Сценарий "Сайдам 20 лет"

Уваровский Егор Афанасьевич

Сценарий отчетного концерта танцевального коллектива "Сайдам"

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл saydam_20_stsenariy.docx25.62 КБ

Предварительный просмотр:

«Сайдам 20»  сценарий

олунньу 23 күнэ 2017 сыл

  1. Киирии тыл

С: - Үтүө күнүнэн, күндү Мастаах олохтоохторо, бар дьоммут!

Т: -  Үтүө күнүнэн, күндү оҕолорбут – сандаарыспыт кыргыттарбыт,   бочуомурбут уолаттарбыт!

С: - Үтүө күнүнэн, бүгүҥҥү күнү долгуйа күүппүт төрөппүттэр уонна маанылаах ыалдьыттар!

2.N-Sing  (выпускниктар)

Эҕэрдэлээн биэриэххэйин түмсүүлээх, эйэлээх, барыга бары дьоҕурдаах, инникигэ эрэллээхтик хардыылыыр “Сайдам” выпускниктарын.

3.Робот. 1 класс

Үҥкүүлүүрү сатыыбыт,

Үҥкүүлүүрү таптыыбыт,

Бэһиэлэй оҕо саас, айхаллан.

Оонньуулаах оҕо саас, уруйдан.

Дохсун ытыс тыаһынан көрсүөҕүҥ “Сайдам” коллектив кэскиллээх уолаттарын. Кинилэр толорууларыгар “Робот” үҥкүү.

4. Егоров Терентий соло

Ырыам, ырыам өрө көтүүй,

Ыччат дьону өрүкүтүүй,

Ыпсар саҕах нөҥүө түһүүй,

Ыраас сүүрүк буолан күлүүй.

Эҕэрдэ ырыатын тиэрдэр “Сайдам” коллектив киэн туттар выпускнига Терентий Егоров.

5. Буойуттар (выпускниктар)

Күндү выпускниктарбыт! Бүгүн ыытыллар үөрүүлээх  дьоро күммүт эһиэхэ ананар! Олус долгуйан туран эһигини эҕэрдэлиибит, үөрүүгүтүн тэҥҥэ үллэстэбит.

      Көрсүөҕүҥ республиканскай, улуснай күрэхтэр кыайыылаахтарын толоруутугар « Буойуттар » үҥкүүнү.

6. Сардаана Алексеева

Баҕарыахпыт  этэ,

Тапталлаах  Сайдаммытыгар

Инникитин  да  сайда,

Үүнэ  турарыгар,

Өрүүтүн  бастакы күөҥҥэ,

Кэрэҕэ,  үтүөҕэ

Угуйа  турарыгар!

Эҕэрдэтин тиэрдэр Сардаана Алексеева, улуустааҕы уонна республиканскай күрэхтэр дипломаннара, лауреаттара.

7. Брейк фристайл 2,3,4 классы

Тэйиэккэлиир үҥкүүбүт

Дьикти кэрэ бэһиэлэй,

Оҕо сааска дэлэгэй

Оонньоон хаалар үчүгэй.

2,3,4 кылаас хорсун хоодуот уоланнарын толорууларыгар үҥкүү - Брейк фристайл

8. Егоров Юра. Соло

Бар дьонугар эҕэрдэтин тириэрдэр ырыа-үҥкүү аргыстаах 5 кылаас үөрэнээччитэ Егоров Юра - “Сайдам” коллектив солиһа.

9. Парнай  «Күөрэгэй»

Сайдам көрдөөх күннэрэ,

Сайдам кэрэ кэмнэрэ,

Олус күндү буолаллар.

Олохпут  устатыгар

Дьоллоох бэлиэ буоланнар,

Умнубаттыы хаалаллар.

Күөрэгэй үҥкүү.

10. Гуляев Николай. Соло

Ойуу – бичик оҕуруолар –

Оҕо сааспыт күннэрэ,

Үөрэ-көтө сылдьыбыт

Кэрэ кэммит биһигэ.

Эҕэрдэ ырыатын бэлэх уунар Сайдам выпускнига Николай Гуляев.

11. Чороонноох үҥкүү (ортолор)

   Оҕо саас умсулҕан күннэрин,

   Оһуордаах олугун ууран,

   Төрөөбүт дойдубут кэскилин

   Төлкөлөөх түөрэҕин түстээтэ.

Ытыс дохсун тыаһынан көрсүөҕүҥ орто бөлөх үҥкүүһүттэрин.

12. Егоров Терентий. Соло

Кыhаллар- мүhэллэр түгэммэр

Көмөҕүн күндүтүк санааммын,

Учуутал-атаспар-мин кэрэ киhибэр

Абырал алгыспын аныыбын.

Көрсүҥ  эҕэрдэ ырыа кэһиилээх Терентий Егорову.

13. Турецкай үҥкүү

Эрчимнээхтик битийэн

Эдэр саас үнкүүлээ,

Эрэллээхтик эргийэ

Эриэккэстик үнкүүлээ.

 Эһиги болҕомтоҕутугар «Турецкай» үҥкүү.

14. Ансамбль (1 класс) – Тус хоту

Көр-күлүү аргыстаах,

Мэник-тэник оҕо сааспыт

Сандаарар кэрэ кэмнэрин

Ахтар-саныыр буолабыт.

Көрсүөҕүҥ Сайдам коллектив дьоһун уолаттарын. Сайдам коллектив Подготовка группатын иитиллээччилэрин толоруутугар Степан Васильев тылларыгар уонна мелодиятыгар  «Тус хоту».

15. Новогодняя (ортолор)

Көрүҥ төрөппүт мичийбит хараҕын

Дууһата үөрүүнэн угуттуур,

Алгыстаах, кэскиллээх суолбутун

Арчылыыр, сылааһы угуттаан.

Тапталлаах төрөппүттэрбитигэр махталбытын тиэрдэбит. Эһиги өйөбүлгүт биһиэхэ күүс-көмө, бигэ тирэх буолар. орто бөлөх уоланнарын толоруутугар саҥа дьыллааҕы үҥкүү.

16. Новое поколение (выпускниктар)

Харыстаа уол оҕону,

Эр киһини, эр бэрдин,

Дурда-хахха киһибитин,

Дьоһун мааны уоланнары.  

 Выпускниктар толорууларыгар «Новое поколение».

   

17. Александр Саввинов. Соло

Сайдам коллектив бастакы выпускнига Александр Саввинов.

18. Сценка

Сайдам коллектив иһинэн Дьээбэрэҥ диэн группаҕа уолаттар сценка туруораллар этэ. Манна уонтан тахса уол дьарыктаммыта. Билигин эһиги болҕомтоҕутугар сценка.

19.Армейскай (выпускниктар)

Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн аҕаларбытын, убайдарбытын ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит. Баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, ситиһиилэри - Армейскай үҥкүү.

20. Гурьев Айхал «Учууталбар»

       Учуутал – сааһын тухары учуутал. Кини үөрэнээччилэрин бэйэтин олоҕунан, киһи быһыытынан олоххо сирдиир, холобур буолан батыһыннарар айылгылаах.

       Гурьев Айхал толоруутугар “Учууталбар”.

21. Летчиктар (выпускниктар)

Үҥкүүлүүрү таптааччы

Үөрэ-көтө сылдьааччы,

Элбэх доҕор аргыстанар,

Ситиһиини сиэттиһэр.

Выпускниктар толорууларыгар Летчиктар үҥкүү.

22. Дуэт Егоров Терентий, Соловьев Петр

Бүгүн ыллаан дуораттахха,

Бүгүн этэн чаҕаардахха,

Сарсыҥҥыбыт эмиэ туойуо,

Сайа охсор дорҕооннонуо.

Егоров Терентий уонна  Соловьев Петр толорууларыгар дуэт.

23. Танец в масках (ортолор)

“Сайдам” коллектив орто группатын уолаттара. Танец в масках.

24. Хор

 “Сайдам” коллектив гимн буолбут ырыатынан “Нөрүөн нөргүй” диэн ырыа буолар. Выпускниктар толорууларыгар “Нөрүөн нөргүй”

25.Хор. Ырыабар хоһуйан

Ырыабар хоһуйан

Манан биһиги үбүлүөйдээх дьоро киэһэҕэ анаммыт концертпыт түмүктэнэр. Болҕомтоҕут иһин барҕа махтал.

Бу сыллар устата бааллара:

  • Бэйэ5э саҥаттан саҥаны арыйыы,
  • Күнтэн  күн ылар  билииттэн дуоhуйуу,
  • Күрэхтэргэ кыттан кыайыыны ситиhии,
  • Көрдөөх-нардаах кэрэ күннэр,
  • Үйэҕэ умнуллубат эрэллээх доҕордоhуу,

Сайдам чэчирии сайда,

Үүнэ, үрдүү тураргар,

Элбэх ситиһии эҥэрдэстин,

Үөрүү – көтүү айхалластын.

Аныгы көрсүөххэ диэри