Сценарий школьного ысыаха
Сценарий школьного мероприятия "ысыах"
Скачать:
Вложение | Размер |
---|---|
stsenariy_shkolnogo_meropriyatiya_ysyah.docx | 22.03 КБ |
Предварительный просмотр:
Сценарий традиционного якутского национального праздника «Ысыах».
25 мая 1 ж класс МОБУ СОШ №10 им. ДГНовопашина
Оборудование:
- Салама, якутская посуда, чороны, кытыйа, хамыйах.
- Вся утварь для Алгысчыта ысыаха.
3) Нац. костюмы
Выходит ведущая в якутском национальном костюме.
Оформление: У всех детей салама.
Ведущий ВН: ( видео Василий Местников «Ыьыах)
Норуон – норгуй! Ытык мааны ыалдьыттар, кунду о5олор! Бугун Ытык кун – бугун Ыhыах кун! Аламай санаалаах Аан Алахчын Ийэ хотуммут арылыйа сырдыы кулбутунэн кулум гынна! Ыраас чэбдик буоллун диэн халлаан ньуура ко5орумтуйэ коhуннэ, кохтоох уоруулээх буоллун диэн куммут уота куускэ тыкпыт!
Бу орто туруу-бараан дойдуга кыыдааннаах кыһыңңы кэм ааһан, самаан сайын салаллыбыт уеруутун керсе үтүөкэн ыһыахпытын са5алаатахпыт буолуохтун!
- Ыьыах туьунан ейдебул. ( Говорова Александра Егоровна кэпсиир).
(Ыьыах видеота холбонор). 1 мин 47 сек
Аламай маҥан күн сырдык чаҕыла саамай үрдүүр, уһуннук тыгар кэмигэр, үрүҥ тунах ыйыгар сахалар былыр былыргыттан ураһаҕа тахсар саҕана ыһыах ыһаллара, оһуокайдаан итии тунах күнтэн күүс-сэниэ ылаллара, күнү көрсөллөрө. Дьыл уларыйан эргэ дьыл ааһан саҥа дьыл үүнүүтүгэр Үрүҥ Аар Тойоҥҥо, Аан дойду иччитигэр, Иэйэхсит ийэҕэ, Дьөһөгөй Айыыга элбэх үрүҥ-хара түүлээҕи сылгыны- ынаҕы дьайбыт махталларыгар баай киһи ыһыаҕы тэрийэрэ эбитэ үһү. Былыргы баайдар сыл аайы ыһыах ыһар буоланнар ыһыах ыһар сирдэрэ аналлаах буолар эбит. Ол сирдэрэ түһүлгэ диэн ааттанар эбит. Ыһыахха былыр саха дьоно саамай мааны таҥастарын таҥнан, көмүстэрин иилинэн киэргэнэн-симэнэн, үөрэн-көтөн, кырдьаҕастыын- эмэнниин бары түһүлгэҕэ мусталлара. Чугастааҕылар сатыы, ыраах олорооччулар оҕуһунан, атынан кэлэллэрэ. Ол үгэс үөдүйэн күн бүгүҥҥэ дылы саха омук саамай кэтэһиилээх бырааһынньыга ыһыах буолар!
- Ведущий ВН:
Кыыс кэтэьэр ыьыагы сана ырбаахы кэтээри,
Дьахтар кэтэьэр ыьыагы сана ытарга иилинээри,
Эмээхсин кэтэьэр ыьыагы сана былаат баанаары
- (Видео Петуховых- 49 сек. Анна Николаевна ыьыахха бэлэмнэнии туьунан кэпсиир)- ? мун (видео горизонтально кестер)
- Ведущий ВН: Ытык обугэлэрбит, дархан торуттэрбит торуттээбит сиэрдэрин – туомнарын тутуhан алгыстаах тылларынан эhигини уруйдуур – айхаллыыллар биьиги тереппуппут Ирина Степановна арыалдьыт кыталык кыргыттарынаан, туруйа уолаттарынаан. Алгыс ыытыллар кэмигэр бары ытыспытын экран диэки туьаайан ыраастаныагын, чуумпуран олорон истиэгин!
- Алгыс (Ирина Степановна ыытар) - 5 мун 67 сек (видео горизонтально кестер)
- Ведущий ВН: Маңан солко былаатынан
Мааны кыыстыы далбаатанан
Көмүс былыт кытыытыгар
Көтөн тахсың, кыталыктар,
Кыңкынаһың-лыңкынаһың!
Кынаккытын кылбаңнатың!
Кыталыктар ункуулэрэ (видео быьа тардан (2мун 59 сек)
- Ведущий ВН: Саха туойар тойуктаах,
Саха улуу олонхолоох,
Дьуруhуйэр хомустаах,
Оссо норуот ырыалаах.
- Тойук Ирина Степановна (прямой эфир)
- Ведущий ВН: Чэйиҥ эрэ, “Самаан сайыны уруйдуубут” диэн ыһыахха аналлаах кэнсиэрбитин саҕалыагын!
Элбэх омук кутун туппут
Хоҥкунас тыастаах
Холобура суох хоһоонноох,
Хомус барахсан.
Хомус (видео) - 40 сек
- Ведущий ВН: Билигин истин, норуот уус-уран айымньытын, сытыы-сымса тыллаах чабыргагы, Республиканскай хоьоон конкурсун 1 степеннээх лауреатын толоруутугар Ньургун Амыдаевы. Чабыргах
Видео чабыргах
- Сахалыы оьуор ункуутунэн уонна сайагас ырыанан эьигини эгэрдэлиир биьиги кылаас уерэнээччилэрэ уонна тереппуттэрэ (видео)
Флешмоб – 59 сек
- Ырыа «Сахам сирэ» (видео) – 59 сек
- Дыгын ооньуулара видео кестер (Маркова Ньургуяна Михайловна кэпсиир)- ? мин
- Ведущий ВН:
Илиилэртэн ылсыа5ын
Оhуохайга туруо5ун.
Саха омук оонньуутун
Ыллыа5ын – туойуо5ун.
- (Алена Семеновна оьуохай туьунан кэпсиир) - ? мун
Оьуохай Ирина Степановна – 2мун 06сек (прямой эфир)
Ведущий ВН: Саха омук
Сырдык санаатын ырата буолбут
Сылга биирдэ ыытыллар
Саргылаах ыhыахпыт салалынна,
Табыллан ыытылынна,
Уруйгут улааттын
Удьуоргут ууhаатын
Уруй – Айхал!
Билигин кылаас иьинэн ыытыллыбыт саха иьитин уруьуйун конкурсун тумугун иьитиннэриэм. Ол курдук дьууллуур субэ быьаарыытынан маннык буолла:
3 миэстэни ылла –
2 миэстэни ылла –
1 миэстэни ылла –
Бары конкурска кыттыбыт оголор 1,2,3 миэстэлэри ылбыттар Грамотанан, атыттар кыттыбыттарын иьин сертификатынан нагараадаланыахтара. Уонна барыгытыгар бастакы кылааьы этэннэ тумуктээн 2 кылааска тахсыбыккытын туоьулуур Диплом электроннай почтанан ыытыам.
Манан биhиги кунду ыалдьыттарбытыгар аналлаах ыьыахпыт тумуктэннэ. Бол5омто5ут иhин бар5а махтал буолуохтун! Барыгытыгар туьалаах сынньаланы, уйгу – быйан сайыны! Аныгыс уерэх дьылыгар корсуоххэ диэри!