Сулҕаччыга судаарыскайдар сийиэстэрэ

Данилова Венера Васильевна

     Нуучча демократ, гуманист суруйааччыта В.Г. Короленко 1881-1884сс. Аммаҕа көскө олорбут олоҕун, уус-уран айымньыларын  уонна кини  Саха сирин, Амманы атын норуоттарга, дойдуларга  билиһиннэрбит, сурукка киллэрбит улахан суолталаах өҥөтүн сырдатыы хайҕаллаах үлэ.        

     Амма политическай сыылкатын историята  1863 сылтан саҕаламмыт. Аммаҕа бастакы «государственнай бүрүстүүбүнньүк»  Измайловскай полк быыпсай офицера Н.А.Григорьев сыылкаҕа кэлбит. Онтон ыла саҕалаан политическай сыылынайдар  Аммаҕа көскө олохсуйан барбыттар. 1865-1866 сс.  Дьокуускай уобалаһыгар сыылкаҕа анаммыт  поляктар (1863 сыллаах бастаанньа кыттыылаахтара) Аммаҕа  12 киһи кэлбит. Онтон  1872 сыллаахха  Аммаҕа  Николай Васильевич Васильев көскө утаарыллыбыт. Бу кэнниттэн 1880-1881сс. нуучча революционнай хамсааһынын кыттыылаахтара  Аммаҕа ыытыллыбыттар. Онон В.Г. Короленко 1881 сыллаахха  Аммаҕа сыылкаҕа кэлэригэр политическай буруйдааһыҥҥа түбэспит ити дьонтон сорохторо бааллара.

    Бэйэтин кэмигэр биир уһулуччу өйдөөх, сайдыылаах В.Г.Короленко тапталлаах Аммабытын ааттаппыт дьонтон биирдэстэрэ буоларынан киэн туттабыт, кэриэстиибит. Кини Аммаҕа олорбут 3 сылын олоҕун саамай чэбдик кэрдииһэ буоларын бэлиэтээбитэ да элбэҕи этэр. Онон бу үлэбэр В.Г.Короленко Сулҕаччыга 1884 сыллаахха буолбут «Съезд у Чернявских» диэн ааттаммыт түмсүүгэ кыттыбытын туһунан, нэһилиэк ааспыт  историятын биир ситэ кэпсэнэ илик страницата буоларын суолталаан, сырдатарга холоннум.  

Үлэ тоҕооһо: В.Г.Короленко кыттыылаах Сулҕаччыга 1884 сыллаахха буолбут сийиэс туһунан  сырдатыы- нэһилиэк историятын биир кэпсэнэ илик кэрчигэ.

Үлэ сыала:  Сулҕаччы нэһилиэгэр 1884 сыллаахха  политическай сыылынайдар мустан, сийиэс ыыппыттарын туһунан матырыйааллары  хомуйан чинчийии.

Үлэ соруктара:

  1. Аммаҕа политическай сыылка устуоруйатын туһунан үөрэтии, ааҕыы;
  2. Боотурускай  улуус уонна Амма солобуодатын политическай сыылынайдарын бөлөҕө  1883 сыллаахха  Сулҕаччы нэһилиэгэр мустан сийиэстээбиттэрин туһунан туох суруйуу баарын түмүү;
  3. Политическай сыылынайдар «сийиэстэринэн» ааттаммыт түмсүүнү,  «Съезд у Чернявских»  суруйууну, ырытыы.

Дакылааппын суруйарбар «В.Г. Короленко в Амгинской ссылке» диэн 1947 сыллаахха Саха государственнай издательствотыгар Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ сүрүн төрүт буолла. Маны таһынан «Короленковские чтения» научнай-практичксай конференция матырыйаалларын туһанным. Үлэбэр  В.Г. Короленко Аммаҕа сыылкаҕа олорбут кэмигэр Сулҕаччы нэһилиэгэр 1884 сыллаахха сылдьыбыт «Съезд у Чернявских» диэн ааттаммыт түмсүү туһунан  чинчийбит матырыйаалларбын   киллэрдим.

Скачать:

ВложениеРазмер
Файл dakylaat.docx27.93 КБ

Предварительный просмотр:

Киириитэ

     Нуучча демократ, гуманист суруйааччыта В.Г. Короленко 1881-1884сс. Аммаҕа көскө олорбут олоҕун, уус-уран айымньыларын  уонна кини  Саха сирин, Амманы атын норуоттарга, дойдуларга  билиһиннэрбит, сурукка киллэрбит улахан суолталаах өҥөтүн сырдатыы хайҕаллаах үлэ.        

     Амма политическай сыылкатын историята  1863 сылтан саҕаламмыт. Аммаҕа бастакы «государственнай бүрүстүүбүнньүк»  Измайловскай полк быыпсай офицера Н.А.Григорьев сыылкаҕа кэлбит. Онтон ыла саҕалаан политическай сыылынайдар  Аммаҕа көскө олохсуйан барбыттар. 1865-1866 сс.  Дьокуускай уобалаһыгар сыылкаҕа анаммыт  поляктар (1863 сыллаах бастаанньа кыттыылаахтара) Аммаҕа  12 киһи кэлбит. Онтон  1872 сыллаахха  Аммаҕа  Николай Васильевич Васильев көскө утаарыллыбыт. Бу кэнниттэн 1880-1881сс. нуучча революционнай хамсааһынын кыттыылаахтара  Аммаҕа ыытыллыбыттар. Онон В.Г. Короленко 1881 сыллаахха  Аммаҕа сыылкаҕа кэлэригэр политическай буруйдааһыҥҥа түбэспит ити дьонтон сорохторо бааллара.

    Бэйэтин кэмигэр биир уһулуччу өйдөөх, сайдыылаах В.Г.Короленко тапталлаах Аммабытын ааттаппыт дьонтон биирдэстэрэ буоларынан киэн туттабыт, кэриэстиибит. Кини Аммаҕа олорбут 3 сылын олоҕун саамай чэбдик кэрдииһэ буоларын бэлиэтээбитэ да элбэҕи этэр. Онон бу үлэбэр В.Г.Короленко Сулҕаччыга 1884 сыллаахха буолбут «Съезд у Чернявских» диэн ааттаммыт түмсүүгэ кыттыбытын туһунан, нэһилиэк ааспыт  историятын биир ситэ кэпсэнэ илик страницата буоларын суолталаан, сырдатарга холоннум.  

Үлэ тоҕооһо: В.Г.Короленко кыттыылаах Сулҕаччыга 1884 сыллаахха буолбут сийиэс туһунан  сырдатыы- нэһилиэк историятын биир кэпсэнэ илик кэрчигэ.

Үлэ сыала:  Сулҕаччы нэһилиэгэр 1884 сыллаахха  политическай сыылынайдар мустан, сийиэс ыыппыттарын туһунан матырыйааллары  хомуйан чинчийии.

Үлэ соруктара:

  1. Аммаҕа политическай сыылка устуоруйатын туһунан үөрэтии, ааҕыы;
  2. Боотурускай  улуус уонна Амма солобуодатын политическай сыылынайдарын бөлөҕө  1883 сыллаахха  Сулҕаччы нэһилиэгэр мустан сийиэстээбиттэрин туһунан туох суруйуу баарын түмүү;
  3. Политическай сыылынайдар «сийиэстэринэн» ааттаммыт түмсүүнү,  «Съезд у Чернявских»  суруйууну, ырытыы.

Дакылааппын суруйарбар «В.Г. Короленко в Амгинской ссылке» диэн 1947 сыллаахха Саха государственнай издательствотыгар Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ сүрүн төрүт буолла. Маны таһынан «Короленковские чтения» научнай-практичксай конференция матырыйаалларын туһанным. Үлэбэр  В.Г. Короленко Аммаҕа сыылкаҕа олорбут кэмигэр Сулҕаччы нэһилиэгэр 1884 сыллаахха сылдьыбыт «Съезд у Чернявских» диэн ааттаммыт түмсүү туһунан  чинчийбит матырыйаалларбын   киллэрдим.

1 бас. Сулҕаччыга политическай сыылынайдар  сийиэстэрин туһунан.

  1. Аммаҕа политическай сыылка устуоруйатыттан.

    «В.Г. Короленко в Амгинской ссылке. Материалы для биографии» диэн 1947 сыллаахха Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэҕэ «К истории Амгинской политической ссылки» диэн ыстатыйаҕа маннык суруллар.  

    Амма политическай сыылкатын историята 1863 сылтан саҕаланар. Аммаҕа бастакы «государственнай бүрүстүүбүнньүк»  лейб-гвардия Измайловскай полкатын быыпсай офицера Николай Алексеевич Григорьев көскө кэлбит. «Осужденный в 1862 г. за противоправительственную пропаганду среди солдат к лишению всех прав состояния и ссылке в отдаленные места Сибири»[1.31c].Н.А.Григорьевы бастаан Верхоянскай куоракка олохтообуттар, онтон 1863 сыл алтынньытыгар Аммаҕа көһөрүллүбүт. 10 сыл кэнниттэн  Иркутскай губерния Верхоленск  куоратыгар олохсуйарга көҥүл ылан,  1873 сыл ахсынньытыгар Амматтан көһөн барбыт.

    1865-1866 сс.  Дьокуускай уобалаһыгар сыылкаҕа 1863 сыллаах бастаанньа кыттыылаахтара  поляктар: Александр Чимбаевич, Август Щавинский, Ян Голембиовский уо.д.а утаарыллыбыттар. Аммаҕа  12  киһи кэлбит. 70 сыллар ортолоругар итилэртэн Аммаҕа 4-5 киһи хаалбыт эбит. Атыттара бырааптарын төннөрөн Европейскай Россияҕа уонна Ленскэй бириискэтигэр көспүттэр. В.Г.Короленко Аммаҕа сыылкаҕа кэлэригэр бу поляктартан 2 киһи хаалбыт эбит. Биирэ – Юлиан Вырембовский.«Активный участник польского восстания 1863г. был соратником Мирославского, одного из вождей «красных», назначенного повстанческим Центральным народным комитетом на пост диктатора».

[1.68 c] В.Г. Короленко Аммаҕа кэлэригэр, оччолорго, кини  бытархай атыынан дьарыктанар эбит. Ю.Вырембовский сыылкатын болдьоҕо бүтэн, көҥүл ылан да баран, Аммаҕа олохсуйа хаалбыт. Кэнники 1880 сыллар бүтүүлэрин эргин көспүт. Людвиг Мартынович Пекарский-«Уроженец Варшавской губернии, был крепостным крестьянином помещика Залесского. Юношей он принял участие в польском восстании 1863 г. за что был сдан в военную службу. Пекарский бежал из полка. За этот побег приговорен к ссылке на поселение в Сибирь».[1.32-33c] Дьокуускайга сыылкаҕа 1867 сыллаахха кэлбит уонна Боотурускай улуус Бөтүҥ нэһилиэгэр көскө олохсуйар. 1870 сыллаахха Амма солобуодатыгар көһөрүллүбүт. Кини сыылкаҕа олорор кэмигэр тыа хаһаастыбатынан 53 сыл устата дьарыктаммыт. В.Г.Короленко Амма сыылкатын туһунан суруйууларыгар саамай  сылаастык ахтыллар киһи. Бу киһи быстах өлүүгэ өлбүт. 1923 сыллааахха кулун тутар 2 күнүгэр Амма  сэлиэнньэтин Пепеляев генерал баандата сэриилиир кэмигэр  дьиэтигэр олорон мэник буулдьаҕа таптаран өлбүт.  

         Онтон  1872 сыллаахха  Аммаҕа  Николай Васильевич Васильев көскө утаарыллыбыт. Кинини бастаан ыйаан өлөрөргө уурбуттар. «Он был осужден за «злоумышление на жизнь царя» выраженное в составленной и распространенной им прокламации «К гражданам» [1.32 c].  Онтон ити ууруута 10 сыллаах хаатырганан солбуллубут, ол хаатыргатын  кэнниттэн  Аммаҕа  сыылкаҕа анаммыт.

     8 сыллаах тохтобул кэнниттэн 1880-1881сс. нуучча революционнай хамсааһынын кыттыылаахтара Аммаҕа көскө кэлэн олохсуйбуттар. Бастаан 1880 сыл кулун тутар ыйга О.Я.Вайнштейн уонна В.Г.Заботин, кинилэр кэннилэриттэн 1881 сыл олунньутугар А.А.Ахаткин, И.И.Папин кэлэллэр. В.Г.Короленко Аммаҕа кэлэригэр бастаан бу дьоҥҥо олорбут. Короленко суруйар, саппыкы оҥорор үлэтигэр уонна оҕолору үөрэтэригэр туспа дьиэ буларга өрүү дьулуһар эбит, ол эрээри 1883 сыллаахха эрэ туспа дьиэ булан, Захар Цыкунов бас билэр нуучча дьиэтигэр көспүт.  

1.2. Сулҕаччы нэһилиэгэр көскө олорбут кэргэннии Чернявскайдарга буолбут сийиэс туһунан  суруйууну ырытыы

              В.Короленко Аммаҕа көскө олорбу кэмигэр политическай сыылынайдар Боотурускай улуус 31 нэһилиэгиттэн 16-гар олорбуттар. «Жили политические ссыльные, по одному, по два в наслеге. Всего 22 человека»   Амма солобуодатыгар олорбут  политсыылынайдар бөлөхтөрүн биир чаҕылхай киһитинэн, биллэн турар,  В.Г.Короленко этэ. Кини дьоҥҥо наһаа эйэҕэс сыһыаннаах, киэҥ билиилээх, дьону бэйэтигэр түмэр буолан, атын нэһилиэктэргэ олорор сыылынайдар киниэхэ ордук тардыһаллар эбит. «Центральной фигурой в которой по своей яркой индивидуальности и личному обаянию был В.Г.Короленко, была тем притягательным центром, к которому стремились политические ссыльные из различных, даже самых отдаленных наслегов Батурусского улуса».[1.48c]  Оччолорго көскө кэлбит сыылынайдар олорор сирдэриттэн көҥүлэ суох бараллара-кэлэллэрэ бобуулааҕа, ол да үрдүнэн судаарыскайдар  Амма солобуодатыгар мусталлар эбит. «Сюда они приезжали развеять гнетущую тоску жизни в глухих наслегах, провести хотя бы несколько дней в тесном товарищеском кругу. Здесь обсуждалось положение на далекой родине, велись горячие споры по вопросам теории и практики народничества и народовольчества, делились воспоминаниями о прошлом».[1.48c] Ыраах кырыы нэһилиэктэргэ көскө олорбут сыылынайдар сахалыы билбэт, ыарахан аччык аҥаардаах олохтоох, государствоттан 6 эрэ солкуобай босуобуйалаах сыылынайдар элбэх эрэйи көрбүттэрэ өйдөнөр. Онно холоотоххо, Амма солобуодатыгар олорор сыылынайдар олохторо кэм чэпчэки курдуга. Ыйга биирдэ почта кэлэрэ, оскуола, маҕаһыын баара. Бэйэ дьыалатынан дьарыктаныахха сөбө. Холобур, Ю.Вырембовскай кыра да буоллар маҕаһыыннааҕа, Людвиг Мартынович Пекарскай тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанара. В.Г.Короленко оҕолору үөрэтэрэ, саппыккы оҥороро, оттуура, бурдук ыһара, оҕуруот олордоро. Киниэхэ дьоно кыра да буоллар  харчы ыытар буолан, атын судаарыскайдарга холоотоххо өйөбүллээҕэ. Кэм дохуоттаах буолан, Аммаҕа ат атыыласпыт, көлүнэргэ сөптөөх тэрил булуммут. Атын «Белогривый» диэн ааттаабыт. Онон кини чугас эргин хайа баҕарар сылдьар кыахтаммыт. Ол курдук «Бологурга, Кэнньэҕэ, Дьоҥкуга, Скороульскайга, Сулҕаччыга хастыыта да сылдьыбыта ахтыллар» диэн суруйбут Амма улууһун кыраайы үөрэтээччитэ М.В.Алексеев. [2.143c]

               «Съезд Чернявских» диэн ааттаммыт судаарыскайдар түмсүүлэрэ Сулҕаччы нэһилиэгэр 1883 сыллаахха муус устар ыйга буолбут. Манна барыта 9 сыылынай кыттыыны ылбыт. Боотурускай улуус араас нэһилиэктэриттэн 7 киһи: Николай Сергеевич Тютчев, А.И.Доллер, Венцеслав Эдуардович Кизер, П.Федоров, Л.Голубов, Лев Матвеевич Коган-Бернштейн, Василий Дмитриевич Шкалов, онтон Амма солобуодатыттан атынан В.Г.Короленко уонна Михаил Антонович Ромась кэлбиттэр. «1883 г апрель 12-13. Начало съезда группы полит.ссыльных Батурусского ул. и Амгинской слободы у И.Н. и А.В.Чернявских, живших в Сулгачинском наслеге. Некоторые участники съезда провели у Чернявских около недели»[1.92c]

                 «Сулҕаччы дьаам суола буолан уонна улуустан Солобуодаҕа барарга сир ортото буолан, политсыылынайдар түмсэр, кэпсэтэр, бырааһынньыктыыр, оонньуур сирдэрэ этэ. 1883 сыллаахха саас Сулҕаччыга олорор кэргэннии Чернявскайдарга Солобуодаттан В.Г.Короленко, Хадаартан Коган Бренштейн, Бологуртан М.Ромась, Чурапчыттан Н.С.Тютчев, Дьохсоҕонтон А.Доллер, барыта 11 киһи түмсэн, уонча хонукка олорбуттарын нэһилиэк кинээһэ үүрэн көрөн баран кыайбакка, үҥсүү түһэрбитэ архыыпка ууруллан сытар» диэн суруйар краевед П.М.Павлов. [4.24c]

  1. Николай Сергеевич Тютчев- “русский революционер-народникнародоволецземлеволец, эсер. Многолетний инсургент, политкаторжанин; историк, литератор, мемуарист -автор воспоминаний, содержащих ценные сведения о революционном движении” https://ru.wikipedia.org/wiki/Алтынньы ыйга 1881 сыллаахха Дьокуускай уобалаһыгар сыылкаҕа ууруллубут. “За побег, заключён во 2-м Жехсогонском наслеге Ботурусского улуса Якутии. В Якутии Н. С. Тютчев знакомится с В. Г. Короленко. Сыылкаҕа 1881-1887 сс Чурапчыга олорбут.
  2. Лев Матвеевич Коган-Бернштейн-народоволец.
  3. Венцеслав Эдуардович Кизер-Киевтээҕи «Южно-русской» рабочай сойуус кыттыылааҕа.  Сыылкаҕа 1882-1890 сс Боотурускай улууска уонна Киллэмҥэ олорбут. Сыылкатын кэнниттэн кыраныысса таһыгар Румынияҕа олохсуйбут.
  4. Василий Дмитриевич Шкалов-Петербург заводун рабочайа. Сыылкаҕа Боотурускай улууска 1881-1885 сс олорбут.
  5. Михаил Антонович Ромась-Тимир суол рабочайа. Бэйэтигэр тиийинэн өлбүт сыылынай А.П.Павловы кытта бииргэ 3 Бологур нэһилиэгэр  олорбут. Онтон А.П Павловы кытта сатаспакка, күүһүнэн Амма солобуодатыгар Короленколаахха көһөн киирэн олоро сылдьыбыт. Кэлин ити көҥүлэ суох барыыларын иһин Нам улууһун түгэх нэһилиэгэр сыылкаҕа утаарыллыбыт.  
  6. А.И.Доллер-Киевтээҕи«Южно-русской» рабочай сойуус кыттыылааҕа. Революционер-народник.  
  7. И.Н.Чернявский-«193»процесс кыттыылааҕа. “Большой процесс. Официальное название “Дело о пропаганде в Империи”-судебное дело революционеров-народников, разбиравшееся в Петербурге в Особом присутствии Правительствующего сената с 1877 по 1878 года. К суду были привлечены участники “хождения в народ”, которые были арестованы за революционные пропаганду”.https://ru.wikipedia.org/wiki/   200-чэкэ киһи бу дьыалаҕа сууттаммыт. “Чернявский И.Н. (род.1850) –ссылка в Сибирь” суруллубут. Онон  бу улахан процесс кыттыылааҕа “государственнай бүрүстүүбүнньүк” Иван Николаевич Чернявскай Сулҕаччыга сыылкаҕа кэлбит эбит. Кэргэнинээн А.В.Афанасьевалыын Сулҕаччы нэһилиэгэр  олорбуттар. Кэргэнэ «судилась по делу вооруженного сопротивления Ковальского в Одессе в 1879 г.» [1. 42c]

     Бу сийиэс туһунан кинигэҕэ бэрт кэмчитик суруллар. Судаарыскайдар көҥүлэ суох олорор сирдэриттэн атын сиргэ барбыттарын уонна мустан сийиэстээбиттэрин туһунан үҥсүү киирэн, бу сийиэс кыттыылаахтарын доппуруостаабыттарын туһунан сурулллубут.

    Судаарыскайдар быһаарыыларыттан көрдөххө, муус устар 12-13 күннэригэр саҕаламмыт сийиэс пасха нэдиэлэтин устата барбыт. Киэһэ өттүгэр өссө ким саанан бэргэнник ытарыгар күрэхтэспиттэр. Сыылынайдарга төһө да саа көҥүллэммэтин иһин, үгүстэригэр бултуур саалаахтара. В.Г.Короленко «Истории моего современника» суруйбутунан Тютчевка, Доллерга, Кизергэ, Ромаска булт саалаахтар эбит.

     Муус устар 17 күнүгэр Чернявскайдарга, Боотурускай улуус кулубата Протодьяконов сорудаҕынан, Сулҕаччы нэһилиэгин суруксута Агарков кэлбит уонна Л.Коган-Бернштейни, Федоровы Сулҕаччыттан баралларыгар модьуйбут. Онуоха Иван Николаевич кэргэнэ Агаркову төттөрү утаарбыт.

     Сулҕаччытааҕы сийиэс иннинэ  муус устар 7 күнүгэр 1883 сыллаахха Черняев губернатор Пиневич исправникка Тютчев уонна да атын сыылынайдар олорор сирдэриттэн көҥүлэ суох барыыларын-кэлиилэрин туһунан дознание ыытарыгар сорудахтаабыт эбит. Ол эрээри исправнигы судаарыскайдар сөбүлээбэттэрин иһин, кини бу туһунан кэпсэтиини балаҕан ыйыгар дылы соспут. Кэлин губернатор сорудаҕын толорууну исправник  сэтээтэл Слепцовка утаарбыт. Слепцов судаарыскайдартан дознание ыла алтынньы ый саҥатыгар 1883 сыллаахха аттаммыт. Слепцов Сулҕаччытааҕы сийиэс кыттыыллаахтарын кытта суругунан, сорохторун кытта тылынан ыйытыылары биэрэн кэпсэппит.Манна сыылынайдар бэйэлэрин илиилэринэн  суруйбут көрдөрүүлэрин биэрбиттэр. Суругунан ыйытык маннык ис хоһоонноох эбит. «Действительно ли Вы в апреле месяце с.г. сделали самовольную отлучку в Сулгачинский наслег к государственному преступнику Чернявскому, если это действительно, то с какой целью была сделана это отлучка и сколько времени Вы там прожили?»[1.56c].

     Алтынньы 5 күнүгэр Слепцов бастакынан В.Г.Короленкоттан быһаарыы ылбыт. Кини Сулҕаччыга кэлэн барыытын маннык быһаарбыт. «Означенного числа я действительно отлучился к товарищу своему Ивану Николаевичу Чернявскому. Это совпало как раз с праздником пасхи, и побуждение, руководившее мною при этом, было простое и естественное в моем положении: желание провести праздничные дни в семейном доме. Кроме того, как мне было известно, что Чернявские прибыли из Красноярска, где живут мои родные, то меня привлекало также желание получить от них известие о близких мне людях и их жизни. Других побуждений у меня не было». Атын сыылынайдар бэйэлэрин көрдөрүүлэригэр бу сийиэскэ тоҕо мустубуттарын маннык быһаарбыттар. «Приезд к Чернявским желанием провести традиционный праздник пасхи в семейном доме у товарищей». Нэһилиэктэртэн кэлбиттэр салгыы маннык эппиттэр. «Невыносимую обстановку жизни в глухом наслеге, среди тайги, где нет ни одного человека, понимающего по-русски, убийства, приводя в пример А.А.Бовбельского и А.П.Павлова». [1.54c] Бу икки судаарыскайдартан биирэ А.Бовбельский Мэҥэ Хаҥалас Алтан нэһилиэгэр уонна Уус-Майаҕа, биирэ А.П.Павлов Бологурга олорбуттар эбит. Иккиэн сыылка ыарахан кэмин тулуйбакка бэйэлэригэр тиийиммиттэр.

     Слепцов маны таһынан нэһилиэк ыстаарысталарыттан судаарыскайдар тустарынан эмиэ ыйыталаспыт. Сыылынайдар уонна ыстаарысталар көрдөрүүлэригэр олоҕуран, Слепцов судаарыскайдары инники өттүгэр бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн кэлиилэрин-барыыларын тохтотоллоругар сэрэппит. Слепцов ыыппыт дознаниетын түмүгүн өссө 4 ыйтан ордук ситэрэн-хоторон губернаторга кулун тутар ый 22 күнүгэр 1884 сыллаахха тиксэрбиттэр. Бу кэнниттэн губернатор муус устар ыйга бэйэтин чиновнигын Егоровы судаарыскайдар баҕа өттүлэринэн кэлиилэрин-барыыларын силиэстийэлииргэ анаан ыытар. Егоров Аммаҕа ыам ыйын 23 күнүгэр кэлэр уонна бастакынан В.Г.Короленконы көрдөрүү биэрэригэр ыҥырар.

Бу доппуруоска В.Короленко 13  пууннаах ыйытыкка бэйэтин илиитинэн суруйбут  эппиэтэ баар.

     Бу дьыала 1883 сыллаахха муус устар ыйтан саҕаланан баран Дьокуускайдааҕы окружной суут көрүүтүгэр балаҕан ыйын 24 күнүгэр 1884 сыллаахха киирэр. Ол эрээри суут бүтэһик көрүүтэ балтараа сыл кэнниттэн кулун тутар 4 күнүгэр 1886 сыллаахха буолар. Бу кэмҥэ суукка тардыллыбыт судаарыскайдартан сыылкаҕа 3 эрэ киһи хаалбыт: Кизер, Доллер, Федоров. Атыттар, ол иһигэр В.Короленко, көскө олорор болдьохторо бүтэн барбыт кэмнэрэ эбит. Ол эрээри сууттаммыттары балтараа ый тутуллалларын туһунан суут уурааҕа тахсыбыт. “Приговором суда все подсудимые относящие к категории административно-ссыльных, в том числе и В.Г.Короленко, были присуждены к полутора месяцам ареста каждый. Дело в отношении Кизера, Доллера, Федорова, как о ссыльно-поселенцах, лишенных всех прав состояния, было передано в Якутское окружное полицейское управление “для решения по формальной полицейской расправе» (1.63с).

   Сулҕаччыга буолбут сийиэстэн сылтаан судаарыскайдары сууттааһын ити курдук түмүктэммит.

Түмүк

     Үөһэ суруллубутун курдук, В.Г.Короленко Аммаҕа сыылкаҕа олорбут кэмигэр, Сулҕаччыга  1883 сыллаахха «государственнай бүрүстүүбүнньүк» Иван Николаевич Чернявскай дьиэ кэргэнигэр политсыылынайдар сийиэстэригэр кэлэн барбытын туһунан чахчылары буллубут. Урут кини биһиги нэһилиэкпитигэр кэлэ сылдьыбыта үһүйээн эрэ курдук кэпсэнэрэ.

  1. Сулҕаччыга кэлэн барбытын туһунан В.Г.Короленко доппуруоска суругунан эппиэттээбит докумуона ону туоһулуур. “Хронологическая канва пребывания В.Г.Короленко в Амге” диэн хронологияҕа суруллубут. “1884 23 мая.В.Г. Короленко написаны ответы на вопросные пункты предложенные ему чиновником особых поручений Егоровым, производящим следствие по делу о самовольных отлучках полит.ссыльных Батурусского улуса и Амгинской слободы, в том числе и об отлучке В.Г.Короленко и др.в апреле 1883года в Сулгачинский наслег к Чернявским.”
  2. В.Г.Короленко мунньахтаан, хонон-өрөөн ааспыт  дьиэтэ билигин да нэһилиэккэ турар. «Балкыыһын дьиэтинэн» ааттанар. Короленко курдук улуу киһи сылдьыбыт дьиэтэ дириҥ  историческай суолталаах буолара  саарбаҕа суох.  Дьиэ, биллэн турар, эргэрэн үрдэ сууллан эрэр.
  3. Революционер-народник Иван Николаевич Чернявскай туһунан эбии матырыйааллары хомуйуохха.  
  4. Бу сийиэскэ кыттыыны ылбыт 8 политсыылынайдар олохторун-дьаһахтарын, кэнники  дьылҕаларын үөрэтии, чинчийии үлэтэ күүтүллэр.