Стихи по буквам

Николаева Марианна Ивановна

Бу  буукубаларынан хоьооннору  нойосуус  уерэтэ5ит  уонна  бастыца  курдук  буукуба  оцосто5ут. Буукуба  размера  А4 ацаара.  Уонна   манна  баар  ырыаны  уерэтэ5ит.

Скачать:

ВложениеРазмер
Microsoft Office document icon pesnya_proshchay_bukvar.doc22.5 КБ
Файл buukubalar_hohoonnor.docx19.99 КБ

Предварительный просмотр:

 «Прощай, Букварь». Слова и музыка Людмилы Мельниковой.

Мой букварь, мой друг надёжный,

Расстаёмся мы теперь.

В новый мир большой и сложный

Для меня открыл ты дверь.

Расстаёмся с букварём,

Песню мы о нём поём! (2 раза)

Много радостных событий

Ты мне щедро подарил.

К миру радостных открытий

Ты ступенькой послужил.

Расстаёмся с букварём,

Песню мы о нём поём! (2 раза)

Раскрывал тебя как чудо,

Наступил прощанья срок.

Никогда я не забуду

Первый твой большой урок.

Расстаёмся с букварём,

Песню мы о нём поём! (2 раза)



Предварительный просмотр:

«А»: Л. Аина

Мин  «А»  диэни  билэбин –

Үөһэ  өттө  уһуктаах,

Алын  өттө  атахтаах,

Ортотунан  туорайдаах.

«О»:   Дь. Алик

Мин  «О»   диэни  билэбин –

Оҕуруо  курдук  төкүнүк,

Оҕурсу  курдук  бөкүнүк,

Уобуруччу  курдук  төгүрүк.

«У»:    Миша

Ууну уулуубут,

Ууга туулуубут,

Уунан устабыт,

Уунан суунабыт

Ыы:  Эрик

- Ыы – ыы! – дии-дии

Ытыыр да ытыыр,

Ытырыык ыт

Ытырыа диэн ыксыыр!

Ыы! Ыы!

Ыксаама!

Ытаама!

Ытырыык ыт

Ыраатан хаалла!

И    Уруйдаана

Икки маһы туруору тутуом,

Үһүс маһы – иңнэри,

Мин «И» буукубаны оңоруом,

Мин «И» буукубаны билиэм!

Э      Жора

ЭҺээ! ЭҺээ! – диэтэххэ

Эбээ! Эбээ! – диэтэххэ

Э эрэ иҺиллэр,

Э эрэ этиллэр.

Ээ-дьэ, сэгэрдээр,

Элбэхтэр ээ Э-лэр!  

Ү    Сарина

«Ү» - үтүөкэн  үлэһит,  

Үрүлүйэр  үүтү  ыыр,

Сынньалаҥар үҥкүүһүт

Үрүмэччи  курдук  көтөр.

Ө    Эргис

Мин «Ө» диэни  билэбин.

«О»  букваны  ортотунан

Ыга курдаан  кээспиттэр,

«Ө»   диэн  буоллун  диэбиттэр.

Б   Павлик

Бай! Бай!

Бабат –татат!

Баҕа баҕайы

Бадарааҥҥа – бырыыга

Батыллымаары

Бахчарый да бахчарый!

Бар да бар!

В  Жора

Василий Иванович врач

Валяны быыҺаата начаас,

Варвара Васильевна астынна,

Врачка маннык махтанна:

- Валябыт туҺугар баҺыыба!

Барыбыт аатыттан баҺыыба!

Валям бастыҥнык үөрэнэр,

Врач буоларга тэринэр.

Г    Лена

Р    С.Саша

- Ырр – ырр

Туох ырдьыгыныыр?

- Ырр – ырр

Ыт ырдьыгыныыр!

- Торр – торр

Туох торулуур?

- Торр – торр

Тоҥсоҕой торулуур!

М

Маша  кыыс  Москваҕа

Мааматын  кытары

Мавзолейы  көрүөҕэ,

Метронан  сылдьыаҕа.

Н     Марианна

- Нонна  мунна  ханнаный?

-Нонна  мунна  манна.

- Нонна  бэйэтэ  ханнаный?

-Нонна  бэйэтэ  манна.

Һ      Карина

- Һуу – Һаа!

Һаа - Һуу  

ЭҺэ иҺэр!

Сиэри иҺэр!

-Һуу – Һаа дэҺимэҥ,

Муннукка түҺүмэҥ!

ЭҺэ күҺүн наҺаа тот,

ЭҺиэхэ дуол кыҺаммат,

КүҺүн саҺыа, хорҕойуо,

КыҺыны быҺа утуйуо!

Л    Лиза

Халыҥ  былыт  ааста

Халлаан  халлан  хаалла.

Лыах  лабааҕа  түстэ,

Луук  налыыга  үүннэ.

Лина  луугу  булла,

Лана  лыаҕы  тутта.

Ҕ    Сандал

Оҕус  саҕа  буолуоҕун

Оҕо  баҕа  баҕарбыт

Оҕо  баҕа   үллүбүт.

Хабах  саҕа  буолаатын

Хаҕа  хайа  ыстаммыт.

З   В.Никита

Захар Захарович  Захаров

Задачаны  сатаан  быһаарар,

Сатаан  быһаарыллыбат  задачаны

Зоя  Зиналыын  таһаарар.

Д   Айсен

Эр  бэрдэ

Эдэр киһи

Эрдэ  турда,

Эрдии  эрдэн

Күөлгэ  киирдэ,

Илим үттэ.

Дь   Валерия

Дьэдьэни  дьааһыкка  дьаарыстаа,

Дьааһыктаах  дьэдьэни  харыстаа –

Дьиэбэр  ийэбэр

Дьэдьэммин  илдьиэҕим,

Дьиэбэр  эдьиийбэр,

Дьэдьэнтэн  бэрсиэҕим!

Ҥ

Тэҥкэҕэ, чараҥҥа,

Тэтиҥҥэ,  хатыҥҥа

Тииҥ-тииҥ барахсан

Тэрэҥниир,  чэрэҥниир

Ж       Егор

Мин «Ж»  диэни  билэбин:

Дып-дыыгынас  саҥалаах

Хомурдуоска  маарыннаах,

Аахтахха  да  атаҕа

Алта  буола  туруоҕа.

- Пожарник,  пожарник

Баар  дуо  манна,  пожарник?

- Суох ээ  манна,  пожарник,

-Баар  Серёжа  -художник.

Х    Миша

Мин  Х  диэни  билэбин

Харандааһы  харандааска  

Хардарыта  туппуттар

Хам  баайталаан  кээспиттэр

Х  диэн  буоллун  диэбиттэр.

Т     Н.Саша

Мин  «Т»  диэни  билэбин:

Суос  соҕотох  атаҕын

Тоһоҕолуу  тирэммит,

Моҕотойдуур  ураҕаһын

Туора  сүгэн  кэбиспит.

С   Н.Алик

Сайын Сима  сайылыкка

Сайылаата, сынньанна.

Суорат, сүөгэй амсайда,

Сиинэҕэ сөтүөлээтэ.

К    А.Никита

Кэрии тыаҕа икки

Кэҕэ кэлэн эттэ:

    Кук – куук!

    Кук – куук!

Кэрии тыаҕа сибэкки

КэккэлэҺэ үүннэ.

Кэрэкэтиин!

Кэрэкэтиин!

П

Паапам ыыппыт куораттан

Полинаҕа түүппүлэ,

Пана уолга саппыкы,

Миэхэ уоттаах пистолет!

Ч    Милена

Кып-кыра  чычып-чаап

Чап-чараас  кынаттаах.

Кып-кыра  чычып-чаап

Чыып-чаап  ырыалаах.

Нь

Ньуолах  түүлээх  ньирэйбэр

Ньулуун  үүтү  иһэрдиэм.

Ньуосканан  мин  аһатыам,

«Ньургуһун»  диэн  ыҥырыам.

Ё     Ира

Ёлка тула Лёля

Алёшаны сиэттэ,

Алёшаҕа Лёля

Кэмпиэт ылан сиэттэ.

Я   Дарина

Яша уолу убайа

Якутскайга ыҥырар,

Яша хоту дойдуга

Яна өрүскэ талаҺар.

Яша онно Янаҕа

Мантан баян ыытыаҕа

Яна  балта Катяҕа

Яблоко сиэтиэҕэ.

Е     Влада

Еля уонна Елена

Иккиэн ааттара биирдэр,

Еля биитэр Елена

Эйиэнэ, миэнэ дэспэттэр.

Еля уонна Елена

Лена диэн эмиэ ааттаналлар.

Ю      Карина

Дойду Кыайыыга салюттаата,

Салюту Нюта одуулаата,

Юра салюту ойуулаата,

Ойууну Нюта хайҕаата!