Платон Ойуунускай 130 сааһыгар аналлаах фестиваль дьүһүйүүтүн сценарийа.

Гуляева Алина Ивановна

Платон Ойуунускай 130 сааһыгар аналлаах  фестиваль дьүһүйүүтүн сценарийа.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл stsenariy_duhuyuu.docx25.98 КБ

Предварительный просмотр:

Платон Ойуунускай 130 сааһыгар аналлаах

 фестиваль дьүһүйүүтүн сценарийа.

 1 көстүү. Сайыҥҥы фоҥҥа айыыһыттар киирэн үҥкүүлүүллэр. (маҥан халадаай ырбаахылаах уонна маҥан былааттаах буолаллар) (1 мүнүүтэлээх үҥкүү)

2 көстүү. Балаҕан тас көрүҥэ көстөр  уонна халлаантан сулус курдук уот кыыма кэлэн балаҕан  үрдүгэр сурулаан түһэр.

3 көстүү. Сайыҥҥы фоҥҥа кыра уол ийэтинээн хааман киирэллэр уонна сиргэ олороллор.

Ийэ: (СОЕ)Дьэ, тоойуом хата оппутун ардах иннинэ бугуллаан бүтэрдибит. Оҕом улаатан туһа бөҕө. Эһээн төһө эрэ үөрээхтиир.

Уол: (Денис) Ийээ,  эһээ бүгүн Табаахырап олоҥхоһут кэлэр диэбитэ ээ. Мин олоҥхо истэрбин наһаа сөбүлүүбүн.

Ийэ: (СОЕ) Ээ, оҕом барахсан! Табаахырап кырдьаҕаһы бу киэһэ истиэхпит. (Ол олордохторуна Эбэ Хотун киирэр).

Эбэ Хотун: (ПЕИ)

Уруй – айхал улааттын!

Уйгу – быйаҥ тутуурдаах

Орто дойдум олоҕум

Очурдарын тупсарбыт

Отун – маһын иччитэ,

Күлүм – илим көтөҥҥүт

Күлэн – көтөн кэлээхтээн.

(отунан далбаатыыр, сир симэҕэ таҥастаах от – мас иччилэрэ киирэллэр)

От – мас иччилэрэ: (2 кылаастан 5 оҕо)

  1. Эбэ Хотун эдьиийбит! Эҕэрдэлээн этэбит.
  2. Сир – дойду симэхтэрэ ситтилэр.
  3. Дьоллоох олох тубуста.

Бары: дьоллоох соргу улаатта. (уонна сиэттиһэн баран үҥкүүлүүллэр).

4 көстүү. Ийэ, аҕа уол, олоҥхоһут олороллор. (СОЕ, Денис, ААП, МАИ)

Закадровай тыл:

Ойуунускай... Табаахырап...

Ытык тыллар, кэрэ ааттар.

Эһигини холбообута “Сэттэ тумул” алааһа.

Ыллыыр ытык кырдьаҕас.

Ойуу тылын сааһылыыр.

Сиэрдээх сэһэн тэнитэн,

Дьикти сири кэрийэр.

Истэр сэргээн Былатыан

Кэрэ тойук оһуор тылын.

Оргууй аҕай хатылыыр

Табаах уолун кэнниттэн.

 Сыана хараҥаран барар.

5 көстүү. Космос фона көстөр.

6 көстүү: борук – сорук фоҥҥа Улуу Кудаҥса олороро көстөр.

Улуу Кудаҥса: МАИ

Мин санаабар, үс дойду сокуона, икки атахтаах анала маннык буолуох тустаах – орто - туруу дойдуга күүскүт кыайарынан, өйгүт ситэринэн, хайдах үчүгэй буолуоҕунан, бэйэ – бэйэҕитин өйөһөн – убаһан олоруҥ, эккит – хааҥҥыт ситэринэн үөскээн – тэнийин диэн буолуох тустаах, атын буолуон сатаммат!

(уот – күөс быыһыгар маҥан уонна хара сарбынньахтаан таҥастаах кэми, бириэмэни көрдөрөр символ уобарастар сүүрэн киирэллэр).

Закадровай тыл: ханна да хайыс – орто – туруу дойду олоҕо икки улуу мөккүөр күүһүнэн, икки улуу былдьаһык уотунан үктэллэнэн сайдан испит эбит. (символ уобарастар Улуу Кудаҥсаны илдьэ тахсаллар).

7 көстүү: борук – сорук фоҥҥа Кыһыл Ойуун кэп туона олороро көстөр.

Кыһыл Ойуун: МНЭ

Имэҥнээх илбистээх

Иккичэй атахтаах!

Өрөгөй төлөннөөх

Өйгүнэн өлүмэ!

Өркөн төлөн өйдөн,

Өрөгөй үрдээтин!!!

Дьоллоох олох кэлиэ,

Дьоһун соргу тупсуо!

 (уот – күөс быыһыгар кыһыл сарбынньахтаах таҥастаах кэми, бириэмэни көрдөрөр символ уобарастар сүүрэн киирэллэр уонна Кыһыл Ойууну илдьэ тахсаллар).

 

8 көстүү.

 4 уол хоһоон ааҕар (сахалыы таҥастаахтар)

К Афоня: Саха үгүс үйэҕэ өбүгэтиттэн  өбүгэтигэр диэри, аллаах атынан айаннатан устатын-туоратын булбатах,

Б.Афоня: кытыытын-кыраайын көрбөтөх төрөөбүт буор ийэ сиригэр, үөскээбит аан ийэ дойдутугар,

Арсен: эргэнэ хара тыа эҥэрдээх, очуос тумуллардаах, түөлбэ күөл кииннээх, ааттаах алаас араҕас далбарыгар

Толя:  ханнык эрэ улуу улуус Ситэриилээх комитета сириэдийэн олорбут эбит.

 

9 көстүү.

Дьиэ биир эркинэ: кыһыл ыскаатар, лаампа умайа турар. Икки киһи суруйа олороллор. Дьон утуу-субуу киирэллэр. ()

 

Өргөстөөх Өлөксөй: (МНЭ) Табаарыстар! Бүгүн саамай улахан эппиэтинэстээх мунньахха муһуннубут. Онон бастаан мунньах бэрэссэдээтэлин уонна суруксуту талыаҕыҥ. Ким туох этиилээҕий?

Луохтуур: (АСД) Бэрэссэдээтэлинэн  - бассабыык баартыйа сэкэрэтээрин Өргөстөөх Өлөксөйү талыаххайын.

Өргөстөөх Өлөксөй: (МНЭ) Өссө атын хандьытатуура баар дуо?

Дьон саҥата: Суох! Суох!

Өргөстөөх Өлөксөй:  (МНЭ)Суруксутунан кими оҥоробут?

Кооператор(ВВН) Учуутал Аана Уйбаанабынаны.

Дьон: Саамай сөп.

Өргөстөөх Өлөксөй: (МНЭ)Чэ, мунньахпытын саҕалыаҕыҥ. Суруксут Аана Уйбаанабына, манна олор. Бүгүн саха норуотун олоҕун сүүс сыллаах улуу былаанын былааннаары муһуннубут. Тыл барар дакылааччыкка, Толоруулаах Доропууҥҥа, улуус Ситэриилээх Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлигэр.

Кооператор: (ВВН)Чэ, табаарыс, Толоруулаах Доропуун! Кооперация хайдах сайдан, үүнэн-үрдээн иһэрин өйтөн-санааттан сүппэт гына кэпсээ эрэ.

Учуутал: (НСП) Ээ, оччоҕо үөрэх туһунан оннооҕор ордук кичэйэн кэпсээ.

Луохтуур: (АСД) Туох дьаһал үлэ, дьол-соргу барыта дьон доруобуйата тубустаҕына, даҥ-дьаһах, ыарыы-сүтүү суох буоллаҕына, оччоҕо эрэ кыайыллыахтаах. Онон, эмп дьыалатын умнаайаҕын, кэпсээр.

Көмөлтө үлэһитэ: (ЗИР) Дьэ, ити сорох табаарыстар бэйэлэрин үлэлиир үлэлэрин туһунан эттилэр. Ат сүүрдэҕинэ, ыт хаалсыбат диэн, өс хоһооно баар, аны 50, 100  сылынан көмөлтө диэн баар буолуо дуо? Суох дуу? Кулут-кумалаан, аас-туор, умнаһыт диэн төһө өргө дылы баар буолуохтарай?

Балбаара: (АЕГ)Ээ, мин боростуой киһи боростуой өттүн, кыра киһи кыра өттүн ыйытабын – хамначчыт хаһан суох буолуой? Уонна хамнас хаһан тэҥнэһиэй?

Пионер кыыс: (Нарина) Төрүөбүтүнэн оҕо көрүүтэ-истиитэ хайдах буолуой?

Толоруулаах Доропуун: (МАИ) Таптыыр табаарыстарыам! Үөлээннээх үтүө доҕотторуом! Этиэххитин эттигит, ыйытыаххытын ыйыттыгыт. Мин даҕаны өйүм ситэринэн, күүһүм кыайарынан кэпсээн көрүөм буоллаҕа. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 10 сылын туолан, уон биир сылыгар барда. Бу ааспыт 10 улуу сылга олох былдьаһыгар сэттэ сылы мэлдьи кылаас кыргыһыыта, тойон-кулут улуу мөккүөрэ буолан ааста.  Кулут кыайда, үлэһит былааһа олохсуйда. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 50 сылыгар, 1967 сыллаах дьылга дылы, улуус-улуус аайы, нэһилиэк-нэһилиэк аайы төлөпүөнүнэн кэпсэтэр буолуохпут, араадьыйа баар буолуоҕа. Хонуунан автомобилынан сылдьыахпыт, салгыҥҥа көтөр аалынан сылдьыһар буолуохпут. 10 хонукка оҕуһунан, атынан сылдьар сырыыбытын уон чааһынан сылдьар буолуохпут.

Балбаара: (АЕГ) Ноо, тугун бэрдэй. Оччоҕо оҕуспутун ханна гынабыт.

Толоруулаах Доропуун: (МАИ) 1977 сылга, саха норуотун үрдүк улуу мунньаҕа буолуоҕа. Олох уларыйыаҕа, коммуналар, артыаллар, советскай хаһаайыстыбалар үлэлэрэ үрдээн-үүнэн иһиэҕэ.

Көмөлтө үлэһит: (ЗИР) Дьэ, сомоҕолоһон бэркэ олорууһубут

Бары: Оннук. Оннук

Толоруулаах Доропуун : (МАИ) 1987 сыллаах дьылга тимир-бетон дыбарыастары тутуохтара. Киһи түһээн да көрбөтөх, истэн сэрэйбэтэх таас дыбарыастара, оонньуур сирдэр оҥоһуллуохтара: музыка, театр, киинэ, араас көр-нар онно буолуоҕа.

Оҕонньор: (ААП)Ол тыа сиригэр биһиэхэ оннук дыбарыастар тутуллуохтара дуо?

Өргөстөөх: (МНЭ) Ыйытыылары кэнники.

Толоруулаах Доропуун : (МАИ) 1997 сылтан 2007 сылга дылы бары баар үрэхтэри, күөллэри холбоон, ханаал хаһан ходуһа сирдэрин угуттуур-өҥнүүр буолуохтара. Улуу өрүстэр, үрэхтэр сүнньүлэрэ кэҥиэҕэ. 2010 сыллаах дьылга дылы ардаҕы, хаары салайар, дьылы дьылҕалыыр станциялар оҥоһуллуохтара.

Балбаара: (АЕГ) Аата муодатын! Ардах, хаар бэйэтэ да дьаалытынан түһэр ини.

Өргөстөөх: (МНЭ) Мэһэйдээмэ

Толоруулаах Доропуун : (МАИ) 2013 сылга дылы бары кырдьаҕас дьону араас эмп-ас күүһүнэн эдэрдэригэр түһэриэхтэрэ.

Пионер кыыс: (Нарина) Аата дьиибэтин! Оччоҕо ким да кырдьыбат дуо?

Толоруулаах Доропуун : (МАИ) 2013 сылга алаас, үрэх аайы ынах, сылгы үөрэх этиитинэн дэлэгэйдик үөскүөҕэ. Онон, биһиги сирбититтэн араас омуктарга арыы, эт, сүөгэй, үүт кымыс, олортон оҥоһуллубут араас эмтээх астар, үрүҥ илгэлэр, өлбөт мэҥэ уулара оҥоһуллан баар буолуохтара.

 

Оҕонньор: (ААП) Ол омуктар биһиги аспытын сиэхтэрэ дуо?

Толоруулаах Доропуун : (МАИ) Бүтүүбэр тиийэн эттэххэ, бу биһиги, Аан ийэ дойдубут киэбэ-киэлитэ тупсуоҕа, адаар мас муосталарбыт адьас суох буолуохтара, өрүс-өрүс, үрэх-үрэх аайы саас үйэ тухары турар тимир бетон тирэхтээх тимир күрбэлэр оҥоһуллуохтара, таас суоллар лаһыгырыахтара. Онон, табаарыстар! Өктөөп өрөбөлүүссүйэтэ 100 сыла туолуутугар 2027 сылга  дылы сир үрдүгэр эрэй-буруй диэн, аас-туор, ытыыр-ынчык диэн сор-муҥ диэн суох буолуоҕа, сүтүөҕэ…

Балбаара: (АЕГ)Дьэ, доҕоттоор! Кырдьык, олоҥхо, ырай олоҕо буолсу.

Оҕонньор:  (ААП) Омоллоон олоҕо, дьэргэстэй ыһыаҕа диэн итинник олоҕу ааттыыллара буолуо.

Учуутал: (НСП) Кэрэ олох үтүө далбарыгар олорууһубут.

Бары үөрэн, ытыс тыаһа өрө хабылла түһэр.

 Өргөстөөх Өлөксөй: (МНЭ) Бу былааны толорорго 100 сыллаах улуу былаан уурааҕын ылыныаҕыҥ.

Көмөлтө үлэһитэ:  (ЗИР) Бу былааны толорорго ууруу уурабыт, тылбытын биэрэбит.

Бары: Тылбытын биэрэбит

Ытыс тыаһа өрө хабыллар. Бары тураллар.

10 көстүү.

Б.Афоня: “Сүүс сыллаах улуу былаан” билиҥҥи сайдыылаах олоххо тиийэрбитин билгэлиир сүдү айымньы.

Арсен: Платон Ойуунускай төрөөбүт норуотун сырдык дьылҕатыгар олус эрэнэрэ, бу сүүс сыллаах олох устатын тухары сайдарын уот харахха өтө көрбүтэ.

К.Афоня: : кини дьоллоох олох кэлиэҕин туһунан сылыктаан көрбүтэ  - барыта туолла. 

Толя: Төһө да кэм кэрдии аастар улуу убайбыт уоттаах модун санаата, ылсыбыт кэскиллээх дьыалата сайда – салҕана туруоҕа!

Музыка тыаһыыр кэм- кэрдии уобарастара киирэн ааһаллар.

Оруолларга:

  1. Айыыһыттар – 6 кыыс (маҥан халадаай ырбаахылаахтар, былааттаахтар)
  2. Ийэ – СОЕ (сибэкилээх сырдык халадаай ырбаахы, этэрбэс, былаат, кыраабыл)
  3. Уол – Денис Н. (сахалыы боростуой ырбаахы, этэрбэс)
  4. Эбэ Хотун – ПЕИ (маҥан халадаай ырбаахы, бастыҥа, этэрбэс, күөх сэбирдэхтээх лабаалаах)
  5. От – мас иччилэрэ – 2 кылаастан  5 оҕо (от күөх, араҕас өҥнөөх сахалыы ырбаахы, этэрбэс.)
  6. Аҕа – МАИ (боростуой сахалыы ырбаахы, этэрбэс)
  7. Олоҥхоһут - ААП (кугас кулууп сахалыы соно уонна этэрбэс)
  8. Улуу Кудаҥса – МАИ (сахалыы мааны сон, бэргэһэ,этэрбэс)
  9. Кыһыл Ойуун – МНЭ  (ойуун таҥаһа уонна дүҥүр)
  10. Кэм кэрдии символ уобарастара – (3 маҥан, 3 хара, 6 кыһыл, 3 от күөх, 3 араҕас  бытырыыстаах танастаахтар)
  11.  Хоһоон ааҕар уолаттар – К.Афоня, Б.Афоня, Арсен, Толя (күөх сахалыы сон, кур, маҥан ырбаахы, хара хаалтыс, хара бүрүүкэ, хара түүппүлэ)
  12.  Өргөстөөх Өлөксөй – МНЭ (килиэккэ ырбаахы, хара ыстаан, хара саппыкы, киэпкэ)
  13. Кооператор – ВВН (хара былыргы пиджак уонна маҥан ырбаахы, киэпкэ, хара ыстаан, хара саппыкы)
  14.  Учуутал – НСП (былыргы деловой учууталга барсар таҥас, санныгар былааттаах, береткалаах, ачыкылаах)
  15.  Луохтуур – АСД (былыргылыы деловой таҥастаах, ырбаахы, сэлиэччик, саппыкы)
  16.  Көмөлтө үлэһитэ – ЗИР (былыргы деловой таҥас, сибэккилээх былаат)
  17.  Балбаара – АЕГ (халадаай ырбаахы таһынан пиджак, былаат)
  18.  Пионер кыыс – Нарина (пионерскай таҥастаах, кыһыл хаалтыстаах)
  19.  Толоруулаах Доропуун – МАИ (былыргы көстүүм уонна ырбаахы, саппыкы)
  20.  Оҕонньор – ААП (боростуой сахалыы ырбаахы, этэрбэс)

Атрибуттар:

  1. Сайыҥҥы айылҕа актовай сыанатыгар декорация.
  2. Балаҕан ис көстүүтэ актовай залга декорация, сыанаҕа буолбатах.
  3. 4 талах олоппос
  4. Көмүлүөк оһох
  5. Сахалыы остуол
  6. 1 Кыраабыл
  7. Остуол үрдүгэр иһит – хомуос.
  8. Боруҥуй дьүһүннээх однотоннай улахан таҥас.
  9. Мунньах остуола кыһыл таҥас сабыылаах.
  10.  Мунньахха олорор ыскамыайкалар.
  11. 6 штука кыһыл, 3 хара, 3 маҥан, 3 от күөх, 3 араҕас сарбынньахтар  

Дьүһүйүүгэ таҥаска– сапка, атрибутикаҕа эппиэтинэстээхтэр: ААП, БАН, БАА, ГУИ, ВНП, ОЛВ,ЭАА,ЕДП.