Саха литературатыгар хомус обраьа
Предварительный просмотр:
Саха Республикатын уерэҕириитин министерствота
«Сунтаар улууhа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаhалтатын «Уерэх салалтатын муниципальнай органа» муниципальнай тэрилтэтэ
«Сунтаар улууґа (оройуона)» «Куукэй уопсай уерэхтээ5ин А.К. Акимов аатынан орто оскуолата» муниципальнай орто уерэхтээ5ин тэрилтэтэ
«Туелбэ хомуhун уйэтитэн» улуустаа5ы научнай-практическай конференция
Саха литературатыгар
хомус обраhа
Кычкина Лиза
Сунтаар улууhун Куукэй орто оскуолатын
6-с кылааhын уерэнээччитэ
Хомус лаа5ырын иитиллээччитэ
Салайааччыта:Саха Республикатын
уерэҕириитин туйгуна, урдуку категориялаах
алын кылаас учуутала Герасимова И.М.
2017
Иhинээ5итэ
КИИРИИТЭ
Хомус Саха сиригэр сайдан кэлбит историятыттан…………………….2
Саха хомуhун уратыта……………………………………………………..3
Хомус дьикти тылынан…………………………………………………….5
Тумук………………………………………………………………………..8
Туhаныллыбыт литература…………………………………………………12
Хомус тыаһа номох буолан
Олоҥхоҕо дьону муста.
Дьоһун мааны тойук буолан
Дуораһыйда, дьолу туойда.
Үлэ аата: Саха литературатыгар хомус обраһа.
Саха омукка хомус быдан былыргыттан, сиэр-туом култууратыттан силис-мутук тардан, ырыаны-тойугу кытта хатыйса алтыһан, ол иһин уһун тыыннана, сүтэн, симэлийэн хаалбакка баччаҕа тиийэн кэллэ. Ытыс иһигэр тутуллар дьоҕус бэйэтэ күөрэгэй ырыалаах, кэҕэ кэпсээннээх, оһуокай дьиэрэйэр тойуктаах, ураты сылаас тыыннаах саха хомуһа барахсан билигин саха норуотун духовнай култууратын байытар үтүө дьылҕалаах национальнай инструмеҥҥа кубулуйда.
Хомус норуот ааспыт олоҕун историятын арыйан көрдөрөр, кэнэҕэски ыччакка кэпсиир сүдү суолталаах. Итини сэргэ саха хомуһа норуоттары түмэр, ыаллыы эйэлээх олоххо далаһа быраҕар. Бэйэтин норуотун культуратын өрө туппатах омук атын омуктардыын тэҥҥэ сэргэ турар кыаҕа суох. Ол иһин саҥа көлүөнэ норуотун үйэлэргэ муспут баай культуратын өрө тутар, саҥардар,кыаҕырдар аналлаах. Бу үлэҕэ саха национальнай инструмена аатырар хомус саха литературатыгар хайдах тыыннанан киирбитин көрдүбүт.
Чинчийии объега – хомус туьунан хоһооннор
Чинчийии сыала – саха поэзиятыгар хомуһу хоһуйууну чинчийии.
Соруктара- саха суруйааччыларын хоһооннорун ааҕыы;
- хомус туһунан хоһооннору ааҕыы, ырытыы;
- хомус туһунан литератураны ааҕыы, үөрэтии;
- хомус дорҕоонуттан сааҕыланар санаалары түмүү;
Ньымалара-ааҕыы, үөрэтии, чинчийии,тэҥнээьин
1.Хомус Саха сиригэр сайдан кэлбит историятыттан
Саха хомуһун туhунан бастакы бэлиэтээhиннэр XIX уйэ анаарыгар нуучча айанньыттарын, чинчийээччилэрин улэлэригэр бааллар.
Хомуска биирдиилээн толорооччулар улахан дьоҕурдаахтарын туhунан XIХ
үйэ айанньыттара Н.Щукин, Р.Маак, академик Миддендорф, Иохельсон, В. Серошевскай, В. Трощанскай, Э.К. Пекарскай, И. Черскэй, В. Шкловскай уонна да атыттар бэйэлэрин этнографическай үлэлэригэр ахтыбыттара.
Олкурдук Иван Алексеевич Худяков «Краткое описание Верхоянского округа…..» кылгас хомуурунньугар сахаларга масс уонна муос хомус баарын, хомуска элбэх буолан оонньооhун туhунан суруйбута.
Кини суруйарынан 1807 сыллаахха Дьокуускай уокуругар «Дул5алаах»
Нэhилиэгэр эдэр 23 саастаах Дьэрэлийэр диэн ааттаах удаҕан дьахтар кыhыл
Бэйбэриэт сонун куругар 7-8 мас хаалаах хомустары иилинэ сылдьан ыалга
Киирдэҕинэ арыалдьыт дьахталларыгар туҥэтэн бэйэтин батыһыннаран хо-
муска оонньуура үһү.
В. Л. Серошевскай «Якуты» монографиятыгар сахаларга кырыымпа, хомус баарын туһунан суруйар. Бэлиэтээhиннэринэн Карпат хайаларыгар барааны үүрэр бостуук уолга көрбүтүн бэлиэтиир.
- 1914 сыллаахха Дьокуускай куоракка бирикээсчиттэр дьиэлэригэр 30 дьахтар сыанаҕа тахсан хомус тардыбыт.
- 1930 сыллаахха Саха Национальнай театрыгар композитор Адам Скрябин аан бастакынан хомус ансамблын тэрийии бүтүн музыкальнай коллектив буоларын дакаастаабыта.
- 1953-60 –үс сылларга саха хомуһа бүтүн Советскай Союз үрдүнэн сыанаҕа дьүрүһүйэр.
- 1948 сыллаахха Лука Николаевич Турнин саха хомусчуттарыттан баста-кынан Москваҕа хомус тардан дьон биhирэбилин ылбыта.
- 1957 сыллаахха Москваҕа ыытыллыбыт саха литературатын уонна искусствотын күннэригэр Турнин Л. Н. салайар Таатта улууhун хомусчуттарын ансамбла кыттыыны ылбыта.
- 1960-ус сыллар хомуска сана хайысханан сайдар саҕахтар.
- 1962 сыллаахха Саха Государственнай университетын иhинэн хомусчут-тар ансамблларын Степан Черешкин төрүттүүр.
- 1976 сыллаахтан бу ансамбль «Алгыс» диэн ааттанар.
- 1963 сылтан «Алгыhы» Россия уонна Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан салайар.
- 1972 сыллаахха хомуска маҥнайгы симфоническай айымньыны Н. С. Берестов суруйбута.
Кэнники сылларга хомус аан дойдуга тахсан Саха сирин ааттатта.
“ Хомус аан дойду культуратын эйгэтигэр” 7 аан дойдутааҕы конгресс- фестиваль Дьокуускайга ыытыллыбыта. Онно 1000 тахса буолан хомуска оонньоон “Книга рекордов Гиннеса” киирбиттэрэ. Конгресс отуттан тахса дойду хомусчутун, хомус муусукатын сэргээччилэри түмпүтэ.
2.Саха хомуьун уратыта.
«Саха хомуһа- ыллыыр ырыабыт, көтөр күөрэгэйбит буолар.Кини дьоҕус бэйэтигэр икки кэрэни илдьэ сылдьар. Хомус тыллаах чыычаах ырыаһыта буолан бар дьонугар, норуокка сөбүлэттэ.Ону ааһан аан дойдуга аймахтарынан буолла. Ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕоонноҕунан сүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, омук дьонун умсугута угуйда. Ол кэрэ кистэлэҥэ баар-суох тылын тылбыытыгар кистэнэ сылдьар.Чыычаахтаах хомус абылыы аймаабыт сүрүн кистэлэҥэ- суос-соҕотох тылыгар сытар. Биһиги уустарбыт металл свойствотын таба таайаннар хатарыы, төнүннэрии ньымаларын барытын баһылаабыттар. Көһүйбүт тоҥ тимири ириэрэн, ис санааларын иһитиннэрэр гыммыттар. Илбистээх тыллаах, хомуһуннаах куттаах талыы, талба сэп оҥороннор, арчылыы алҕаабыттар.
Биһиги эбэлэрбит сылаас ытыстарын иһигэр уктан, хомус барахсаны тыыннаах аҕаллылар. Былыр-былыргыттан сырдыыр, сылаанньыйар кэмнэригэр, сүөм түһэр нүһэр күннэригэр хомус дорҕоонунан санааларын саататаллара.Үйэлээх үгэһи тутуһаннар, халбаҥнаабат кэлим киэбинэн мэлдьи тардалллара. Чочуйан-чочуйан, ыраастаан-ыраастаан, тойук дуоспуруннааҕын, ырыа ылбаҕайын хаалларбыттар. Ийэ куттара, ис эйгэлэрэ кытары сөбүлээннэр, үс сүрүн дорҕоону үс салаалаах аал-луук мас гынан силигилии үүннэрбиттэр. Тыыннаах тырым гынаннар, үйэлэрин туораппыттар. Ол үс дорҕоон ыллыыр ырыатын “Сыыйа тардыы”, “Хаастатыы”, “Күөрэгэйдэтии” диэн ааттааннар, алгыс баһынан алҕаабыттар. Сайын далбарай чыычаах татыйыга буолан көтөн күлүбүрүүр, унаар урсуҥҥа битии битийэр. Хомус токуйар чочоҕорун,битийэр бэгэччэгин тыллаах чыычаах аатынан ааттаабыттар. Саха омук охсор хомуһун тоҥ тмир тоһоҕоһун курдук көрбөт үгэстээх. Оту –маһы барытын үөрдэн-үҥкүүлэтэн баран, аны тыллаах чыычаахпытын ыллаппыт эбиппит. Саха хомуһа кыыстаах уол нарын тапталыттан, дархан кырдьаҕас алгыһыгар тиийэ курдаттыы таайан хоһуйар, күөрэгэй буолан күлүбүрүү күкрүлүүр,тойук буолан дьырылыы оонньуур. Ити дьирибинэс матыыпатар хоболоох хоһоонноро, саха аатын ааттата сылдьаллар. “Саха хомуһа ырыата ылбаҕайынан, тойуга дорҕооннооҕунансүүс омук сүрэҕин сүүйдэ, омук дьонун умсугута угуйда”- диэн суруйар саха омук өбүгэ саҕаттан дьарыгын, этигэн хомус кистэлэҥнэрин арыйсан, музей тэрийэн аан дойду таһымыгар таһаарсыбыт күндү киһибит К.Д.Уткин.[1;62]
Хомуhу оноруу сахаларга былыр-былыргыттан баар.Ол эрэн үгүс аатырбыт уустар ааттара – суоллара ситэ сэҥээриллибэккэ , кэмигэр үөрэтиллибэккэ история дирин байҕалын түгэҕэр тимирэ сыттахтара.Билиҥҥи кэмнэ Саха сирин мындыр өйдөөх,талааннаах тарбахтаах уустарын этигэн хомустара аан дойдуга киэҥник билиннэ,тарҕанна. Саха олоҥхотугар үс дойду олохтоохторо ааттаах суолаах уустары кытары ыкса сибээстээхтэр. Биһиги олоҥхоттон өбүгэлэрбит тимири уһаарыыны бэркэ баһылаабыттарын билэбит. Уус диэн үөһэттэн үөттэриилээх, ыраахтан этиттэриилээх буоларын билинэбит. Ол гынан баран саха олоҥхотугар хомус туһунан анаан минээн хоһуйуу суох да буоллар биир миэстэҕэ Айыы бухатыырын ойуулуурга “быыппастыгас былчыҥнара хомус курдук дырылыы” түстүлэр диэн ааҕабыт.
Тыл иччитин тылыгар сыһыарбыт, хомуһуннаах хоһоонноох, ырыалаах тыл ымыылаах саха хомуһа ырыаҕа кытттыһар, хоһооҥҥо хоһуйуллар. Хомус туһунан айымньылар сүрэх истиҥ, баай иэйиилэрэ буоланнар дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийэллэр.
3.Хомус дьикти тылынан.
Мин 2003 сыллаахха тахсыбыт “Хомус дьикти тылынан” диэн ааттаах кыракый хомуурунньугу булан аахтым. Бу хомуурунньукка ыралаах тыл ымыылаах саха хомуһун туьунан 50-ча саха суруйааччыларын айымньылара киирбиттэр.
Аан бастаан хомус туһунан саха литературатын төрүттээччи, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй хоһуйбут эбит.Хомуспут “олох уустугун, дьайын-дьаһаҕын барытын ньылбы ыраастыыр, Үрдүкү Айыылар сыламнарын тардар”, айар-тутар үлэҕэ көҕүлүүр, сырдыкка-кэрэҕэ таһаарар үтүө тэрээһиннээ5ин бу хоьоонтон билэбит. Кулаковскай этэринэн “икки атахтаах сиргэ айыллар күнүгэр Үрүҥ Аар тойон хомус барахсаны хомуһуннаан айбыт” эбит. “Тыл иччитин ымыы чыычаах” гынан тылыгар сыһыарбыт эбит.Уонна үгүс үйэлэргэ саха омук арахсыспат аргыһа, эмэ, сирдьитэ буол диэн таҥхалаан ыыппыт.[2;7] Бу хоһоону ааҕан баран маннык түмүктэри оҥордум:
1.Саха хомуһа бүтүн норуот энергетикатын түмэ сылдьар эбит. Кини киһи саһа, кистэнэ сылдьар талаанын арыйар, атыннык эттэххэ киһи ис эйгэтин тайанар кыахтаах эбит.
2.Хомуска оонньооһун уонна кини дорҕоонун истии ыарахан ыарыыттан да өрүһүйэр туһалаах эбит.
3.Хомус аан дойду бары норуотун түмэр аналлаах эбит.
Иван Гоголев “Улуу уус уонна хомусчут” диэн бэрт интэриэьинэй хоһоонноох. Бу хоһооҥҥо өбүгэлэрбит дойдуларыгар Улуу Хоро5о олохтоох уус бэрт уһуннук толкуйдаан, мындырдаан үс сыл устата дьикти хомуһу охсубут.Бу хомуска туох баар сүрэҕин иэйиитин, кыланыытын,айылҕа тойугун барытын иҥэрэр. Уус амарах сүрэхтээх уол оҕоҕо “бу хомуһунан бар дьону алҕаа, сүрэхтэрин кынаттаа, санааларын саталаа”-диэн хомуһун бэлэхтиир. Ол күнтэн ыла уол алаастары кэрийэ сылдьан хомуска оонньуур буолар. Хомус дорҕоонуттан ыарыҕах үтүөрэр, муҥнаах дьолун булар. Хомусчут уолга бар дьон сүгүрүйэр. Уол мантан улуутуйан аны кыра-хара дьоҥҥо наадыйбат, наар баай дьону эккирэтэ сылдьан оонньуур буолар. Улам улам баайдар кини хомуһун тыаһыгар наадыйбат буоллаллар. Хомус тыла уолтан кэлэйэн тосту барар... Бу хоһоон этэринэн киһи бар дьонугар таптала сүттэҕинэ киһи киһи буолбат, туох баар иэйиитэ, эйгэтэ киэр хайыһарын автор хомуьунан образтаан этэр.[3;69]
Иван Гоголев бу хомуурунньукка киирбит атын ханнык да поэттарга майгыннаабаттык хомус оҥоһуутун, аналын барытын уустаан-ураннаан хоһуйбут «Хомус”хоһооно киирбит.Кини этэринэн былыргы өбүгэлэрбит «айыы дьонун үргүппэтин”- диэн хомуска сүллэр этиҥ тыаһын, хабараан хатааһыны, уоттаах чолбону сыһыабатахтар.Төттөрүтүн амарах буоллун диэн “алаас тыынын алкыйбыттар, саһарҕа сылааһын сыһыарбыттар”. Тылы кытта даҕайсан тапталы эрэ туойар аналлааҕын, “сир муҥутуур муудараһа” буоларын бэлиэтээбит.[4;64]
Бу хомуурунньукка Баайын Бэрэ, Владимир Белолюбскай, Семен Данилов хоһоонноругар хомус киһи ис кутун иэйиитин хомус нөҥүө дорҕоонунан таһаарар дииллэр. Хомуска соҕотохсуйуу, таптал, ахтыһыы, айылҕа уһуктар кэмиттэн киһи сүргэтэ көтөҕүллэн кэлэрин билэбит. «хомуһум тылыгар кэҕэ түһэн олорон этэр”, “хомуһум тылыгар талах бүөрэ тыллар”, “хомуһум тылыгар ыһыах үҥкүүтэ күөгэлдьийэр”, “сүрэҕим тэбэр, битийэр кынаттаммыт курдук иэйэр”. [5;83]
Гаврил Кейметинов, Мария Сердцева хоһоонноругар хомуһу күн сиригэр күндүттэн күндү ийэлэрин кытары тэҥнииллэр, оҕо саастарын саныыллар.
Этигэн хомус,эн тыаскын истэн,
Ийэм барахсаны санаатым,
Устубут оҕо сааспын эргитэн,
Оһоҕум төрдүгэр олоруохпун баҕардым. [6;112]
Кэм кэрдии мэһэйин туораан хомус барахсан кэрэкэ тыллары кэккэлэтэн ийэ кэриэтэ истиҥник кэпсэтэр дьоҕурдааҕын бу хоһооннор арыйаллар.
Ити курдук Илья Баишев эмиэ хомус дьүрүһүйэр дорҕоонун истэ олорор киһи туһунан турукка киирэрин бэлиэтиир.Хомусчут кыыһы истэ олорон автор кырыа кыһын күөх ача алааска тиийэр, оһуокайга кыттыһар, саха сылыгытын сырсыытын көрөр. Бүтэһигэр “саха буолтум-мин дьолум эбит”- диэн түмүктүүр. [7;34] Манна бүтүн норуотунан киэн туттуу иһиллэр.
Таллан Бүрэ “Байронныы” диэн хоһоонугар хомус курдук киэҥ көҕүстээх, эмтээх, “таҥара дьикти дьүрүскэнин түһэрэр суох” диэн этэр. [8;144] Бу хоһоонтон хайдахтаах да хараастыбыт санааны, ыалдьыбыт куту-сүрү хомус эмтиир аналлааҕын булан ааҕабыт.
Бу кыракый хомуурунньукка киирбит хоһооннортон хомуска оонньооччуга эмиэ үөрэтэр курдук муударастар киирбиттэрин бэлиэтиэххэ сөп. Холобур Иван Гоголев хомуска оонньооччу ис сүрэҕиттэн оонньообот, иэйбэккэ көннөрү тардар буоллаҕына тыас эрэ тырдыргаан иһиллэрин, хомус тылыгар иҥпит тыл иччитэ хомойон киэр хайыһыан сөбүн “Улуу уус уонна хомусчут” хоһоонугар этэр.[9;69] Онон хомуска оонньооччу бэриниилээх,ис эйгэтэ ыраас, олоҕу, бар-дьону таптыахтааҕын билинэбит.
Түмүк
Хомус былыр-былыргыттан тиийэн кэлбит саха норуотун музыкальнай инструмена буолар. Былыр хомуһу соҕотохсуйуу усулуобуйатыгар ырыа ыллаары, дорҕоон таһаараары, иэйиини этэргэ, дууһаны арыйыыга оҥоһуллубут инструмент айбыттар. Онон хомус тулалаан турар айылҕа матырыйаалларыттан оҥоһуллубут. Онтон аата күөл кытыытыгар үүнэр Хомус диэн үүнээйи аатыттан буолуо дииллэр. Бу инструмент аата оҥоһуллар матырыйаалларыттан сибээстээҕин бэйэтин аата этэр: чах хомус, тимир хомус.
Хомус-Олонхо дойдутун духуобунай култууратын бэлиэтэ.Cүүстэн тахса дойдуга тарҕаммыт хомус 162 араас көрүҥэ баара биллэр. Хомус 5000 сыл анараа өттүгэр үөскээбит диэн үөрэтэллэр.Түҥ былыргыттан аргыс буолан кэлбит инструмент аныгы үйэ киһитин арахсыспат, тыыннаах, алыптаах, айылҕа дорҕоонун кутун-сүрүн иҥэрэр доҕоро буолла.
“Саха литературатыгар хомус обраһа» үлэни суруйан баран маннык түмүктэри ыллыбыт:
1.Саха киһитэ бэйэтин айылҕаны кытары сибээстиир. Ол иһин хомуска оонньооһуҥҥа үксүн айылҕа уһуктуута, көтөр-сүүрэр саҥата, айылҕа көстүүлэрин дорҕоонноро иһиллэллэр. Ол гынан баран номох хоһооннор этэллэринэн ҮрүҥАар тойон хомуска “айыы дьонун үргүппэтин” диэн этиҥ,хатааһын дорҕооннорун иҥэрбэтэх.
2.Саха поэттара суруйалларынан хомус тылыгар тыл иччитэ иҥэ сылдьар.Ол иһин хомуска оонньооһун ис сүрэххиттэн тахсыахтаах, ис иэйиин арыллыахтаах, ол суох буоллаһына истээччи өйдөөбөт, ылыммат.
3.Айылҕа сүдү хатыламмат дорҕоонноро киһи кутун-сүрүн чөл оҥорорун быһыытынан, хомус дорҕооно эмтээх, ыалдьыбыты үтүөрдүөн, санаарҕаабыты өрө көтөҕүөн сөп.
3.”Хомус дьикти дорҕооно” кинигэ кэпсииринэн хомуска икки атахтаах айыллыаҕыттан күн бүгүнүгэр диэри саха киһитин олоҕо, сиэрэ-майгыта барыта ытыс иһигэр ымыы буолан барыта ыйылла сылдьар. Ол иһин, саха литературатыгар хомус обраһа-бу саха киһитин олоҕо диэн этиэхпитин сөп.
Иэйэр-куойар хомус дьүрүскэнэ,
Ыраахха диэри дьиэрэйэ көт!
Саха омук киэн туттуута буолан
Олох устун эн дьүрүьүй! ( И.Голокова Күүкэй)
Туһаныллыбыт литература
- Маак Р. Вилюйский округ Якутской области, ч. 3, СПб, 1887;
- А. Е Кулаковский «Песня якута. Стихи и поэмы »М., 1977 г.;
- М. Н. Жирков «Якутская народная музыка» Якутск, 1981 г.;
- Серошевский В.Л. Якуты …
- Жирков М.Н. Якутская народная музыка. Я.: Кн изд-во, 1981;
- Н. А. Алексеев «Традиционные верования якутов», Новосибирск, 1988;
- Гоголев А.И. Историческая этногафия якутов. – Я., 1986;
- Нюргун Боотур Стремительный. Олонхо. – Я., 1975;
- Никитина И.В. Хомус дьикти тылынан. – Я.,2003;
- Уткин К. Чыычаахтаах хомус–Я.; 1992