрэр эбит (ТС 105) – кунан ыран иһэ-үөһэ дэлби тардан уу иһээри көрдүүрүн көрдөрбүт тыл буолар.

Василий Титов айымньыларыгар тыаһы үтүктэр тылы ырытыы түмүгэр манныгы бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Син дьүһүннүүр тылларга курдук тыаһы үтүктэр тыллартан туохтуур туттуллуута баһыйар: лаһыгыраппыта/лаһыгырат (ЭК 86), кыҥсыйан/кыҥсый (ЭК 88), бүдүгүрэтэрэ/бүдүгүрэт (ЭК 89), тыҥкынаан/тыҥкынаа (ЭК 82), кыычыгыраата/кыычыгыраа (ЭК 69), көөҕүнээтэ/көөҕүнээ (ЭК 66), лыҥкынастылар/лыҥкынаа (ЭК 13), куубурҕаабакка/куубурҕаа (ЭК 174), чыбыгыраһа/чыбыгырас (ЭК 178), куучугураһан/куучугураа (ЭК 192), чубугураспыт/чубугурас (ЭК 199), күлүбүрүү/күлүбүрээ (ТД 125), дынгынаһан/дынгынас (ЭК 13), толугуруу/толугураа (ЭК 139), чаллыгырыы/чаллырҕас (ЭК 143), барчаланна/барчалан/барчалаа/барча (ЭК 108), хачыгыраа/хачыгырас (ЭК 145), таһыгыраан/таһыгырас (ЭК 123), ньирилиир/ньирилээ/ньир (ЭК 71) о.д.а.

Үөскээһиннэринэн көрдөххө, сыһыарыылаах тыллар баһыйаллар, тыл ситимигэр тыаһы үтүктэр тыл биир эмэ туттуллубута баар. Сыһыарыыларга киирэллэр: - гыраа/- ыгыраа; - рҕаа/- ырҕаа; - кынаа/ - гынаа/ - ҕнаа (тыҥкынаа, кыычыгыраа, куубурҕаа о.д.а).

Тыл ситиминэн бэриллибиттэр: Хасхаарап өрө кээҕинээбитигэр ачыкыта остуолга лас гына түстэ (ББ 181). Тыаһа суох «ньип» гына батары аста (ХТ 1. 51). Саа эстэр тыаһа «түлк» гынна (ХТ 2. 111). Калитка «лип» гына сабылынна (ХТ 2. 111). Эмискэ ууга «палк» гына түстэ (ХТ 2. 115). Ис-иһиттэн эрчимнээх тыас «тас» гына иһиллээт, уопсай куугун ортотугар тимирэн хаалар (ХТ 2. 4) о.д.а.

Этиигэ бэриллиилэринэн көрдөххө, туохтууртан ураты даҕааһын, сыһыат үөскээһинэ көстөр: Уол тоһугураччы тоҥмута (ЭК 48). … лаһыгыраччы олорунан кэбистилэр (ЭК 185) – сыһыаттар. Сүгэ тыаһа хап-хабырҕас (ТС 22) – даҕааһын. Бап-барылас, бип-бирилэс тыаһы кытта… (ЭК 146) – күүһүрдэр формалаах даҕааһын аат. Тыастаахтык буугуначчы тыынар (ТС 51) – сыһыат. Ньалыгырас саҥа иһилиннэ (ТД 151) – даҕааһын.

Василий Титов айымньыларын тылыгар сүнньүнэн тарҕаммыт тыллары туттар эбит диэххэ сөп. Уус-уран айымньыга дэҥҥэ көстөр тылга киллэриэххэ сөп: бүрдүргэтэрэ; куубурҕаа; сурк-сарк тыаһыыр; ньуолбар; ытаан эһиэнньэхтиир; лүксүйбүтэ о.д.а.

Суолталарынан ылан көрөр эбит буоллахха, Василий Титов уус-уран суруйууну чахчы быһалаабыт буолан, тыллары табыгастаахтык ситимнээн туттарын бэлиэтиирбит хайаан да наада. Холобур: Сүһүөҕүн арыгы дьаатыгар быһа сиэппит абааһы, куһаҕан арбаҕас курдук, баран «сарк» гына түспүтэ. Туох эрэ диэн ньорулуу хаалбыта (ХТ 2. 3). Бу этиигэ «сарк» гына түспүтэ диэн тыла ситиминэн үөскээбит, балачча тарҕаммыт тыл, манна туох да уйуга суох буолбут киһи охтубутун көрдөрөр өйдөбүллээх. Иккис этиигэ ньорулуу, киһи саҥатын ойуулаан этии, холобур, бу түбэлтэҕэ Силигийээнэп хаарга охторбут киһитэ кэнниттэн үөхсүү тылларын этэрин истээһинэ, ньорулаа иэмэ-дьаама биллибэт саҥа, чуолкайа суох, ньаҕыйар диэҥҥэ чугас.

Айымньыга киирбит сорох тыллар суолталарыгар тохтуохпутун баҕарабыт:

- быччаарыччы (ЭК 54) – улаханнык, хараҕын муҥурунан көрбүт харахтаах диэн суолтаҕа туһанар;

- күөдэллэнэн (ХТ 1. 94) – ыһыллан-тоҕуллан диэн ис хоһооҥҥо туттар;

- малаҕар (ХТ 1. 120) – улахан, кэтит сирэйдээх;

- ырдьайбыт (ХТ 1. 112) – илин тиистэрэ адыгыраабыт киһи күлэрэ;

- лыхаччы (ЭК 89) – «моонньо суох» киһи туттан олоруута диэн суолтаҕа;

- ньалаҥнаа (ЭК 77) – бэрт буолан көстө сатыыр киһиэхэ сөбүлээбэт тыл суолтата, санаа.

Василий Титов айымньыларыгар уус-уран хоһуйууга тыаһы үтүктэр уонна дьүһүннүүр тыл биир чаҕылхай көстүү буолар. Бэлиэтиир буоллахха, хайа баҕарар суруйааччы тылын-өһүн өрүү чочуйар, уус-уран күүһүн көрдөрөргө дьулуһар. Ол курдук айымньы тылын-өһүн ырытарга уус-уран суруйуу уратытын, туспатын чинчийии сүрүн соругунан буолар. Василий Титов дьүһүннүүр уонна тыаһы үтүктэр тылларын, иккиэннэрин үгүс түбэлтэҕэ холбуу тутан биир этиигэ, уобарас туһунан санааны, эгэлгэ көстүү уратытын этэригэр дэхсилээн туһанарга кыһанарын бэлиэтээн бу кэрчиккэ иккиэннэрин биир боппуруос быһыытынан көрдүбүт.

2.10. Айымньыга фольклортан ситимнээх тыллар.

Василий Титов суруйааччы быһыытынан тыла-өһө норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта быстыспат ситимнээҕин суруйууларын ааҕаат тута өйдүүбүт. Ити санааттан сиэттэрэн айымньы тылыгар фольклор сабыдыалын ахтан ааһарбыт оруннаах курдук. Суруйааччы айымньыларыгар өс хоһооно, халбаҥнаабат уус-уран ситим бөлөхтөрө, тэҥнээһин эпитет быһыытынан киирбитин о.д.а. бэлиэтээн ааһыахха сөп. Холобур: Хайыаҕай син биир биир өлүүгэ түбэһэ сылдьар дьон буоллахтара дии. Иккиэн даҕаны механизатор аатын сүгэн ахан сылдьыбыттара эбээт. «Киһи күннээх, балык ыамнаах» диэн маны этэр эбит буоллахтара (ТС 17). Бу түбэлтэҕэ үлэлэриттэн матан сылдьар дьону көрдөрөр этиитэ. Биир өлүүгэ түбэһэ сылдьар – сомоҕо домох; киһи күннээх, балык ыамнаах диэн үгүстүк тарҕаммыт өс хоһооно;

- Лөгөнтөй, ааһа түһэн, били кутуйах түүллэннэҕинэ тоҥор дииллэригэр дылы, «ама, биирдэ көрсөн абырыахтара суоҕа дуо?» - дии санаан аһарда (ТС 41). Манна өс хоһоонун көмөтүнэн Лөгөнтөй өс саҕа буолуутун ойуулуур, ычча оннугар тоҥор диэн уларытан киллэрбитин бэлиэтиибит;

- Итинтэн ыла Ундаарап киһи киэнэ кэрэмэһэ, саха киэнэ саарбата аатырбыта. Маны этэр эбиттэр биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар: «Уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, нөҥүө күнүгэр ат өрөҕөтүгэр» диэн (ЭК 8). Киһи киэнэ кэрэмэһэ, саха киэнэ саарбата диэн олус киэҥник тарҕаммыт уус-уран ситим киирэн биэрбитэ уобарас арыйар ойуулааһыны байытар. Иккис этиигэ туттуллубут өс хоһооно эр киһи туһунан этэргэ өрүү туттуллар. Ол эрээри бу тыллар Ундаарап уобараһыгар эҕэлээх тыллар буолаллара сэрэйиллэр.

Василий Титов айымньыларыгар киирбит өс хоһоонноруттан ураты өссө маннык түгэни бэлиэтиирбит суолталаах:

- Бэргэн этии: Дьахтар – эр киһи бөҕө тыына (ЭК 45) о.д.а;

- Уос номоҕуттан киирии этии: «Тымныы хоойдоох дьахтар» (ЭК 53) о.д.а;

- Нууччалыыттан туруору тылбаас: Биэс сымыйа биэс бэйэтин курдук эбэтэр бэйэтинээҕэр уон оччо сымыйалары үөскэтэр (ЭК 63) о.д.а.

Айымньыларга киэҥник туттуллубут өс хоһооннортон, сомоҕо домохтортон манныктары ааттаталыахха сөп: сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар (71), уйатыгар уу киирбит (77), тыала суохха масс хамсаабат (93), тумсугун дулҕаҕа соттума (59) уо.д.а. Ааптар сорох түбэлтэҕэ аһара судургутутан, уус-уран кырааската суох көннөрү этиилэргэ өс хоһооннорун киллэрэрин бэлиэтээтибит.  

 

2.11. Түөлбэ (диалектнай) тыллар.

Василий Титов айымньыларыгар Бүлүү бөлөх оройуоннарын түөлбэ тылын киллэрэр. Суруйааччы төрөөбүт сиринэн Үөһээ Бүлүү оройуона буолар. Холобура: Бэл, элэгэс курдук, Эдуардын санаан ылла (ЭК 78). Бу тэҥнэбил, уопсай лиэксикэҕэ элэс диэн тылы кытта ситимнээх буолар;

- Хаһан эрэ бу икки үрэх икки ардыларыгар сытар, таба көхсүн маарынныыр уһун синньигэс мөндөгөй бытырыыс курдук элбэх оҕо аймалҕана иһиллэрэ, сырсан эймэнэллэрэ (ТД 114) – алаас, толоон диэн суолтаҕа туттуллубут;

- Биир луҥку сарсыарда Сомсоон сиргэ чэйдэнэр тэриллээх туһахтарын иитэ барбыта (ТД 134) – былыттаах, лүҥкүрбүт күн чуолаан күһүҥҥү сарсыарда диэн суолталарыгар чугас;

- Куобахтар хайы-сах кыыда маҥан буолбут этилэр. Сөкү иһигэр киирэн, кулгаахтара туртаһан сыталлара (ТД 134) – бу этиигэ хайы-сах уратылаах, хайы-сах/хайыы-сахха/ хайыы үйэ диэн туттуллуулар оннугар бу кылгас кэм иһигэр, түргэн баҕайытык диэн ааҕааччыга ыксатан туттубутун таһынан манна сөҕүү тыла эмиэ иһиллэргэ дылы; Сөкү – орохторугар, уйаларыгар, хаспахтарыгар киирэн сыталлара диэн суолталаах;

- Хандас туһаҕы баайыы үлэлээх (ТД 134) – куобахха иитиллэр ураты баайыылаах туһаҕы ааттыыллар, билигин оннук туһаҕы соччо туһамматтара биллэр.

- Сомсоон куобахтарын ыйыыр чиэһии аннынааҕы лаабыска рюкзагын сүөкээтэ (ТД 144) – үүтээҥҥэ куобах тириитин сүлэн баран ыйыыр көхөлөрүн анныгар турар олох мас;

- Врач оҕонньор саҥатыгар киһи уорбалыах дьиэги булбата (ТД 150) – туох ураты дьикти тылы-өһү истибэтэ диэн суолталаах; 

- Биир эмит дьэгэ ааспыт, түс-бас, бэйэтэ олбуордаах дьахтары булан, киһилии олорон көрүөххэ баара (ХТ 2. 85) – оонньоһор, эрийсиик сааһа ааспыт диэн өйдөбүллээх;

- Киһи сатаан хаампат нуора дойдута эбит (ХТ 2. 121) – айымньы ис хоһоонун кытта ситимнээтэххэ күөл тулатыгар туора-маары, илистэ үүммүт талахтардаах, дулҕалаах, сиппэрэҥ сири ааттыыр;

- Арай Эбиэннээх оһоллоох муоһун төбөтүгэр кугас эриэн оҕус буутун тириитин чэчээтэ иилиллэн тахсан, хагдарыйбыт ньээм оту тыал ыспытыныы, күн уотугар бурҕас гынна (ТС 55) – оҕус тирииттэн ойдубут, сымнаабат сахсархай түүлээх этэ диэн суолталаах;

- Сиҥэлиирэп төрүт кыайбат киһи. Биир чириэ санаата суоҕа бэрт. Куттас (ЭК 171) – чопчу кытаанах, ылыннарыылаах эбэтэр бигэ диэн тылларга чугас суолтаҕа туттубут.

Василий  Титов айымньыларыгар түөлбэ тыл аҕыйаҕа суох, анаан, биһирээн туттар тыллардаах, ол айымньы ис хоһоонун киэргэтэн, байытан биэрэр аналлаахтар: дьиэги билбэт, мэй гынар, дуолурҕуур о.д.а. Бу тыллар Бүлүү бөлөх оройуоннарыгар үгүстүк туттуллар тыллар диэн бэлиэтиирбит наада.

2.12. Нууччаттан киирии тыллар.

Суруйааччы айымньытын тылын ырытарга бары өттүн хабан сырдатар туһалаах буолуо этэ. Василий Титов айымньыларыгар барытыгар эриэ-дэхси, сөптөөх тыллар киирбиттэр диир сорох түбэлтэҕэ табыгаһа суох, сахалыы тыл оннугар нууччаттан киирии тыллар кыбытыллыбыттарын үгүстүк көрөбүт. Нууччаттан киирии тыллар айымньы дьоруойун тылыгар, тулалыыр эйгэҕэ ордук үгүстүк бэриллэллэр. Холобура: продавецтыыр (ТД 117) – оннугар атыыһыттыыр; радиоҕа (ТД 118) – араадьыйаҕа биэрэллэринэн; врач (ТД 150) – эмчит, быраас; организма (ТД 152) – этэ-хаана, доруобуйатын туруга; народнай хонтуруолга (ЭК 10) – норуот хонтруолугар, кэтэбилигэр; кадрдары барытын (ЭК 12) – үлэһиттэри; кылаабынай ветвраһынан (ЭК 14) – сүрүннээччи бэтэринээринэн, сүөһү, кыыл эмчитинэн; пленум (ЭК 16) – ыҥырыылаах мунньах, сүбэлэһии; аккуратнай (ЭК 17) – бэрээдэктээх, чэнчис; заправкаланныҥ дуо? (ЭК 18) – массыынаҕа бензин кутуннуҥ дуо? – диир оннугар судургутутан кэпсэтии тылыгар туттар; земляктарым (ЭК 19) – биир дойдулаахтарым; юмордаата (ЭК 20) – күлүүлээҕи саҥарда; взятка (ЭК 20) – бэрик; рыбалка (ЭК 20) – балыктааһын; вывеската (ЭК 21) – биллэриитэ, биллэрэр бэлиэтэ; знамяны (ЭК 27) – былааҕы; информация (ЭК 28) – сонун-нуомас, иһитиннэрии; общественнай нагрузкатын испииһэктээн (ЭК 29) – тастан үлэтин испииһэгэ; себестоимоһа (ЭК 92) – үлэ дьиҥ сыаната; племенной (ЭК 105) – төрүт-уус боруода; механизация (ЭК 81) – тиэхиникэнэн хааччыллыылаах биригээдэ; завидуйдуур этим (ЭК 81) – ымсыырар этим; кладовкаҕа (ЭК 109) – сарайга, хоспоххо; консультация (ЭК 85) – эбии дьарыктар; настроениета (ЭК 78) – санаата уо.д.а.

Көстөрүн курдук, нууччаттан киирии тыллар баһыйа тутар түгэннэрэ үгүстэр, кэпсэтиигэ, уобараһы ойуулааһыҥҥа, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаннаах тылларга, туттар тэриллэргэ, о.д.а кэрчиктэргэ. Холобура, «Этиллибэтэх кырдьык» сэһэҥҥэ 78 сирэйгэ 18 нууччаттан киирии тыл туттуллубут, олортон анал ааттары сахатыттахха: Роман – Арамаан, Алеша – Өлөксөй эбэтэр концерт, подарок, настроение, шуба, шифоньер, прокурор, гараж, каракуль, музей диэн күннээҕи олох-дьаһах тылларын төһө баҕарар саха тылынан солбуйуохха сөп. Ити көстүүлэр Василий Титов айымньыларыгар суруллубут 70-80-с сыллардааҕы кэми, бэлиитикэни кытта сибээстээхтэр.

 Уус-уран айымньы тыла-өһө кэминэн чочуллан иһэрэ суруйааччы сайдыытыттан, билиититтэн-көрүүтүттэн улахан тутулуктаах. Василий Титов суруйууларын тылын-өһүн уус-уран өттө баай, ол курдук айылҕаны ойуулааһыныгар дьүһүйэр тыллара табыллаллар эбэтэр уобарас майгытын-сигилитин арыйар ньымалара ааҕааччыны сэргэхситэллэр, сэҥээрдэллэр. Ол иһигэр судургу тыллаах-өстөөх суруйуулар баалларын бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Күннээҕи кэпсэтиигэ туһаныллар биирдиилээн тыллар уус-уран айымньыга киирэн ис хоһоону ситэрэн, толорон биэрэр аналлаахтар, сорох түбэлтэҕэ олус кэрэтик иһиллэргэ дылылар. Уус-уран суруйуу уратыта саха литэрэтиирэтигэр  П. Ойуунускай, А. Кулаковскай, А. Софронов, Н. Неустроев, Амма Аччыгыйа, Софрон Данилов уо.д.а. айымньыларыгар ырылыччы көстөр.

70-90 сыллардааҕы кэм биир бастыҥ суруйааччыта Василий Николаевич Титов уус-уран суруйууларын үгүс ааҕааччы сыаналыыр, биһириир, ырыта саныыр…

Түмүк тыл.

Айымньыга суруйааччы олорон кэлбит истэриичэскэй кэрдиис кэмэ, олоҕун уопута хайа эмит өттүнэн биллэн ааһар эбэтэр айымньыга сабыдыала көстөр. Оттон суруналыыс идэтин баһылаабыт киһи литэрэтиирэҕэ сыстыыта сонун, кэрэхсэбиллээх. Суруйааччы В.Н. Титов олоҕо, литэрэтиирэҕэ киирбит суола-ииһэ эриэ-дэхси буолбатаҕа, моһуоктаах, «түһүүлээх», ол эрэн өрө дабайыылаах, үрдүккэ көтүүлээх киэҥ аартык кэриэтэ этэ. Кини кылгас олоҕун, чаҕылхай айар талаанын бүүс-бүтүннүүтүн саха литэрэтиирэтэ уонна төрөөбүт норуотун кэскилэ сырдык буоларын туһугар анаабыта.

Литэрэтиирэ – олох сиэркилэтэ дииллэр. «Оччоҕо биһиги тоҕо кырдьыгы суруйарбыт табыллыбатый?!» - диэн курдук санаа үөскүөн сөп. Василий Титов айымньытыгар айылҕаҕа сыһыан, киһи дьылҕата, тыа сирин кыһалҕата, олоххо көстөр араас быһыы-майгы курдук киһини долгутар тиэмэ таарыллар.

Суруйааччы, суруналыыс В.Н. Титов сүрүн «сүппүт» төрүөтүнэн бобуу, куттал суоһааһына, уот харахха кырдьыгы этии содула буолуон сөп диэн сабаҕаланар…

Хайа баҕарар суруйааччы тылын-өһүн өрүү чочуйар, уус-уран күүһүн көрдөрөргө дьулуһар. Ол курдук айымньы тылын-өһүн ырытарга уус-уран суруйуу уратытын, туспатын чинчийии сүрүн соругунан буолар. Айымньы тылын ырытыы киэҥ тиэмэ, чинчийии хайысхата араас өрүттээх буолуон сөп. Василий Титов айымньыларыгар суруйуу ис хоһоонугар дьүөрэлии уус-уран тылынан айыы дьоҕура көстөр. Кини айар дьоҕурун таһыма айымньыларын тыла баайын туоһулуур лексическэй өйдөбүллэргэ толору арыллар. Ол курдук Василий Титов айымньыларын тылын-өһүн уратыларын анаан ырытан маннык түмүккэ кэлэбит:

- ааптар паараласпыт (ханыылыы) тыллары айымньыга табатык аттаран киллэрэр, уустук ситимнэри булар, айымньы ис хоһоонун арыйарыгар ньыма быһыытынан дэлэйдик туһанар. Ордук тус суолтата суох тыллар ханыылаһыыларын бөлөҕө туспа көстөр. Холобур, ыы-дьаар; ый-бото; тырах-ирэх; бүдүк-бадык; нам-нум; абына-табына; убул-дьибил; иҥэ-дьаҥа; иирбэ-таарба; иэрэ-баара; татыр-нүтүр; иэҕэ-мааҕа; мүлү-халы уо.д.а.

- уус-уран, сонун тэҥнээһиннэри туһанан суруйар. Холобур, Сүүнэ бэйэлээх күлгэри тириитинэн саба тарпыт курдук, күөх чалахайынан көбүөхтүү сытар улуу далай үрэҕи оҥойон, устууньа кэриэтэ өрө дьигиҥниир эбит (ХТ. 120); Хантан эрэ эмискэ кэлэн, дуолан бухатыырдар бу улуу, киэҥ далайы чинчилии одуулуу туралларыныы, туруук таастар, им-ньимҥэ суодаһаллар (ХТ 1. 46); Онуоха холоотоххо, биир, соҕотох киһи үйэтэ, субу көрөн турдахха, түһээт, ууллан, симэлийэн хаалалларын курдук чыпчылҕан эрэ түгэнэ салҕана түһэр быһыылаах (ХТ 2. 29) о.д.а. Тэҥнэбилгэ эбии, биир тэҥҥэ уларытан киллэриини туттар. Холобур, дьахтарга дылы – үөннээх дьахтарга дылы (ХТ 31); балык курдук – атан тахсыбыт бөдөҥ балык курдук (ХТ 35); балбаах курдук – салаҥ дьахтар балбааҕын курдук (ХТ 44); хахыйах мас курдук – өлгөм лабаалаах, хагдарыйан эрэр хахыйах мас курдук (ХТ 61), о.д.а.

- хатылааһыны сөпкө сааһылаан киллэрбит. Холобур, бу этиигэ хатылааһын синонимныы тылларынан бэриллэр: Ийэ айылҕа барахсан көхтөөхтүк тылыннарбыт, ситэрбит-силигилэппит, торолуппут махталыгар, кыыл кынатын күлүгүн курдук, чыпчылыйыах түгэнэ, номнуо элэс гынан, ханна эрэ айанныырдыы тэриммит күөх сайыҥҥа суугунуу, нусхайа таалан, саҥата суох, бүччүмнүк махтанарга дылы (ХТ 2. 4), о.д.а.

- утарыта суолталаах тыллары хатылааһыҥҥа туттубутун, биир туспа ньыма быһыытынан көрөбүт. Холобур, Арай эн эрэ улаҕата көстүбэт уһун үйэлээххин, муударай, нүһэр кырдьаҕаскын, уолҕамчы, элэккэй эдэргин! (ХТ 2. 29); Өр да өр эйигин булаары ытаабыт уонна ыллаабыт эбиппин (ЭК 39); Бу сир үрдүгэр киһиэхэ олоҕун устатыгар элбэх да элбэх үөрүү уонна хомолто кэлэн ааһар (ХТ 35), о.д.а.

- дьүһүннүүр итиэннэ тыаһы үтүктэр тылларга туохтуур туттуллуута баһыйар. Холобур, Кыһынын бу дойду отун-маһын быыһа кырыаны бүрүммүт кырамахтаах кыылынан, күлүмүрдүү суһумнаабыт күндү түүлээҕинэн көөчүктүү үллэҥниирэ (ХТ 2. 11); Өрт уота туохтан эрэ тэбиэһирбит курдук, өрө чупчуруйан эрэрдии тыаһыы-тыаһыы үрэҕи өрө тигинээбитэ (ЭК 36), о.д.а.

- фольклортан ситимнээх тылларга өс хоһооно, халбаҥнаабат уус-уран ситим бөлөхтөрө, тэҥнээһин эпитет быһыытынан киирбитин ону таһынан бэргэн этиини, уос номоҕун туһаммытын бэлиэтээн ааһыахха сөп. Холобура, Итинтэн ыла Ундаарап киһи киэнэ кэрэмэһэ, саха киэнэ саарбата аатырбыта. Маны этэр эбиттэр биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар: «Уол оҕо биир күн ат уорҕатыгар, нөҥүө күнүгэр ат өрөҕөтүгэр» диэн (ЭК 8); Лөгөнтөй, ааһа түһэн, били кутуйах түүлэннэҕинэ тоҥор дииллэригэр дылы, «ама, биирдэ көрсөн абырыахтара суоҕа дуо?» - дии санаан аһарда (ТС 41); Дьахтар  - эр киһи бөҕө тыына (ЭК 45); «Тымныы хоойдоох дьахтар» (ЭК 53), о.д.а.

- Бүлүү бөлөх улуустар түөлбэ тылларын киллэрэр. Холобур, Хандас туһаҕы баайыы үлэлээх (ТД 134); Киһи сатаан хаампат нуора дойдута эбит (ХТ 2. 121); Сомсоон куобахтарын ыйыыр чиэһии анныннааҕы лаабыска рюкзагын сүөкээтэ (ТД 144), о.д.а.

- нууччаттан киирии тыллар айымньы дьоруойун тылыгар, тулалыыр эйгэҕэ ордук үгүстүк бэриллэллэр. Холобура, завидуйдуур этим (ЭК 81); общественнай нагрузкатын испииһэктээн (ЭК 29); заправкаланныҥ дуо? (ЭК 18), о.д.а.

Суруйааччы тылын ырытарга бары өттүн хабан сырдатар туһалаах буолуо этэ. Василий Титов айымньыта, суруйааччы тылын-өһүн иҥэриммит, сүппэт, симэлийбэт истииллээх дии саныыбыт.

Уус-уран айымньы тыла-өһө кэминэн чочуллан иһэрэ суруйааччы сайдыытыттан, билиититтэн-көрүүтүттэн улахан тутулуктаах. Василий Титов суруйууларын тылын-өһүн уус-уран өттө баай, ол ордук айылҕаны ойуулааһыныгар дьүһүйэр тыллара табыллаллар эбэтэр уобарас майгытын-сигилитин арыйар ньымалара ааҕааччыны сэргэхситэллэр, сэҥээрдэллэр. Ол иһигэр судургу тыллаах-өстөөх суруйуулар баалларын бэлиэтиирбит тоҕоостоох. Күннээҕи кэпсэтиигэ туһаныллар биирдиилээн тыллар уус-уран айымньыга киирэн ис хоһоону ситэрэн, толорон биэрэр аналлаахтар, сорох түбэлтэҕэ олус кэрэтик иһиллэргэ дылылар. 70-90 сыллардааҕы кэм биир бастыҥ суруйааччыта, Василий Титов уус-уран суруйууларын үгүс ааҕааччы сыаналыыр, биһириир, ырыта саныыр…

Олоххо мэлдьи биллэр-көстөр миэстэҕэ сылдьыбыт, өрүүтүн кырдьыгы аһаҕастык этэргэ, төрөөбүт норуотун бу үйэҕэ олорон кэлбит сыныйан ойуулуурга дьулуспут, саха литэрэтиирэтин талааннаах суруйааччыта, дьоҕурдаах эрэдээктэр, суруналыыс, өрүүтүн үтүө табаарыс, эрэллээх доҕор быһыытынан Василий Титов, биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар мэлдьи сырдык өйдөбүл буолан сылдьыаҕа.

ТУҺАНЫЛЛЫБЫТ ЛИТЭРЭТИИРЭ ИСПИИҺЭГЭ.

  1. Алексеев, М.П. Уус – кыһатынан, суруйааччы – тылынан/М.П. Алексеев, тех. ред. В.М. Слепцова: - Дьокуускай: Саха государственнай ун-ын изд-вота, 1994, - 47с.
  2. Абрамович, Г.Л. Введение в литературоведение/Г.Л. Абрамович, Л.И. Тимофеев, А.С. Карпов; - М: «Просвещение», 1979. – 352с.
  3. Антонов Н.К. Саха билиҥҥи тылын лексиката/Н.К. Антонов, ред. А.С. Луковцев; - Якутскай: Якуткнигоиздат, 1967. – 101с.
  4. Афанасьев, П.С. Саха билиҥҥи тыла. Лексикология/П.С. афанасьев, Н.К. Антонов, Е.И. Коркина, ред. К.А. Семенова; - Дьокуускай: Саха государственнай ун-ын изд-вота, 1996. – 191с.
  5. Васильев, Г.М. Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт/Г.М. Васильев, ред. Н.Е. Петров; - Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1976. – 207с.
  6. Виноградов, В.В. О языке художественной литературы/В.В. Виноградов; - М: Гос-ое изд-во художественной литературы, 1959. – 652с.
  7. Данилов, Софр.П. Суруйааччылар уонна кинигэлэр: литература туһунан ыстатыйалар, бэлиэтээһиннэр/Софр.П. Данилов; - Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1980. – 356с.
  8. Евгеньева, А.П. Словарь синонимов: справочная пособие/А.П. Евгеньева, Л.П. Алекторова, С.Л. Баженова, З.Т. Короткевич, Г.А. Разумникова, В.А. Тихомирова, В.Н. Цыганова, помощники ред. С.Ф. Геккер, В.А. Тихомирова; - Л: Изд-во «Наука», 1976. – 648с.
  9. Жиркова Р.Р. Өксөкүлээх Өлөксөй: сүүрбэ биирис үйэ саҕаланыыта/Л.Р. Кулаковская, П.В. Максимова, Г.Г. Филиппов; - Дьокуускай: «Бичик», 2002. – 204с.
  10.  Кулаковский, А.Е. Статьи и материалы по якутскому языку/А.Е. Кулаковский, предисловие и примечание Н.С. Григорьева. – Якутск: Государственное издательство ЯАССР, 1946. – 151с.
  11.  Күндэ. Кыыһар туҥат/А.А. Иванов – Күндэ, хомуйан оҥордо уонна кэлин тылын суруйда Е.В. Федоров; - Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1979. – 295с.
  12.  Күннүк Уурастыырап. Хатаппын саҕабын. Ыстатыйалар, бэлиэтээһиннэр, ахтыылар, этиилэр/В.М. Новиков – Күннүк Уурастыырап, хомуйан оҥордо уонна аан тылы суруйда И.Е. Федосеев; - Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1979. – 423с.
  13.  Окорокова, В.Б. Литература теорията/В.Б. Окорокова; - Дьокуускай: 2004. – 48с.
  14.  Попов, Г.В. Слова «неизвестного происхождения» якутского языка (сравнительно-историческое исследование)/Г.В. Попов, А.Т. Кайдаров, Н.К. Антонов, Е.З. Кажибеков, отв.ред. П.А. Слепцов; - Якутск: Якутская книжное издательство, 1986. – 148с.
  15.  Реформатский, А.А. Введение в языковедение/А.А. Реформатский, науч.ред. В.А. Виноградов; - М: «Аспект-Пресс», 2004. – 536с.
  16.  Слепцов, П.А. Русские лексические заимствования в якутском языке (послереволюционный период)/П.А. Слепцов, отв.ред. Е.И. Коркина; - М: Издательство «Наука», 1975. – 255с.
  17. Слепцов, П.А. Якутский литературный язык. Истоки, становление норм/П.А. Слепцов, Н.К. Антонов, И.П. Винокуров, А.Г. Нелунов, отв.ред. Е.И. Коркина; - Новосибирск: Изд-во «Наука», 1986. – 260с.
  18.  Тимофеев, Л.И. Краткий словарь литературоведческих терминов/Л.И. Тимофеев, С.В. Тураев, П.А. Николаев, В.П. Кабанова; - М: «Просвещение», 1985. – 208с.
  19.  Филиппов, Г.Г. Өксөкүлээх Өлөксөй: сүүрбэ биирис үйэ саҕаланыыта/Л.Р. Кулаковская, П.В. Максимова, Г.Г. Филиппов; - Дьокуускай: «Бичик», 2002. – 204с.
  20.  Фомина, М.И. Современный Русский язык. Лексикология/М.И. Фомина, Т.Х. Каде; - М: «Высшая школа», 2001. – 415с.
  21.  Харитонов, Л.Н. Современный якутский язык. Фонетика и морфология. Часть 1/Л.Н. Харитонов; - Якутск: Госиздат ЯАССР, 1947. – 312с.
  22.  Храпченко М.Б. Художественное творчество, действительность, человек. М., 1982. 365с.
  23.  Шанский, Н.М. Лексика современного русского языка/Н.М. Шанский; - М.: «Просвещение», 1972. – 327с.


По теме: методические разработки, презентации и конспекты

Творческий проект Ворожейуиной М., студентки 3 курса в рамках темы "Негативное пространство"

Учебная творческая работа студентки тертьего курса, работа выполнена в графическом редакторе Adobe Illustrator в рамках программы курса "Компьютерная графика", раздел "Векторная графика",тема "Негатив...

Макет студентки 1 курса Замуленко Саши в рамках темы "Основы цифровой живописи в Adobe Photoshop"

Работа выполнена в редакторе Adobe Photoshop в рамках темы "Основы цифровой живописи в Adobe Photoshop" курса "Компьютерная графика", раздел "Растровая графика"...

Конкурсная работа студентки первого курса Михайловой Алисы в рамках темы Фрагментарные изображения в Adobe Photoshop

Конкурсная работа студентки первого курса Михайловой Алисы в рамках темы Фрагментарные изображения в Adobe Photoshop, работа выполнена в графическом редакторе Adobe Photosho...

Методическая разработка по дисциплине производственное обучение по курсу профессиональная подготовка 18103 "Садовник" Тема: "Озеленение интерьера. Создание панно, картин, аранжировок."

Методическая разработка предназначена для изучения обучающимися всех возможных видов и способов озеленения интерьера.          Программой  предусматри...

Проектная работа на тему "С.А.Есенин" выполнена студенткой 1 курса МССУОР №1 Романовой Анастасией

Русский поэт. Стихи С.А.Есенина будто не написаны пером, а рождены самой русской природой. Люди, животные, растения, предметы - все они, по Есенину, дети единой матери-природы....

Научно - исследовательская работа на тему: "Современные педагогические технологии в практике дополнительного образования детей", студентки 1 курса Деревянкиной П.

  Научно-исследовательская работа включает в себя рассмотрение трактовок понятия «Педагогическая технология», структуру педагогической технологии, основные качества современных...